Киир

Киир

Ааспыт нэдиэлэ бүтэһик күннэригэр, Дьокуускайтан чугас сытар Тулагы нэһилиэгэр олохсуйан олорор Люция Петровна уонна Григорий Гаврильевич Поповтар дьиэ кэргэҥҥэ сайын устата олордубут оҕуруоттарын аһын көрө-истэ, анаан-минээн бара сырыттым. Куораттан Тулагы бөһүөлэгэр 40-ча мүнүүтэ айанныыгын. Дэриэбинэ сүрүн уулуссата барыта аспаал суол буолан, киһи эрэ айанныах дойдута. Куорат дьалхааннаах олоҕуттан, быылыттан-буоруттан сынньана, дэриэбинэҕэ сылдьартан ордук үчүгэй, кэрэ, ама, туох баар буолуой!

Тэлгэһэҕэ киирбиппэр уйаларыгар турар икки улахан ыт “уруйдуу-айхаллыы” көрсөллөр. Ыттартан куттанар буоламмын, кыратык иэним кэдэҥнээн ылар. Ол эрээри барахсаттар, сотору буолан баран “бэйэ киһитэ эбит” диэбиттии, оннуларын булан, сытынан кэбиһэллэр.

Болҕомтобун тута тэлгэһэ иһинээҕи араас дьэрэкээн өҥнөөх сибэккилэр тардаллар. Манна даҕатан эттэххэ, оҕуруотчут уонна сибэккиһит быһыытынан отой көннөрүбүн. Ол эрээри дьон тэлгэһэтин көрдөхпүнэ, санаалыын сырдыыбын, көнньүөрэбин, “тоҕус төгүл тоҕо?” ыйытыгы тохтоло суох биэрэрбинэн маастарбын, аппыт айаҕым сабыллыбат.

1

“100 ук помудуортан 15 биэдэрэни ылабын. Улахан аҥаара угар туран кытара буһар. Үүннэрэргэ хап­пырыыһа суох эрээри, хоннохторун быһа сылдьыахха наада”, – диэн кэпсээнин саҕалыыр тэлгэһэ ха­һаай­ката Люция Петровна. “Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин. Сылаас дойду буолан, оҕуруот аһа үүнэригэр наһаа табыгастаах дойду. Былыр оҕо эрдэхпититтэн холкуос, сопхуос дьоно киэҥ бааһынаҕа оҕуруот аһын барытын олордоллоро. Ону бэркэ өйдүүбүн. Ол курдук, хаппыыста, моркуоп, күөх луук, хонуу оҕурсутун өлгөмнүк олордоллоро. Оҕурсуну буочукаҕа тууһаан атыылыыллара.

Мин арыый улаатан баран, Георгий Бессоновка үөрэммитим. Онтон да буолуо, сиргэ таптал үөскээбитэ диэххэ сөп. Сунтаар буора хара, сымнаҕас, көпсөркөй. Буора үчүгэй буолан, уоҕурдууну олох туттубаттара. Аны сирэ быйаҥнаах буолан, соҕуруулуу уһун харыйалар хойуутук үүнэллэрэ. Оҕуруокка дьарыктанарбын астынабын, сайын устата бэйэм көрөбүн.

2

Тэлгэһэлэрэ киһи хараҕа хаппат киэҥэ. Чуолкайдаспыппар, “30 суотай кэриҥэ” диэн сөхтөрдүлэр. Хаһаайканы кытта кэрийэ көрөбүн. 100 устуука помудуор, 100 устуука хаппыыста, сүбүөкүлэ, моркуоп, минньигэс биэрэс, хортуоппуй олордон, сылы быһа сиир астарын хаһааналлар. Онон маҕаһыынтан тугу да атыыласпаттар эбит. “Маҕаһыын помудуорун атыыластахха, отой амтана суох буолар. Бэйэ киэнэ амтанныын ураты”, – дэһэллэр. Тулагыга ынах сүөһү, сылгы баар буолан, уулуссаҕа сытар киини ылан уоҕурдууга тутталлар эбит.

8jpg

6jpg

Кэпсэтиибитигэр дьиэлээх хаһаайын Григорий Гаврильевич кыт­тыһар. Кини – үрдүк категориялаах травматолог-быраас, хирург, Арассыыйа норуодунай мэдиссиинэтин бэрэпиэссэрэ:

“15 устуука мохуорка олордон, 15 киилэ кэриҥин хомуйан, дьиҥнээх табаҕы былыргылыы хамсаҕа кутан тардабын, Сталин курдук үлэр). Сэбирдэҕэ ситтэҕинэ, үргээн хатарабыт. Билигин хатара сытыарабыт. Мохуорканы ыраастыыргар илииҥ барыта арыы буолан хаалар. Бу тардыбыт табаҕыҥ буруота мэйиигэр, куртаххар, тыҥаҕар киирэр. Мохуорка мэйиигэр киирэн тымыргын кэҥэтэр. Онон бэйэтэ туһугар “бактерициднай” дьайыылаах. Онон искиттэн туох баар киргин-хоххун барытын тоҕо анньан таһаарар. Былыргы дьон бары мохуорканы тардан үйэлэрин уһаппыттара”, – диэн кэпсиир уонна хамсатын аҕалан көрдөрөр. Онно былыр дэриэбинэ оҕонньотторо, хамсаны туора уобан, табах тардалларын өйдөөн кэлэбин. Мохуорканы үүннэрбиттэрэ киһини куотар үрдүк эбитин сөҕө көрөбүн. Көрдөхпүнэ, декоративнай үүнээйигэ майгынныыр, тас эйгэни тупсаран көрдөрөр. Чөкө баҕайытык ойуччу үүнэн турар.

3. Мохуорка табаах

Салгыы Григорий Гаврильевичтыын ыраас салгынынан тыынан, тэлгэһэни кэрийэбит, кэпсэтэн айахпыт хам буолбат. Мин кини кэпсиирин олус кэрэхсии, мэлдьи астына истэбин. Ордук дьиҥнээх астар суолталарын, туһаларын кэпсиирин сэҥээрэбин.

“Ынахпыт арыыта – дьиҥнээх айылҕабыт аһылыга. Үүнэн турар күөх оту сиир ынахтан кэлэр бородууксуйа буолан, арыы – күн эниэргийэтэ”, – диэбитин истэн, хата, бэрт тэҥнэбил дии санаан, “сык” гынабын. Кэпсэтиибит быыһыгар Григорий Гаврильевич: “Хаан уонна тымыр икки ардыгар туох баарын билэҕин?” – диэн ыйытан, миигин муннукка ыгар. “Салыҥ. Ол салыҥ сүрэҕиҥ пүлүөҥкэтин бүөлээтэҕинэ, холестерин үөскүүр. Бу барыта санаа тууйуллуутуттан, истириэскэ киирииттэн, ыарахан үлэҕэ сылдьыыттан, о.д.а. биричиинэ элбэх. Биир өттүнэн, элбэх сыалаах аһы сиир киһи өйдөөх буолар ээ. Сахалар ол иһин өйдөөхпүт. Аан дойду таһымыгар тахсыбыт, үлэлии сылдьар дьонноохпут дии. Ити Томскайы, Ушницкайдары ылан көр. Быйылгы Олимпиадаҕа сахалар 5 чулуу спортсмеммыт кытыннылар.

Урут аһылык тиэмэтин сүрдээҕин интэриэһиргиирим. Эн ыһаарыламмыт эт туһалаах дии саныыгын дуу, ууга буспута дуу? Хайата ордугуй? Биллэн турар, ыһаарыламмыта. Үтэһэҕэ буспут эт буруо уонна чох итиитин суоһугар буһар. Буруо эт быыһыгар өтөн киирэн амтаннатар, буруота туһалаах буолар (!). Буруо быарга тиийэн сыаны таһаарар, быары ыраастыыр. Ол иһин нууччалар, хапкаастар ыыһаммыт эт аһы, балыгы (омега 3) наһаа сөбүлүүллэр. Уокка эти үөлэн сиир киһи эниэргийэлээх буолар. Онон буруоҕа үөлүллүбүт, ыыһаммыт ас туһалаах.

“Улуустарынан үгүстүк сырыттаҕыҥ. Сир-сир аайы дьон-сэргэ доруобуйата араас дуу? – диэн эриэхэбэй ыйытыгы биэрэбин. “Үөһээ Бүлүү былыр-былыргыттан аар-саарга аатырбыт сахалыы эмчиттэрдээх. Онон бу дойду олохтоохторо хааннатыы ньыматын билэр буолан, доруобуйалара чөл, уһун үйэлээх дьоно элбэх. Сунтаарга “рыхлай” дьон элбэх, онон ыйаа­һыннаах, хаан баттааһыннаах дьон үгүс. Чурапчылар сахалыы тыыннаахтар, эти-сиини чэбдигирдэр хайысханы тутуһаллар. Ол эрээри тоҕо эрэ сүһүөх ыарыытынан эрэйдэнэллэр. Манна хаан баттааһыннаах дьон аҕыйах. Хаҥалас улууһа халлааҥҥа харбаспыт таас очуостарынан аатырар. Бу хайалартан ууларыгар кальций элбэх буолан, бөҕө тиистээхтэр эрээри, куртах ыарыыта элбэх (ЖКТ). Бүөрдэрэ, үөстэрэ таастаах. Хоту дойду дьоно балыгы элбэхтик сиир буолан, эттэрэ-сииннэрэ кытаанах, сэнэх көрүҥнээхтэр. Балыкка баар омега дьайыыта күүстээҕэ биллэр.

“Тэлгэһэбиттэн чугас Өлүөнэ өрүс тардыыта (боротуока) кэлэн ааһар кытылыгар чуумпуга олорорбун сөбүлүүбүн, мотуорканан сылдьан балыктыыбын. Тулагыны иккис дойду оҥостон, дьиэ-уот туттан олорбуппут аҕыйах сыл буолла. Бу иннинэ Мерзлоткаҕа даачалаах этибит. Бэс чагда буолан, туох даҕаны аанньа үүммэтэ. Онно олорор эрдэхпитинэ үксүн хоруопкаҕа олордорбут”, – диэн кэпсиирин быыһыгар бэйэ үүннэриитэ бузина, боярышник, акаассыйа, тиит мастары хайдах үүннэрбиттэрин кэпсиир, көрдөрөр.

Чэйдии олорон, ыалбыт тэлгэһэ­титтэн өрүс арыыта чугас буолан, өрүс уута араас өҥүнэн күлүмүрдүү уларыйарын көрөн сөҕөбүн. Хас да чаас устата олорбуппут тухары былытырда­ҕына хара­ҥаран, күн тыктаҕына, сырдаан кэлэн, “хамелеон” араас сарыалынан кытыаста кыыһар.

Тулагыга 4000 кэриҥэ киһи олорор. Сэбиэскэй саҕана “Дьокуускай” сопхуос кииннэнэн олорбута биллэр. Тулагы бэйэтэ 4 түөлбэттэн (микрорайон) турар: Сыырдаах, Тулагы, Капитоновка, Киллэм. Былыр 1600 сыллаахха Киллэмҥэ аттакылар олорбуттара устуоруйаҕа биллэр. “Третья линия” диэн өрүс үрдүгэр турар кыракый учаастакка куорат нууччалара тахсан сайылыыллар. Былыр 40-с, 50-с сылларга хаайыылаахтар зоналара баар буола сылдьыбыт. Чугаһынан оҥочолоох ыстаансыйа баар. Сайынын дьону лууктата, балыктата илдьэллэр.

grigory

Григорий Гаврильевичтыын кэпсэтиибит доруобуйаҕа иэҕиллэр.

“Бу соторутааҕыта атырдьах ыйыгар Арассыыйаҕа норуот эмчиттэрин национальнай ассоциацияларын (НАНМ) бэрэсидьиэнэ В.В. Егоров Дьокуускай куоракка эзотериктар пуорумнарыгар кэлэ сырытта. (Эзотериктар диэн киһи уйулҕатын, дууһатын эмтиир айылҕаттан айдарыылаах дьон – С.Б.) Аҕыйах сыллааҕыта Москуба куоракка норуот эмчиттэрин кэнгириэстэригэр кыттан, дакылаат аахпытым. Онно кини миэхэ бэрэпиэссэр аатын, мэтээлин туттарбыт уонна “Саха норуотун мэдиссиинэтин атаҕар туруор” диэн өйөөбүт киһим буолар.

Бу пуорумҥа Арассыыйа үгүс эрэгийиэниттэн: Алтаайтан, Казаньтан, Санкт-Петербуртан, о.д.а. сирдэртэн кэлбиттэр. Сүрдээх интэриэһинэй пуорум буолан ааста. Иккис күнүгэр Бырабыыталыстыба 2-с №-дээх дьиэтигэр Судаарыстыбаннай дуума эспиэрдиир сэбиэтин көһө сылдьар мунньаҕа буолбута. Онно өрөспүүбүлүкэ салалтатыттан, СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтиттэн кытыннылар.

Сотору кэминэн комплиментарнай (дьүөрэлиир) мэдиссиинэ баар буолуо. Билигин кыраныысса таһыгар официальнай мэдиссиинэни кытта норуот мэдиссиинэтин дьүөрэлиир мэдиссиинэ (комплиментарная медицина) олоххо киирбитэ ыраатта. Ол биһиэхэ, Арассыыйаҕа, саҥа киирэ сатыыр.

Манна даҕатан эттэххэ, биһиги кииммит Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата, доруобуйа харыстабылын кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччыта Ф.С. Тумусов 323-с №-дээх “О народной медицине” Федеральнай сокуоҥҥа (50 ыст.) эбии уларытыылары киллэрэн, биһиги Кииммит аһыллан үлэлии турар. Дьиҥэр, сир учаастагын ылан, эмтиир-үөрэтэр хайысхалаах улахан норуот эмчиттэрин киинэ тутуллара буоллар диэн баҕарабыт. Ол Кииҥҥэ норуот мэдиссиинэтин ньыматынан үлэ барыахтааҕа. Онон бакаа ыра санаа эрэ курдук.

Тыа сиригэр норуот мэдиссиинэтин аатыттан дьону-сэргэни эмтии үлэлии бардахха, балыыһалар кэбиниэттэрин көҥүллээбэттэр, аһарбаттар. Дьиҥинэн, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтиттэн көҥүллээхпит. Онон бу – биир улахан кыһалҕабыт. Балыыһаларга “аан сабыылаах”. Ол иһин хос уларсан үлэлиибит.

Урут иннэлээһин терапиятынан дьарыктанар этим. Билигин ону сөргү­түөхпүн баҕарабын. Үлэбэр бириинсибим “эмэ суох эмтээһин” диэн. Ол эбэтэр иннэлээн, хааннаан, түөннээн... Дьэ, маннык ньыма киһиэхэ тута үчүгэй дьайыылаах, түмүктээх буолар.

Хааннааһын... Элбэх хаан түмүл­лэн, биир сиргэ бөлүөхсэн сытар. Ол ылҕаныахтаах. Хаанныырга анал миэстэлээх буолар. Тобуккун тоҥордоххуна, ыарыы уйан миэстэҕэр – чааскыгар – хорҕойор. Эт-хаан бэйэтэ мөлтөх миэстэлээх буолар. Хаан хойуннаҕына, ис уорган барыта эмсэҕэлиир. Хааннааһын киһиэхэ туох да куһаҕан дьайыыны оҥорбот. Эдэр киһи хаана сырдык, убаҕас, тыган олорор буолар. Оттон сааһырбыт киһи хаана хойдон, сыстаҥнас. Дьон үксэ көҕөрө өлөн хаалан баран көрдөрө кэлэллэр, онтон эмтэнээт, сүрдээҕин сырдаан бараллар.

Сайын өҥүрүк куйааска испит уу үксэ көлөһүн буолан тахсар. Маннык кэмҥэ хааннаатахха, хойуу хаан кэлэр уонна хаанын угуттаан баран хааннаатахха, быыкаайык хаан кэлэр. Оттон кыһынын хааннаатахха, тымныыга киһи этэ-сиинэ сабыллан сылдьар буолан, хаан үчүгэйдик кэлэр. Онон кыһын хааннааһын үтүө түмүктээх буолар эбит диэн, 30-ча сылы быһа үлэлээбит уопуппар олоҕуран этэбин. Ханнык баҕарар ыарыыны олохсутан, дьарҕаҕа кубулуппакка, эрдэттэн хаанната сырыттахха, ыарыы ытарчатыттан түргэнник босхолоноҕун, үтүөрэҕин. Ол эрээри хааннааһыны дьыл кэмиттэн тутулуга суох, наада буолар түгэнигэр кыһалҕалаах дьоҥҥо син биир оҥоһуллар.

Сүрүннээн, хаан баттааһыннаах, сис-сүһүөх, ньиэрбэ, сүрэх, о.д.а. ыарыылаах дьон кэлэллэр. Хамсык дьаҥа, тулалыыр эйгэ мөкү дайыыта араас истириэс, олоххо буола турар уустук быһыы-майгы дьон доруобуйатыгар охсуута улахан. Үгүс киһини “сотон” барбыт хамсык ыарыытыттан олохтоох дьон доруобуйата наһаа айгыраата. Ордук дьарҕа ыарыылаах дьон эмсэҕэлээтилэр. Көрдөрүнэ кэлбит ыары­һаҕы бастаан быраас курдук көрөбүн, диагноһын туруорабын уонна онно олоҕуран, биир кэлимник эмтээбитинэн барабын.

“Эмэ суох эмтэнии” – киэҥ өйдөбүллээх. Эмэ суох доруобуйаны чөл туруктаах илдьэ сылдьыахха сөп. Ол курдук, хаан эргиирин тупсарыахха, хаан састаабын убатар курдук, табылыакката суох, отунан-маһынан эмтэниэххэ сөп. Табылыакка ыарыы сытыырхайбыт кэмигэр эрэ көмөлөһөр, онтуҥ быарынан, бүөрүнэн тахсан, бу уорганнар эмсэҕэлииллэр. Кытай омук былыр-былыргыттан иннэнэн эмтиирин истэн билэбит. Онон кытайдыы иннэлээһини үөрэтэн эмтээбитим. Үчүгэй түмүктээх буолара. Оччолорго Саха сирин барытын кэрийбитим. Ол сылдьан былыргы ойууннар, отоһуттар, эмчиттэр эмтиир ньымаларын дьаныһан, хасыһан үөрэппитим уонна сахаларга чугас диэн, хааннааһыҥҥа ылсан, күн бүгүнүгэр диэри үлэлии сылдьабын. Билигин барытын холбоон, дьүөрэлии тутан эмтиибин. Онон эмэ суох эмтиир хайысханы бүгүҥҥү үлэбэр туһанабын.

4jpg

5jpg

Дьэ, ити курдук Тулагы олохтоохторо Поповтарга астына ыалдьыттаан, саҥа хостоммут сибиэһэй хортуоппуйдарын тото амсайан, кытара буспут помудуор, сибиэһэй сельдерей, петрушка салааттарын сиэн астынным. “Биир күн сылы аһатар” диэн өбүгэ өйдөбүлүн дьыл маннык кэмигэр табан өйдүүгүн.

Саргылаана БАГЫНАНОВА, Дьокуускай–Тулагы.