Үтүө санаалаах киһи диэн кимий? Мин санаабар, оҥорбут үтүө дьыалатыгар кимтэн да тугу да эрэйбэккэ, дьоҥҥо куттуун-сүрдүүн тардыһан, киниэхэ үтүөнү, ырааһы эрэ саҕар, ураты эйгэлээх киһи. Биир оннук кэрэхсии көрөр киһим туһунан бүгүҥҥү нүөмэргэ суруйарга соруннум. Кини сырдыкка сирдиир олоҕун устуоруйата, күүстээх санаата, көрсүө-сэмэй майгыта үүнэн эрэр көлүөнэҕэ үтүө холобур буолуо диэн бигэ эрэллээхпин.
--Ньургуйаана, бэйэҥ тускунан кылгастык билиһиннэриэҥ дуо?
--Мин алгыстаах Амма Абаҕатыгар 1993 сыллаахха күн сирин көрбүтүм. Кыра эрдэхпиттэн уруһуйдуурбун сөбүлүүр этим. Күнү-күннээн олороммун ону-маны уруһуйдуурбун өйдүүбүн. Муода айарбын туохтааҕар даҕаны ордорорум. Улуус, өрөспүүбүлүкэ иһинэн ыытыллар уруһуй күрэхтэригэр куруук миэстэлэһэрим. Оччолорго инники олохпун уруһуйу кытта ситимниэхпин баҕарар этим. Ону таһынан оҕуруо тиһэрим, туойунан араас оҥоһугу оҥорорум. Үрдүкү кылааска үөрэнэ сылдьан, биология, экология олимпиадаларыгар, «Инникигэ хардыы» НПК-ҕа ситиһиилээхтик кыттарым. 2010 сыллаахха А.Е. Кралин аатынан Абаҕа орто оскуолатын дьиэҕэ олорон үөрэнэммин кыһыл мэтээлинэн бүтэрбитим. Онтон Тыа хаһаайыстыбатын техникумун «Право организации социального обеспечения» салаатын уонна Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба үнүстүүтүн бибилэтиэкэр салаатын тэҥинэн ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитим.
-- Үтүө эйгэтин кытта хайдах эҥээрдэстиҥ?
-- Кэтэхтэн үөрэнэ сылдьаммын А.С. Пушкин аатынан Национальнай бибилэтиэкэҕэ ретроперспективнай библиография салаатыгар үлэлээбитим. Ол саҕана «Движение без барьеров» инбэлииттэр уопсастыбаннай тэриллиилэрэ саҥа үлэлээн эрэр этэ. Доҕорум Афанасий Лаптев: “Миэхэ солбуйааччынан кэлиэҥ дуо?” - диэн ыҥырбытыгар, үөрэ-көтө сөбүлэспитим. Үлэлии киирэн бараммын «Харысхал» аһымал пуондатын дириэктэрэ Вера Душкевиһы кытта билсибитим. Бары бииргэ көхтөөх үлэбитин саҕалаабыппыт. Үлэбит сыала биир – дьоҥҥо үтүөнү оҥоруу уонна көмөлөһүү. Ол кэмтэн ыла номнуо алта сыл ааһа охсубут. Алта сыл иһигэр араас хабааннаах үгүс тэрээһини тэрийдибит, элбэх үлэни ыыттыбыт. Уопсастыбаннай үлэ, бастатан туран, тус бэйэм олоххо сыһыаммын уларытта диэхпин сөп. Ону таһынан элбэх билиини, улахан уопуту биэрдэ.
--Интэриниэт ситимигэр «Үтүө санаа уруоктарын» ыытаргын сэргии көрбүтүм. Бу уруоктар тустарынан сырдатыаҥ дуо?
-- «Движение без барьеров» тэриллиигэ салайааччыны солбуйарым таһынан, «Харысхал» пуондытыгар исписэлииһинэн үлэлээбитим. Пуондаҕа кэлэммин, оскуола оҕолоругар «үтүө санаа уруоктарын» ыытар этим. Сорох оҕо инбэлиит киһини урут хаһан даҕаны көрбөтөх буолан, бастаан көрөрүгэр араастык ылыныан сөп: соһуйуо, куттаныа. Биһиги кинилэргэ инбэлиит дьон көннөрү дьонтон туох даҕаны уратыта суохтарын, олохторугар төһөнү баҕарар ситиһэн, биллиилээх дьон буолан тахсыбыттарын холобурдаан туран сырдатабыт. Бэйэбит олохпутуттан тугунан дьарыктанарбытын, туох ситиһиилээхпитин эмиэ быһа тардан кэпсиибит. Уруоктарбытыгар иитэр-үөрэтэр суолталаах оонньуулары ыытабыт, мультиктары көрдөрөбүт. «Үтүө санаа уруоктарын» таһынан «Паралимпийскай уруоктар” бааллар. Бу уруоктарга биһиги оҕолору паралимпийскай успуорт көрүҥнэрин кытта билиһиннэрэбит.
-- Бу уруоктары ким баҕалаах биэриэн сөп дуо?
--Үтүө дьыаланы ким баҕарар оҥоруон сөп. Биһиги хамаандабытыгар инбэлиит дьон элбэх. Бастаан кинилэргэ анал методиканы үөрэтэн, психологическай хабааннаах сэмэнээрдэри ыытан бэлэмниибит. Саҥа үөрэх дьылыгар оскуолалартан сайаапка хомуйа сылдьабыт. Олус интэриэһинэй тиэмэлээх, ураты мэтиэдьикэлээх уруоктары бэлэмнии сылдьабыт.
-- Маннык хабааннаах сэминээрдэри улахан дьоҥҥо ыытаҕыт дуо?
--2013 сыллаахха Москуба куораттан “Перспектива” диэн инбэлииттэр региональнай, уопсастыбаннай тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ кэлэннэр биһиэхэ сэминээр ыыппыттара. Ол кэнниттэн маннык хабааннаах сэминээрдэри бэйэбит инбэлиит дьону кытта үлэлиир тэрилтэлэргэ, педагогтарга, социальнай үлэһиттэргэ ыытар буолбуппут. Сүрүннээн, инбэлиит дьоҥҥо бэйэлэригэр ыыта сатыыбыт.
-- «Красота без границ» күрэх эһиги үтүө илиигит иһинэн ааһар тэрээһин дуо?
--«Мисс мира на коляске - 2013” Ксения Безуглова Дьокуускайга кэлэ сылдьан, идиэйэ биэрбит бырайыага буолар. Ону куорат дьаһалтата өйөөн, бу күрэх бастакытын 2014 сыллаахха ыытыллыбыта. Сүрүн тэрийээччинэн биһиги тэрилтэбит «Движение без барьеров” буолбута. Ол күрэхпит ситиһиилээхтик ааһан, быйылгыттан «Красота без границ» тэрээһини Дьокуускай дьаһалтатын бүддьүөтэ үбүлээн үгэскэ кубулуттубут. Быйыл Докуускайдааҕы ыччат уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин салалтата өйөөһүнүнэн тэрээһин үрдүк таһымнаахтык тэриллибитэ. Күрэх иннинэ улуустартан кыттарга сайаапка хомуйталаабыппыт. Ол түмүгүнэн, сэттэ кыыс финалга ааспыта. Кинилэр биэс күн «Полярная звезда” гостиницаҕа олорбуттара. Хас биирдиилэрин кытта кичэйэн үлэлэспиппит. Араас хабааннаах маастар-кылаастары ааспыттара, биллиилээх дьону кытта көрсөн санааларын атастаспыттара. Маннык күрэх билиҥҥи кэмҥэ ыытыллара саамай тоҕоостоох дии саныыбын. Бастатан туран, туох эрэ биричиинэнэн диэлэригэр олорон хаалбыт кыргыттар тус кыахтарын толору арыйалларыгар, олоххо тардыһыылара өссө күүһүрэригэр кыах биэрэр. Иккиһинэн, инбэлиит дьоҥҥо олоҕурбут стереотибы суох оҥорор туһуттан.
Салгыы “Правильное понимание инвалидности” диэн интерактивнай сэминээргэ тус бэйэм уопуппун киллэрэммин, «Начни с себя» диэн маастар-кылааска кубулуппутум. Эһиил эмиэ кэрэ эйгэтигэр сыһыаннаах ураты бырайыагы бэлэмнии сылдьабыт.
-- Кэнники кэмҥэ иһитиннэрэр-биллэрэр эргимтэҕэ #протезнаволю флэшмоб бэрт киэҥник тарҕана сырытта, эн онно туох сыһыаннааххыный?
--#Протезнаволю флэшмобу Инстраграм ситимиттэн булан ыламмын, олус сэргээбитим. Тоҕо диэтэххэ, инбэлииттээх дьон бастаан син биир кыбысталлар. Холобур, мин оҕо сылдьан дьон көрөрүттэн наһаа кыбыстарым. Оттон билигин дьон-сэргэ санаата уларыйан, бэйэм да санаам уларыйан, итэҕэспин, атын дьонтон уратылаһар ордугум курдук ылынабын. Бэйэм курдук дьоҥҥо дьоллоох холобур буолуохпун баҕарабын. Онон маннык хабааннаах бырайыактар дьон олоҕор улахан суолталаахтар. Бу флэшмоб өссө Арассыыйа киин куораттарыттан саҕаламмыта. Тэрээһин чэрчитинэн былырыын эдэр учуонай Айысхан Алексеев сибээскэ тахсыбыта. Кини быратыас оҥоруу идиэйэтин туһунан миэхэ кэпсээбитэ уонна бырайыагы өйүүрбэр көрдөспүтэ. Бырайыак олоххо киириитигэр, быраактыкаҕа туһаныан сөптөөх, ыйар-кэрдэр киһи көмөтө наада эбит. Мин тутатына сөбүлэспитим. Быратыас оҥоһуллан тахсыбыта. Онтубут, бэйэбит да соһуйуохпут иһин, иһиттиннэрэр-биллэрэр эргимтэҕэ киэҥник тарҕанна. Ол гынан баран, бырайыакпыт тиһигэ билигин даҕаны ситэ илик. Саҥа дьыл кэнниттэн өссө тупсарыллан, дьон туһанарыгар тахсыаҕа. Дьыала аҥаардас быратыас оҥоһуутунан бүппэт. Бу быратыаһы оҥорор бырагыраама туһанааччы киэҥ эйгэтигэр тахсыахтаах, ол эбэтэр ким баҕарар 3D принтергэ быратыас дэтээллэрин таһаарар кыахтаныахтаах. Хайдах хомуллара, сорох дэтээлин хантан сакаастыахха сөбүн бу саайка булуохха сөп буолар.
--Уопсастыбаннай үлэни уонна истиҥ-иһирэх ийэ оруолун хайдах дьүөрэлии тутаҕыный?
--Мин үс саастаах сытыы-хотуу уол оҕолоохпун. Саша диэн ааттаах. Күнүм-ыйым барыта киниттэн тахсар. Бириэмэбин сатаан аттарабын. Дьон туһугар үлэлиир үлэм, сэмэй ситиһиилэрим барыта кини туһугар. Бэйэм холобурбунан оҕобун үтүө санаалаах, киэҥ көҕүстээх, көрсүө-сэмэй майгылаах гына иитэн таһаарарга дьулуһабын. Улаатыыта бэйэбин кытта тэҥҥэ илдьэ сылдьыаҕым.
--«Үтүө санааҥ – көтөр кынатыҥ” өс хоһоонун туох дии саныыгыный?
-- Сөбүлүүбүн. Дьоҥҥо үтүөнү оҥорорбуттан олус диэн дуоһуйабын, кинилэр ситиһиилэриттэн салгыы кынаттанан өссө таһаарыылаахтык үлэлии сатыыбын. Хас биирдии алтыспыт оҕолорбун, бииргэ үлэлиир дьоммун, күрэххэ кыттыбыт кыргыттарбын таптаан «оҕолорум” диэн ааттыыбын. Кинилэр хас биирдии ситиһиилэрэ биһиги үлэбит түмүгэ буоларыттан дьоллонобун.
-- Эдэр көлүөнэ ааҕааччыга баҕа санааҥ?
-- Туохтан даҕаны толлубакка, сүрэххит баҕатынан салайтаран иннигит диэки харса суох баран иһиҥ. Олох хаамыытын кытары тэҥҥэ хардыылаан, үүнэ-сайда туруҥ!
--Мин ыйытыыларбар истиҥ хоруйуҥ иһин махтал. Үлэҕэр, тус олоххор үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, дьиэ кэргэҥҥэр уонна бэйэҕэр чэгиэн буолууну!
Кэпсэттэ
Иванна БУРЦЕВА.