Түүлээх носорог билим эйгэтигэр “coelodonta antiquitatis” диэн аатынан биллэр. Кини Европа уонна Азия сиригэр-уотугар хас эмэ уонунан тыһыынчанан сыллар анараа өттүлэригэр баар буола сылдьыбыт. Түүлээх носорог, быһа холоон, 8-14 тыһыынча сыл анараа өттүгэр сүтэн-иҥэн хаалбыта, симэлийбитэ диэн буолар. Чинчийээччилэр ити биир сүрүн биричиинэтинэн (айылҕа тосту уларыйыытын сэргэ) былыргы дьон түүлээх носорогу дьаныһан туран бултаспыттарынан быһаараллар. Ити кыыл от-мас аһылыктаах, сыалаах минньигэс эттээх эбит.
Дьэ, итинник, былыргы дьыллар мындааларыгар олохсуйа сылдьыбыт түүлээх носорогу былырыын күһүөрү сайын Абый улууһугар булбуттара. Ол туһунан СӨ Билимҥэ академиятын мааман (сэлии) фаунатын үөрэтэр салаатын исписэлииһэ Айсен Климовскай кэпсиирин истиэҕиҥ.
“Хастааһын” эбэтэр “сыгынньахтааһын”
– Ирбэт тоҥҥо бэрт үчүгэйдик хараллыбыт, этин-сиинин улахан аҥаара арыый чөл соҕус сылдьар түүлээх носорогу – былырыын атырдьах ыйыгар Индигиир өрүс хаҥас салаата Тирэхтээх үрэхтэн булбуттара, – диэн кини кэпсээн саҕалыыр. – Олохтоохтор сайын аайы ити эргин анаан-минээн мааман (сэлии) муоһун көрдүүллэр. Сэлии муоһа, биллэрин курдук, сиргэ мээнэ сыппат, үлэлээтэххинэ көстөр. Муос көрдөөччүлэр “хастааһын” эбэтэр “сыгынньахтааһын” диэн ньыманы тутталлар. Кинилэр биир үксүн үрэх эмпэрэлэригэр, аҥхайдарыгар итинник “хастааһыннары” оҥороллор. “Ирбэт тоҥ күн сылааһыттан уулуннун, кистээбит баайын көрдөрдүн” диэн санааттан.
Биир үтүө күн үрэх эмпэрэтиттэн туох эрэ түү быкпытын көрбүттэр. “Туох эрэ быыкаа кыыл быһыылаах”, – дии санаабыттар. Хоту дойду хоһууннара арааһы көрбүт да, булбут да, бултаабыт да дьон буоллахтара. Онон кыраттан соһуйбаттар, баар чахчылары буолуохтааҕын курдук ылыналлар.
Ирбэт тоҥ сыыйа уулуннаҕын аайы билбэт кыыллара “улаатан” барбыт. Бүтүннүү тахсан кэлбитигэр: “Носорог эбит”, – диэн тута быһаарбыттар. Кырдьык, түүлээх носорог билиҥҥи Африка носорогар сүрдээҕин маарынныыр. Биллэн турар кэккэ уратылардаах, ол да буоллар көрөөт да “носорог” диэн быһаарыахха сөп. Аҥаар өттүгэр көп этэ-сиинэ баар, оттон биир өттүгэр уҥуохтара адыгыраан көстөллөр, этэ-сиинэ суураллыбыт
Эрдэҕэс саастаах
– Булбут дьон Билим академиятыгар тута биллэрбиттэр эбит дии? Сэдэх булумньу буоларын тута өйдөөтөхтөрө.
– Булбут биригээдэ ирбэт тоҥтон харамайдары, кыыллары, сэлии муоһун көрдүүргэ анал лицензиялаах. Кинилэр “Ефимов и партнеры” диэн ааттаан хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ (ООО) тэриммиттэрэ. СӨ Билимҥэ академията ити ХЭТи кытта дуогабардаах. Ол быһыытынан, кинилэр интэриэһинэй булумньуларын биһиэхэ биллэрэн иһиэхтээхтэр.
Сэдэх булумньу туһунан истээт да – биһиги салаабыт үлэһитэ, биология билимин хандьыдаата Валерий Плотников тута Абыйга айаннаабыта. Ирдэбил быһыытынан билим исписэлииһэ миэстэтигэр тиийэн – сири-уоту үөрэтиэхтээх, хаартыскаҕа түһэриэхтээх, бары дааннайы докумуоҥҥа тиһиэхтээх. Уонна, оттон, саамай сүрүнэ – сэдэх булумньу түүлээх носорог буоларын бигэргэтиэхтээх. Валерий Валерьевич лабораторияҕа анаалыс оҥоһулларыгар диэн уҥуоҕуттан кыратык эмтэритэн аҕалбыта.
– “Түүлээх носорог билиҥҥэ диэри тыһыта-атыыра быһаарыллыбакка сылдьар” диэни аахпытым.
– Күһүөрү сайын булуллубут түүлээх носорогу суол туруута (тохсунньуга) Дьокуускайга аҕаллыбыт. Бары ирдэнэр докумуоннары толоруу, бэтэринээр сулууспатыгар бэрэбиэркэлэтии эҥин син уһун бириэмэни эрэйэр.
Манна кэлээтин кытта кыратык ириэрэ түһэ-түһэ – чинчийэр үлэлэр саҕаланнылар. Ол түмүгэр түүлээх носорог тыһы буолара быһаарылынна. Саҥа хороччу улааппыт, эрдэҕэс сааһыгар сылдьар кыыл эбит.
“Носорог-рог-рог лежит...”
– Түүлээх носорог туох сүрүн уратылардаах эбитий?
– “Африка носорогар күүскэ майгынныыр” диэн этэн аһарбытым. Хоту олохсуйбут кыыл буоларын быһыытынан икки араҥа түүлээх. Уонна эмиэ хотугу эргимтэ кыылын быһыытынан сыаны мунньунар эбит, онон Африка носорогунааҕар ыйааһына быдан ыарахан.
– Муоһа да Африка киэнинээҕэр улахан буолуохтаах?
– Итинник ыйытыыны биһиги элбэхтик истэбит. Африка носорогун муоһун туһуттан имири эһэ сыспыттара дии. Ханнык баҕарар кыыл, харамай тулалыыр эйгэҕэ, быһыыга-майгыга сөп түбэһэн этэ-сиинэ, быһыыта-таһаата уларыйар адьынаттаах. Анаан-минээн сойуолаһыы даҕаны итиннэ кырата суох оруоллаах. Онон билиҥҥи Африка носорогун муоһа, слонун аһыыта биллэ кылгаан тураллар.
– Юкагирдар түүлээх носорог муоһун былыр да булаллар эбит. Ол муос арыый хаптаҕай буолан эбитэ дуу – аарыма көтөр тыҥыраҕар холууллар эбит.
– Дьиҥинэн, хаптаҕай буолбат. Ол эрээри сиргэ сытан кэбириир. Носорог муоһа ыга килиэйдэммит баттах курдук дьапталҕалартан, араҥалартан турар. Муос өр сиргэ сытан, быһа сиэнэр – онон арыый синньээн көтөр тыҥыраҕар майгынныыр көрүҥнэнэр буолуохтаах.
Лав Дален, Наоки Сузуки...
– Аан дойду элбэх учуонайа Абый Тирэхтээҕин носорогун чинчийиигэ кыттыһыан баҕарар диэни истибитим.
– Оннук, кинилэр истэригэр аан дойдуга киэҥник биллэр учуонайдар бааллар. Холобур, Стокгольмнааҕы айылҕа устуоруйатын (музей естественной истории) бэрэпиэссэрэ Лав Дален. Кини соторутааҕыта, эмиэ Абый улууһуттан булуллубут былыргы бөрөнү чинчийиигэ кыттыспыта. Токио университетын бэрэпиэссэрэ Наоки Сузуки Саха сирин учуонайдарын кытта бииргэ үлэлэспитэ ыраатта. Кини түүлээх носорог ис уорганнарын, төбөтүн уҥуоҕун, уҥуохтарын, сыатын – анал тэрил көмөтүнэн чинчийэн көрөргө бэлэмин биллэрбитэ.
– ХИФУ Петр Лазарев аатынан Сэлии (мааман) түмэлигэр бэрт сэдэх эспэнээт хараллан сытар. Ол – түүлээх носорог муоһуттан оҥоһуллубут, 90 сэнтимиэтир усталаах үҥүү төбөтө. Түмэл үлэһиттэрэ ити сэдэх эспэнээт сааһын быһа холоон 11,5 тыһыынча сыл диэн сабаҕалыыллар эбит. Бу үҥүүнү Улахан Лээхэп арыытын хоту уһугуттан булбуттар. Бэрт былыр Уһук Хоту дьон олоро сылдьыбыт. Индигиир сүнньүгэр Бөрөлөөххө олох былыргы дьон олобурун булан тураллар. Оттон ити сир аан дойдуга – мааманнар (сэлиилэр) Бөрөлөөхтөөҕү “кылабыыһаларын” быһыытынан биллэр.
– Сэлиилэри, түүлээх носорогтары кытта биир кэмҥэ олорбут дьон суолун-ииһин элбэхтик булабыт. Холобур, ирбэт тоҥҥо булуллубут былыргы кыыл тириитэ сүлүллүбүт эбэтэр оҥо быһан ылыллыбыт буолар. Сиртэн, ирбэт тоҥтон булуллубут сорох уҥуохтарга эмиэ былыргы киһи суола-ииһэ баар буолар.
Уопсайынан, олох былыргы киһи бөдөҥ кыыллар ыстаадаларын батыһа сылдьар. Холобур, Индигиир өрүһү бата – былыргы кыыллары да, былыргы дьон суолларын-иистэрин да элбэхтик булаллар. Дьиикэй табалар үөрдэрэ – тус хоту олохтоох, булдунан аһаан-таҥнан олорор дьоҥҥо улахан суолталаахтар дии. Син биир ол курдук буоллаҕа.
Индигиир өрүс салаалара өссө элбэх кистэлэҥи саһыара сыталлара саарбахтаммат. Биэс сыллааҕыта Индигиир уҥа салаата Уйаандьы үрэхтэн хайа хаспаҕын хахайын оҕолорун булбуттара дии. Хайа хаспаҕын хахайдара 20-60 тыһыынча сыллар анараа өттүлэригэр Африка уонна киэҥ-нэлэмэн Евразия сиригэр-уотугар баар буола сылдьыбыттар.
Клоннааһын туһунан
– Сэлиини клоннуурга үлэ ыытылларын, Соҕуруу Корея учуонайдарын кытта үлэлэһэргитин истибитим. Итиннэ тыыннаах клеткалар көстөн быстыбаттар дуу, хайдах дуу?
– Ити боппуруоһу, биллэн турар, биир-икки тылынан быһаарбаккын. Бэрт уустук чинчийиилэр ыытыллыахтарын наада. Биологияҕа “генетика ситимэ” (генетическая цепочка) диэн өйдөбүл баар. Ити ситими барытын чөлүгэр түһэрдэххэ эрэ клоннааһын боппуруоһа кыаллыан сөп. Чинчийээччилэр бары инникигэ эрэллээхтэр, араас сыаллары-соруктары ситиһэргэ дьулуһаллар. Сорох сыаллар-соруктар аҕыйах сыл иһигэр ситиһиллибэттэр, онон хаһан эрэ, баҕар, тыыннаах сэлиини көрүөхпүт диэн эрэниэҕиҥ.
– Эһиги, Билим академиятын үлэһиттэрэ – араас чинчийиилэри ыытар, анал тиэрминнэри, өйдөбүллэри туттан сурунаалларга ыстатыйалары суруйар, кэмпириэнсийэлэргэ кыттар дьон буоллаххыт. Ол да буоллар хас биирдии киһи тута өйдүүр ыстатыйаларыгар, кинигэлэригэр, киинэлэригэр, бырайыактарыгар (научно-популярные работы) үлэлэспэккит дуо? Билим эйгэтиттэн ыраах дьон бэрт былыр төрөөбүт сирбитигэр-уоппутугар ханнык кыыл-сүөл олоро сылдьыбытын туһунан билбэппит. Динозаврдартан саҕалаан. Быдан былыр Саха сиригэр слоннар (трогонтериевай), носорогтар, хахайдар баар буола сылдьыбыттара олус интэриэһинэй.
– “Ити өттүгэр күүскэ үлэлиибит” диэтэхпинэ баһан этии буолбатах. Биһиги салайааччыбыт, биология билимин дуоктара Альберт Протопопов итинник хабааннаах үлэни ыытарбытын ирдиир. Мин, холобур, Абый улууһун Никодим Ефимов аатынан гимназиятын кытта үлэлэһэбин. Онно сэминээрдэри ыыппытым, оскуола оҕолоругар билим салайааччытын быһыытынан сылдьабын. Оҕолор номнуо “Инникигэ хардыы” диэн билим-быраактыка кэмпириэнсийэтигэр анаан үлэлэри суруйбуттара.
– Айсен Иванович, сэргэх кэпсээниҥ иһин улахан махтал!
Федор РАХЛЕЕВ.