Киир

Киир

Билигин аан дойдуга 7 млрдтан тахса киһи, ол иһигэр уонунан тыһыынча араас омук олорор. Холобур, билигин хас омук баарын биир да улуу учуонай да булан ылан ааҕар кыаҕа суох. Онон, быһа холоон, “10-тан быдан тахса тыһыынча араас омук олорор” диэн буолар (Scientific American сурунаал 1998 с. суруйбутунан, 5 тыһ.). Аны, омук ахсаана төһөтүн тылларынан ааҕар кыах эмиэ суох. Ол курдук, былыр үйэҕэ суураллан, төрөөбүт тылларын сүтэрэн баран атын ыаллыы эбэтэр баһылыыр омук тылыгар көспүт кыра омуктар туох да хара баһаамнар. Еthnologue.com суруйарынан, билигин аан дойдуга 7097 араас омук тыллара бааллар үһү.

Өскөтүн билигин хас икки нэдиэлэ аайы биирдии омук тыла өлөн-сүтэн иһэр эбит буоллаҕына, омук ахсаана эмискэ эбиллэн да, аҕыйаан да кэлиэн сөп. Ол курдук, билигин үгус дойдуларга нэһилиэнньэни омугунан буолбакка, гражданствотынан ааҕаллар. Холобур, Францияҕа олорор киһи барыта француһунан, Турция олохтооҕо барыта турогынан уо.д.а. ааҕыллар. Син ол тэҥэ, киин улууска олорор саха киһитэ “эбэм эбэҥки (эбээн, эрмээн, эмэрикээн) эбит диэн араас докумуоннарга, аҥкыаталарга бэйэтин эбэҥкинэн сурунан барыан сөп. Ону ким да хааччахтыыр, буойар кыаҕа суох.

Билигин аан дойдуга барыта холбоон 7,2 млрд киһи олорор эбит буоллаҕына, ол лоп курдук аҥаарын 15 саамай улахан норуоттар ылаллар (кытайдар, хиндилэр, арабтар, бенгаллар, бразилиялар, мексикалар...).

Өскөтүн билигин аан дойдуга 252 дойду баар эбит буоллаҕына, онтон 195-һэ – ХНТга киирэр тутулуга суох судаарыстыба. Чэ, быһата, аан дойдуга бытанан-тарҕанан олорор 10-тан тахса тыһыынча араас омук барыта бу 195 судаарыстыба иһигэр оннуларын булан, иҥэн-батан олороллор. Балаһыанньалара – араас. Ол курдук, сорохторо “баттанабыт-атаҕастанабыт, бырааппыт күөмчүлэнэр” диэн тохтообокко өрө тура сатыыллар, киирсэллэр (Испания каталониялара уонна басктара, Кытай уйгуурдара уонна тибеттэрэ, Турция курдара, Британия шотландиялара уонна хотугу ирландиялара, Индия тамиллара уонна сикхтэрэ уо.д.а.).

Кырдьык, улахан судаарыстыба, атын улахан омук дабыдалын анныгар олорор кыра омуктар бука бары аһара дьоллоохтук, норуот быһыытынан сайдалларыгар, тылларын-култуураларын уонна итэҕэллэрин сайыннаралларыгар, бырааптарын туруорсалларыгар усулуобуйанан барытынан толору хааччыллан олорор буолбатахтар. Бу маннык кыра норуоттар бырааптара күөмчүлэммэтин туһугар, 1950-с сыллартан саҕалаан ХНТ таһымынан “төрүт олохтоох (коренной) норуоттар” диэн анал быһаарыы ылыллан турар. “Төрүт олохтоох омук” диэн тиэрмин быһаарыыта олус чуолкайа суох эрээри, сүнньүнэн, син өйдөнөр. ХНТ дакылаатыгар суруллубутунан:

–Ханнык баҕарар норуот “төрүт олохтоох норуот” дэниэн сөп – өскөтүн бу норуоту эбэтэр кинилэр төрүттэрин бэйэлэрэ уруккуттан олорбут сирдэригэр-уоттарыгар олордохторуна атын, ураты култууралаах-итэҕэллээх, элбэх ахсааннаах, атын улахан омук бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн күүс, сайдыы өттүнэн баһыйан тутулуктаах балаһыанньаҕа киллэрбит, холуонньалаабыт буоллахтарына; оттон бу аҕыйах ахсааннаах баһыламмыт норуот билиҥҥэ диэри бэйэтэ уруккуттан олоҕурбут социальнай, экэнэмиичэскэй уонна култуурунай үгэстэрин өрө тутан олорор эбит буоллаҕына; оттон кинилэр олорор судаарыстыбаннай тутуллара баһылыыр-көһүлүүр омук национальнай, социальнай уонна култуурунай ирдэбиллэригэр олоҕурар буоллаҕына...” – диэн.

Быһата, «коренные народы» (англ. indigenous peoples) диэн тиэрмин билигин ХНТ араас докумуоннарыгар киэҥник туттуллар. Холобур, Арассыыйаҕа бу тиэрмини арыый уларытан, 50 тыһ. аҕыйах ахсааннаах норуоттарга эрэ сыһыаран туһаналлар. Ол сиэринэн, “төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар” испииһэктэригэр биһигини кытта ыаллаһа олорор эбэҥкилэр, эбээннэр, юкагирдар, чукчалар, долгааннар, ненецтэр уо.д.а. киирэллэр. Барыта 44 норуот. Сахалар төһө да син биир татаардар, бүрээттэр, ингуштар, комилар уо.д.а. курдук “Арассыыйа төрүт олохтоох норуота” аатырбыппыт иһин, Арассыыйа сокуонунан, туох да ураты балаһыанньананан, чэпчэтиинэн туһаммаппыт. Чэ, быһата, ол оннугар өрөспүүбүлүкэлээхпит. Идиэйэ быһыытынан, “тылбытын-култуурабытын, омук быһыытынан уратыбытын Өрөспүүбүлүкэбит статуһа көмүскүөхтээх” диэн буолар. Биллэн турар, “салайыллар демократия”, “былаас бэртикээлин күүһүрдүү”, күүстээх кииннээһин усулуобуйатыгар ол ситэ-хото кыаллыбат да буоллар.

Кырыым татаардарын меджлиһэ (Арассыыйаҕа бобуллубут) Кырыымҥа олохтоох бэйэлэрин салайынар уорганнарын быһыытынан 1991 с. тэриллибитэ. Ол иннинэ, Кырыым татаардара “норуот өстөөхтөрө” ааттанан 1944 с. төрөөбүт дойдуларыттан Узбекистаҥҥа, Казахстаҥҥа, Таджикистаҥҥа уо.д.а. көһөрүллүбүттэрэ. Татаардар 1990 с. кэнниттэн эрэ Кырыымҥа төннөр бырааптаммыттара.


Сэбиэскэй Сойуус араас өрөспүүбүлүкэлэригэр, уобаластарыгар кыйдаммыт Кырыым татаардара дойдуларыгар төннөн кэлэн баран (ол саҕана Кырыым Украинаҕа киирэрэ), “биһиги депортация кэмигэр олус эмсэҕэлээтибит, онон былааска бэйэбит норуот быһыытынан санаабытын тиэрдэр, норуоппут кыһалҕатынан дьарыктанар бэрэстэбиитэллээх уорганнаах, норуодунай парламеннаах буолуох тустаахпыт” диэн ити меджлиһи тэрийбиттэрэ. Кинилэр Кырыымҥа төннөн кэлэн баран нэһилиэнньэ 10-15 %-нын эрэ ылар буолан, Кырыым олоҕун-дьаһаҕын тэрээһинигэр онтон атын тугу да дьайар кыахтара суоҕа. Холобур, 2014 сылга диэри Кырыым татаардарын меджлиһэ туох да хааччаҕа суох үлэлээн кэлбит эбит буоллаҕына, Арассыыйа састаабыгар киирбиттэрин кэннэ бу меджлис РФ сокуонунан бобуллубута... Арассыыйа састаабыгар киирэри утарбытын иһин. Судургутук эттэххэ, Кырыым татаардара билигин дойду, Кырыым өрөспүүбүлүкэтин салалтатыгар бэйэлэрин интэриэстэрин туруорсар, норуот аатыттан санааларын тиэрдэр туох да института суохтар.

Саха өрөспүүбүлүкэтэ – Саха сиригэр олохтоох норуоттар өрөспүүбүлүкэлэрэ, “сахалар бас билэр өрөспүүбүлүкэлэрэ” буолбатах. Саха өрөспүүбүлүкэтин салалтата, Ил Түмэнэ, о.д.а. судаарыстыбаннай уорганнара – саха омук былааһын институттара буолбатах. Арассыыйа судаарыстыбаннай былааһын уорганнара. Бу уорганнар саха омук аатыттан тугу да туруорсар бырааптара суох.

Ол иһин, билигин Арассыыйа үгүс норуоттарыгар Кэнгириэстээхтэр. Холобур, Татаардар аан дойдутааҕы Кэнгириэстэрэ, Башкирдар курултаайдара, Удмурт Кенеш, Алтаайдар курултаайдара, Чуваштар, Ингуштар, Бүрээттэр Кэнгириэстэрэ... Бу Кэнгириэстэр бары киһи холобур оҥостуон курдук ситиһиилээхтик үлэлиир, былаас уорганнарын кытта эйэ дэмнээх сыһыаннаах буолбатахтар эрээри, бааллар...

Кэнгириэс туохха нааданый?

Уйбаан Шамаев, уопсастыбанньык:

 Шамаев

– Кэнники сылларга дойдуга федерализм институттарын кэбирэтии бара турар. Федерализмҥа кимэн киирии күүһүрдэр күүһүрэн иһэр. Оттон Саха сирин олохтоохторо өрө тутарбыт, хотугу тыйыс сирбит олоҕун сүрүн тулааһына – биһиги судаарыстыбаннай статуспут. Холобур, бү күннэргэ национальнай өрөспүүбүлүкэлэргэ Конституционнай сууттары сабыы күүстээх хампаанньата бара турар. Бу саас Бурятияҕа, Алтаай өрөспүүбүлүкэтигэр, бу Саҥа дьыл саҕана – Тываҕа... Бу маннык уустук кэмҥэ саха дьоно түмсэн сүбэлэһэр, санаабытын сааһылыыр тэрилтэлээх буолуохтаахпыт. Алтынньы 27 күнүгэр буолбут уопсай мунньахпытыгар мустубут дьон “оннук тэрилтэ хайаан да наада! Тэрилтэ аата Саха Кэнгириэһэ диэн буолуохтаах!” диэн бигэ быһаарыныы ылбыттара.

Билигин уопсастыбаннас өттүттэн Кэнгириэс тэрээһинин боппуруостара көрүллэ сылдьаллар, улуустар ону эмиэ иилэ хабан ылан, билигин аһаҕас тэрээһин мунньахтарын ыыта тураллар. Туох да хааччаҕа суох, онно ким баҕарар кыттыан сөп.

Феликс Антонов, юрист:

 Антонов

– Саха дьонун түмэр, саха санаатын сүрүннүүр, сомоҕолуур тэрилтэ баар буолуохтаах. Билиҥҥитэ, олус ыһыллан олоробут, түмсүүбүт суох. “Сомоҕолоһобут” диэн тылбытыгар эрэ сылдьар. Бу билиҥҥи курдук ахсым глобализация, суурайыы кэмигэр норуот быһыытынан хайдах салгыы тэринэн-дьаһанан олорорбутун сүрүннүүр, тылбытын-култуурабытын харыстыыр тэрилтэ хайаан да наада.

Михаил Гуляев, Ил Түмэн дьокутаата:

 Гуляев

– Саха норуотун интэриэһин көмүскүүр Кэнгириэс хайаан да наада. Сыала-соруга эмиэ өйдөнөр: бу билиҥҥи ситим-сибээс, интэриниэт-көмпүүтэр, суурайыы-сайҕааһын бара турар кэмигэр норуоппут уруккуттан олоҕуран кэлбит төрүт үгэстэрин, тылын-өһүн, сиэрин-майгытын, духуобунай култууратын харыстааһын. Холобур, тус бэйэм “тыл баар – норуот баар, тыл өлөр – норуот сүтэр” диэн бүк эрэллээхпин. Олус киэҥ, элбэх сиртэн хостонор баайдаах өрөспүүбүлүкэҕэ олоробут. Онтон сиэттэрэн, чөл экология боппуруоһа – биһиги норуот быһыытынан сарсыҥҥылаах буолуубут сүрүн мэктиэтэ. Экология боппуруоһунан олохтоох норуоттар дьарыктамматахпытына – онно ким да кыһаллыа суоҕа. Норуоппут үлэлээх-хамнастаах, дьиэ кэргэнэ туруктаах, сарсыҥҥы күнүгэр эрэллээх буолуута – ол эмиэ бэйэбит эрэ кыһалҕабыт. Онно бэйэбититтэн атын ким да наадыйбат. Геобэлиитикэ боппуруоһугар ахсаан улахан суолталааҕын быһыытынан, олохтоох омуктар: сахалар, эбээннэр, эбэҥкилэр, юкагирдар... – ахсаан өттүнэн эбиллиэх, онно болҕомтону анаан ууран үлэлэһиэх тустаахпыт. Ыччаты иитии эмиэ – биир улахан суолталаах боппуруос. Дьиҥ сахалыы сэмэй, көнө, кырдьыксыт, аһыныгас, уйаҕас майгыбытын “көмпүүтэринэн улаатар” ыччаппытыгар хайдах тиэрдэбит? Билигин тыа сиригэр олох таһыма мөлтөөн, дьон куоракка көһүүтэ, бөһүөлэктэр эстиилэрэ салҕанан бара турар. Үгүс тыа улуустарыгар өлүү төрөөһүнү куоһарда. Ону хайдах көннөрөбүт, тыабыт сиригэр иккистээн тыын угабыт? Олох уларыйыытынан көрөн онно барытыгар сөптөөх хайысханы булан, суолбутун хайан, тэлэн иһиэхтээхпит. Аны, кэлии омуктар кыһалҕалара... Тастан миграцияҕа хайдах сыһыаннаһабыт? Бу ыаллаһа сытар Кытайтан мөлүйүөн киһи көһөн киирдэ да, туох да саҥата суох олорон Кытай провинциятыгар кубулуйан хаалыахпытын сөп.

Ити курдук уустук боппуруостарга хоруй булаары ааспыт үйэ 90-с сылларыгар бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев, чулуу интэлигиэммит Софрон Данилов Саха бастакы Кэнгириэһин тэрийбиттэрэ. Саха Кэнгириэһэ олохтоохтук тэриллэн, үйэлээхтик уонна хорутуулаахтык үлэлиэн наада. Ити барыта ханнык да баартыйа, быстах бэлитиичэскэй күүстэр быһаарар боппуруостара буолбатах, маны барытын норуот Кэнгириэһэ эрэ сүрүннүөн сөп.

Валерий Луковцев, уопсастыбанньык:

 Валерий

– Билигин аан дойду уонна Арассыыйа икки ардыгар сыһыан тыҥаан, экэниэмикэ сааҥсыйалара ыллар ылан иһэллэр. Ол быыһыгар глобализация киирэ турар, дойдубут салалтата унитарнай судаарыстыбаны тута, барыбытын суурайан биир хааһы оҥоро сатыыр. Биһиги, дойду сирин-уотун 5 гыммыт 1-н ылар территорияҕа олохтоох омуктар баччааҥҥа диэри Арассыыйа хотугу эҥээрин форпоһа буолан, билигин былдьаһыктаах бырта сыата буолбут Арктиканы харабыллаан, иччилээн олоробут. Урукку өттүгэр Арассыыйа судаарыстыбата Чукоткаҕа, Камчаткаҕа, Аляскаҕа, Уһук Илиҥҥэ тахсарыгар тирэх буолбуппут. Саха сириттэн хомуллар күндү түүлээх Арассыыйа күүһүрэригэр-кыаҕырарыгар эмиэ элбэх кылааты киллэрбитэ... Онон дойду сайдыытыгар былыр да, быйыл да кылааттаах дьоммут.

Судургутук эттэххэ, Саха Кэнгириэһэ Арассыыйа туруктаах буоларын туһугар тэриллэр. Биллэрин курдук, билигин дойдуга баай уонна дьадаҥы, былаас уонна норуот диэн арахсыы улаата турар. Бэрэстэбиитэллээх былааһы барытын биир баартыйа былдьаан олорор. Дойдуга каадыр бэлиитикэтэ суох буолан, былааска быстах дьон тахсаллар. Ол бу билиҥҥи курдук халбаҥ кэмҥэ улахан кутталлаах. Саха Кэнгириэһэ тэрилиннэҕинэ, ол утары турсууну мүлүрүтэр, былааһы норуоту кытта ситимниир далаһа суолталаах буолуоҕа. Кэнгириэс тэриллибититтэн былаас да, бэлиитикэ да эмсэҕэлиэхтэрин табыллыбат. Бу саҥа тэриллиэхтээх Кэнгириэс састаабыгар нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ дьокутааттара дэлэгээт буолан хото кыттыахтара диэн бүк эрэллээхпин. Кэнгириэс өрөспүүбүлүкэбитигэр былаас бары салаалара, нэһилиэнньэ бары араҥата өйдөһөн-өйөһөн, сүбэ-соргу булан олороругар күүс-көмө эрэ буолуо, ол түмүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтэ да, Арассыыйа да сүүйүүлээх хаалыахтара дии саныыбын.

Иван Гаврильев.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар