Аны ким хайдах тугу сатыырынан харчы өлөрөр. Аҕыйах сылтан бэттэх «Индрайвер» диэн төлөпүөн нөҥүө мобильнай таксыы өҥөтө үөдүйэн, элбэх киһи айаҕын ииттинэр буолла.
Мин эмиэ иллэҥ кэммэр ити өҥөнү туһанан, килиэп-бэнсиин харчыта оҥостон абырана сырыттаҕым. Үчүгэйэ диэн, син күн аайы кыра да буоллар, күннээҕи харчы баар, ол-бу иэскэ киирэ сатаабаккын, абаанса, араас сойуом ылбаккын. Ол эрээри, ханнык баҕарар үлэ курдук кэккэ ыараханнаах, ханан эрэ быыс-хайаҕас булар ыллыктаах. Олороруҥ тухары, этэргэ дылы, киһиттэн үөрэнэҕин.
Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор
Таксыыһыт барыта билэр: сарсыарда «чыпчаал чааһа» диэн баар буолар. Ол эбэтэр, нууччалыы эттэххэ «час пик». Ол аата быһа холоон – сэттэ аҥаартан тоҕуска диэри. Дьон оҕолорун уһуйааҥҥа, оскуолаҕа таһаллар, ким эрэ үлэтигэр ыксыыр, уопсайынан, саамай туттуулаах-хаптыылаах, ыгым ыксаллаах кэм. Дьэ, манна, этэргэ дылы, төлөпүөнүҥ бииртэн биир саайа турар сакаастартан бирэмээнэ оргуйа олорор. Ити кэмҥэ туттумахтаһан хаалыахтааххын. «Балык ыамнаах, киһи кэмнээх» диэбиккэ дылы, бу кэми мүччү туппат ордук. Бэйэм балыксыт буоламмын, били, сарсыарда күн тахсыыта балык хабар кылгас кэмигэр холуубун. Нууччалыы эттэххэ, «клев» ааста да бүтэҕин. «Балык саамай аһыыр кэмэ бүтэн хаалар, утуйа барар».
Биир сакааска ортотунан 15 мүнүүтэ барар. Сарсыарда ыксаан эрэр пассажир 180-200 солк. айанныыр. (Кыһын тумаҥҥа – 250-300 солк. этэ, тоҕо диэтэххэ, тымныы учуоттанар уонна туман быыһынан сырыыҥ лаппа бытаарар).
Онон былдьаһыктаах 1,5 чааскар ортотунан – 150-180, иһэ үллүбүтэ 200 солкуобайга дьону тиэйэн, 1000 курдугу син мунньан-тараан оҥороҕун. Арыт табылыннаҕына, 1500 солк. буолар.
Сарсыардааҥҥы кэм үчүгэйэ диэн, били аатырбыт харгыс (пробка) адьас суоҕун кэриэтэ – уулусса бүүс-бүтүннүү эйиэнэ. Онон сырыыҥ да, сакааһы толоруу да сыыдамсыйар. Сарсыарда сүрэхтээх эрэ таксыыһыт тахсар. Уутун хаммат киһи тахсыбат.
Тоҕус чаас кэннэ, киһи сымыйанан эппитин курдук, быһаҕынан быһа баттаабыттыы, сакаас тохтуур. «Соточниктар эрэ хаалаллар. Ол аата биир мөһөөххө эҥин, улаханнык ханна да ыксаабат дьон.
Омуктар
Омугунан арахсары күөртээбэппин эрээри, дьэ бу бааллар улахан киитэрэй дьон. Билэр дьон кэпсииллэринэн, холобура, биир Мухаммед туох эрэ массыыналаах. Индрайверга регистрацияланар. Таксыылыы тахсар. Манна бэлиэтээн эттэххэ, биһиги көрдөхпүтүнэ, кинилэр бары биир сирэйдээхтэр, бар бытык. Индрайвер систиэмэтэ көрдөҕүнэ, ол Мухаммед туох да тохтоло суох күнүстэри-түүннэри утуйар уутун умнан туран сүүрдэр. Дьиҥ-дьиҥэр, кинилэр элбэх буолан, биир массыынаны тохтоло суох, умуруоран көрбөккө сүүрдэллэр. Мухаммед – үс-түөрт чаас, онтон отделкаттан кэлбит Али сүүрдүө, онтон фрукта атыылаан кэлбит Ахмед мииниэ, оннук төгүрүк суукканы быһа «бородачтар» биир тимир көлөнү уонча буолан сүүрдүөхтэрэ, биир Мухаммед аккаунунан. Ол аайы приоритеттара халлааҥҥа харбаһыа, эриэйтиннэрэ үрдүө. Сэкириэттэрэ биир – Мухаммед ОСАГО полиһын туох да хааччаҕа суох эрдэттэн оҥорторор, онон массыынатын ким баҕарар ылар. Биһиги көрдөхпүтүнэ, мухаммедтар сирэйдэрэ барыта биир.
Манна даҕатан эттэххэ, кинилэр бааллар – дьаарай «соточниктар», тоҕо диэтэххэ, биир мөһөөх кинилэр харчыларыгар да таһаардахха – баһаам харчы. Биир симиэнэҕэ сүүрдэн, балтараа тыһыынчаны оҥорон Мухаммед дойдутугар Таджикистаҥҥа ыыттаҕына – бүтүн нэдиэлэни туоруур харчылара. Биһиэхэ балтараа тыһыынча – биир саха уола дьиэ кэргэнигэр киэһээҥҥи аһылыгын ылар суумата.
2019 сыл кулун тутардааҕы айдаан кэнниттэн дьон бары – «Олохтоох суоппар» – диэн индрайверга баҕа санааларын суруйар эбит буоллахтарына, билигин оннук суруйуу баара көстүбэт. Чэпчэки эрэ буоллун, кимниин баҕарар айанныыллар. Ол кэннэ «бу омуктар манна тоҕо элбээтилэр, сүгүннээбэттэрий?» диэн дьиибэргиибит. Барыта, дьиҥэр, тус бэйэбититтэн эрэ тутулуктаах. Таксыы сакаастыыргар суоппар дьон сирэйдэрэ көстөр, онтон кими таларыҥ бэйэҥ көҥүлүҥ. Кэлии киһини манна өссө хаалларан олохсута түһэриҥ дуу, эбэтэр бэйэ киһитин таларыҥ дуу?
Киэһээҥҥи үлэ
Киэһэ алта чаас саҕана, булчуттар этэллэринии, «киэһээҥҥи көтүү» кэмэ саҕаланар. Син эмиэ кус көтөрүнүү, бэйэтэ туспа кэмнээх-кэрдиистээх. Быһа холоон биэстэн саҕаланар. Эмиэ сол оҕо уһуйааннарыттан кырачааннары дьиэлэригэр тиэйии, ким – үлэтиттэн, ким – атыы кииниттэн. Манна сүрүн «килиэптээх миэстэлэри» билэр тоҕоостоох. Холобура, «Айгуль», «Туймаада», «Хозмаркет», «Бааһынай ырыынага», «Айсберг» курдук атыы-эргиэн кииннэригэр «кус» манаатаххына, билэн кэбис, ити – өрүү «байанайдаах сирдэр». Бу сирдэртэн өрүү эн «өттүк харалаах, илии тутуурдаах» айанныаҥ.
Киэһэ таксыы, массыына элбэҕэ өйдөнөр, били, сарсыарда утуйа сыппыт таксыыһыттар тахсаллар, тэрилтэ массыыната элбиир уонна көннөрү күнүскү үлэҕэ сылдьыбыт дьон таксыылыы тахсар.
Киэһээҥҥи кэм өрүү буоларын курдук – харгыс ийэтэ-аҕата. Ордук чуолаан Лермонтов уулусса туолар. Куорат суолун биир сүрүн хорук тымыра буоллаҕа.
Ол иһин сорох өйдөөх дьон бу кэмҥэ куорат киинигэр киирэ сатаабат. Биир уол төрүт да Сайсарыттан быкпаппын диир. Ильменскэй, Гимеин, Билибин устун оҕо уһуйааннара, дьон маҕаһыыҥҥа да хото сырыыргыыллар, онно да сөп буолабын диэччи.
«Чыпчаал чааһа» муҥур үрдүгэ киэһэ сэттэ чааска диэри тиийэн баран намырыыр, сэттэҕэ харгыс саамай муҥутуур үлүгэрэ Лермонтовка турар буолааччы, онтон сэттэ кэннэ улам сайҕанар. Дьон орун-оннун булар. Таксыыһыттар уһаабыта тоҕуска-уоҥҥа диэри сүүрдэн баран дьиэлииллэр. Сакаастан илиигэр киирэр барыһыҥ ортотунан алтаттан тоҕуска, уоҥҥа диэри 1,5-2 тыһыынча буолуон сөп.
Түүн. Эбэтэр
шоуменнар
Түүн таксыыга сүүрэн туһа суТүүн таксыыга сүүрэн туһа суох. Киһи барыта бээтинсэни, субуотаны ахтар-саныыр, кэтэһэр. Пассажирдар даҕаны, таксыыһыттар даҕаны. Биһиги «Саха Индрайвер» бөлөххө маннык күннэргэ тиэйэр пассажирдарбытын көрдөөхтүк «шоуменнар» диэн ааттыыбыт. Киһи өһүргэнэрэ улахан суох буолуо – аныгы тиэрмин. Кими эрэ сэнээн, үөҕэн буолбакка, көннөрү көр-күлүү курдук.
Бу күн көннөрү эн биһикки курдук сокуону тутуһар гражданнар, биир-икки түүн иһигэр күннээҕи түбүктэн арыый сынньанан, «атын турукка» киирэн ылаллар. Ону киһи өйдүүр, эмиэ дьон буоллахтара.
Киһи-киһи атын-атын. Холобура, бириинсип туһуттан түүннэри таксыылаабат дьон баар, ньиэрбэбит хас итирик, ньаҕай мачайын тулуйбат дэһэллэр.
Оттон кимиэхэ эрэ бу булт, баарт кэриэтэ. Бу – харчы киирэр түүнэ. Этэргэ дылы, дьэ, «кус көтөр!» Туттумахтаһан, сыыһа-халты харбаабакка хаалыахха наада. Гаастаан эрэ ис! Кус барыта эйиэнэ!
Манна, кырдьык, дьону кытта кэпсэтэр култуура наада. Араас дьон баар. Ким элэккэй, ким хаппырыыс. Ким куруубай, ким сымнаҕас. Онно хас биирдии киһиэхэ туһунан сыһыан наада.
«Дыа, убаайка, дорообо ныа, сахаҕын даа, даай пять. Хантан сылдьаҕын, ону-маны, кими-тугу, ол аһайы билэҕин дуо, ханна тиийдэ?» – эҥин диэбит араас артыыс киирэн соһутуон сөп. Онно кыыһырбакка, уордайбакка, холкутук туттан, биир туоннаахтык эппиэттээтэххинэ эрэ булан сылдьаҕын. Ол хас биир «аһайы» кытта боруоктаһан, куруубайдаан оргуйа сырыттаххына, таксыы үлэтигэр уһаабаккын.
Таксыыһыт пассажирын кытта үксүн тугу кэпсэтэрий? Былаас, олох-дьаһах, хоруона хамсыга хаһан бүтэрин, ¤амаан ¤ааска, суол-иис, эр киһи-дьахтар сыһыанын туһунан уонна да атын үгүс элбэх, араас тиэмэҕэ. Арыт аргыскын кытары олох биир долгуну булаҕын. «Айан аргыстаах, суол доҕордоох» диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Киһи билбэт киһитигэр ордук аһыллар дииллэр. Ол курдук, аргыстаргыттан олох араас түбэлтэтин истэҕин, сөҕөҕүн.
Үнүр, эдэр ыччаттар түүҥҥү барга сыаналаах, сүүс тыһыынчалаах, айфоннарын уордаран, геолокациятынан сирдэтэн кэлэн, 17 кыбартаал дьиэтигэр кэлэн эрийэ сатаабыттара, уоруйах тахсан бэрт. Хайа эрэ нуучча уола туруупканы ылан баран, үөхсэн баран ууран кэбиһэр. Эдэр ыччат аргыстарыгар кыыһырар: «Ити араҥас төннөрөн бэрт эһиэхэ, төннүбэттии бардаҕа! Хайдах итинник болҕомтото суоххутуй», – диэн мөҕүтэлиир. Хата, аргыс кыыс салгыы дьиэлэригэр төһөҕө илдьэрбин ыйыппытыгар, «Ээ, балтараа мөһөөх, чугас» диэбиппэр, «Ээ кэбиис, наһаа өр кэтэстиҥ дии» диэн ааттаан, эбии өссө түөрт мөһөөҕү мобильнай бааммар ыытта. Испэр, үчүгэй иитиилээх оҕо эбит диэн хайгыы, үөрэ санаатым. Киһи эрэ барыта билигин итинник буолбатах.
Биир эдэр нуучча уола кэпсиир: арахсан баран, өр соҕотох сылдьан урукку кэргэнин дьүөгэтиниин бииргэ олорорго быһаарыммыт. Онуоха урукку кэргэнэ маныаха диэри элимиэҥҥэ биэрбэккэ сылдьан баран, дьэ биэрэргэ санаммыт. Онтон сылтаан били кыыстыын этиспиттэр, арахсыбыттар. Онно дьэ элимиэн көрдөөбөппүн диэбит. «Чёрт поймёшь этих баб, женское самолюбие что-ли взыграло, ну дала бы мне по новому пожить», – диэн мунаахсыйар.
Араас харамайы таһар, тастарар дьон бааллар. Биирдэ түүн биир уол куоска оҕотун ыытта ханнык эрэ аадырыска. Куоскабын кэккэлэһэ пассажир олбоҕор уурбутум, кыылым санныбынан-илиибинэн, өрө-таҥнары сырылаан, уруулбун туора-маары тутан, чуут абаарыйа оҥоро сыспытым.
Бу кыһын бэлиэтии көрдүм, били кулууптар түүн уон иккигэ диэри үлэлиир кэмнэригэр эр дьон айаннаабаттарын кэриэтэ этэ... Биирдэ эмэ алҕас элэҥнээн ааһар. Хата, кэрэ аҥаардар хото дьиэҕэ-уокка мустан, элбэх буолан куорат араас муннуктарынан тарҕаһан сакаас элбэх этэ. Эр дьон оннук дьиэҕэ мусталларын сөбүлээбэттэрэ эбитэ дуу, эбэтэр хамсык хармааннарыгар дьайбыта эбитэ дуу?
Сарсыарда түөрт-биэс диэки сакаас баарын баар эрээри, дьон тоҕо эрэ олох тахсыбат буолан хаалаллар. Өр хомуналлар, айгысталлар. Эбэтэр итирэн баран, утуйан хаалан тахсыбаттар дуу... Онно «Отменить заказ» диигин, оччоҕо ол онно тутуллубут бырыһыан харчы кэлин төннөр.
Түүҥҥү симиэнэ сэргэх, мүччүргэннээх. Манна кытаанах ньиэрбэ, тулуур, холку буолар наада. Оччонон бэйэтин толуйар.
Субу олох кирэдьииттэрэ, ипотекалара, хомунаалынай өҥөлөрө тирээн кэлбит дьон биир түүн тахсан, лаппа салҕанан, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан, ол бу сойуомҥа, дьоҥҥо иэскэ киирбэккэ, балаһыанньаттан тахсыбыттарын билэбин.
Өрөбүл күн –
күнүһүн
Сороҕор киһи түүн тахсыан сылаарҕаатаҕына, өрөбүл күн күнүс тахсыбыт ордук. Тоҕо диэтэххэ, дьиэҕэр уугун толору ханан, сынньанан тураҕын. Өрөбүллэргэ оптуобус сырыыта лаппа мөлтүүр. Дьон сынньанар сирдэргэ сылдьар: киинэ, кэнсиэр, испэктээкил, баанньык. Ким эрэ дьэ соло булан, аныгылыы эттэххэ, шопинныы барар, таҥас-сап көрө, ким эрэ дьэ налыйан уоптабайдыыр, чэпчэки сыаналаах бородуукта хаһаанар.
Уулусса эмиэ барыта эйиэнэ. Массыына аалыҥнаһыыта, анньыһыыта суох. Уонна саамай сүрүнэ – пассажирдарыҥ бары чөл өйдөөх дьон. Ол иһин киһи сороҕор талар суолга турааччы: түүн борогуостары кытта алтыһа тахсабын дуу, эбэтэр сарсыныгар күнүскү бириэмэбин, күммүн сиэртибэлээн туран адекватнай, күн өйдөөх дьоҥҥо тахсабын дуу диэн. Иккис суол ардыгар баһыйааччы. Тоҕо диэтэххэ, түүннэри сылдьан ньиэрбэҥ бүтэрин аанньа ууҥ алдьанар, сарсыҥҥы күнүҥ эмиэ туһата суох бүтэр – дьиэҕэ утуйууга.
Арыт-ардыгар күнүһүн түүҥҥүтээҕэр лаппа баһыйар, куоһарар суума тахсара баар суол. Онон киһи бэйэтэ талааччы хайдах тахсарын, толкуйдаан баран. Хайата ордугун. Биллэн турар, онно быыска-арыкка дьонун-сэргэтин, кинилэри кытта алтыһыыга, сынньаныыга, түбүктэри үмүрүтүүгэ кэм-бириэмэ аттаран.
Бары индрайверист уолаттарга кытаанах, бөҕө санааны, куруук күөх уоту, дьоҥҥутун-сэргэҕитин иитэр бу чэпчэкитэ суох эбии үлэҕитигэр тулууру-дьулууру, сандал саас кэлбитинэн, барыта этэҥҥэ буоллун!
Чаҕыл.