Киир

Киир

 

Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо, 35 – саастаах элбэх оҕолоох эдэр ийэҕэ, мөлтөхтүк истэр оҕолор интернаттарын кыра кылаастарын учууталыгар Татьяна Семеноваҕа – Алтаанаҕа, икки мөлүйүөнтэн тахса харчыны хомуйан ыыттылар.

«Рак левой околоушной слюнной железы Е2-3 NO MO III ст.II кл.гр.», - диагноһы киниэхэ өссө 2019 сыллаахха туруорбуттара. Оччолорго кини үс эпэрээссийэни, үс куурус химиотерапияны, 25 сардаҥанан эмтээһини ааспыта. 2020 сылга, атырдьах ыйыгар Москва куоракка хонтуроллуур чинчийии кэнниттэн барыта этэҥҥэ, үтүөрбүккүн диэбиттэр. Бары чинчийиилэри ааспыт – тугу да булбатахтар. Ыарыы ааспыт диэн өрө тыыммыттара баара...

Хомойуох иһин, 2020 сыл ахсынньы ыйыгар рецидив биллибит, быраастар тириигэ, хаҥас яичникка, быарга улахан кээмэйдээх метастаза баарын булбуттар. “Маннык туруктаах олорорун баара-суоҕа үс эрэ ый хаалла”, - диэн эмчиттэр эдэр киһиэхэ тыйыс диагноһу диэбиттэр.

Бүгүн Татьяна- Алтаана – Европейскай Мэдиссинэ Киинигэр, Москва куоракка. Сардаҥа терапиятын кууруһун маҥнайгы кууруһун этэҥҥэ ааста, билигин кинини иннигэр өссө үс куурус сардаҥа уонна биэс куурус химио терапиялар эмтэниилэрэ күүтэр. Билигин кини эмтэнии кэнниттэн төһө да иилистэн, сылайан сырыттар, хас биирдии амарах сүрэхтээх биир дойдулааҕар махтанар...

«Киһи тылынан кыайан эппэт, хайдахтаах курдук хас биирдиигитигэр мин махталым улаханын. Эһиги бары миэхэ олох олорорбор кыах биэрдигит, инникигэ сырдык эрэл иҥэрдигит, мин билэбин хайаан да эмтэнэн үтүөрэрбин, көмүс чыычаахтарбар сотору кэминэн үөрүү-көтүү аргыстаах этэҥҥэ, чэгиэн-чэбдик буолан эргиллэрбин. Үтүөҕүт үтүөнэн эргийдин, хаһан да эһиги алаһа дьиэҕитин маннык ыарыы алдьархайа ааҥнаабытын, барыгытыгар туох баар кэрэни, үтүөнү-сырдыгы баҕарабын», - диир Алтаана.

Маны таһынан Семеновтар дьиэ кэргэн махтаналлар: News.Ykt.Ru ааҕааччыларыгар, суруналыыстарыгар, Клим Федоров шоумеҥҥа кини инстаграммын сурутааччыларыгар, хомусчут Айсен Аммосовка, блогердарга, Ньурба улууһун уонна Маалыкай нэһилиэктэрин баһылыктарыгар, туох баар ыарахан күҥҥэ күүс-көмө буолбут аймах-билэ чугас дьонноругар, кэллиэгэлэригэр, бииргэ үөрэммит кылааһынньыктарыгар, төрөппүттэрин бииргэ үөрэммит доҕотторугар, оҕолорун кылааһынньыктарын төрөппүттэригэр.

“Харчы хомулунна. Усчуот сабылынна. Мин бигэтик билэбин – билигин барыта үчүгэй буолуо” – диэн эттэ Алтаана.

Санааҕын суруй