Киир

Киир

Саха сиригэ сыл бүтүөр диэри бэйэ дьарыктаах дьон (самозанятай) ахсаана эбиллэр чинчилээх. Билигин 11 тыһыынчаттан тахса киһи баар буоллаҕына, “12-13 тыһыынча буолуо” диэн сылыктыыллар. Ол туһунан Урбаан миниистирэ Ирина Высоких  кэпсээбит.

“Билигин 11 тыһыынча кэриҥэ киһи баар. Мин санаабар, сыл бүтүөр диэри ити көрдөрүү биир-икки тыһыынча киһинэн эбиллиэҕэ. Тоҕо диэтэххэ, биһиэхэ бэйэ дьарыктаах дьон ахсаана нэдиэлэ аайы 100-200 киһинэн эбиллэ турар”, - диир хотун Высоких.

Санаттахха, ааспыт сыл от ыйын 1 күнүттэн бэйэ дьарыктаах дьон нолуогу төлүүр ньымалара уларыйбыта. Дойду дьоҕус уонна орто урбааны өйүүр национальнай бырайыагын былаанын быһыытынан, эһиил сыл бүтүөр диэри өрөспүүбүлүкэбитигэр бэйэ дьарыктаах 4,6 киһи баар буолуохтаах.

 

Санааҕын суруй