Аҕыйах хонуктааҕыта, муус устар 7-15 күннэригэр, “Саха сүөһүтэ” генофонда хааһына тэрилтэтин үлэһиттэрэ Елизавета Ефремова уонна Егор Горохов Ньурба улууһун Бордоҥ нэһилиэгэр баар Степан Васильев аатынан Мэҥэдьэк отделениетыгар сылгы ааҕыытын ыыттылар.
Бу – биллэрин курдук, сыллата ыытыллар үлэ. Ааҕыы түмүгэ көрдөрбүтүнэн, отделение 4 звенотугар уопсайа 345 сылгы иитиллэн турар. Сыспай сиэллээҕи көрүүгэ-истиигэ 12 үлэһит сыралаһар. Ол иһигэр, 8 сылгыһыт, биир тырахтарыыс, бэтэринээр-зоотехник, биригэдьиир уонна управляющай үлэлииллэр.
Бу сылга киирэн баран, хомойуох иһин, 12 төбө сылгы көҕүрээбит. Сүрүн төрүөтэ – бөрө буулааһына. Манна даҕатан эттэххэ, Ньурба улууһун дьаһалтатын өйөбүлүнэн, муус устар 24 күнүгэр бөрөнү бултаһарга бөртөлүөт көтүөхтээх эбит.
Муус устар 13 күнүгэр «Саха сүөһүтэ» генофонда хааһына тэрилтэтин дириэктэрэ Александр Артемьев уонна солбуйааччытта Егор Посельскай тиийэн, сылгыһыттары кытта көрүстүлэр. Суол баарын баттаһа, икки базаҕа сылдьан, сылгылар туруктарын, от хаачыстыбатын илэ тиийэн билистилэр. Сылгыһыттар санааларын, туруорсууларын иһиттилэр. Сылгыһыттар: “2022 сылтан «Саха сүөһүтүгэр» киириэхпиттэн хамнаспыт бириэмэтигэр, ыйга иккитэ кэлэр, кыһыҥҥы-сайыҥҥы анал таҥаһынан хааччыйдылар. Бэйэ бэтэринээрдээх буолан, сөптөөх эминэн, битэмиининэн хааччыллабыт” – диэн үтүө сонуннарын үллэстэллэр. Туох кистэлэй, сылгыларын базалара эргэрбиттэрин хайдах баарынан аһаҕастык этиннилэр.
«Күрүө-хаһаа суоҕа улаханнык атахтыыр. Сылгы төрүөҕэ хойутуур буолла. Ол барыта сылгы аһыттан, көрүүттэн-истииттэн тутулуктаах. Биэлэр күрүөлээх-хаһаалаах сиргэ төрөөн, эбии аһылыкка туран, кулунчуктара арыый бороохтуйбутун кэннэ сиргэ бараллара ордук. Сылгы аһа тиийбэт түгэнигэр, кинидэри сиргэ ыыттахха кулунчук охторо-сүтэрэ элбэх. Ыт, бөрө да аһылыга буолаллара баар. Сороҕор бастакыларын төрүүр биэлэр эмтэрбэккэ кулунчуктара охтор. Онон күрүө-хаһаа тутуллара буоллар», – диир, СӨ Тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, сылгыһыт Александр Анатольевич Николаев.
Быйылгы кыстыкка отделение сылгыларыгар 261 т от Маалыкайтан, Аканаттан, Амма улууһун Болугуруттан тиэллибит. Маны сэргэ 24,5 туонна– Ньурбатааҕы сүөһү аһылыгын бэлэмниир хампаанньаттан, 25 туонна эбиэс – Дьокуускайтан тиэллибит. 100 туонна сенаһы Сунтаар Кириэстээҕиттэн атыыласпыттара кэлбит.
Былырыын ардахтаах дьыл буолан, от хаачыстыбата биллэ мөлтөх этэ. Сылгы хаһан аһыахтаах сирэ ууга баран, чахчыта да уустук кыстык ааһан эрэр. Билигин сылгылар туруктара этэҥҥэ. Биэлэрин 80 %-нара уулаах. Ол эрээри күрүө-хаһаа суоҕа, от кырыымчыга, эбиитин хаачыстыбата мөлтөҕө күчүмэҕэйдэри үөскэтиэн сөбүн этиннилэр. Ол да буоллар сылгыларбытын күөххэ этэҥҥэ үктэннэрэр, төрүөх ылар инибит диэн бөҕөх санаалаах үлэлии-хамсыы олороллоро сэргэхситэр.
Кинилэргэ “Саха сүөһүтэ” тэрилтэ салайааччыта Александр Артемьев: «Тымныыны-куйааһы аахсыбакка, төрүт дьарыкпыт сүппэтин, аатырбыт Мэҥэдьэк сылгыта симэлийбэтин туһугар үлэлии-хамсыы сылдьаргыт – эһиги төрөөбүт дойдугутугар бэриниилээхитин, дьиҥ айылҕа оҕолоро, сылгы куттаах дьон буоларгытын туоһута. Инникитин саҥа база тутуллуоҕа, күрүө-хаһаа салгыы да оҥоһуллуо. Ааспыт сылга 3 км. усталаах күрүө тутуллубута. Быйыл да бу үлэ салҕаныаҕа», – диэн этиитэ, бигэ эрэли үөскэппитэ саарбаҕа суох.
Сыспай сиэллээҕи сырыырҕатар үлэһит үтүөтэ дьоммут сырдыкка эрэллэрэ туоларын баҕарыаҕыҥ.
Бэй. кэр.