Балаҕан ыйын 7 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев “2020-2025 сылларга тыа сирин кэлим сайдыыта” бырагыраама олоххо хайдах киирэн иһэрин мунньахтаата.
“Ити бырагыраама баар буолан күн бүгүн тыа сиригэр араас социальнай эбийиэк, дьиэ-уот, хомунаалынай инфраструктура тутуллар, гаас, уу боппуруоһа быһаарыллар. Бырагыраама олоххо киириэҕиттэн олох хаачыстыбата тубуста”, -- диэн мунньах саҕаланыытыгар Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
2020 сылга бырагыраама чэрчитинэн барыта 1 млрд 730 мөл. солкуобайдаах сөбүлэһии түһэрсиллибит. Онтон 1 млрд 448 мөл. солк. федеральнай, 120 мөл. солк. -- өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ көрбүт. Атына олохтоох бүддьүөн уонна бүддьүөтү таһынан атын источниктартан киирбит.
“Т/х миниистирэ Александр Атласов кэпсииринэн, Саха сиригэр бырагыраама 10 хайысханан үлэҕэ киирэр. Холобур, тыа сирин дьоно дьиэ тутталларыгар (атыылаһалларыгар) социальнай төлөбүрү көрөр хайысхаҕа быйыл 51 квота, уопсайа 69 мөл. солк. тыырылынна”, -- диэн бырабыыталыстыба пресс-сулууспата суруйар.
Муниципальнай тэриллиилэр дьону дуогабарынан олордор дьиэ-уот тутталларыгар көрүллүбүт субсидиянан билигин Үөһээ Бүлүү Балаҕаннааҕар, Хаҥалас Тиит Эбэтигэр түөртүү кыбартыыралаах, Нам Таастааҕар эдэр исписэлиистэр дьиэлэрэ тутуллар. Инженернэй инфраструктура эбийиэктэрин, олорор түөлбэни тупсарыы хайысхатынан үп-ас тыырыллан, Чурапчы Хатылытыгар “Сайдыы”, Нам 2-с Хомустааҕын Хатаһыгар “Сэргэлээх” кварталлар тэриллэллэр.
Итини таһынан бырагыраама чэрчитинэн т/х үлэһиттэрэ үөрэниэхтэрин, устудьуоннар быраактыкаларын өрөспүүбүлүкэ т/х тэрилтэлэригэр барыахтарын сөп. 21 Муниципальнай тэриллиигэ “Тыа сирин территориятын тупсарыы” хайысханан барыта 113 уопсастыбаннай бырайыак олоххо киириэхтээх.