Киир

Киир

Баартыйа 30 сыла туолуутугар

 Арассыыйа гражданнарыгар, хомуньуустарга уонна РФКП диэки санаалаахтарга 

Күндү табаарыстар! Биир санаалаахтарым уонна доҕотторум!

Саҥардыытааҕыта аҕай ССРС тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээбиппит. Бүгүн Арассыыйа хомуньуустара дьоһун даатаны көрсөллөр. Биһиги баартыйабыт төрүттэммитэ 30 сыла туолар.

1991 сыллаахха таҥнарыахсыттар саайкалара бүтүн норуот бас билиитин халыыр уонна улуу сэбиэскэй тутулу урусхаллыыр былааны ылыммыта. Онуоха ким да мэһэйдээбэтин диэн, Хомуньуус баартыйаны бобор туһунан ыйаах тахсыбыта. Биһиги тутулбут ыһыллыбыта, идэтийбит үлэһиттэрбит үлэлэриттэн ууратыллыбыттара, оттон баайы-дуолу былдьаабыттара. Былааһы ылыахсыттар оробуочай кылаас уонна үлэһит бааһынай тэрилтэтин суох гынарга хоһулайбыттара.

Хара санаалаахтар бас баттах барыылара 20-с үйэ ыар буруйун оҥорууга – ССРС-ы үлтүрүтүүгэ суол аспыта. Ол сыл ахсынньытыгар Беловежскай Пущаҕа иудалыы таҥнарыы буолбута. Таҥнарыахсыттар сирэйэ-хараҕа суох дьүһүлэммиттэрэ. Кинилэр саҥа уопсастыбаны тэрийээччилэр кэриэс хаалларбыттарын сиргэ-буорга тэпсибиттэрэ. Фашизмы кыайбыт дьоруойдары. Аҕа дойдубутун сүһүөҕэр туруоран, куосумас куйаарыгар диэри үрдүккэ таһаарбыт, дойдуну, чахчы, улуу оҥорбут дьоммутун. Үлэһит норуоту халаабыттара, сиэмэх кириминээлгэ, эстии-быстыы дьуоҕатыгар, ньүдьү-балай ньамаҕар бырахпыттара.

Ууну омурдан ылы-чып олорор кыбыстыылааҕа уонна сатаммат да этэ. Биһиги кэрэ, чахчы дьоруойдуу сиргэ төрөөбүппүтүн бэркэ өйдүүрбүт. Маннык дойдуну, ама, ким таптыа суоҕай. Күн сирин көрүөхпүтүттэн ол туһунан ийэбит сылаас, нарын көрүүтэ, аҕабыт күүстээх илиитэ уонна бастакы учууталбыт истиҥ-иһирэх тыллара бигэргэтэллэрэ. Биһиги улааппыппыт, эрдийбиппит. Аан дойдуну билбиппит. Ийэ дойдубут туһугар айыахха-тутуохха, кыргыһыахха уонна кыайыахха диэн иитиллибиппит.

Устуоруйа уруоктара сиэрдээх буоларга, кырдьык туһугар охсуһарга, куһаҕаны кытта эйэлэспэккэ үөрэппиттэрэ. Биһиги тохтуу түһэргэ, ол эрээри бэриммэккэ;  чугуйарга, ол эрээри таҥнарбакка; сүтэрэргэ, ол эрээри күүс мунньунан баран, киһилии быһыы, үлэһит норуот туустаах көлөһүнүн, тулалыыр эйгэни өссө үтүө-кэрэ, чиэһинэй, тупсаҕай оҥорор туһугар охсуһа киирэр дьоҕурдаах улааппыппыт.

Биһигини муударай учууталлар уонна олох кырдьыга бэйэтэ хомуньуус оҥорбуттара. Иннибит диэки хардыылыырбытыгар марксизмы өссө дириҥник билбиппит, бассабыыктыы кырдьык, Лениннии саргы-талаан баарын бигэтик итэҕэйбиппит. Сэбиэскэй дойдуну таҥнарыы биһиэхэ сырдыгы-кэрэни, ытык өйдөбүлү сиргэ-буорга тэпсиигэ тэҥнээҕэ.

Хомуньуустар баартыйаны боппуттарыгар эйэлэһэн хаалбатахтара, киирсибиттэрин кубулуппатахтара. Кэлэктииптэргэ үлэлээбиттэрэ. Уулуссаҕа, дьоҥҥо-сэргэҕэ тахсаллара. Хаһыат, листовка таһаараллара. Ийэ дойду дьиҥнээх ботуруйуоттара бэтэрээннэри, ыччаты кытта күүскэ үлэлээбиттэрэ. Таҥнарыахсыттар сиэрдээх буолуу идиэйэтин үлтү охсор хара санаалара туолбатаҕа.

Биһиги бигэ эрэллээхпит: Устуоруйа суута кытаанах уонна сиэрдээх буолуоҕа, баартыйабыт айаннаабыт суолун, Ийэ дойдубут дьылҕатыгар оруолун, үлэһиттэри көмүскүүрүн, норуоту харыстыырын үрдүктүк сыаналыаҕа.

Ельцин айбардыыр кэмигэр хомуньуустар кыһыл былаах аннынан идийээллэрин туруулаһалларын көмүскээн киирсибиппит. Конституционнай суукка идеологиябытын, норуот үтүө сыаннаһын араас бобууттан-хааччахтан, сойуолаһыыттан көмүскээбиппит. Мөлүйүөнүнэн хомуньууһу сойуолуулларын, кырдьыктааҕы этэллэрин иһин хаайыыга олохтуулларын тохтоппуппут. Биһиги үлэһиттэр бэлитиичэскэй, социальнай-экэнэмиичэскэй бырааптарын көмүскүүллэригэр, биир дойдулаахтарын өйдөрүн-санааларын холбуулларыгар чиҥ акылааты уурбуппут.

Сирэйэ-хараҕа суох таҥнарыы кэнниттэн унньуктаах уһун суукка киирсэн баартыйабытын чөлүгэр түһэрбиппит. Дойду үрдүнэн үлэ күөстүү оргуйбута. 1992 сыл олунньу 13-14 күннэригэр чөлүгэр түһэрэр, олохтуур сийиэс буолбута. Сийиэс дэлэгээттэрэ көхтөөхтүк биллэрбиттэрэ: Арассыыйа Федерациятын Хомуньуус баартыйата охсуһууга киирсэр!

Тэрилтэбитин төрүттээн, норуокка тирэҕирэн, баартыйабытын бэлиитикэ эйгэтиттэн тэйитэллэрин тохтоппуппут. Сэбиэскэй кэннинээҕи эйгэҕэ модун күүстээх оҥорбуппут. Хомуньуус баартыйалар сойуустарын тэрийбиппит. Планета инники хардыылыыр бары күүстэрин кытта сибээспитин бөҕөргөппүппүт.

РФКП былаас иһин киирсиигэ, гражданнар дьоһун олохторун туһугар охсуһууга чопчу соруктары туруорбута. Саҕаҕы кэтээн көрөн, хапыталыыһым кириисиһэ сытыырхайан иһэрин ырытарбыт, дойдубутугар аны туох суоһуурун сыаналыырбыт, кыахпытын тургутан көрөрбүт уонна охсуһууга киирэрбит.

Биһиги диэки санаалаахтары дойдубут хаттаан тиллэр, сайдар бырагырааматынан хааччыйбыппыт. Орёллааҕы экэнэмиичэскэй пуорумҥа учуонайдар уонна быраактыктар өйөбүллэрин ылбыппыт. Олигархтары үүннүүргэ-тэһииннииргэ, айылҕа баайын норуокка биэрэргэ модьуйбуппут. Гражданнарга дьоһун суолталаах сабыытыйаларга кырдьыктаах сыанабылы тириэрдибиппит. Ельциҥҥэ импичмент биллэрэри көҕүлээбиппит. Дойду, норуот иннигэр кимнээх буруйдаахтарын чопчулаан ааттаабыппыт. Гражданнар бырааптарын, чиэһинэй быыбардар, норуот былааһа өрөгөйдүүрүн туһугар уулуссаҕа тахсан киирсибиппит.

Үлэлээн иитиллээччилэр алдьатыылаах реформалары кытары охсуһууларыгар, оробуочайдар уонна бааһынайдар, бэтэрээннэр уонна ыччаттар олохторо айгыраабытын бохсор хамсааһыннарыгар хомуньуустар бу 30 сыл устата инники кэккэҕэ испиттэрэ. Биһиги “льготаны монетизациялааһыны”, сыана үрдээһинин уонна араас хомууру-тардыыны, халабырдаах “биэнсийэ реформатын” утары охсуспуппут. Арассыыйа Наукаҕа акадьыамыйатын көмүскээбиппит. Ийэ дойду көмүскээччилэрин күөмчүлүүллэрин, аармыйаны садаҕалыылларын утаран бырачыастаабыппыт. Хомсомуол уонна пионер тэрилтэлэрин сөргүтүүгэ дьаныардаахтык охсуспуппут.

Киэҥ далааһыннаах айар-тутар уопуппут бэлитиичэскэй уонна салайар үлэбитин байыппыта, күүһүрдүбүтэ. Примаков-Маслюков-Геращенко левоцентристыы бырабыыталыстыбалара дойдуну дефолт кэнниттэн быыһаабыта. Бырагыраамалаах хамсааһыннарбыт кэскиллээхтэрин көрдөрбүтэ. Новосибирскайга, Иркутскай, Орловскай, Ульяновскай уобаластарга, Хакасия Өрөспүүбүлүкэтигэр хомуньуустар салайбыт уопуттара – норуот итэҕэлин ылар Бырабыыталыстыба үөскүүрүгэр бөҕө акылаат.

Бу сыллар усталарыгар кэлэктиибинэй предприятиелары өйүүбүт, харыстыыбыт, кинилэр бастыҥ уопуттарын тарҕатабыт. Норуот предприятиелара чиэһинэй, көдьүүстээх үлэ уонна олох-дьаһах тупсуутун бастыҥ холобура буолаллар. Кинилэр ситиһиилэрэ – тэрийээччилэр талааннара саҥа технологиялары кытта алтыһыылара, үлэһиттэригэр уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр кыһамньылаах бигэ дьиссипилиинэ.

РФКП – Арассыыйаҕа куттал суоһаабатын, сүбэрэнитиэтин халбаҥнаабат көмүскээччитэ. Олигархтыы судаарыстыба аппараатын кытта киирсиигэ Арассыыйаны бүтэһиктээхтик атыылыыры көҥүллээбэтэхпит. Дьаныардаах охсуһуубут аракыата-куосумас, авиация комплекстарын харыстыырга көмөлөспүтэ. Биһиги Ульяновскай таһыгар НАТО базата тэриллэрин уонна Арзамас таһыгар эмиэрикэлэри кытта байыаннай үөрэх ыытылларын тохтоппуппут. Доҕотторбутун көмүскүүргэ, Украинаҕа уонна Белоруссияҕа, Кавказка уонна Кырыымҥа, Донецкайга уонна Луганскайга историческай сиэрдээх буолууга бигэтик туруммуппут. Новороссия нэһилиэнньэтигэр көмө быһыытынан сүүстэн тахса гуманитарнай конвойу ыыппыппыт.

Бу сыллар усталарыгар РФКП дойдубут оскуолаларын үтүө үгэстэрин быыһыырга, улуу култуурабытын харыстыырга охсуһан кэллэ. Билигин агрессивнай антисоветчиктар, нууччалары абааһы көрөөччүлэр, халы-мааргы омугумсуктар уонна төрүт омуктарын ытыктаабат киһийдэхтэр суолларын бүөлүү турабыт. Ботуруйуот уонна интернационалист биһиэхэ бигэ биир өйдөбүллээх.

Улахан суолу аастыбыт – хотторуулаах уонна кыайыылаах, сүтэриилээх уонна эрэл кыымнаах. Сороҕор ким эрэ күһэлэҥи-сантааһы уонна ымсыыны-оботу, импэрмээссийэ киллердэрин, полиция бас баттах барыытын уонна суукка сойуолаһыыны тулуйбатаҕа. Ол эрээри баартыйа инники хардыылаан испитэ, кылаассабай охсуһууга буспута-хаппыта, уопутурбута. РФКП саҥа көлүөнэ хомуньуустары кэккэтигэр киллэрбитэ, ииппитэ-такайбыта, саамай эппиэттээх үлэҕэ, пуоска туралларын итэҕэйбитэ.

Иннибитигэр – улахан сорук, кытаанах тургутуу уонна киэҥ саҕах. Ыһыктыныахпыт суоҕа, охсуһууттан дьулайыахпыт суоҕа. Доҕотторбутун, биир санаалаахтарбытын кытта үтүө санаа державата, сиэрдээх уонна сайдыылаах сэбиэскэй Ийэ дойдубут туһугар улуу кыргыһыыбытын салгыы ыытыахпыт.

Буомнаах суолбутунан өһөспүтүгэр тэптэрэн да, урукку кэмнэри ахтан-санаан да айанныыр буолбатахпыт. Дьыалабыт кырдьыктааҕын итэҕэйэбит.

Унньуктаах уһун уонна эрэйдээх суолу түмүктээн, киһи аймах дьолго-соргуга тиийэр аналлаах.

Хапытаал баламат күүһэ үйэ-саас тухары бас-көс буолаары хабыр хапсыһыыга бэлэмнэнэрин бэркэ билэбит. Ону кытта төрүт сөбүлэспэппит.

Биһиги, хомуньуустар, бигэргэтэн этэбит:  сабарай концлааҕыр тэрийэр былаанын үлтүрүтэр биир эрэ ньыма баар. Ол туһугар социализм кыайарын ситиһиэх тустаахпыт!

Ол туһугар салгыы кимиилээхтик охсуһуохпут!

Биһиги сыалбыт-сорукпут – үлэһит норуот эрэйин уонна баҕатын, кини дьулуһуутун уонна эрэлин, кини дьулуурун уонна дьоллоох-соргулаах олоххо бырааптааҕын көрдөрүү.

Ол туһугар Кыайыы Кыһыл Знамятын – Кырдьык уонна Сиэрдээх буолуу Знамятын күөрэччи тутан хардыылыырбытын салгыахпыт!

Күндү табаарыстар! Биир баартыйалаахтарбыт! Биир санаалаахтарбыт!

Биһиги ытык охсуһуубут салҕанар! Баартыйабыт тэриллибитэ 30 сыла туолбут күннэригэр, биһиги, хомуньуустар, бигэтик этэбит: баттабыл-тууйуллуу сыабын быһа охсор, үлэһиттэр былаастарын уонна норуоттар доҕордоһууларын идийээлин олохтуур инниттэн туох кыалларын барытын оҥоруохпут!

 Социализм кыайыаҕа!

Геннадий ГУРЬЕВ тылбааһа.