Киир

Киир

 “УРУУ” ювелирнай хампаанньа көмүс оҥоһугу оҥорон таһаарар, олохтоох нэһилиэнньэни үлэнэн хааччыйар биир бастыҥ тэрилтэ. Манна күн бүгүн араас салааҕа 150-чэ киһи үлэлиир-хамсыыр, кинилэр хампаанньа бигэ тирэҕэ буолаллар. Намтан, Амматтан, Тааттаттан, Үөһээ Бүлүүттэн – дойдубут араас улуустарыттан үлэһит дьон хампаанньаны кытары тэҥҥэ сайдаллар.

Хампаанньа тэрилтэ каадырын кыа­ҕын улаатыннарар, күүһүрдэр туһугар, саҥа үлэһиттэри, эдэр исписэлиистэри көҕүлүүр араас ньымалары олоххо киллэрэр. Социальнай бакыат – төлөбүрдээх уоппуска, уоппуска кэмигэр айан төлөбүрэ, төлөбүрдээх бүлүтүөн, о.д.а. мэктиэлэр үлэһиккэ күүс-көмө, тирэх буолаллар. Персоналы кытта үлэлиир салаа салайааччыта Ирина Стручкова иһитиннэрбитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ сыллааҕы уоппускаҕа 17, оҕо көрөр уоппускаҕа 6 үлэһит олороллор:

– Тэрилтэбит бигэ тирэхтээх, инникигэ эрэллээх буолууну түстүүр. Киһи үлэлииригэр, сайдарыгар, тус олоҕун оҥосторугар сөптөөх усулуобуйалар көрүллэллэр: үлэһиттэр сылга 55 күннээх уоппускалаахтар, икки сылга биирдэ уоппуска кэмигэр айан төлөнөр, өрөспүүбүлүкэ уонна судаарыстыба өрөбүллэригэр өрүүбүт, үлэлиир бириэмэбитин талар кыахтаахпыт. Ыарахан кэмнэргэ туора турбакка, бары бэйэ-бэйэбитин өйүүргэ, харчынан, аһынан-үөлүнэн дьоҥҥо көмөлөһөргө мэлдьи бэлэммит. Холобура, бу саас Намҥа халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ гуманитарнай көмө оҥорбуппут, үлэһиттэр бары харчынан кыттыһан, дьиэҕэ-уокка туттуллар тэрил, ас-үөл атыылаһан, ыыппыппыт. Кэлэктииппит үксэ эдэр дьон – 30-тан 35-гэр диэри саастаахтар. Тэрилтэбит күнтэн-күн сайдан, кэҥээн иһэр буолан, саҥа үлэһиккэ мэлдьи наадыйабыт, бүгүҥҥү күҥҥэ буҕаалтыр уонна сокуон үлэһитин көрдөнөбүт. Онон саҥа үлэһиттэри, эдэр исписэлиистэри үөрүүнэн күүтэбит!

Ханнык баҕарар тэрилтэ тэбэр сүрэҕэ – үлэһиттэрэ. Кини үлэтин таптыыр, сыаналыыр буоллаҕына, үлэ тэтимнээхтик барар, үтүө түмүктээх буолар. Онон бүгүҥҥү нүөмэргэ тэтимнээхтик сайдар «УРУУ» ювелирнай хампаанньа үлэһиттэрин туһунан сырдатабыт.

Хампаанньаны кытта тэҥҥэ сайдыбыт тутаах үлэһиттэртэн биирдэстэрэ – Мэҥэ Хаҥалас Майатыттан төрүттээх буоска сыаҕын салайааччыта Мира Атласова. Сыахха анал ювелирнай буосканан оҥоһук быһыытын-таһаатын, киэбин оҥороллор, хас даҕаны дэтээли “харыйаҕа” түмэллэр. Мира “УРУУ” хампаанньаҕа 2018 сыллаахтан үлэлиир, идэтинэн ювелир:

– “УРУУ”-га Моисей Иннокентьевич ыҥырыытынан, үлэҕэ киирбитим. Эрдэ иккиэн биир тэрилтэҕэ үлэлээбит буолан, билсэр этибит. “Собуокка буоска­һытынан үлэлиибин” диэтэхпинэ дьон олох өйдөөбөт, ювелирнай собуокка кө­мү­һүнэн эрэ үлэлииллэр дии саныыллар быһыылаах үлэр). Дьиҥэ, буоска салаата бастакы түһүмэхтэртэн биирдэстэрэ диэххэ наада. Аан бастаан үлэлии киирэрбэр буоскаһыттар иккиэ эрэ этибит, билигин улаатан, кэҥээн, эдэр оҕолору үөрэтэн, номнуо сэттиэбит. Үөрэппит кыргыттарым үлэлэрин мэлдьи бэрэбиэркэлиибин, сүбэлээн-амалаан, көмөлөһө сылдьабын... “УРУУ”-га үлэлиир кэммэр, элбэх оҕолоох ыал ийэтин аатын сүктүм. Билигин оҕо көрөр уоппускаттан тахсан, үлэлии сылдьабын.

Буосканан оҥо­һуллубут “харыйа” салгыы литейщикка тиийэр. “УРУУ” собуотугар кутуу салаатыгар 4 литейщик үлэлиир. Олортон биирдэстэрэ – Виктор Неустроев. Виктор Мэҥэ Хаҥалас улууһун Нөөрүктээйи нэһилиэгиттэн төрүттээх, Дьокуускай куоракка улааппыт. 2017 сыллаахха Тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрэн, техник-землеустроитель идэтин баһылыыр, салгыы ХИФУ-га үрдэтинэр. 2020 сыллаахха үрдүкү үөрэҕи бүтэрээт, убайын сүбэтинэн, “УРУУ” хампаанньаҕа тиийэр:

– Убайым сайдан эрэр кэскиллээх тэрилтэ диэн, “УРУУ”-ну сүбэлээбитэ, онон үс ый бэлэмнэнэн (стажировкаланан) баран, литейщигынан үлэлээн саҕалаабытым. Үлэбин олус сөбүлүүбүн, кэлэктиип түмсүүлээх, бииргэ үлэлиир дьонум, салалта бары идэтийбит дьон, үлэ барыта орун-оннугар, биир тэтимҥэ киирэн, биир тыынынан барар. Бигэ тирэхтээх тэрилтэҕэ үлэлиир буолан, инникигэ эрэллээхпин. “УРУУ”-га үлэлиир сылларбар киһи быһыытынан сайынным диэххэ сөп – сүрэҕим аҥаарын көрсөн, ыал буоллум. Дьиэ туттан, алаһа дьиэ тэринэн, билигин кырачаан кыыстаахпыт, – диэн Виктор Иванович кэпсээтэ. Хампаанньа эрчимнээх үлэһитэ быйыл «Айар уустар» креативнай индустрия колледжыгар маастар-ремесленник идэтигэр туттарсан, бу күһүҥҥүттэн саҥа идэни баһылыырга үөрэҕин саҕалыыр.

“УРУУ” собуотугар кэргэннииллэр Василиса уонна Александр Васильевтар үлэлииллэр. Василиса – монтировщик, Александр – литейщик. Александр Орто Халыматтан төрүттээх, ювелир идэлээх, 2019 сыллаахха “УРУУ” ювелирнай хам­паанньаҕа үлэлии киирэр. Василиса идэтинэн технология учуутала, уонтан тахса сыл ювелирынан үлэлээбит, оттон “УРУУ”-га 2020 сыллаахха кэлбит.

– Үлэбин олус сөбүлүүбүн, кэлэктииппит саамай үчүгэй, иллээх, эйэлээх, бары бэйэ-бэйэбитин кытары кэпсэтэн, доҕордоһон, көмөлөһөн сылдьабыт. Атын тэрилтэҕэ үлэлии сылдьыбыт буолан, тэҥниир кыахтаахпын. Манна усулуобуйата табыгастаах: төлөбүрдээх уоппуска, төлөбүрдээх бүлүтүөн, уонна да элбэх... Салалта үлэһиттэригэр сыһыана эмиэ олус үчүгэй, үлэһит санаатын истэн, сүбэлээн-амалаан биэрэллэр. Уопуттаах дьон саҥа үлэһиттэргэ болҕомтолоохтук сыһыаннаһабыт, тугу эрэ билбэт, сатаабат буоллахтарына, мэлдьи көмөлөһөбүт, - диэн Василиса Васильевна үллэстэр. Васильевтар дьиэ кэргэн ипотекатынан кыбартыыра атыылаһан, билигин күүстээх өрөмүөн үгэнигэр сылдьаллар.

Ити курдук көмүс оҥоһук бэрт аламаҕай, сахалыы сайаҕас майгылаах, үлэлэригэр бэриниилээх дьон сылаас илиилэринэн ааһан, “УРУУ” ювелирнай хампаанньа тэтимнээхтик сайдар. Күн бүгүн тэрилтэ Дьокуускай куоракка 5 салону үлэлэтэр, ону таһынан бу соторутааҕыта улуу Москуба куоракка «Охотный ряд» атыы-эргиэн киинигэр саҥа маҕаһыыны арыйда. Онон хампаанньа уопуттаах, бастыҥ үлэһиттэрин оҥоһуктара дойдубут киин куоратыгар атыыланар буоллулар.

 Туйаара КОРЯКИНА.