Саха ханна тиийбэтэҕэ баарай? Былыргы дьыллар быдан мындааларыгар Туймаада хочотуттан тэринэн барар эспэдииссийэлэргэ, сиргэ-уокка сылдьа үөрүйэх сирдьит-сонордьут буолан, ыраах биллибэт сирдэри арыйсыбыта, Арассыыйа сирэ-уота кэҥииригэр-тэнийэригэр дьоһун кылаатын киллэрсибитэ.
Кинилэр суолларын батыһааччылартан биирдэстэрэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Быыһааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, биология билимин хандьыдаата, Арассыыйа бочуоттаах полярнига Николай Александрович Находкин буолар.
Соторутааҕыта, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр саха интэлигиэнсийэтин дьоно сааланы толору кэллилэр. “Муустаах акыйаан айанньыттара. Катамараанынан Арктикаҕа” диэн документальнай киинэ сүрэхтэниитигэр сырыттылар, эспэдииссийэ сыралаах айанын сыаналаатылар.
Сөбүлэһиҥ, бу эһиэхэ сөмөлүөтүнэн дуу, бөртөлүөтүнэн дуу сынньалаҥ көтүү, баараҕай ледоколунан устуу буолбатах. Бу – бэйэҕэ, дьылҕаҕа ыҥырыы быраҕыы, акыйаан тыйыс айылҕатын кытта туруулаһыы, уйаны-хатаны тургутан көрүү.
Дьэ, туох сыаллаах-соруктаах бачча ыраах айаҥҥа саха дьоно туруннулар? Ханнык күүс хамнатан, дьиэлэриттэн-уоттарыттан тэйитэн, муора дьалхааннаах долгуннарыгар бырахта? Ол туһунан сэһэргии Николай Александрович эрэдээксийэҕэ ыалдьыттыы кэллэ.
Беннетта арыыта
– Николай Александрович, акыйааҥҥа айанныыр санаа хайдах үөскээбитэй?
– Бастаан, икки сыллааҕыта, алҕас куосумастан түһэрбит хаартыскаларын көрбүтүм. Булуҥ улууһугар киирсэр, кытылтан кый ыраах муора быыһыгар сытар арыыттан буруо тахсарын. Диктиргээн, санааҕа түстүм: ама, Саха сиригэр дьайа сытар булкаан баар дуо? Сыныйан, үөрэтэн көрдүм, анал литирэтиирэни булан аахтым. Өссө эбии умсугуйдум. Киһи сөҕүөн иһин, сир хамсааһына ол эҥээргэ кэмиттэн кэмигэр бэлиэтэнэр эбит. Кэлин өссө элбээбит. Быйыл, тохсунньу 12 күнүгэр, Тиксии таһыгар эмиэ буолбута.
Үөрэтии-чинчийии наада
Хайа да киһи Хотугу Муустаах байҕалы кырылас хайа да, тыы да баппат муус курдук саныыра чахчы. Билигин төрүт оннук буолбатах. Сайынын Тиксииттэн Беннетта арыыга диэри 1100 биэрэстэлээх киэҥ нэлэмэн уу. Арай ол кэмҥэ, сайынын алҕаска сир хамсаатын – оччоҕо сүүнэ долгун ытыллан тахсан алдьархайдаах цунами үөскүөн сөп... Ол куттала эмиэ баар. Аны муора кытыытынааҕы бөһүөлэктэрбит барыта намыһах баҕайы туундараҕа тураллар. Биллэн турар, хаһан да оннук дьулаан быһыы-майгы буолбатаҕа. Тоҕо диэтэххэ, кыһыннары-сайыннары халыҥ муус сабардаан турдаҕа. Билигин – чыҥха атын хартыына. Мин, учуонай киһи, түөрүйэ өттүнэн көрөбүн, сабаҕалыыбын эрэ. Ол иһин ити эҥээргэ наука ыстаансыйата олохтоноро, автономнай сейсмическэй даатчык турара, булкаан, сир хамсааһына дириҥник үөрэтиллэрэ, кэтэнэрэ оруннаах.
Сир хаһаайыннаах
буолуохтаах
Бу арыыны арыйбыттара дьикти эбит. 1881 сыллаахха Эмиэрикэ айанньыта Де Лонг арыйбыт. Беннетта диэн бу айаны үбүлээбит киһи аатынан ааттаммыт. Де Лонг Хотугу полюһу арыйаары айаннаан истэхтэринэ, хараабыллара мууска кыбыллан алдьаммыт. Онтон сатыы баран иһэн, акыйаан ортотугар бу арыыга тиксибиттэр. Дьикти түбэлтэ. Үксүн айанньыттар хараабылынан уста сылдьан саҥа сирдэри арыйар буоллахтарына, бу дьон – туос сатыы.
– Эмиэрикэлэр арыйбыт сирдэрэ эбит дии?
– Оннук эрээри, Арассыыйа сиригэр-уотугар киирсэр, Булуҥ улууһа буоллаҕа. Өссө чорботон эттэххэ, Арассыыйа Эмиэрикэҕэ Алясканы атыылыыр кэмигэр бу сир атыыламматаҕа. Ол эрээри эмиэрикэлэргэ Арктикатааҕы доктрина диэн баар. Манна сири хаһаайыстыбаннай баһылааһын суох буоллаҕына, ол сир кимиэнэ да буолбатах диэн суруллар. Онон, сокуонунан Арассыыйаҕа киирдэр да, акыйаан уҥуор олорор ыалбыт көрүүтүнэн – мөккүөрдээх боппуруос. Кинилэр ыытар бэлиитикэлэригэр оннук сурулла сылдьар.
Сир хаһаайыннаах буолан бигэргэнэрэ наада. Хаһан баҕарар Эмиэрикэ эриэн былааҕын туруордулар да, биһиэнэ диэхтэрин сөп.
Ол иһин сахалар онно тиийэн “бу биһиги төрүт сирбит – Булуҥ улууһа, Арассыыйа сирэ-уота” диэн, урут түһэн, хайыҥ охсунуохпутун баҕарабыт. Саха балаҕанын тутан, сэргэ туруоран. «Булуҥ улууһа, Беннетта арыыта» диэн бэчээттээх бэлиэ туруоруохха наада. Оччоҕо Эмиэрикэ биһигиттэн былдьаһар бырааба суох буолар.
Ыраах айаҥҥа тэрээһин
– Оҥочо-катамараан хаһаайына ким буолла? Тэрээһин хайдах этэй?
– Биһиэхэ манна «Охота и рыбалка в Якутии» диэн тэлэбиисэринэн биэриигэ эпэрээтэрдээбит Ньургун Павлов күүс-көмө буолбута. Кини чааһынай катамараанынан аһаҕас муораҕа устарга сөбүлэспитэ. Бу – туһугар хорсун быһыы, мээнэ киһи ылбычча санаммат.
Бу барыта успуонсардар өйөбүллэринэн айан этэ. Биир уолбут, бэл, массыынатын атыылаабыта. Биһиэхэ сүрүн көмөнү «Технологии выживания» маҕаһыын оҥорбута. Аныгы сибээс тэриллэринэн толору хааччыйбыта. Сэттэ буолан айаннаабыппыт. Үксэ бэйэм эрэллээх уолаттарым. Урут, быыһыыр сулууспаҕа үлэлиирим саҕана, ууну-уоту ортотунан тэҥҥэ ааспыт, эркин курдук эрэнэр байыастарым: Тит Алексеев, Валерий Андросов, Серафим Гуляев, Батыр Сейдалов барсыбыттара. Биһигини кытары видеоблогер уол Игорь Ермаков-Эркин Питерский Якут барсан документальнай киинэ устубута. Урут хайалара да аһаҕас муораҕа сылдьыбатах дьон: бу бастакы сырыылара этэ.
Оҥочобут үрдүгэр дьапталҕалаан, саха балаҕанын тутар маспытын сааһылаабыппыт. Бэркэ кичэйэн, уһун айаммыт устата олорор кыракый дьиэбитин оҥостубуппут. Онтубут дьоҕус соҕус, утуйар, сынньанар дьиэ оҕото буолбута.
Дьокуускай-Нам-Кэбээйи-Эдьигээн-Булуҥ
– Төһө өр айаннаан тиийдигит байҕалга?
– Уопсайа, сүүрбэччэ күн айаннаан тиийбиппит. От ыйын бүтүүтэ хоҥнубуппут. Сайыҥҥы халлаан турбута, отут кыраадыс итии этэ. Үчүгэй баҕайытык айаннаабыппыт. Аара тохтоон балыктыы-балыктыы. Сүрүн аспыт балык бүлүүдэтэ этэ. Хотугу полюс сурааһынын Эдьигээнинэн ааһарбытыгар, хайыы үйэ өрүс бааллыран, тымныы уораанын биллэрэн барбыта. Эдьигээнтэн Тиксиигэ диэри хас биирдиибит солбуйса сылдьан катамарааны ыытарга, салайсарга үөрэммиппит. Кытылга тохтоон көрбөккө, устар аал нэмин билэр баҕа баара. Муораҕа киириибитигэр атырдьах ыйыгар номнуо кус күһүҥҥү булда көҥүллэнэн, муора кустарын бултаан, хараны суохтаабыт сахалар олус абыраммыппыт.
Уйаара-кэйээрэ
биллибэт киэҥ акыйааҥҥа
Дьокуускайтан Тиксиигэ диэри 1600 биэрэстэни устан кэлбиппит. Кэлин, кэннибитин хайыһан сындалҕаннаах айаммытын анааран көрдөххө, Дьокуускайтан Улахан Лээхэп арыыларыгар диэри уопсайа 3000 кэриҥэ биэрэстэни айаннаабыппыт.
Үс суукка тухары иитэ-саҕата саараама биллибэт байҕалы – Лаптевтар муораларын – туораабыппыт. Бу этэргэ эрэ дөбөҥ. Хаһан да муораҕа сылдьыбатах, дьөрү көрбөтөх да алаас уолаттарыгар кытаанах тургутуу, бэйэҕэ, дьылҕаҕа ыҥырыы быраҕыы тэҥэ этэ. Хас да күн биэрэги көрбөккө, тымныы, тыйыс муора айылгытыгар суос бэринэн, аҥаардас прибордаргар эрэнэн, инниҥ хоту устан иһэҕин. Эрэллээх уолаттарым, хата, түһэн биэрбэтилэр. Үйэлэрин тухары муораҕа сылдьыбыт курдук, тулуйан, дьаныһан сырыттылар. Оннооҕор Серафим диэн уолбут, катамарааны солбуйса сылдьан ыытарбытыгар сынньанар чааһыгар, утуйа сытан туох да кыһалҕата суох кыра оҕо кэриэтэ күлэн чаҕаара сытара харахпар бу баар курдук....
Долгунтан долгуҥҥа батары түһэн...
Арыыга диэри кыл мүччү хаалбыта...
(катамаран чуумпу хомоҕо киирэн, хаһан муораҕа шторм бүтэрин кэтэһэ турар)
Дьиҥэр, катамараан-оҥочо түү мээчик курдук долгун үрдүгэр чэпчэтик уйдаран устуохтаах этэ. Оттон биһиги, бүтүн саха балаҕанын тутар матырыйаалын оҥочобут үрдүгэр сааһылаан, онно олорсон айаннаан иһэр буоламмыт, аһаҕас муораҕа, тыалга-кууска олох тимирэн кэриэтэ айаннаабыппыт.
Аны күүстээх долгун саайдаҕына, онтон сырылаан иккис долгуҥҥа батары киирэҕин. Бэл, биирдэ өйдөөн көрбүтүм, саппаас быыһанар тыыбыт баайылла сылдьара олох даҕаны быатыттан чиккэйэн, салгыҥҥа уйдаран көтө сылдьар эбит, хор, оннук күүстээх, дохсун тыал!
Ол курдук үс күн устата аһаҕас муораҕа тохтоло суох айаннаан, Улахан Лээхэп арыытын нөҥүө түһэн, Этэрикээн муора силбэһиитин туоруурбут эрэ хаалбыта. Онтон айаммыт сүрүн сыалыгар – Беннетта арыытыгар – тиийиэхтээх этибит. Баара-суоҕа 450 эрэ биэрэстэ хаалбыта, тиийбэккэ хааларбыт, кырдьык, абалаах суол этэ!
Биир күн устата иккитэ кимэн киирэн ааһа сатаабыппыт да, алдьархайдаах шторм, хаардаах тыал түһэн, адьас киирэр кыаҕы биэрбэтэҕэ. Хайыахпытый, бу сиртэн соччо ырааҕа суох Киһилээх диэн арыыга баар метеостанцияҕа тиийэн тыын ылбыппыт, күн-дьыл уоскуйарын кэтэспиппит. Арыый чуумпурбутугар өссө төгүл түһүммүппүт. Хомойуох иһин, бу сырыыга аны уруулбут куорматын хаптаһыннара күүстээх долгун охсуутугар халыр босхо баран алдьанан, эмиэ ол арыыбытыгар төннөргө тиийбиппит.
Муора айылҕата
Метеостанция баар Киһилээх арыытыгар уонна ол эргин муора арыыларыгар, Лээхэпкэ айылҕа ураты дьикти. Атын планетаҕа сылдьар курдуккун. Үрүҥ эһэни адьас чугастан хаста да көрбүппүт. Ньиэрпэлэр киһиттэн куттаммакка кытылга сыламныы сыталлар. Эҥинэ бэйэлээх куһа-хааһа дэлэйэ. Бу эргиннээҕи арыыларга төһөлөөх элбэх былыргы харамайдар: мааманнар, носорогтар, бизоннар кырамталара тыһыынчанан харалла сыталлара буолуой? Киһи мээнэ үктэммэтэх, чинчийбэтэх сирдэрэ. Биһиги бэйэбитин, чахчы даҕаны, Жюль Верн арамааннарыгар баар кистэлэҥнээх арыыга түбэспит дьоруойдар курдук сананан ылбыппыт.
(муора харамайдара киһиттэн адьаһын куттамматтар)
(Үрүҥ эһэ суола)
Наукаҕа – кылаат сир
(сэлии кырамтата)
Манна даҕатан эттэххэ, үөрэхпинэн биологпын, орнитологпын. 50-с сыллар ортолоругар манна, Беннетта арыытыгар, орнитологтар сылдьыбыттара. Онно тыһыынчанан көтөр баар диэн бэлиэтээбиттэр этэ. Бүтүн холуонньанан төрүүр-ууһуур “Көтөр баһаара”. Көтөр баар буоллаҕына, онно аһыыр аһа – балык – баар. Оттон хайа да балык сылаас уонна тымныы уу харсыһыытыгар үөскүүр. Гидробиологияны, онно туох баарын ким да үөрэтэ илик. Палеонтологияны эмиэ илик. Наукаҕа – бүтүн, тыытыллыбатах кылаат.
Ол иһин биһиги онно балаҕан тутар сыалбыт Арассыыйа наукатыгар улахан кылаат киллэрсиэҕин саарбахтаабаппын. Бөртөлүөт Беннетта арыытыгар хаста да сапыраапкаланан тиийиэ, ол эрээри, этэргэ дылы, “турар бэйэлэринэн” эрэ дьону тиэрдиэ, тутуу матырыйаалын хайдах да илдьэр кыаҕа суох.
Кэнэҕэс манна саха балаҕанын курдук дьиэ-уот турдаҕына, бастакытынан, бу быыһанар тирэх сир буолуоҕа. Ити эргин быстарбыт айанньыттарга, онно биһиги күнтэн иитиллэр батарыайалары уонна сибээс тэриллэрин хаалларыахпыт. Иккиһинэн, ханнык баҕарар наука эйгэтин этэрээтэ – сейсмологтар, вулканологтар, биологтар, ихтиологтар уо.д.а. эйгэ учуонайдара – сайынын итиннэ тирэҕирэн, төһө баҕарар чинчийиини, дьоһун үлэни айымньылаахтык ыытыан сөп. Эспэдииссийэм сыалын-соругун элбэх хайысхатыттан биир сүрүн, кэскиллээх тутула – ол.
(биһиги катамарммыт Остуолба арыытын таһыгар)
Өссө да эргиллиэхпит
Айылҕа модун күүһүн – улуу акыйааны – кытары туруулаһар бу ыкса күһүҥҥү, халлаан, күн-дьыл тосту уларыйар кэмигэр күчүмэҕэйин биһиги бигэтик өйдөөбүппүт. Сүбэлэһии кэнниттэн саха балаҕанын тутуохтаах матырыйаалларбытын метеостанцияҕа хаалларарга быһаарыммыппыт.
Кыра да түгэҥҥэ санаабытын ончу түһэрбэтэхпит. Эспэдииссийэ бастакы кэрдииһэ этэҥҥэ түмүктэннэҕэ. Эһиил, табыллар күннээх буоллаҕына, икки оҥочонон кэлиэхпит, таһаҕаһы үллэрэр уонна уйукпут чэпчиир гына. Күммүтүн-дьылбытын аттаран, арыый эрдэ хоҥнон барыахха баар эбит диэн санааҕа кэллибит. Сахабыт балаҕанын хайаан да тутуохпут, баҕа санаабытын ситиэхпит.
– Николай Александрович, сэһэргэһииҥ иһин барҕа махтал, айаҥҥыт алгыстаах буоллун!
Сэһэргэстэ Чаҕыл.