Киир

Киир

«АЛРОСА» каадырдары бэлэмниир Киинин уhуйар куурустарын (УКК) барбыт эрэ дьон идэтийиилэрэ сөп түбэһэрин бигэргэтэллэр.

 

Удачнай хайаны байытар кэмбинээтин саҥа бырамыысалыннастаах эбийиэктэригэр - “Удачнай” рудникка, Үөһээ Муунатааҕы алмаас хостуур тиһиккэ (“Горно-добычной комплекс Верхне-Мунское”) үлэҕэ дастабырыанньалаах эрэ буоллаххына ылаллар.Билигин шахта ньыматынан алмаас хостооhун – үлэни биэрэр биир сүрүн миэстэ.Холобур, “Удачнай” рудник эбийиэктэригэр үрдүккэ үлэлиир идэлэр куруук наадалар.Балаҕан ыйын 17 күнүттэн үрдүккэ үлэлиир исписэлиистэри бэлэмнииллэр (29 чаас - теория).

mir1

Удачнайга шахтаҕа үлэлииргэ “Машинист самоходных подземных машин” идэҕэ 308 теоретическай, 728 быраактыка чааһа анаммыт. Куурустар балаҕан ыйын 10 күнүттэн ахсынньы ый 28 күнүгэр диэри ыытыллыахтаахтар.

mir2

 

Эмиэ шахта үлэтигэр – сир анныгар баар тэриэбэни өрөмүөннүүр үлэлэргэ электросилиэсэр идэтигэр үөрэтии балаҕан ыйын 24 күнүттэн сэтинньи 8 күнүгэр диэри куурустар барыахтаахтар.Маны сэргэ, карьерга аһаҕас ньыманан уонна алмааһы байытар баабырыкалар үлэлэригэр тиэхиньикэни уонна араас хабааннаах тэриэбэни өрөмүөннүүр электросилиэсэр үөрэҕэ шахтердары кытары тэҥҥэ ыытыллыа.Саха сирин тыатын улуустарыгар, Дьокуускайга даҕаны, суоппар идэлээх эрэ элбэх.Үлэтэ суох сылдьааччылар үгүстэр.Олор категорияларын үрдэтинэр, “ДОПОГ” эрэсэрээти ылар кыахтаахтар.Ол эбэтэр, бу суоппар, ордук кутталлаах тэхиниичэскэй таһаҕастары - карьердар боруодаларын дэлби тэптэрэргэ аналлаах эмульсияны, диисэл уматыгын, бэнсиини, гаас боллуоннарын тэйиччи сытар, ыарахан суоллаах учаастактарга тиэйэр.

mir3

Маннык идэҕэ үөрэнэргэр балаҕан ыйын 24 күнүгэр УККҕа баар буолуохтааххын. Алтынньы 11 күнүгэр диэри үөрэтэллэр.Массыынаны өрөмүөннүүллэрин, тимиргэ хасыһалларын сөбүлүүр ыччаттар дьиҥэр аҕыйаҕа суохтар.Кинилэргэ аналлаах куурустар, балаҕан ыйын 24 күнүттэн сэтинньи 11 күнүгэр диэри бараллара былааннанар.Идэтийиитэ суох киhини ханнык да производство үлэҕэ ылбат.Санатабын. УКК Мииринэй куорат Московскай уулуссатын 26-с дьиэтигэр баар. Күөх өҥнөөх, икки этээстээх мас дьиэ.Мииринэйтэн атын улуустар олохтоохторугар, УКК куурустара 2017 сылтан ылата төлөбүрдээхтэр. Биир чаас үөрэх – 350 cолк. Ыарахан. Ону хайыаххыный?! Үөрэтии босхо эрдэҕинэ кэлэн босхо үөрэниҥ, наадаалаах идэҕитин ылыҥ диэн эппитим быданнаата. Кэм-кэрдии уларыйда.Саамай куһаҕана диэн - үлэнэн хааччыйыыга мэктиэ билигин бэриллибэт.УКК дастабырыанньалаах тыа улууhун ыччата Удачнайга үлэлии барарыгар бэйэтин улууһун нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун Киинин нөҥүө киирсиһэригэр тиийэр.

mir4

Кытаатыҥ, алтынньы саҕаланыытыттан Бүлүү улуустарыттан Мииринэйдиир айан суол сабыллара субу кэллэ. Кэлэн үөрэниҥ.Үөрэххит уонна сиэрэ суох ыарахан сыаналаах Мииринэйгэ олоруугут ороскуотун үрдүк хамнастаах үлэҕит түргэнник толуйуоҕа.

 

Станислав Алексеев, Мииринэй куорат. Ааптар уонна Слава Gelio Степанов хаартыскалара.

 

  

 

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар