Бу күннэргэ Сахабыт сирин улуустарыгар Саха кэнгириэһигэр дэлэгээттэри сүүмэрдиир мунньахтар үгэннээн бара тураллар.
Кэнгириэс улахан Сугулаанын бэлэмниир хамыыһыйа биир тутаах чилиэнэ Иван Шамаев ол туһунан кылгастык маннык билиһиннэрдэ:
– Тэрээһин мунньахтар улуустарга көхтөөхтүк бара тураллар. Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥаласка, Ньурбаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Намҥа, Горнайга, Ленскэйгэ, Аллараа Халымаҕа, Нерюнгрига буолан аастылар. Аммаҕа, Бүлүүгэ, Томпоҕо, Уус Майдаҕа субу буолаары тураллар. Сорох улуустарга хойутааһын, тардыллыы, сорохторго мөккүөрдээх балаһыанньа эмиэ баар. Биллэн турар, оннук буолуохтаах даҕаны. Туох да омуна суох эттэххэ, урукку өттүгэр бары маннык мустан сатаан кэпсэтэ үөрэммэтэх дьоммут. Дьэ үөрэниэ этибит. Кэнгириэс улахан сугулаана ханнык да соролоһуу-саралаһыы, ким эрэ кимниин эрэ утарыта турсар, киирсэр түһүлгэтэ буолбакка, мөккүһэн, кэпсэтэн биир уопсай түмүккэ кэлэр, көдьүүстээх уонна кэскиллээх үлэ киинэ буолуон баҕарабыт.
Нэһилиэнньэ ортотугар Кэнгириэскэ көх, интэриэс улахан. Улахан сугулаан буолар күнэ-дьыла чуолкайданна, олунньу 15-16 күннэрэ... Даҕатан эттэххэ, сорох улуустартан “өссө биир күнү эбэн биэрэр наада, олунньу 17 күнүгэр эмиэ хаалан, сиэксийэлэринэн арахсан чопчу хайдах үлэлиири быһаарсыах баара” диэн этиилэр киирдилэр. Ону өссө чопчулуохпут. Кэнгириэс мунньахтара буолуохтаах дьиэлэринэн-уоттарынан анал дьон дьарыктана сылдьаллар...
Ньурбаҕа Кэнгириэс мунньаҕа
Тохсунньу 25 күнүгэр Ньурба куоратыгар Саха кэнгириэһигэр кытта барар дэлэгээттэри талыы мунньаҕа буолан ааста.
Ньурба улууһа – дьиҥнээх саха улууһа. Саха улуустара бары даҕаны биир уопсай киэптээх, атылыы быһыылаах-тутуулаах, дьонноох-сэргэлээх буолар үгэстээхтэр. Атын да улуустарга балаһыанньа син биир манна майгынныыр буолуон сөп. Онон, Кэнгириэскэ дэлэгээттэри сүүмэрдиир мунньах хайдах быһыылаахтык-майгылаахтык барарын туһунан уопсай өйдөбүл үөскүүрүн туһугар, Ньурбаҕа буолан ааспыт мунньах уопсай хаамыытын билиһиннэрэбит.
Бу күн Ньурбаҕа буолуохтаах мунньаҕы сүрүннэһээри Кэнгириэһи тэрийэр өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа чилиэнэ, Ил Түмэн дьокутаата Мария Христофорова тиийдэ. Атын улуустарга балаһыанньа арыый уратылаах буолуон сөп, оттон Ньурбаҕа Кэнгириэс тэрээһининэн саха тылын энтузиаһа Бигэ Өрүкүй Бааһынай уола дьарыктаммыта хаһыс да ыйа буолбут эбит. Кини бэйэтин баҕатынан-дьулуурунан улуус хас да нэһилиэгэр баран Кэнгириэс мунньахтарын тэрийбит, улахан Сугулааҥҥа барыахтаах дэлэгээттэри быыбардаппыт. Биллэн турар, ол барыта боротокуолламмыт, докумуоҥҥа тиһиллибит. Ити курдук үлэлээн-хамсаан кини хайыы үйэ 12 дэлэгээти булан олорор эбит. Оттон, квота быһыытынан, Ньурба улууһуттан 23 дэлэгээт эрэйиллэр. Чэ, быһата, Бигэ Өрүкүй ол улуустан барыахтаах дэлэгээттэр улахан аҥаардарын булан олорор курдук балаһыанньалаах эбит.
Кыратык туораатахха... Мунньахха тыл эппититтэн сылыктаатахха, Бигэ Өрүкүй бэйэтэ улууһун билиҥҥи салалтатын кытта, сымнатан эттэххэ, олус истиҥ-иһирэх, ыкса доҕордуу сыһыана суох быһыылаах. Онтон сиэттэрэн, туораттан тиийэ сылдьар, улуус иһинээҕи быһыыны-майгыны билбэт киһи да “Бигэ Өрүкүй ол мунньахтарыгар бэйэтигэр ханыылыы өйдөөх-санаалаах дьону сүүмэрдээбит буолуон сөп” диэн уорбалыы саныан сөп.
Мунньахха барыта 70-ча киһи кытынна. Мунньах бүтүөр диэри 60-ча киһи лигиччи олорон, баһыттан атаҕар диэри сырытта. Сорох мунньахтар быһаҕастарыттан дьон тарҕаһан барар буоллаҕына, манна ким да барбата. Сиэр быһыытынан, тэрээһин алгыстан саҕаланна.
Салгыы, мустубут дьон туран эрэн Арассыыйа, Саха сирин, Ньурба улууһун өрөгөйдөрүн ырыаларын иһиттилэр. Бүрүсүдьүүмҥэ Мария Христофорова, мунньах буола турар Олоҥхотун дьиэтин хаһаайката Розалия Тихонова, улуус мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Сергей Евсеев олордулар. Мунньах саҕаланна... Салгыҥҥа туох эрэ тыҥааһын баар курдук. Ол эбэтэр, улуус салайар эргимтэтин, тэрилтэлэрин эйгэтиттэн элбэх киһи кэлбититтэн Бигэ Өрүкүй дьоно “хам баттатыахпыт” диэн дьиксинэр-долгуйар курдуктар, оттон сорохтор мунньах барыта Бигэ Өрүкүй дьаһалынан барарыттан, Саха Кэнгириэһигэр Ньурба улууһуттан кини сүүмэрдээбит дьоно эрэ барыахтарын сөбүттэн ытырыктатар буолуохтаахтар...
Мунньаҕы Мария Христофорова салайан ыытта. Сергей Евсеев кылгас эҕэрдэ тылын, Мария Христофорова Кэнгириэс тэрээһин үлэтэ хайдах бара турарын билиһиннэрбитин кэннэ, тылы Ньурбаҕа Кэнгириэс тэрээһинин салайа сылдьар Бигэ Өрүкүй Бааһынай уола ылла (ити кини дьиҥнээх докумуоҥҥа киирбит аата). Кини бу этиитигэр I уонна II Кэнгириэстэр, улууһун салалтатын тустарынан тугу саныырын, “Парнас” баартыйа чилиэнэ буоларын, ханнык да үөһэттэн ыгыыттан куттамматын, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сомоҕо күүс” хамсааһын тэриллэригэр кыттыбытын, сахалыы төрүт аакка уонна саха тылын туһугар туруорсуу атын, үрдүк таһымҥа тахсара уолдьаспытын, I уонна II Кэнгириэстэргэ сылдьыбыт дьон кэлэн баран онно туох туһунан кэпсэтии буолбутун нэһилиэнньэҕэ сырдаппатахтарын уо.д.а. эттэ. Бэрт уоттаахтык-төлөннөөхтүк... Ону таһынан, 3-с Кэнгириэс тэрээһинигэр туох үлэни ыыта сылдьарын билиһиннэрдэ. Төһө эмэ хаһыаттарга тахсыбытын, бассаабынан үлэ бөҕө бара турарын үрдүнэн, улуус салалтата онно болҕомтотун уурбакка олорорун, үлэ барбатаҕын эттэ.
Салгыы I уонна II Кэнгириэстэргэ сылдьыбыт дэлэгээттэр, Матрена Иванова уонна Владимир Саввинов, ол буолан ааспыт улахан сугулааннар тустарынан кэпсээтилэр. Ол курдук, Матрена Иванова I Кэнгириэс түрүбүүнэтигэр тыл этэ тахсыбыт Багдарыын Сүлбэни мустубут дьон дэлби атахтарынан дибдигирээн тыл этиппэккэ түһэрбиттэриттэн хом санаалааҕын биллэрдэ. Ол Кэнгириэс барыта оччотооҕу бэлиитикэ чэрчитинэн, чуолкай уонна тыйыс боротокуолунан, үөһэттэн быһаччы хонтуруолунан барбытын кэпсээтэ. Оттон Владимир Саввинов II Кэнгириэскэ “анаан былааһы үөҕээри буолбакка, норуот маастарын быһыытынан ыҥырыллан барбытын”, төрөөбүт улууһун патриотунан ааҕынарын, Саха Кэнгириэһигэр “сахалыы ааттаах уонна таҥастаах, улаханнык хаһыытыыр-куолулуур, уулуссаҕа былакааттаах хаамар дьон” эрэ буолбакка, киэҥ билиилээх-көрүүлээх, үлэһит дьон бараллара сөбүн эттэ.
Бизнес-инкубатор дириэктэрэ Ньургуйаана Михайлова икки хонуктааҕыта Сулустаана Мыраантан, Владислав Коротовтан састааптаах экология хамыыһыйата кэлэн ааспытын билиһиннэрдэ. Итини таһынан, Мииринэйтэн 110 км ыраах сытар Сүлдьүкээр бөһүөлэгэр олус ыараханнык олороллорун, экологиялара иэдэйбитин, суоллара суоҕун, нэһилиэк баһылыгын Мииринэйгэ приемҥа да киллэрбэттэрин көрөн улаханнык бэркиһээбитин эттэ, “ньурбалар сүлдьүкээрдэргэ көмөлөһөрбүт наада” диэн ыҥырда. Итиэннэ Кэнгириэс кэлтэй саха тылын туруулаһыынан эрэ муҥурдаммакка, “саха дьоно дьарыктаах, үлэлээх, дохуоттаах буолууларыгар, сир боппуруоһугар, сокуону оҥорууга эмиэ үлэлэһиэхтээх” диэн бэлиэтээтэ.
Киров бөһүөлэгиттэн оскуола дириэктэрэ Георгий Добрецов демография, сахатытан суруйуу туһунан санаатын билиһиннэрдэ уонна “кыра нэһилиэк – тыыннаах буолуохтаах. Кулууптары, балыыһалары, оскуоланы сарбыйыы барыта онно тиэрдэр. Билигин Киров бөһүөлэгин тула кимнээхтэрэ биллибэт, бэйэлэрин “геологоразведкаларбыт” дэнэр сүүһүнэн нуучча дьоно кэлэн сыталларын, “өссө элбиэхпит” дэһэллэрин сырдатта. Сайыҥҥы өттүгэр баһаар аһара элбээбитин санатан туран, “туох билэн эрэр, баҕар, ити кэлэ сылдьар дьон биһиэхэ баһаар элбэхтик барарыгар, ходуһа, тыа барыта умайан дьон бөһүөлэктэртэн букатыннаахтык көһөн барарыгар, сир иччитэхсийэригэр интэриэстээхтэрэ буолуо” диэн ытырыктата саныырын биллэрдэ.
Элбэх киһи Бүлүү өрүһү киртитииттэн улаханнык дьиксиммитин биллэрэн эттэ. Бүлүү өрүһүн үрдүгэр оҥоһуллубут 12-13 ядернай, ол иһигэр төһө эрэ “аварийнай” дэнэр дэлби тэбиилэри, үөһэттэн түһэр ракета сүһүөхтэрин, Бүлүү өрүһү алмаасчыттар үйэ тухары итинник киртитэ олороллорун, быйыл ол биллэн хаалан эрэ айдаан буолбутун, Чуукаар, Хорула, Киров нэһилиэктэрин сиригэр-уотугар билигин хас эмэ сүүһүнэн тугу гынара биллибэт геологоразведчик сылдьарын санаттылар. Бэл, “сатарыйбыт экологияҕа, хиимийэҕэ үөрэнэн хаалан, билигин бу дойду дьоно үтүө чөл айылҕалаах сири тулуйбат туруктаммыттарын, кыра кыамталаах ядернай дэлби тэбиини холкутук уйар кыахтаахтарын” этэн күллэрэр дьон көһүннүлэр.
Ыччаты иитии уонна итэҕэл боппуруостарын, талыллар дэлэгээттэр үөрэх, билии-көрүү, уопсай култуура өттүнэн таһымнаах буолуохтаахтарын; эр дьон күөмчүлэнэн олороллорун; дэлэгээттэр ортолоругар эр дьон ахсаан өттүнэн баһыйыахтааҕын; билигин саха дьоно баайын-дуолун барытын таас дьиэҕэ кубулутара хаһан эрэ охсуулаах буолуон сөбүн; Кэнгириэскэ олох араас эйгэтиттэн анал идэлээх дьон барыахтааҕын, о.д.а. туһунан этиилэр киирдилэр.
***
Мунньах иккис түһүмэҕэр дэлэгээттэри талыы боппуруоһа турда. Онно сүрүн болҕомто Бигэ Өрүкүй нэһилиэктэргэ сылдьан эрдэ сүүмэрдээбит дьонун ылынар дуу, ылыммат дуу диэҥҥэ туһуланна. Ол курдук, мунньах кэмигэр “ол мунньахтаан таллылар эрэ, суох эрэ, ким ону билиэй? Ол кэриэтин дэлэгээттэри барыларын субу манна мустубут дьонтон талыахха” диэн этиилэр кытта иһиллэ сылдьыбыттара. Түмүгэр, “ол талыллыбыт дэлэгээттэр субу манна мунньахха кэлэн олорор буоллахтарына, бигэргэтиэххэ, суох буоллахтарына – хааллыннар” диэн быһаарыы ылылынна. Ону ким да улаханнык утарса барбата. Биллибитинэн, бу мунньахха Бигэ Өрүкүйдээх талбыт 13 дэлэгээттэриттэн 9 киһи баар эбит. Бу дьон туох да олуура-моһуура суох, тута уопсай испииһэгинэн куоластанан бигэргэннилэр.
Дьэ ол кэннэ, мустубут дьон өрүсүһэ-өрүсүһэ хандьыдааттары этитэлээн, тута аһаҕас куоластааһынынан бигэргэтэн бардылар. Кыра тыҥааһын, күүрүү баар курдук. Ити курдук, бэрт кылгас кэм иһигэр барыта 23 киһи талыллан хаалла. Олохтоох дьон туох дии санаабыттарын билбэтим, оттон ойоҕоһуттан сылдьар киһи көрдөхпүнэ, ким да үөһэттэн күүһүнэн соҥнооһуна, аһаҕас утарсыыта, күөнтэһиитэ-киэптэһиитэ, куомуннаһыыта суох дэлэгээттэр бары талыллан хааллылар. Үксүлэрэ, эдэр дьон. Кыраҕа ымыттыбат буола муостуйан-кииллийэн хаалбыт адьырҕа бүрүкүрээт-чунуобунньук дьон хото киирбиттэрэ эмиэ көстүбэккэ дылы.
Тиһэҕэр, өссө дэлэгээттэр Дьокуускайга хаһан тиийэллэрин, ол тиийэн ханна сылдьалларын, таҥастарыгар-саптарыгар, култуурунай бырагыраамаларыгар тиийэ торумнуур барыллар оҥоһулуннулар. Дэлэгээссийэ тэрээһин боппуруостарын дьаһайар сорук Розалия Тихоноваҕа сүктэрилиннэ.
Мунньах күргүөмнээх оһуокайынан түмүктэннэ. Дьон бары өйдөһөн, уопсай тылы булан, ким да күөмчүлэммэккэ, мунньахтан бэркэ үөрэн-көтөн, астынан тарҕастылар.
Иван Гаврильев.