Георгий Цыпандины кытта Саха сирин мэдиссиинэтэ быһаччы ситимнээх. Сүүһүнэн киһини атаҕар туруоран, дьон кини аатын махтал тылларынан ахтар. “Ороҥҥо сытар дьылҕаламмыт киһиэхэ иккис олоҕу бэлэхтээтэ”, “Тостуу кэннэ сыыһа үүммүт уҥуохпун көннөрөн, атахпар туруоран, толору олоххо төннөрдө”, “Ыарыһах дууһатын курдат көрөн, ис сүрэҕиттэн бэринэн, кыһаллан эмтиир быраас”, “Киниэхэ эмтэнэн, билигин собуокка этэҥҥэ үлэлии-хамсыы сылдьабын” диэн уо.д.а. суруйуулар ону туоһулууллар. Георгий Ионович эмчитин таһынан билигин аан дойдуга балысханнык сайдан эрэр мас тардыһыытын көрүҥүн төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, айан морсурууттарын айар уопуттаах турист быһыытынан эмиэ биллэр.
Соторутааҕыта Георгий Ионович салайааччылаах аҕыс киһилээх хайыһар бөлөҕө Уус Майдаҕа Долгучаан үрэх таһынааҕы кистэлэҥнээх хайа тэллэҕэр баран кэллэ. “Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтүгэр төрөөбүтүм. Төрөппүттэрим иккиэн – зоотехниктар. Оскуоланы онно бүтэрбитим. Тутааччы буолар баҕалааҕым да, дьылҕам имнэннэҕэ буолуо, мэдиссиинэ үөрэҕэр киирбитим. Эмчитинэн үлэлээбитим төгүрүк 40 сыл, оттон турист быһыытынан айаннаабытым 41 сыл буолла”, – диэн СӨ үтүөлээх бырааһа, Арассыыйа үтүөлээх айанньыта Георгий Цыпандин бастакы ыйытыыбар хардаран, кэпсэтиибитин саҕалаатыбыт.
Өймөкөөҥҥө диэри – сатыы
– Мэдиссиинэ уонна туризм... Георгий Ионович, бу икки эйгэттэн хайатын бастакы туруораҕын?
– “Айанныырбыттан ордубут кэммэр балыыһаҕа үлэлиибин” диэн урут күлэн этэрим. Травматолог-быраас, турист да быһыытынан элбэх саҥаны киллэрдим, үгүһү арыйдым. Хайалара даҕаны чугас, күндү. Онон бу икки эйгэбин тэҥҥэ тутабын, тэҥҥэ дьүөрэлиибин диирим оруннаах.
– Алаас сиргэ төрөөбүт киһиэхэ хайаҕа таптал хантан кэлбитэй?
– Хайа тыына, эниэргийэтэ – ураты. Сылдьа илик киһи ону өйдөөбөт. Хайаҕа биирдэ сылдьыбыт дьонтон үгүстэрэ иккистээн хайаан даҕаны тиийэр, үйэтин тухары тардыһар. Оннук абылаҥнаах.
– Туризмҥа ылсыыҥ хаһан саҕаламмытай?
– Сэбиэскэй кэмҥэ успуорт туризма уонна хайыһар күүскэ сайда сылдьыбыта. Киһи барыта хайыһардааҕа. Чочур Мыраан үрдэ барыта хайыһар суола этэ. 80-с сылларга олоҕу олорор, успуордунан дьарыктанар баҕа хас киһи аайы баара. Олох өрө күүрэн олороро. Сойуус үрдүнэн сыл аайы хайаҕа бараллара, рекордар олохтоноллоро, дьоруойдар тахсаллара. Биһиги, оччотооҕу устудьуоннар, онно эмиэ тардыһарбыт. Сайын аайы устудьуон тутар этэрээтигэр үлэлиирбит. Дьиэ, хотон бөҕөтүн туппуппут. Лиэксийэ ааҕарбыт, кэнсиэр көрдөрөрбүт, ыал буолуу да баара. Ити кэмҥэ мэлэдьиис доҕорбут Иннокентий Сивцев аатырбыт “Тэтиҥнэр” ырыатын айбыта. Кыратык халыйан ыллахха, соторутааҕыта Үөһээ Бүлүү Тамалакаанын оскуолатын дириэктэрэ Спиридон Федоров эрийэн, бэрт дьикти сонуну иһитиннэрдэ. Тутуу этэрээтигэр үлэлии сылдьан, сэргэ туруорарбытыгар баҕа санаабыт суругун бытыылкаҕа уган, сэргэ дьааматыгар укпуппутун оччотооҕу оҕо өйдөөн көрбүт эбит. Саҥа оскуола тутуллуутугар ол сэргэ мэһэйдээбит. Ону атын сиргэ көһөрөллөрүгэр өйдүү биэрэн, оротон ылбыт. Ол сурукпутун биһиэхэ аҕалан туттарбыта.
Өймөкөөн уола, биллэр гинеколог-быраас Василий Новгородовтыын эдэр эрдэхпититтэн доҕордоһобут. Биир күн кини дойдутугар сатыы барар санаа “кылам” гыммыта. Туризм туһунан тугу да билбэппит. Биир сыл курдук бэлэмнэнэн баран, иккиэн сатыы айаннаабыппыт. Ити 1980 сыл атырдьах ыйын бүтүүтэ, балаҕан ыйын саҥата этэ. Чурапчыга диэри суол суоҕа. Буксуйан турар массыыналары ситэн ааспыппыт. Оннук Таатта Харбалааҕар тиийэн, Амма өрүс устун барбыппыт. Кэпсээнтэн кэпсээн: кытылга турарбытын көрөн, булчуттар “тыатааҕылар сылдьаллар” дии санаан, ытан кэбиһэ сыспыттаахтара. Баччаҕа кэлэр быабытыгар, чугастан ытарга соруммуттар эбит. Биһиги – саанан тирээн иһэр дьону, кинилэр кыыллар оннуларыгар дьону көрөн, соһуйуу бөҕөтүн соһуйбуппут. Ол дьоммут аны “күрүөйэхтэр сылдьаллар” дии санаан, төттөрү куоппуттара. Ону төттөрү ыҥыран ылан кэпсэппиппит. Билигин үчүгэйдик билсэбит. Оннук ыйы быһа хааман, баҕалаах сирбитигэр тиийбиппит. Ити бэйэм оҥорбут морсурууппунан аан бастакы айаным этэ.
Онтон кэлэн билбиппит – туризм кулууптара диэннэр бааллар эбит. “Лена” диэн кулуупка тиийэн, успуорт туризмын оскуолатыгар үөрэммитим. Ити кэмҥэ ол оскуоланы тэҥинэн үс кылаас бүтэрбитэ. Оннук оскуола элбэҕэ, похуот бөҕө тэриллэрэ. Хайыһардыырга үөрэнэн, кэлэр сааһыгар аан бастакыбын хайыһар айаныгар Томпо хайаларыгар барсыбытым.
Ити айан кэнниттэн Өймөкөөҥҥө үлэҕэ ананан барыым мээнэҕэ буолбатаҕа буолуо. Уус Ньараҕа тиийэн, туризм кулуубун ыйыталаспыппар “эн тэрий” диэбиттэрэ. Онон “Nord-ost” диэн туризм кулуубун тэрийбиппит. Оскуола оҕолорун, үлэһит ыччаттары кытта нэдиэлэ аайы хайаларга хатаастарбыт, хайыһарынан сылдьарбыт. Афродита хайатын анныгар турбаза туттубуппут. Биир сыл буолан баран, хайа хайыһарын базатын тэрийбиппит. Ол кэлин өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ база буолбута. Томторго көһөн баран, “Чысхаан” диэн туркулуубу тэрийбиппит, Лабыҥкырынан, Муус Хайанан элбэхтик айаннаабыппыт. Кэлин, 80-с сыллар бүтүүлэригэр, үрдүк категориялаах хайыһарынан айаннарга элбэхтик сылдьыбытым, элбэх уопуту ылбытым.
– Ити кэпсээн аһарбыт кэмиҥ кэнниттэн туризм, хайыһар успуорда симэлийбиттэрэ. Ол кэмҥэ дьарыккын хайдах салҕаабыккыный?
– Сойуус ыһыллан, туризмы өйөөһүн олоччу тохтоон, туркулууптар сабыллыбыттара. Ол эрээри биир бэйэм дьарыкпын тохтоппотоҕум. Саха сирэ Охуоскай муораҕа тиийэр суолун көрдөөн, “Тобул” устудьуоннар кулууптарын кытта сирдьит быһыытынан сылдьыбытым. Сатыы, хайыһарынан даҕаны, Муус Хайаҕа, Кыайыы Чыпчаалыгар (Пик Победы) аҕыйах хонуктаах айаннарга баран кэлитэлээбитим. Италия эспэдииссийэтигэр, дьоппуоннары кытта Байкал-Гренландия хайысханан ытынан айаҥҥа, Мексика туриһыныын Саха сирин чубукутун хаартыскаҕа түһэрии айаныгар, американецтары кытта араас айаҥҥа сылдьыбытым. Быһаччы эттэххэ, биир да сыл тохтообокко, араас хайысхаҕа айаннаабытым. Ити эмиэ – туһунан уһун кэпсээн.
– Ол сырыыларгыттан өйгөр сытыытык хатанан хаалбыт айаныҥ ханныгый?
– Ити сырыыларым – кэрчик-кэрчик айаннар. Индигиир өрүс устун элбэх хайысхаҕа, улууска сылдьыбытым. Арай биир сыл ити хайысхалары холбоон айанныыр санаа киирбитэ. Саха сирин уонна Хабаровскай кыраай икки ардыгар “Бифуркация Делькю” диэн икки аҥыы арахсар үрэх, аан дойду үрдүнэн сэдэх географическай эбийиэк баар. Ити үрэх салаалара икки акыйааҥҥа түһэллэр. 40-ча сыл анараа өттүгэр биир эҥээринэн устубуттаахпын. Уон сыллааҕыта бэһиэ буолан, катамараанынан иккис эҥээринэн устан, муораҕа тиийэ сылдьыбыппыт. Биэс-алта сыллааҕыта айанньыт доҕотторум баҕа санаабын өйөөн, Нуучча географическай уопсастыбатыгар (РГО) сибээскэ тахсан, үп көрүллэн, 16 буолан акыйаантан акыйааҥҥа мотуордаах оҥочонон устубут айаммыт Арассыыйаҕа “Сыл бастыҥ бырайыага” буолбута. Онон ити биир акыйаантан иккис акыйааҥҥа сыҕарыйар сырыым, бука, барыларыттан уратылааҕа буолуо. Ол айаннарга дойду кыыла-сүөлэ, уута, балыга, Зашиверскай куорат археологията кытта үөрэтиллибитэ.
Былырыын Илин Сибиир үрдүнэн саамай үрдүк хайаҕа – Кыайыы Чыпчаалыгар тахсыыбыт – эмиэ биир умнуллубат сырыы. Улуу Кыайыы 75 сылын биир бэлиэ түгэнэ. Морсурууту уонча сыл испэр иитиэхтээбитим. Ис дьыала министиэристибэтин бэтэрээннэрин сэбиэтин иһинэн тэриллибит “Орион” диэн байыаннай-спортивнай кулуупка туризм чааһын салайааччытынан үлэлиибин. Кинилэртэн састааптаах бөлөҕү илдьэ бара сылдьыбытым.
Дьикти хайа кистэлэҥэ
– Соторутааҕыта баран кэлбит сырыыгыт уратылаах. Хайаҕа хайыһарынан барар морсуруут хайдах толкуйдаммытай? Тоҕо чуолаан ити сиргэ тардыстыгыт?
– Уопсайа 60-ча айаҥҥа сылдьыбыппыттан 40-чата – бэйэм толкуйдаабыт морсуруутум. Хайыһарынан айаны уруккуттан ыра санаа оҥосторум. Бачча сыллар тухары иҥэриммит билиини, уопуту кимиэхэ эрэ тиксэрэр баҕа баар буолар эбит. Ол санааны олоххо киллэриигэ тэриллиэҕиттэн хайыһарынан толору хааччыллыбыт “Орион” кулууп улахан өҥөлөөх. Бу кулууп чилиэннэригэр эбии урукку аргыстарбын, саҥа баҕалаах дьону сыһыаран, хамаанда тэрийбитим. Баран кэлбит сирбит – Уус Майда сиригэр Долгучаан үрэҕин хайата – миигин ыҥырбыта-угуйбута ыраатта. Ити кэпсээн аһарбыт акыйаантан акыйааҥҥа устар сырыыбар бөртөлүөт түннүгүнэн көрбүт хартыынам өйбүттэн арахсыбатаҕа. Ханна баарын таайа сатаан, өр кэмҥэ төбөбүн сынньыбытым. Аан дойдуга Кайлас диэн кистэлэҥнээх, улуу хайаҕа ханыылаах, быһыытынан, эньиэргийэтинэн да олус майгынныыр хайа Саха сиригэр ити соҕотох эрэ баар. Хайаттан эрэ уратылаах. Атын хайалар тус-туһунан таастартан турар буоллахтарына, ити хайа – тэллэҕиттэн саҕалаан ньыгыл таас. Хас да хайаны сыһыаран, биир кэлимсэ буолан турар. Хара сиэркилэ курдук эркиннэрдээх. Тэйиччи Ааллаах Үүн бөһүөлэгэ баар эрээри, олохтоохтортон ким даҕаны үктэнэ илик, атын сиринэн сылдьаллар. Геодезистар уонна геологтар эрэ сылдьан ааспыттара биллэр. Аттынааҕы Халыйа үрэх баһыгар Хабаровскай кыраай эбээннэрэ табаларын көрөн олороллор. Кинилэргэ ити хайа эҥээрэ өбүгэлэрин ытык сирдэрэ буолуон сөп. Биһиги эрдэ Өймөкөөн суолунан киирэ сатаабыппыт да, аспыт, оҥочобут кэмигэр кэлбэккэ, аттынан ааспыппыт. Бу сырыыга эмиэ дабайаары буолбакка, көрөөрү бара сырыттыбыт да, эмиэ кыаллыбата.
– Хайа иччитэ көҥөнөрө буолуо дуу?
– Буолуон сөп. Кыра хайалары арыт ааһан иһэн дабайыах курдук санаан ылааччыбыт да, ол эмиэ кыаллааччыта суох. “Хатанан” кэбиһэр. Хайа баҕарар сир иччилээх. Улахан хайаларга барыахпыт хас да ый инниттэн көрдөһөн-ааттаһан, бэлэмнэнэн саҕалааччыбыт. Холобур, Өймөкөөн биир хайатыгар араас өттүттэн түөрт төгүл дабайа сатаабыппыт. Тэллэҕэр тиийэн баран, икки төгүл тохтоло суох ардахха түбэһэн, төннүбүппүт. Халлааҥҥа биир да былыт суоҕар оройун эрэ былытынан бүрүнэн, саһан турбута. Ол да буоллар, тахса сатаабыппытын тааһынан тамнаан төнүннэрбитэ. Кэлиҥҥи сырыыбытыгар чугаһатан баран, киһи сыҕарыйбат гына чаҕылҕаннаах, этиҥнээх ардаҕын түһэрбитэ. Ити сырыыга анал идэлээх киһинэн сиэр-туом толорторон, хайа чыпчаалыгар тахсыбыппыт. Ол да иһин “горы не покоряются” диир буоллахтара. Ону кытта толору сөбүлэһэбин.
– Айан хайдах быһыылаахтык салалынна? Хамаандаҕын хайдах сүүмэрдээтиҥ?
– Айаҥҥа ирдэбилим – бастатан туран, улахан баҕа санаа. Иккиһинэн, хайыһарга турар, айаҥҥа сылдьар үөрүйэх. Онно эрдэттэн үөрэтэбин, бэрэбиэркэлиибин. Бэлэм үөрэхтээх киһи кэлэрэ өссө үчүгэй. Үсүһүнэн, чөл турук, бэйэни кыаныы. Доруобай эрэ киһи итинник айаны тулуйар. Онон бары өттүнэн сөп түбэспит сэттэ киһини кытта биир тылы булан, сүрдээх тэрээһиннээхтик сырыттыбыт.
Хаандыгаҕа диэри таксыынан тиийбиппит. Бастакы күн мэһэйдэр бааллара. Көмүс хостуур тэрилтэлэр бас билэр сирдэрин нөҥүөлүүр мэлдьи уустук. Онно бириэмэ бөҕөтө барбыта. Онтон Тыры өрүһү туораары тиийбиппит – уунан көрөн сытара. Онон муоста оҥорон, хараҥарыыта туораабыппыт. Үрэх сиргэ кураанах маһы булар уустук. Үрдүк айыылар көмөлөрүнэн мас булан, халлаан сырдыгын баттаһа хонук сирбитин булбуппут. Төһө даҕаны ыраах айаҥҥа уопуттаахтарын, дьарыктаахтарын иһин, хайыһарынан похуокка сылдьа, кыһын таһырдьа хоно үөрүйэҕэ суох дьону хас хардыыларын үөрэтии ирдэнэр.
– Бу сырыыгыт уруккуттан тугунан уратыланна?
– Хайа хапчааннара (ущелье) сырабытын ыллылар. Эҥинэ бэйэлээх хапчааннарынан хаампытым эрээри, маннык хойуу, ииччэх-бааччах оттоох-мастаах, уустук сиринэн сылдьа илигим. Иккис күммүтүгэр 10-ча килэмиэтир сиргэ ыарахан үрүсээктээх, хайыһардаах сылдьан, маһы үрдүнэн баран, аннынан сыыллан, ол быыһыгар хаары кытта “тустан”, уулаах сиринэн хааман, күрүлгэни ааһан, өтөрүнэн умнуллубат айаны аастыбыт. Аны чугаһынан уокка оттор мас сэдэх. Дьолго, эмиэ мас көстөн, уот оттон, күөс өрүнэн, сэниэ ылыммыппыт.
Маннык сырыыларга киһи бөдөҥө-садаҥа быһаарбат. Ис күүс элбэҕи этэр. Ньургустаана Ширяева эдэр, хачаайы бэйэтигэр ураты күүстээҕин сөхтүм. Тоҥ хаары хайытыыга уһулуччу ордук. Тэрээһиҥҥэ даҕаны улаханнык көмөлөспүтэ. Василий Местников өйөбүлүн чорботон бэлиэтиэм этэ. Хайыһардары булууга, тэрээһиҥҥэ, хамаанда тыынын тутууга улахан өҥөлөөх. Сырыыбытын видеоматырыйаалга үйэтиппит Андрей Рукавишников хаһыс да сырыытын сылдьыһар. “Суол” туристар бөлөхтөрүн салайааччыта, ураты тулуурдаах, дьарыктаах, ырыалаах-тойуктаах, мин солбуйааччым Галия Дьячковскаялыын эмиэ хаһыс да похуоппутун бииргэ сылдьабыт. Баһаарынай сулууспа үлэһитэ Елена Илистянова – солбуллубат сопхуоспут, чөкө киһи. Учуутал идэлээх Константин Оконешников бастакы сырыытын сырытта. Күүс-уох чааһынан кимиэхэ да тэҥэ суох. Итини таһынан кини – биһиги сүрүн экологпыт. Кэннибититтэн кыра да бөх хаалбатын курдук дьаһайан, сырытта. Травматолог-быраас, биир идэлээҕим Ольга Семёнова эмиэ ыраах айаҥҥа сылдьарга бастакы үөрэҕи ылла.
– Туох саҥаны көрдүгүт?
– Саҥа сылдьар дьоҥҥо – барыта сонун. Хайыһарынан айан ыарахаттардааҕын үрдүнэн, дьонум олус биһирээтилэр. Саҥа айаҥҥа барар баҕаларын биллэрдилэр. Айылҕа дьиктититтэн кэпсээтэххэ, тоҥмот үрэхтэргэ, күрүлгэннэргэ сырыттыбыт. Туолбут ый сырдыгар хайа сиһигэр тулалаан турар үрдүк хайалар, халлааны толору барча курдук элбэх сулус көстүүтэ – ураты кэрэ! Ууга умсар дьикти чыычааҕы көрдүбүт. Барабыайдааҕар, сылгы чыычааҕынааҕар улахан. Маҥан түөстээх. Уу кырсынан сүүрэн тыбыгырайар, онтон хатырык курдук хаптаччы сытынан кэбиһэр. Ол кэннэ умсан хаалар. Итинник чыычааҕы эрдэ Өймөкөөҥҥө көрбүтүм эрээри, Уус Майда эргин көрүөм дии санаабатаҕым. Кыыл-сүөл суола-ииһэ элбэх.
– Улахан айан туох эрэ даатаҕа, бэлиэ түгэҥҥэ сыһыаран тэриллээччи. Бу айан туохха ананарый?
– Ол хас биирдии киһиэхэ тус-туһунан сыһыаннаах. Холобур, айаҥҥа кыттыбыт ис дьыала үлэһиттэрэ Арассыыйа ис дьыалаҕа уорганнарын бэтэрээннэрин тэрилтэтин 30 сылыгар анаабыт буоллахтарына, мин бу айаммын туризмҥа уһуйбут учууталларбар уонна хайыһар туризмын сөргүтүүгэ аныыбын. Баҕам хоту хайыһарынан айан, дьэ, тэрилиннэҕэ.
Хайыһарынан саҥа аартык арыллар
– Чочур Мырааҥҥа Ытык Хайа тэллэҕэр быйыл кыһын хаар дьиэни (иглу) тутаҥҥыт, элбэх киһи аҥаардас ону көрөөрү хаамар буолла. Хайдах быһыылаахтык оҥоһулларый?
– Дьоппуоннары кытта сылдьан, итинник хаар дьиэни туттар этибит. Муус Хайаҕа эдэр быыһааччылары үөрэтиигэ бара сырыттахха, олус чараас утуйар таҥастаах уолаттар бааллара. Хаар дьиэни туппуппутугар сорохтор киирбиттэрэ, сорохтор балааккаҕа хаалбыттара. Сарсыныгар бары хаар дьиэҕэ көспүттэрэ. Биллэн турар, онно ичигэс. Хоту дойду дьоно билэн, туттар буоллахтара. Бу баран кэлбит айаммытыгар хайа хапчааныгар эмиэ туттар былааннаах этибит. Олус ыарахан айан буолан, күммүт тиийбэтэ.
Хайаҕа, туундараҕа кытаанах хаар бэлэм. Ону куонус курдук быһыылаан, эрбээн, үрүт-үрдүгэр ууран, төгүрүктүҥү быһыылаах гына тутан таһаараҕын. Киһи үрдүнэн да хаамар гына кытаанах буолар. Ытык Хайа тэллэҕэр ахсынньы ыйга алтыа буолан, бэрт сылаастык хонон турбуппут. Оһоҕо да суох 0-+5 кыраадыс сылаас этэ.
– 40 сыллааҕыта, эн айаҥҥын саҥа саҕалыыргар, Сойууска, Саха сиригэр даҕаны туризм муҥутаан сайда сылдьыбыт буоллаҕына, билиҥҥи балаһыанньата хайдаҕый?
– Урут судаарыстыба, идэлээх сойуустар өйөбүллэрэ сүрдээх этэ. Айаны малынан-салынан, тырааныспарынан, үбүнэн да эргиччи өйөөһүн баара. Бөртөлүөт да элбэҕэ. Миэстэтигэр кытта илдьэн биэрэллэрэ. Туризмҥа дьон сүрдээҕин талаһара. Кэлин хаамар дьон элбээтэ. Олорго барыларыгар хайыһар кэтэрдиэхпин баҕарабын. Өрөбүл аайы сиэннэрбин кытта Чочур Мырааҥҥа хайыһардыыбыт. Соторутааҕыта Хапкаас хайаларынан сылдьан кэлбитим. Хайыһарга турдахха, айан киэбэ кэҥиир, аартык өссө арыллар.
Билигин туризм сайдар эрээри, арыый атын хайысханан баран эрэр. Онно тэрээһин, ыйыы-кэрдии наада. Успуорт туризма сайдыан, инструктордар элбиэхтэрин наада. Дьон айылҕаҕа тардыһар буолбута олус үчүгэй. Туризм көмөтүнэн доруобуйатын тупсарбыт үгүс. Айылҕаҕа киһи ыарыыны санаабат. Эмчит, турист да быһыытынан сүбэлээтэххэ, хайыһарга туруҥ, айаннааҥ, чэгиэн буолуҥ!
Оксана ЖИРКОВА.