Киир

Киир

Мииринэй оройуонугар сыл аайы федеральнай-миграционнай сулууспаҕа бэлиэтэнэринэн, быһа холуйан, 4000 киһи кэлэн учуокка турар.

Маны сэргэ Мииринэй уонна Ленскэй оройуоннарыгар, ньиэп-гаас хостооһунугар уонна чинчийиигэ, тургутууга олус элбэх киһи кэлэр. Баахтаҕа үгүстэрэ атын эрэгэйиэн дьоно үлэлииллэр. Манна бэлиэтэммэттэр. Мииринэй аэропуордугар өрөбүлтэн ураты күннэргэ, бөдөҥ хампаанньалар сөмөлүөттэрэ тиэстэн ахан биэрэллэр.

“Газпром”, “Роснефть”, “Сургутнефтегаз”, “РНГ”, “НГДУ Илин Сибиир” бэдэрээттээх тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ - Мииринэй аэропуордугар куруук тобус-толорулар. Мииринэйтэн “Сила Сибири” гаас тиһигэ, “Илин Сибиир – Чуумпу Акыйаан” утум, ньиэп сүүрдэр ыстаансыйа чугас бааллар. Ленскэй аэропуордуттан улахан сөмөлүөттэри соҕуруу кыайан көтүппэт буоланнар, баахта үлэһиттэрэ Мииринэй аэропуордугар ааллаан кэлэн тоҕуоруһаллар. Саха сирин иһигэр айанныыр дьоннооҕор, соҕуруу барааччы-кэлээччи таһыччы элбэх. Москубаттан, Новосибирскайтан, Иркутскайтан, Краснодартан авиарейстэринэн араас дьон кэлэр. Билигин ордук сэрэхтээх Москубаттан кэлэр “6 R597” рейс буолар. Оттон Мииринэй уонна Ленскэй куораттар олохтоохторо, Арҕаа Европаҕа, Америкаҕа сөбүлээн сынньаналлар. Мииринэй оройуонугар соторутааҕыта сылаас Европаҕа сынньанан кэлбит дьон баалларыгар саарбахтаабаппын. Ол эрэн, олор бэйэлэрин биллэрбэтилэр. Киргизияҕа коронавируһунан ыалдьыы хас-да түбэлтэтэ бэлиэтэммит да, кыргыыс олохтоохторо Мииринэйгэ Новосибирскайынан “6R589” авиарейсэнэн кэлэ тураллар. Кинилэри барыларын обсерватордарга туһаайбаттар.

Соҕурууҥҥу куораттартан кэлээччилэри бэрэбиэркэлииргэ Роспотребнадзор Мииринэйдээҕи салаатын анаатылар. Оттон Мииринэйдээҕи балыыһа уонна “АЛРОСА” эмтиир киинэ Дьокуускайтан эбии ординатор-быраастары көмөҕө ыҥырбыттара олус сөптөөх. ХИФУ мединститутун ординатор-быраастарын уопсай дьиэҕэ хос биэриэх, үстэ босхо аһатыах, 40 тыһ солк ый аайы хамнастыах буолбуттара бэрт дии. Тоҕо диэтэххэ, элбэх кэлиилээх-барыылаах сиргэ кэлэр дьону бэрэбиэркэлииргэ эмчит тиийбэт. Аччаабыта 20-чэ ординатор-быраас кэлэрэ наада. Дьиҥэр, Москубаттан, Краснодартан, Ростов-на-Донуттан, Новосибирскайтан, Иркутскайтан Саха сиригэр кэлэр баахта үлэһиттэрин, аэропуортарга бэрэбиэркэлиэх тустаахтар. Саха сирин саламтата нолуоктан босхолообут нефтяниктара, газовиктара, бэйэлэрэ соҕурууттан эмчиттэр бөлөхтөрүн аҕалан көрдөрүнүөхтэрин сөп этэ. Ол хонтуруолу Мииринэй эмчиттэригэр “сыбаабыттар”. Мииринэй балыыһата толору хааччыллыылаах 50 куойканы, ИВЛ аппарааттарын, дистанционнай тестердери, ыксаллаах быһыыга-майгыга бэлэм оҥорбут. Бу манна аналлаах ороскуоту Мииринэй оройуоннааҕы балыыһата, Саха сирин доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтэ, уопсайынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бүддьүөтэ тус бэйэлэрэ эрэ уйуналлар. Оттон муҥутуур баай ньиэп-гаас хампаанньаларын өттүттэн көмө ончу суох. Бу сиэрдээх дуо?

 Станислав Алексеев. Мииринэй куората.

Санааҕын суруй