Херсон уобалаһыгар Геническэй куоракка Георгий Борисович Борисов диэн манна былырыыҥҥыттан кэлэн, дьаһалтаҕа сөбүлэтэн, биллэр-көстөр буолан, сахалары ааттата сылдьар эдэр биир дойдулаахпытын көрсөн соһуйдум. Иҥэн-тоҥон былырыын саҥа босхоломмут сиргэ саха баара буолуо диэн өйгө да суоҕа.
Георгий Борисович бэйэтэ урбаанынан дьарыктана сылдьыбыт. Байыаннай эпэрээссийэ кэмигэр биир дэриэбинэттэн сылдьар, өссө оскуола инниттэн табаарыһа, эмиэ урбаанньыт Афанасий Иванович Шадринныын “бэйэбит сэриилэрбитигэр көмөлөһүөхтээхпит” диэн тэринэн, саллааттарга араас наадалааҕы хомуйан, байыаннай чаастарга көмөлөһөн барбыттар. Ол сылдьан, официальнай буоллун диэн, Москубаҕа табаарыстарыныын, байыаннайдары кытта сибээстэһэн, “Кыраныыссата суох бойобуой бырааттаһыы” пуондатын иһинэн “Дальневосточнай гарнизон” диэн кэмиэрчэскэйэ суох автономнай тэрилтэ тэрийбиттэр, салайааччынан Г.Борисов буолбут. А.И. Шадрин – үөһэ ааттаммыт пуонда бэрэсидьиэнин сүбэһитэ. Уолаттар тиийбит таһымнарын киһи сөҕөр эрэ. Пуонда иһинэн “альфалары” кытта сибээстээх “Спецназка көмө” диэн бырайыакка үлэлээн барбыттар. Георгий онно өссө салайар сэбиэт чилиэнэ эбит. Спецназтары кытта үлэлэһэрин истэн, аармыйаҕа ханна сулууспалаабытын, манна, саха киһитэ үөйбэтэх-ахтыбатах сиригэр хайдах кэлэн хаалбытын ыйытабын:
– Бэйэм аармыйаҕа сулууспалаабатаҕым. Полицияҕа да үлэлээбэтэҕим. Гуманитарнай көмө оҥоруутунан мобилизацияламмыт уолаттарбытыгар көмөлөһүөххэ диэн, бэйэбит баҕабытынан саҕалаабыппыт. Херсон уобалаһыгар бастаан, алтынньыга спецназка гуманитарнай көмө аҕалбытым. Дьиҥинэн, манна үс күн буолуохтаах этим. Дьону кытта билсэн, Херсон уобалаһын гражданскай дьаһалтата “салгыы үлэлиэххэ” диэн көрдөһөн, хаалан хаалбытым. Билигин Херсон уобалаһа уонна Саха сирэ бииргэ үлэлэһиэхпитин наада. Бу диэки мобилизацияламмыт сахалар бааллар, көмө аҕалыытыгар тирэх пуун тэрийэр буоллар, уолаттарбытын хааччыйыы тупсуо этэ дии саныыбыт, – диэн кэпсээнин саҕалаата.
– Оччоҕо уобалас дьаһалтатыттан хайдах эйигин, хаһан да көрбөтөх киһилэрин, бииргэ үлэлииргэ ыҥырбыттарай?
– Сахалар, биһиги, “хаһан да биһигини ылыҥ” диэн, ким да аанын тоҥсуйа сылдьыбат майгылаахпыт. “Саха уола соҕотоҕун кэлэн инники кирбиигэ сылдьар байыаннайдарга көмө оҥоруутугар үлэлиир” диэн, дьаһалтаттан бэйэлэрэ кэлэн билсибиттэрэ. Билигин да мин дьаһалта үлэһитэ, байыаннай да буолбатахпын. Волонтёрбун. Дойдубар бара-кэлэ сылдьабын. Саха сириттэн биһиэхэ көмөлөһөр дьон элбэх. Сорохторун ааттыахпын сөп. “Планета-электро” салайааччыта И.Е. Петрова, “Алькор” ХЭТ дириэктэрэ А.Б. Борисов, “Диагност” ХЭТ дириэктэрэ М.А. Кожевников, ИП-лар А.Н. Гоголев, С.П. Уаров, “Стройинжиниринг” ХЭТ дириэктэрэ А.А. Поскачин, “Спецназка көмө” салайааччыта Ю.В. Аносенко көмөлөрүн иһин махтанабыт, – диэн кэпсээнин түмүктүүр.
Саха уолаттара бииргэ үлэлэһэр “Кыраныыссата суох бойобуой бырааттаһыы” пуондатыттан, атын да көмө ыытар тэрилтэлэртэн манна араас таһаҕас кэлэ турар. Георгий Борисович барытын бэйэтэ чаастарга тиийэн тарҕатар.
Кэргэннээх, биэс оҕолоох. Дьоно Москубаҕа бааллар, үс оҕото – устудьуон, иккитэ оскуолаҕа үөрэнэллэр.
Саха сирэ Херсон уобалаһын кытта сибээһин кэҥэтэр, инники кирбиигэ сылдьар дьоммутугар тирэх пуун арыйар буоллаҕына, биһиги сэриилэрбитигэр баҕа өттүнэн үлэлээн, эрэллээҕин дакаастаабыт киһини бэрэстэбиитэл оҥостуохха сөп эбит дии санаатым. Инньэ диэн туран, ыраах Херсон уобалаһыгар Георгий Борисович Борисовка сахалар үтүө ааттарын ааттата сылдьар махталлаах үлэтэ өссө ситиһиилээх буоларыгар баҕарыаҕыҥ.
Владимир СТЕПАНОВ.