Киир

Киир

Үөһээ Бүлүүтээҕи көрдүүр-быыһыыр сулууспа этэрээтин начаалынньыга, СӨ быыһыыр сулууспатын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, анал байыаннай дьайыы бэтэрээнэ, Үөһээ Бүлүү 2023 сыл “Сыл бастыҥ патриота” аат кыайыылааҕа, “Хара бэриэт” хаһаайына Михаил Ан – эрэдээксийэбит ыалдьыта. Кинини кытта Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүгэр сөп түбэһиннэрэн кэпсэттибит.

Бастакы хомуурга тылланан...

– Михаил Васильевич, эн анал дьайыы бастакы күннэрэ саҕаланаатын кытта, баҕа өттүгүнэн барбыт байыастартан биирдэстэрэ буолаҕын.

– 2022 сыл балаҕан ыйын 21 күнүгэр Анал байыаннай дьайыыга хомуур саҕаламмытын истэн бараммын, кэргэммин кытары налыччы кэпсэппиппит. Ол да иннинэ эрдэттэн бу тиэмэни таарыйан “туох эмэ буолар түбэлтэтигэр бастакынан барарым буолуо” диэн кэпсэтэрбит. Дьиҥэ, бу иннинэ Бүлүү военкома С.Н. Харлампьевтыын кэпсэтэммин, Хабаровскайга офицер кууруһугар үөрэнэ бараары бэлэмнэнэ сылдьыбытым. Эрдэттэн сайаапка түһэрбитим. Ол эрээри ону тохтотон кэбиспиттэрэ.

“Оҕолору, ыччаты патриоттуу иитиигэ, байыаннай дьыалаҕа бэлэмнээбит уонна бэлэмнии сылдьар киһи буолан, бастакынан мобилизация лииһин тутан барыахтаахпын” диэн санаалааҕым. Бэйэбин бэлэммин диэн билинэбин. Аармыйаҕа Муоратааҕы байыаннай флот пехотатын батальонун сулууспатыгар рота старшинатынан сулууспалаабытым. Онно сылдьан билбитим, үөрэммитим элбэҕэ. Икки сыл сулууспалаан, 2000 сыллаахха кэлбитим.

Аармыйа кэнниттэн 2005 сыллаахха Харбалаах орто оскуолатыгар дириэктэрдии сылдьан, оҕолорго хонуу байыаннай хомууругар уопуппун тарҕатан дьарыктаабытым. Бастакы сылбар – взвод хамандыыра, иккис сылбар – рота хамандыыра, онтон хомуур начаалынньыга буола сылдьыбытым. Манна даҕатан эттэххэ, Үөһээ Бүлүүгэ буолар кыайыы парааттарын, улахан “Снежный барс” күрэхтэри салайан ыыппытым ыраатта.

– Инньэ гынан...

– Онон байыаннай дьайыы саҕаламмытыгар тута барарга быһаарынан, мобилизация бастакы хомууругар түбэһэн, балаҕан ыйын 23 күнүгэр барбытым. Мин кэннибиттэн 3 хонон баран, улахан уолум Джон Дьокуускайтан барбыта. Уолбун кытта атын-атын хайысхаҕа сылдьыбыппыт. Биһиги – соҕуруу Донецкай уонна Запорожье быһа охсуһуутугар, кинилэр Запорожье өттүгэр сыппыттара. Тиийбиппит 1 ый кэнниттэн, алтынньы 24 күнүгэр, Ростовка көппүппүт. Онтон тута Мариупольга илдьибиттэрэ. Ол кэнниттэн Азов муоратын аттыгар баар Юрьевка лааҕырга олохтообуттара. Онно тиийэн эмиэ байыаннай бэлэмнэниини ааспыппыт.  

– Хомуурга ханна тиийдиҥ?

– Уссурийскай куорат Сергеевкатыгар 394-с пуолкаҕа, 25573 нүөмэрдээх байыаннай чааска, байыаннай бэлэмниини ааспыппыт. Сахалартан кылаабынай старшина сыбаанньалаах мин этим. Уолаттарым “бэйэбит взвод тэринэн сылдьыаҕыҥ” диэн көрдөспүт-тэригэр батальон хамандыырыгар тиийэн: “Миэхэ взводта биэриҥ, бэйэм хамаанда тэриниэм”, – диэбиппэр, сөбүлэспиттэрэ. Онон үксэ Үөһээ Бүлүү уолаттарыттан састааптаах взвод тэриммитим. Уолаттарбын сааны-саадаҕы, сэрии сэбин хайдах туттарга, бастакы көмөнү хайдах оҥорорго бэлэмнээбитим. Быыһыыр сулууспаҕа үлэлээбит буолан, элбэҕи билэрим. Маны таһынан анал мэдиссиинэ идэлээх дьон кэлэн эмиэ үөрэппиттэрэ. 

Дойдубут салалтатын көмөтө сүҥкэн

– Бастакы кэм уустук буолуо, бука.

– Аан бастаан тиийбиппитигэр ыарахан түгэннэр бааллара. Тепловизор, “ночник” курдуктар суохтара. Украинаҕа киэһэ 4 аҥаар –5 чаастан хараҥаран хаалар. Туох даҕаны көстүбэт, хайа баҕарар диверсант этэрээтэ кэлэн, кырган барыан сөбө. Ол кэмнэргэ улууһум баһылыга В.С. Поскачиҥҥа сибээскэ тахсан көрдөспүппэр, Үөһээ Бүлүү уолаттарыттан хомуллубут бэйэм салайан илдьэ сылдьар взводпар анаан тепловизор, ночник, бинокль, рация, о.д.а. ыыппыттара. Онон харысхаллаах курдук буолбуппут. Ону Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгин баһылыга М.Ф. Силигиянов байыаннай дьайыы буола турар сириттэн аҕыйах килэмиэтирдээх сиргэ аҕалан биэрбитэ. Кэлин бааһырбыт дьоммутун кыргыһыы хонуутуттан таһаарарбытыгар “массыына наада” диэн көрдөспүппэр түргэнник быһааран, Москубаттан Пикап-патриот УАЗ массыынаны мин взводпар сылдьыбыт Борис Миронов убайа сүүрдэн аҕалан туттарбыта.  Сыл аҥаарын устата уолаттарбын кытта араас кимэн киириигэ, көмүскэнэр кирбиигэ сылдьыбыппыт.  

– Ол взводкар Саха сирин атын улуустарыттан эмиэ бааллар этэ дуу? 

– Взводпутугар 28 буолан сылдьыбыппыт. Үөһээ Бүлүүттэн 12 этибит. Маны тэҥэ Усуйаанаттан, Чокуурдаахтан, Кэбээйиттэн, Уус Алдантан эмиэ бааллара. Хамандыырбыт 54 саастаах Чита киһитэ этэ. Кинини убаастаан, “Саныч” диэн ааттыырбыт. Күн бүгүҥҥэ диэри уоппуската суох сылдьар.

– Биир дойдулаахтаргын ылан илдьэ сылдьар эппиэтинэс буолуо, бука.

– Биллэн турар, кытаанах эппиэтинэс. Кыргыһыы хонуутугар киирэн этэҥҥэ тахсыаҥ эрэ, суох эрэ – биллибэт буоллаҕа. Онон ыарахан этэ. Биһиги, сахалар, бултуур-алтыыр, айылҕаҕа чугас буоламмыт, “полевой” усулуобуйаҕа үөрүйэхпит, саанан сатаан ытабыт. Араас бэлиэни (ориентир) түргэнник толкуйдуур, ылынар буоламмыт, манна эмиэ уратылаахпыт. Атын омуктар да хаалсыбаттар, хорсуннар, инники кирбиигэ харса суох киирэллэр-тахсаллар. Аҕыйах миэтэрэттэн өстөөҕү сууһараллар, землянканы, билиндээһи дьиэ курдук оҥороллор, сатабыллаахтар. Үксүлэрэ – Уһук Илин, Сибиир нууччалара. Бары биир Арассыыйа дьоно буоллахпыт. Бүтүн батальон дьоно кыһалҕаны көрсөн, бииргэ сомоҕолоһон сылдьарбыт. Уу да суох кэмнэрэ бааллара, сууммакка да сылдьарбыт. Онон уолаттарбын барыларын истиҥник, иһирэхтик ахта саныыбын.

– Саха сириттэн гуманитарнай көмө бөҕөтө тиийэр быһыылаах дии.

– Уссурийскайга Сергеевкаҕа полигоҥҥа сылдьар кэммитигэр Владивостоктан бэрэстэбиитэлистибэҕэ үлэлиир Валера диэн ааттаах уол баара. Инники кирбииттэн кэлэн, Мариупольга БЖДН Госкомитет бэрэссэдээтэлэ Д.Н. Лепчиковы кытта көрсүбүтүм. “Дружбатыттан” саҕалаан, квадрокоптер, тепловизор, “ночнигар” тиийэ гуманитарнай көмөнү аҕалбыта. Маны тэҥэ хаххаланар сиэккэ аҕалбыта сүрдээҕин туһалаабыта.

Арассыыйатааҕы муора пехотатын девиһэ “Где мы, там – Победа!”

– Михаил, аармыйаҕа ханна сылдьыбыккыный?

– 1998–2000 сылларга Владивостокка 55-с дивизия 165-с пуолкатын муора пехотатын десантнай-штурмовой батальонугар сулууспалаабытым. Билигин муора пехотатын 155-с биригээдэтэ диэн ааттанар. 

Эһээ Ньыыкан: “Уолаттар, сэрэниҥ, этэҥҥэ сылдьыҥ. Ол эрээри көрдөхпүнэ, ама соҕус курдук”

Өйдөөн хаалбыт түгэниҥ?

– 2022 сыл ахсынньы 11 күнүнээҕи кимэн киириини  кылгастык кэпсиим... Манна биһиги 5-с аармыйабыт өстөөх бэлэмнэммит, бөҕөргөтүммүт кирбиитин (опорник) ылыахтааҕа. Бу иннинэ улахан бэлэмнэниини ааспыппыт. Ол быыһыгар окуопалары хайдах ыларга бэлэмнэммиппит. Мин “Морпех” диэн позывнойдаах штурмалыыр бөлөх хамандыыра этим. Пуолка, батальон ыстааптарыгар мунньахтаан, хаартаҕа үөрэтэн, хайдах киирэрбитин, тугу гынарбытын быһаарсарбыт. Ол иннинэ иккитэ Старомайоровка диэн сиргэ баран, иччитэх дьиэлэргэ бөлөҕүнэн арахсан сытаммыт, кимэн киирэр күммүтүн кэтэспиппит. Ону икки төгүл төттөрү аҕалан испиттэрэ. Ол гынан ахсынньы 9 күнүгэр тиийбиппит уонна нөҥүө күнүгэр, ахсынньы 11 күнүгэр, кимэн киирэрбитин чуолкай билбиппит.

Түүн утуйа сыттахпытына, биир интэриэһинэй түгэн буолбута. Боотулуу уола Афоня Архипов, “Оппуос” диэн позывнойдаах уол, утуйа сытан, арай, ыҥыранан бөҕө буолла. Ону мин “уһугуннарыҥ эрэ!” диэбиппэр, “Чолбон” диэн позывнойдаах Борис Миронов, Үөһээ Бүлүү уола: “Хайдах эрэ өбүгэлэрин кытта кэпсэтэ сытар курдук, туруорумаҥ”, – диэтэ. Онтон уолбут эмискэ уһукта биэрдэ уонна: “Дьикти түүлү түһээтим, ынырыктык баттаттым. Тааҥкаларынан баран иһэбит. Ол истэхпитинэ, ойуур иһиттэн Эһээ Ньыыкан кырдьаҕас (Саха сиригэр биллэр Ньыыкан эмчит – С.Б.) тахсан кэллэ, кыыһырбыт аҕай уонна: “Эһигини улахан сулустаахтар атын сиринэн ыыттылар. Олох атын сиргэ бардыгыт. Уолаттар, сэрэниҥ, этэҥҥэ сылдьыҥ. Ол эрээри көрдөхпүнэ, ама соҕус курдук”, – диэн кэпсээтэ. Ол түүн 2–3 чаас эргин этэ. Ону бары “чэ, хайдах эрэ барыта этэҥҥэ буолууһу” дии санаатыбыт.

– Улуу киһибит онно эмиэ араҥаччылыы сылдьар эбит дии.

– Сарсыарда 5 чаастан туран, бойобуой массыыналарбыт (БМП) турар сирдэригэр тиийдибит. Биһигини арыаллыыр икки тааҥка иннибитигэр бара турда. Бары тэйиччи-тэйиччи айанныахтаахпыт. Онтон биһиги 4 бойобуой массыынанан бардыбыт. Мин хамандыыр буоламмын, илиибэр хаарталаахпын, онон сирдэтэбин. Ол иһэн, атын туһаайыынан баран иһэрбитин сэрэйдим. Баран иһэн, ойуур быыһыгар дьон сылдьарын көрдүбүт, биһиги курдук таҥастаахтар уонна далбаатыыллар. Онтон билбиппит, биһиги ханан баран иһэрбитин биллэрэр диверсаннар этэрээттэрэ эбит. Инньэ гынан, инники испит тааҥканы кытары икки бойобуой массыынабытын тоҕута ытыалаан кэбистилэр. Бастакы взводтары ытыалааттарын кытары ойуурга түһүннүлэр. Мин бэйэм взводпар хамаанда биэрэн, ойуурга киллэрэн, көмүскэммиппит (оборуона).

Икки өттүттэн ытыалаһыы бөҕөтө буолла. Бастакы взвод хамандыырыгар араассыйанан: “Наран, Наран, как там обстановка, давай доложи!” – диибин. Эппиэт суох. Биир да сибээс суох буолан хаалла, буулдьа эрэ ыйылыыра иһиллэр. Уолаттарбар: “Мантан тахсымаҥ, хамсаабакка сытыҥ!” – диэн баран, бэйэм онон-манан хаххаланан инники диэки бараммын, быһыыны-майгыны үөрэттим. БМП-нан баран испит уолаттарбыт төттөрү-таары сүүрүү, ытыалаһыы... Ойуур иһигэр БМП-га олорор уолбун ыҥыран ылан, массыына ойоҕоһунан хаххалатан, окуопа иннигэр тиийдим. Онтон кэннибин хайыһан көрбүтүм, икки уолум – били түһээбит Оппуос уонна “Буойун” диэн позывнойдаах А.Николаев (Хоро) – кэлэн олороллор этэ.

БМП икки өттүнэн ытыалыы-ытыалыы, окуопа диэки сүүрдэн киирдибит. Бу кэмҥэ наводчигы суох гынаннар, БМП тохтоон, кэнникилээн киирэн барда. Мин маска хаххаланан, туора ыстанан кэбистим. 11 миэтэрэлээх сиргэ опорник аттыгар соҕотох хаалан хааллым. Ытыаластым. “Наран” диэн позывнойдаах 1 взвод хамандыыра бөлөҕүн кытары опорник хаҥас өттүттэн кимэн киирдилэр. Чугаһаан истэхтэринэ, минометунан ытыалаан бардылар. Мин кинилэри уҥа өттүттэн хаххалаатым. Элбэх киһи бааһырда. Балаһыанньа ыараханын көрөммүн, төттөрү тахсарга Нараҥҥа хамаанда биэрдим. Наран бааһырбыт дьонун хомуйталаан тахсыбыта.

Мин кинилэри хаххалаан, соҕотоҕун ытыалаһа-ытыалаһа, кыранаатаны быраҕаттаан, этэҥҥэ тахсыбытым. Онно миномет кэлэн эстиитигэр төбөбөр оскуолак түһэн, бааһыран тахсыбытым. Ити кыргыһыыттан тахсан иһэн, 2-с отделение хамандыыра Александр Головинскайга “БМП иһигэр бааһырбыт уолаттарга көмөтө оҥоруҥ” диэн хамаанда биэрдим. Ол бастакы кытаанах кыргыһыыбыт этэ. Бары бааһырыылаах да буолларбыт, бэйэм взводпун 100% этэҥҥэ таһаарбытым. Инньэ гынан сахам уолаттарын сыл аҥаарын кэриҥэ илдьэ сылдьыбытым.

–  Наҕараадаҕа түһэрбэтэхтэрэ дуо?

– Түһэрбиттэрэ эрээри, биллэ илик. “Бигэргэтиигэ барбыта” эрэ дииллэр. Соторутааҕыта чааһым хамандыыра “кэлиэхтээх” диэн биллэрбитэ. Наҕараада өттүгэр уустук соҕус. Чэ, сити курдук.

Араас санаа...

– Социальнай ситимнэргэ “элбэх харчыны ылаллар, онон кинилэргэ туохха көмөлөһүөххэ нааданый?” диэн сүөргүлээччилэр бааллар. 

– Итинник диэн, ис дьиҥин билбэт дьон суруйаллар. Биллэн турар, 200 тыһ.солк. хамнас ылаллар эрээри... Санаан көрүҥ, аҥаардас биир “передовойга” киириигэ бэлэмнэнэргэ биир киһиттэн кырата 5000 солк. кэриҥэ барар курдук. Ол курдук, бородууктаҕын ылыныаххын, бэнсииҥҥэ кыттыһыаххын наада, туох баар тиэхиньикэ киириитэ-тахсыыта, тепловизорга батарыайкалар... Туох баарга барытыгар бэлэмнэнэҕин. Үчүгэй бэлэмнээх эрэ буоллаххына, этэҥҥэ сылдьарга, тыыннаах хааларга, эппиккэ дылы, “шанс” баар.

Таҥаһы-сабы барытын биэрэллэр – бронежилет, кааска, о.д.а. Манна биири өйдүөххэ наада – “стандарт” экипировканы биэрэллэрин. Ол аата, “обычнай” бронежилет, кааска. Оттон сыаналаах бронежилеты, буулдьа курдарбат тимир кааскатын ылан сэбилэннэххинэ, “степень выживаемости” улаатар. Ол эбэтэр табыллар түгэҥҥэр хотуппат экипировкалар. “Противоосколочнай таҥас” диэн эмиэ баар. Онон маннык сэбилэнэргэ үп-харчы син биир барар.

– Төлөпүөн сибээһэ диэн баар дуу?

– Сынньалаҥҥа таҕыс-тахтарына эрэ. Онтон “үлэлиирдии” бардахтарына, онно сибээс суох, арааран кэбиһэллэр. Элбэх киһи мустар сиригэр сибээстэһэр сэрэхтээх. Хаһан, хантан баҕарар координаты булан саба түһүөхтэрин сөп. Уопсайынан, аҕыйахтыы буолан сылдьар ордук. Биир сиргэ чөмөхтөһөн сылдьар сиргэ ханнык баҕарар ракета кэлэн түһэр кутталлаах. Онон сэрэхтээх. 

“Хара бэриэти” кэппит киһи тиийэн кэлбитэ

– Уолуҥ аармыйаҕа сулууспалаабыта дуо?

– Уолум Джон мин туйахпын хатаран, бэйэм сулууспалаабыт чааспар, муора пехотатыгар, сулууспалаабыта. 2019 сыллаахха сулууспалыы сылдьан, хантараак түһэрсибит буолан, Нагорнай Карабахха хомондьуруопкаҕа бара сылдьыбыта. Аармыйаҕа сулууспалыыр хантараага бүтэн, Дьокуускайга кэлэн Быыһыыр сулууспаҕа, саҥа этэрээт тэриллибитигэр киирэн үлэлээбитэ. Ол үлэлии сылдьан, хомуур саҕаламмытыгар бастакынан барбыта. Куоракка үлэлии сылдьан, миэхэ төлөпүөннээн, Бүлүүттэн мобилизация лииһин суруйтаран барбыта. Онон иккиэн хомуурга түбэһэн, тэҥҥэ кэриэтэ барбыппыт.

– Уолгун кытта хас эмэ ый буолан баран, бойобуой дьайыы буола турар сиригэр көрсүспүт эбиккит.

– Джону кытта 5 ый буолан баран, Украина итии туочукатыгар, Розовка сиригэр көрсүбүппүт. Кэргэним көрсүһүүбүтүн “стыковкалаан” биэрбитэ. Кини уолун кытта сибээскэ мэлдьи баара. Онтон мин киниэхэ кыайан тахсыбатым. Көрөммүн, сүрдээҕин долгуйбутум... 

Уолбут 2001 сыллаахха төрөөбүтэ. Кыратыттан сүрдээх сытыыта. Кыра эрдэҕиттэн эт-хаан өттүнэн эрчийэн улаатыннарбытым. Сарсыардабыт эти-хааны эрчийииттэн саҕаланара. Алын кылааска буоксаҕа сылдьан саҕалаабыта. Хас да төгүллээх араас күрэх чөмпүйүөнэ. “Аҕам курдук муора пехотатыгар сулууспалыахтаахпын” диэн, эрдэттэн сыал-сорук туруорунан, оскуолатын 2019 сыллаахха үөрэнэн бүтэрэн, сэтинньи 16 күнүгэр 18 сааһын туолаат, ол сыл аармыйаҕа муора пехотатыгар сулууспалыы барбыта. Икки сыл сылдьыбыта. Онно 3 ый сулууспалаат, хантараак түһэрсэн, разведка батальонугар киирбитэ.

ДЖОН

Манна сылдьан Чуумпу акыйаан флотун улахан күрэхтэһиилэригэр буоксаҕа кыттар этэ. Ол курдук, “Приморье бастыҥ боксуора” ааты ылан бастаабыта. Маны сэргэ илиинэн киирсиигэ (рукопашный бой) күрэҕэр эмиэ бастаабыта. Ону таһынан, бүтүн Арассыыйа разведкалыыр күрэҕэр 2-с миэстэлээх этэ. Сулууспалыы сылдьан Нагорнай Карабахха разведкаҕа сыл аҥаарын кэриҥэ сылдьыбыта. 2021 сыл ахсынньытыгар бүтэн кэлбитэ. Ол сылдьан “хара бэриэти” дьэ, дьиҥнээхтик кэппит киһи тиийэн кэлбитэ. Онон мин туйахпын хатаран эрэриттэн сүрдээҕин киэн туттабын.

Аармыйаттан бүтэн кэлэн, Дьокуускайга Быыһыыр сулууспаҕа үлэлии сылдьан, Дьокуускайдааҕы экэниэмикэ уонна быраап институтун колледжыгар “правоохранительная деятельность” идэтигэр үөрэххэ киирбитэ. Анал дьайыыга сылдьыбыта балтараа сылтан орто. Снайпер-разведчик буолан, мэлдьи инники кирбиигэ сылдьар. Аҕыйах кэмҥэ эрэ сынньалаҥар тахсар уонна төттөрү бара турар. Бу күннэргэ Запорожьеҕа уустук балаһыанньалаах сиргэ сылдьар.

– Уолаттаргын киһи тыла өҕүллүбэт гына ааттаабыккын дии – сахалыы, нууччалыы ааттартан ырааҕынан.

– Араспаанньаларыгар сөп түбэһэр кытаанах соҕус ааттар диэн биэртэлээбитим. Кыра уолум Брэндон 16 саастаах, Үөһээ Бүлүүтээҕи техникумҥа баһаарынай идэтигэр үөрэнэ сылдьар. Буоксанан дьарыктанар. Эт-хаан өттүнэн бэлэмнээх, доруобуйата “А” категорияҕа эппиэттэһэр буолан, эмиэ муора пехотатыгар сулууспалыы барарга бэлэмнэнэр. Онон муора пехотатын династиялара буолуохпут диэн эрэллээхпин. Брэндон ийэтин кытта бэйэлэрэ эрэ хаалан, дьиэ-уот, дьиэ кэргэн туһугар улахан эппиэтинэһи ылынан, бу кэм устата сүрдээҕин улааппыт курдук буолбут.

Оҕолорум кыра эрдэхтэриттэн байыаннай бырааһынньыктары барытын – дьиэнэн муора пехотын бырааһынньыгыттан саҕалаан, Кыайыы күнүн, о.д.а. мэлдьи бэлиэтиир үтүө үгэстээх этибит. Маны барытын кырасаабыссам тэрийэрэ. Ол иһин оҕолор олох кыра эрдэхтэриттэн көрө-билэ улааппыттара. Аны сэтинньигэ саҥа биллэриллибит Разведчик бырааһынньыга уолбар сыһыаннаах буолан, эмиэ эбилиннэ.

Викториям – дьиэ иһинээҕи хамандыырбыт

– Эр киһиэхэ эрэллээх тыыла кэргэнэ буоллаҕа.

– Кэргэним Виктория Матвеевна идэтинэн буҕаалтыр. Иккиэн Дүллүкүгэ төрөөбүппүт. Үөрэхпин бүтэрэн, үлэлии сылдьан, кэргэммин кытта билсэр, доҕордоһор этибит. Аармыйаттан кэлээт, ойох ылбытым, бииргэ олорбуппут 23 сыла буолла. Сүрдээҕин таптыыбын. Кини барытыгар өйөөн, өйдөөн, көмөлөһөн, уолбунуун иккиэн анал байыаннай эпэрээссийэҕэ барарбытыгар кытаанах санааны ылынан сөбүлэспитэ.

Кини сөбүлэспэккэ, тиэрэ түһүнэн кэбиспитэ буоллар, сылдьарбытыгар уустук буолуо этэ. Онон ийэбит күүстээх санаалааҕынан сүрдээҕин киэн туттабыт, убаастыыбыт. Ийэбит дьиэбит иһигэр – кылаабынай хамандыырбыт, кини этэрэ барыбытыгар – сокуон. Кинини наһаа күүскэ таптыыбыт. Оҕону иитиигэ дьиэ кэргэн оруола улахан. Оҕо дьиэ иһигэр төрөппүт сыһыанын, дьиэ иһинээҕи эйгэни көрөн улаатар. 

Дьайыыга сылдьар кэммитигэр иккиэммитин кытта мэлдьи сибээскэ сылдьара. Манна, эппиккэ дылы, “тыылга хаалбытыгар” олороругар уустуга. Быыһыыр сулууспам начаалынньыгын солбуйааччыта В.В. Тарскай улахан көмөнү оҥорбута, киниэхэ улаханнык махтанабын.

– Билигин тугу үлэлиигиний?

– Үөһээ Бүлүүтээҕи көрдүүр-быыһыыр сулууспа этэрээтин начаалынньыгынан 9-с сылбын үлэлиибин. Бу иннинэ 10-ча сыл оскуолаҕа дириэктэрдээбитим. Ол кэнниттэн баһаарынай чааска 3 сыл үлэлээбитим. Бу күннэргэ байыаннай дьайыы боппуруостарынан Башкортостан Уфа куоратыгар кэлэн үлэлии сылдьабын.

– Реабилитация бараҕыт дуу?

– Кэргэммин уонна кыра уолбун кытта Москубаҕа “Бэс Чагда” сонотуоруйугар 22 хонукка сынньаммыппыт. Биир сиргэ сытан, туох баар анаалыһы ааһаҕын, анал исписэлиистэргэ көрдөрөҕүн. Эмтиир быраастар бары үрдүк категориялаахтар, олус кыһамньылаахтар. Мэлдьи сүбэлии-амалыы сылдьаллар. Олортон биирдэстэрэ кардиолог быраас, мэдиссиинэ билимин дуоктара Н.В. Протодьяконова бэркэ кыһаллан көрбүтэ-истибитэ, бэйэтэ хонтуруоллуу сылдьыбыта. Онон “Бэс Чагда” “саха дьонугар үрдүк таһымнаах усулуобуйаны тэрийэр сонотуоруй эбит” диэн сыаналаатыбыт. 

1. ОБЩИЙ ФОН

“Победа будет за нами”

– Билигин бүтэн кэлэн сырыттаҕыҥ дии.

– Улууһум баһылыга В.С. Поскачин көмөтүнэн, кэргэним Виктория туруорсуутунан, военком С.Н. Харлампьев уонна СӨ Быыһыыр сулууспатын 1-кы солбуйааччыта В.В. Тарскай хадатаайыстыбаларынан, дивизия хамандыырын бирикээһинэн байыаннай дьайыыттан тохтообутум. Үлэбэр салайааччы быһыытынан бронь баара, ону таһынан уолум эмиэ анал дьайыыга сылдьарынан, 2023 сыл оруобуна кулун тутар 8 күнүгэр кэргэммэр бэлэх курдук, Дьокуускай пуордугар көтөн кэлбитим. Билигин даҕаны араас гуманитарнай көмөҕө үлэлэһэбин.

– Михаил Васильевич, түмүккэ тугу этиэҥ этэй?

– Буолаары турар Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүнэн, бастатан туран, байыаннай дьайыыга сылдьар уолбун – Джону – уонна Аҕа дойдуларын көмүскээбит уонна көмүскүү сылдьар буойуннары ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Кыргыһыы хонуутугар охтубут буойун уолаттарбар сүгүрүйэбин. Кинилэр ааттара мэлдьи ааттана турдун! “Победа будет за нами. “Где мы, там – Победа!”

Р.S. Хаһыат бэчээккэ бараары турдаҕына, М.В. Аны “Отец солдата” диэн уолаттара Анал байыаннай дьайыыга Эр санааны, хорсун быһыыны көрдөрбүтүн уонна оҕолорун кытта тэҥҥэ кыргыспыт аҕаҕа туттарыллар мэтээлинэн наҕараадалаабыттарын туһунан үөрүүлээх сонун кэллэ. Эҕэрдэлиибит! 

Кэпсэттэ
Саргылаана БАГЫНАНОВА.