Киир

Киир

Украина сиригэр-уотугар анал байыаннай дьайыы салҕанан бара турар. Дьокуускайга кииннэнэн тэриллибит “Саха сирэ эйигин кытта” диэн Саха сириттэн байыаннай дьайыыга ыҥырыллыбыттарга көмөлөһөр уопсастыбаннай хамсааһын үлэлээбитэ төгүрүк биир сылын туолара чугаһаата. Кинилэр Дьокуускай куорат киинигэр, Орджоникидзе уулуссатын 10 нүөмэрдээх дьиэтигэр олохсуйан үлэлииллэр эбит.

Мин күнүс кинилэри көрсө тиийэрбэр, иккис этээскэ баар улахан көҥкөлөй саалаҕа уонтан тахса киһи тугу эрэ иистэнэ, кырыйа, быһа-ото сылдьаллара. Быһата, үлэ күөстүү оргуйар сирэ эбит. Муннуктарга “Якутия с тобой” диэн суруктаах дьааһыктар, хааһахтар бөҕө сааһыланан, өрөһөлөнөн тураллар.

Тэрилтэ үлэтин-хамнаһын туһунан хамсааһын салайааччыта Айыл Дьулурҕа маннык сырдатта:

Айыл Дьулурха

–2021 сылга Сахабыт сиригэр ойуур баһаара бөҕө буолбутун өйдүүргүт буолуо. Онно биһиги уопсастыбаннай хамсааһын тэрийэн, улуустары кэрийэ сылдьан ойуур уотун утары охсуһууга уопсастыбаннаһы кытта күүһү түмэн үлэлээбиппит, элбэхтик кэлбиппит-барбыппыт. Ол сибээстэрбит бары баар буоллахтара дии...

2022 сылга Анал байыаннай дьайыы саҕаламмыта. Быстах мобилизация буолбутугар, хааччыллыы боппуруостарыгар урукку өттүгэр киһи үөйэн-ахтан билбэтэх араас кэккэ уустуктара үөскээбиттэрин туһунан элбэхтик суруйан-сырдатан барбыттара. Онуоха ол баһаары утары охсуһууга кыттыбыт волонтер-актыбыыстар тута айманан, сибээстэһэн, дьону туруоран, бу үлэҕэ кыттыһарга быһаарыммыппыт. Атын туох да сыала-соруга суох, хомуурга ыҥырыллан барбыт оҕолорбут олохторун эрэ чэпчэтэр, кинилэр этэҥҥэ төннөн кэлэллэригэр тирэх буолар эрэ туһугар. Тэрээһин боппуруостарыгар бастакы күнтэн саҕалаан Ирина Саввина, Ольга Григорьева, Гульнара Алексеева, Айгылаан Васильев, Владислав Коротов, билигин миэхэ солбуйаааччы буолан сылдьар Анна Ефимова, “саллааттар ийэлэрэ” Мария Емельянова уо.д.а. сылдьыспыттара.

Бу хонтуорабытыгар бастакы остуолбутун былырыын балаҕан ыйын 26 күнүгэр туруорбуппут. Таҥас-сап, туттар мал-сал, ас-үөл, эмп-томп хомуйан барбыппыт. Ону тута мобилизацияланан Хабаровскайга, Владивостокка, Читаҕа, Уссурийскайга уо.д.а. түмүллэн сытар биир дойдулаахтарбытыгар ыыталаабыппыт. Бастакы бөлөххө тиийэн баран тута байыаннай дьайыы буола турар сиригэр барбыт уолаттарбыт ол көмөбүтүгэр хабыллыбакка хаалбыттара, олор сорохторо билиҥҥэ диэри биһигиттэн тугу да туппакка сылдьаллар. Инники кирбиигэ сылдьар байыастарга кими да киллэрбэттэр, кинилэри да онтон таһаарбаттар. Оттон байыаннай үөрэххэ уһуннук хабыллан хаалбыт уолаттарбыт ол көмөнү туппуттара.

Бастакы күннэргэ, сүрүннээн, “бу наада буолара буолуо” диэн быһа холоон үлэлээбит буоллахпытына, кэлин байыаннай дьайыыга сылдьар уонна онтон төннөн кэлбит, уоппускаҕа кэлбит, бааһырбыт уолаттары кытта быһаччы кэпсэтэн, чопчу уонна быһаччы туох наадатын үөрэтэн үлэлиибит. Холобур, эмп-томп, аптечка тигэбит, хааны бохсор жгут, маскировкаланар сиэккэ, окуопаҕа туттуллар чүмэчи, ардахтан хаххаланар таҥас, утуйар мөһөөччүк, үрүсээк, атахтарыгар бааһыран байыаннай госпиталларга сытар байыастарга уу өппөт истээх куллукалара, тобук-тоҕонох хаххата... Чэ ону барытын ааҕан сиппэккин. Анаан этэбин, эминэн-томунан биһиги быһаччы хааччыйар буолбатахпыт. Биһиги оннук боломуочуйабыт суох. Чахчы, ол ким эрэ дьиэтиттэн аҕалбыт дуу, хантан эрэ булбут дуу эмэ-томо үчүгэй хаачыстыбалааҕын, туһалааҕын дуу, буортулааҕын дуу ким да мэктиэлиир кыаҕа суох буоллаҕа. Онон эми-тому быһаччы онон дьарыктанар эмтиэкэлэртэн эрэ ылыллар.

IMG 1148

Анаан бэлиэтээтэххэ, хомуур бастаан саҕаланарын утаа судаарыстыба өттүттэн хааччыйыыга кэккэ кыһалҕалар баар эбит буоллахтарына, билигин ол сааһыланна, балаһыанньа биллэ тубуста.

“Ол хомуйбут, бэлэмнээбит малгыт төһө сиэрдээхтик тарҕатылларый, туһааннаах дьонугар тиийэр дуо?” – диэҥҥэ... Өрөспүүбүлүкэбит салалтата бу боппуруоска олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар. Ол түмүгэр, “Якутия” авиа-хампаанньа хомуллубут малы барытын аадырыһыгар босхо тиэрдэр. Хабаровскай, Улан-Удэ, Екатеринбург, Санкт-Петербург, Москуба Внуковота уо.д.а. аэропортар айаннаан иһэр таһаҕастан туох да хомууру-түһээни ылбаттар. Биһиги барыта холбоон 70-тан тахса туонна таһаҕаһы ыыттахпыт буолуо. Онтуҥ бэйэтэ хайа саҕа улахан кээмэйдээх таҥас-сап. Ол иһигэр “буржуйка” оһохтор кытта бааллара... Ол барбыт табаар Ростовка, Донецкайга, Кировскайга, Новоазовскайга уо.д.а. куораттарга баар өрөспүүбүлүкэбит бэрэстэбиитэлистибэлэригэр тиийэр. Онно үлэлиир СӨ министиэристибэлэрин уонна биэдэмистибэлэрин тирэх пууннара сонно миэстэтиттэн сайаапка хомуйан кэлбит таһаҕаһы тыыраллар, тиэрдэллэр. Онон биһиги ыытар таһаҕаспыт мээнэ бүдүмүккэ, ханна тиийэрэ-тиийбэтэ биллибэт аадырыска барбат. Бэйэбит уолаттарбытыгар чопчу тиийэр уонна туһалыыр. Бу туһугар өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана, бырабыыталыстыбата бары быһаччы эппиэтинэһи ылынан үлэлииллэр. Маны Сүрүннүүр биир кэлим Киини Андрей Федотов салайар. Ону таһынан, байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытын хааччыйар оперативнай штаб үлэлиир, Дмитрий Садовников салайааччылаах. Байыастарбытын ол таҥаһынан-сабынан эрэ буолбакка, тепловизор, квадрокоптер, квадроцикл, түүнүн көрөр прибор уо.д.а. курдук уустук тиэхиньикэнэн хааччыйыы эмиэ ыытыллар.

“Судаарыстыба ол тоҕо бэйэтэ мобилизациялаабыт дьонун аһынан-таҥаһынан, тиэхиньикэнэн хааччыйбатый, тоҕо ону бар дьон бэйэтин суотугар хомуйуохтааҕый?” – диэн ыйытыы туруон сөп. Үүт-үкчү ити курдук ыйытык төбөбөр икки сыллааҕыта баһаардары утары волонтердуу сырыттахпына, көтөн түспүтэ. “Тоҕо дьон бэйэтин тиэхиньикэтинэн, бэйэтин күүһүн-күдэҕин, бириэмэтин сиэртибэлээн туран баһаары утары охсуһуохтааҕый? Судаарыстыба тугу гынарый?” – диэн...  Ол кэннэ бигэтик өйдөөбүтүм. Олох – уустук, сарсыҥҥыны ким да тымтыктанан көрбөт. Улахан кураан туран Киин Саха сирэ барыта уокка умайар кутталланарын, байыаннай дьайыы ити курдук далааһына кэҥээн уһаан-тэнийэн барарын ханнык да судаарыстыба эрдэттэн билэн былаанныыр, суоттанар кыаҕа суох. Биһиги бу маннык уопсай куттал, ыксаллаах быһыы-майгы ыган кэлэр түгэнигэр бары турунан, ол кыһалҕаны үмүрүтэр, суох оҥорор туһугар үлэлиэхтээхпит. “Барыбыт уопсай интэриэспит туһугар” диэн. Онтон, кэмэ кэллэҕинэ, ол боппуруоска туһааннаах дьон бэйэлэрэ хоруйдуохтара. Холобур, кыһалҕаны туоратыһарга быһаччы кыттыспыт дьон быһыытынан биһиги ону ыйытар моральнай да бырааптаах буолуохпут.

Миигин байыаннай дьайыы буола турар сиригэр хаста бара сылдьыбыппын ыйытааччылар. Суох, мин онно барбатаҕым. Биирдэ массыына уларсан Владивостокка хомуурга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар таһаҕас тиэрдэ эрэ сылдьыбытым. Мин соҕуруунан-хотунан айанныыр, аһыыр, хонор-өрүүр харчыбынан ол кэриэтин байыастарга анаан үчүгэй эмп-томп атыылаһыам. Тоҕо диэтэххэ, мантан хомуллубут мал-сал аадырыһыгар сиэрдээхтик тиэрдиллэригэр кыратык да саарбахтаабаппын.

Көрөрүҥ курдук, биһиги маннык үлэлии олоробут. Сорох ардыгар матырыйаалбыт бүтэн, туохпут да суох буолан хаалар. Дьонтон син биир көмө наада. Бу билигин үрүсээктэри, утуйар мөһөөччүктэри, хаххаланар сиэккэлэри (массетка) уо.д.а. тигэбит.  Субу соторутааҕыта быысыпкалыыр массыыҥка атыыластыбыт, онон сахалыы харысхал бэлиэлээх шевроннары тигэн барыахпыт. Ол уустук быһыыга-майгыга сылдьар байыастарга улахан духуобунай тирэх, өйөбүл буолара өйдөнөр. Бу манна кэлэн үлэлии сылдьар доҕотторум – туох да хамнаһа суох сүрэхтэрин баҕатынан көмөлөһөр хоһуун дьон. Бу олорор-үлэлиир дьиэбит эрэ иһин куортам төлөөбөппүт. Маны өрөспүүбүлүкэбит салалтата биэрбитэ. Мунньан-тараан аахтахха, тэриллэн үлэлиэхпититтэн ыла манна 1066 киһи кэлэн үлэлээн ааспыта, үлэлии сылдьар. Малы-салы аҕалар, көмөлөһөр дьону ааҕа да барыллыбат. Холобур, бу Дарья Яковлева диэн 30-ча сыл устата “Сардаана” фабрикаҕа үлэлээбит далбар хотун бастакы күммүтүтүттэн саҕалаан иистэнэр сыахпытын салайан үлэлэтэр.

Бу манна эбиэппитин бэйэбит буһарынабыт. Кыһынтан сааска диэри хас да ый устата “Махтал”, “Трапеза” кафелар босхо аһата сылдьыбыттара, “Алгыстаах ас” диэн тэрилтэ икки нэдиэлэ устата босхо аһынан хааччыйбыта. Ол үтүө санаалаах тэрилтэлэргэ улахан махтал!

Эппитим курдук, Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кытта биһиги эмиэ элбэхтик алтыһабыт. Элбэҕи кэпсииллэр даҕаны. Холобур, туох эмэ омсолоох быһыы туһунан сигнал киирдэ да, биһиги өрөспүүбүлүкэбит салалтатын туһааннаах дьонугар ону тута тиэрдэбит. Сахабыт сирин салалтата РФ Сэбилэниилээх күүстэрин салалтатын кытта үтүө оробуочай сыһыаны тутуһан үлэлиир буолан, онно дьаһаллар уталыппакка ылыллаллар. Холобур, тус бэйэм ону анаан үөрэппэтэҕим эрээри, биһиги өрөспүүбүлүкэбит салалтата байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарыгар РФ атын үгүс эрэгийиэннэринээҕэр үгүһү көмөлөһөрүн, ураты кыһамньылаах сыһыанын туһунан элбэҕи истэбин...

IMG 1153

Чэ, ити курдук...

Мин бүтэн тахсарым саҕана волонтердар бары улахан остуол тулэ түмсэн эбиэттии хаалбыттара. Аһыахтарын иннинэ бука бары Анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастар уонна кинилэргэ көмөлөһөр дьон бары этэҥҥэ доруобай сылдьалларын, туохтара барыта сатанарын-табылларын, ыра-баҕа санаалара туоларын, мэлдьи кыайыы-хотуу эрэ көтөллөнөрүн туһугар ким тугу итэҕэйэринэн: нууччалар – христианныы итэҕэлинэн, сахалар – сахалыы сиэринэн – атахтарыгар туран алгыыллар эбит. Дьонум алгыы хааллылар.

Бэй. кэр.