Киир

Киир

Саха сирин учуонайдара "История Якутии" үс туомнаах кинигэни сүрэхтээтилэр, бу – дойду уонна өрөспүүбүлүкэбит учуонайдарын хас даҕаны сыллаах улахан үлэлэрэ. 3000 экземплярдаах 3 том таҕыста, барыта холбоон 9000 кинигэ күн сирин көрдө. Бу кинигэлэри өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар уонна улуус бибилэтиэкэлэригэр тарҕатыахтара. Маны таһынан, научнай үлэ электроннай барыйаана баар буолуоҕа.

 Бу академическэй таһаарыы сүрүн эрэдээктэрэ, Арассыыйатааҕы билим академиятын Сибиирдээҕи салаата Гуманитарнай чинчийэр уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын үнүстүтүүтүн билимҥэ сүрүн сотруднига Анатолий Алексеев бэлиэтээбитинэн, үс туомнаах дьоһун кинигэҕэ үлэ 2015 сылтан саҕаламмыт, таһаарыытын болдьоҕо алта сылтан ордубут. Таһаарыыга өрөспүүбүлүкэ бүттүүнүттэн билим тэрилтэлэрэ кыттыспыттар, маны таһынан, дойду билимин кииннэриттэн учуонайдары ыҥырталаабыттар.

«Биһигини кытта Москубаттан, Санкт-Петербургтан уонна Новосибирскайтан күүстээх исписэлиистэр кэлэн үлэлэспиттэрэ. Биһиги учуонайдарбыт эмиэ күүстээх этилэр, тоҕо диэтэр, кинилэр бу устуоруйаны олохторун устатын тухары үөрэппиттэрэ: оскуолаттан саҕалаан аспирантураҕа тиийэ. Ааптарыскай кэллэктиип олус күүстээх этэ. Саныырбытынан, биһиги олус үтүө билим үлэтин оҥордубут, онтукайбытын ааҕааччылар, исписпэлиистэр, историктар, учууталлар уонна кыраайы үөрэтээччиллэр сыаналыахтара», - диэн Анатолий Алексеев кэпсиир.

Трехтомник 3

Трехтомник 1

Тэрээһиҥҥэ Саха сирин вице-премьера Сергей Местников кыттыыны ылла. Кини этэринэн, бу дьоһун үлэни таһаарыы Саха АССР 100 сылын көрсөр үбүлүөйдээх сыл тэрээһиннэрин федеральнай былааныгар киирбит эбит.

Кинигэлэри сүрэхтиир үөрүүлээх чаас бириэмэтигэр, ааптардар «История Якутии» хас биирдии туомугар анаммыт дакылааты иһитиннэрдилэр.

Трехтомник 2

Ол курдук, Арассыыйатааҕы билим академиятын Сибиирдээҕи салаата Гуманитарнай чинчийэр уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын үнүстүтүүтүн билимҥэ сүрүн сотруднига Екатерина Романова бастакы туом этнология чааһын туһунан кэпсээтэ.

Оттон, ити үнүстүтүүт эмиэ биир сүрүн научнай сотруднига Розалия Бравина маҥнайгы туом археологияҕа сыһыаннаах матырыйаалларын туһунан сырдатта.

Салгыы, историческай наука хандьыдаата, Н.Н. Миклухо-Маклай аатынан Арассыыйатааҕы билим Академиятын этнологияҕа уонна антропологияҕа үнүстүтүүтүн, Хоту уонна Сибиир салаатын билимин сүрүннүүр сотруднига Людмила Миссонова Саха сирин норуоттарын этническай панораматын туһунан сырдатта.

«История Якутии» иккис туомун туһунан, Арассыыйатааҕы билим академиятын Сибиирдээҕи салаата Гуманитарнай чинчийэр уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын үнүстүтүүтүн билимҥэ сүрүн сотруднига, иккис туом эппиэттээх эрэдээктэрэ Андриан Борисов иһитиннэрдэ. Презентация кэмигэр М.К. Аммосов аатынан ХИФУ историческай факультетын старшай преподавателэ Александр Николаев тыл эттэ.

Иккис туом Саха сирэ Арассыыйа судаарыстыбатыгар киириититтэн, XVII үйэттэн саҕалаан XIX үйэҕэ диэри устуоруйаны кэпсиир.

Салгыы, кинигэ үһүс чааһын туһунан, «Истории Якутии» үһүс туомун эппиэттээх эрэдээктэрэ, Арассыыйатааҕы билим академиятын Сибиирдээҕи салаата Гуманитарнай чинчийэр уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын үнүстүтүүтүн билимҥэ сүрүн сотруднига Сардана Боякова кэпсээтэ.

Кинигэ бары туомнара хартыыналардаах, хаарталардаах, хаартыскалардаах уонна интириэһинэй матырыйааллардаах.

Ааптардар этэллэринэн, бу саҥа тахсыбыт сүүнэ матырыйаал сорох дааннайдара эрдэ ханна даҕаны тахсыбатахтар эбит. Онон, билимҥэ маннык кинигэни таһаарар туһуттан архыып докумуоннарын хасыһыыга күүстээх үлэ барбыт.

Трехтомник 4

Трехтомник 5

Трехтомник 6

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар