Бу күннэргэ АБДь сиригэр Саха сирин биир тирэх пуунун салайааччытынан үлэлээбит П.И. Лебедев Горнай чулуу снайпер уола тоҕус “баба-яганы” суулларбытын кэпсээбитэ. Пётр Иннокентьевич ДНР-га баар үлэһит уонна буойун сахалар ортолоругар биллэр, ытыктанар киһи. Донбаска сырыттахха, уолаттар «“баба-яга” диэн өстөөх түүн эрэ көтөр илэ абааһы дрона сордуур» диэн бары кэриэтэ кэпсээччилэр. Тоҕус оннук “баба-яганы” суулларбыт саха буойунун туһунан билиһиннэриим. Бэҕэһээ сибээстэһэ сылдьыбытым, уолбут эмиэ 3 биэрэстэлээх сиргэ тиийэн, “баба-яганы” маныы олорор этэ.
Интэриниэт ситимиттэн
Украина сэриилэрин улахан кутталлаах «баба-яга» диэн дрона урут т/х: бурдук, оҕуруот аһа үүнэр хонууларын кэтээн көрөргө, үөһэттэн үүнээйини сыыс оттон, үөнтэн-көйүүртэн харыстыыр химияны ыһарга туһанылла сылдьыбыт. Ону өстөөхтөр буомба быраҕар, кыра “камикадзе” дроннары ыраах илдьэн ыытар платформа оҥостубуттар. Сүрдээх сэрэхтээх: 50 киилэҕэ диэри ыйааһыннаах дэлби тэбэр тэрили илдьэ сылдьан быраҕаттыыр. Түүн эрэ көтөр, эпэрээтэр тепловизорынан инники кирбиини көрөн, салайан буомбалатар. Ытан суулларбатыннар диэн, аллараа өттүн тимир куйахтыыр буолбуттар.
Сахалар булчуппут, “баба-яга” – адьырҕа кыыл
Мындыр, хорсун уол төлөпүөнүн Пётр Иннокентьевичтан ылан, аныгы сибээс кыаҕынан инники кирбиигэ сылдьар “Муха” диэн позывнойдаах Евгений И.-лиин кэпсэтэбит.
Евгений И:
– Бэрдьигэстээх 2-с №-дээх орто оскуолатын бүтэрбитим. Мобилизацияҕа 2022 с. түбэһэммин, бу АБДь кэлэ сылдьабын. Сержант сыбаанньалаахпын, артылыарыйа пуолкатыгар эрэспиэскэ отделениетын хамандыырабын. “Баба-яга” – биһиги сэриилэрбитин сордуур, чахчы, улахан сэрэхтээх тэрил. Дьиэлэри, тиэхиньикэни, элбэх дьон мустубутун эһэ кэлэр дрон. Хас да ыарахан буомбаны илдьэ сылдьар. Түүн эрэ көтөр буолан, хараҥаҕа көрөр харахтаах (тепловизордаах) уонна ойуур балаһатын кэрийэ сылдьан, сыал булан, буомба быраҕаттыыр, билиндээстэри дэлби тэптэртиир. Ол сылдьарын эрдэтинэ көрөн, чугаһаппат гына ытыалаан дуу, табан суулларан дуу эрэ киһи быыһанар. “Баба-ягалар” биһигини өлөрөөрү, тиэхиньикэбитин эһээри түүнүн кэлэн бултууллар. “Оттон сахалар булчут буоллахпыт, тыыммытын адьырҕа кыылтан көмүскэнэрбит курдук бултуурбут тоҕо сатамматый?” диэн санааттан бултаһан барбытым. Оҕо эрдэхпиттэн булка-алка сыстыбыт буоламмын, ытар үөрүйэхтээхпин. Кырабар эһэм “кырдьаҕастан, бөрөттөн саалаах сылдьар эрээри, тоҕо куттанаҕаный?” диирэ. Эһэм эппитигэр тэҥнээтэххэ, “баба-яга” өлөрө-өһөрө кэлэр кыыл буоллаҕа. “Аптамааттаах сылдьан тоҕо киниттэн куттаныахтаахпыный?” дии саныыбын. Кыаҕым баарынан киирсэн көрөр буоллаҕым. Араас түгэн элбэх, ону төлөпүөнүнэн кэпсиир табыгаһа суох.
“Абааһы эмээхсинэ” хайдах бултанарый?
Судургутук эттэххэ, куһу курдук “Калашников” аптамаатынан күөрэтэн түһэрэбит, наһаа хорсун быһыы буолбатах диэххэ сөп. Ол эрээри “абааһы эмээхсинин” бултаһыы оннук боростуой буолбатах. Анараа көтүппүт өстөөх барытын көрөн олорор. Сыыһа тутуннаххына, тыыннаах хаалларбат. Улахан бэлэми, элбэх сыраны эрэйэр.
Манна биһиги туочукабытыгар төгүрүччу сахалар бааллар. Билсэбит, өйдөһөбүт-өйөһөбүт. Сүбэ-ама атастаһа ыалдьыттаһабыт, хайдах, ханна миинэ баарын эҥин. Маныырга ханан, хайдах киирэн олорон “баба-яганы” табыахха сөбүн былаанныыбыт. Бүгүн ким ханна барбытын, түүн ким ханна киирэрин эҥин кэпсэтэбит. Уолаттарбыныын бөлөхпүтүгэр сэттиэбит. Күнүһүн блокпост курдукка тахсан дьуһуурустубалыыбыт. Ким, туох кэлэрин-барарын, халлааны барытын көрө турабыт. Түүнүн дроннары манаан дьуһуурустубалыыбыт. Билигин дьарыкпыт үксүн “баба-яга”, “камикадзе” уонна ФПБ-дроннар.
Маҥнай бултаһарга “баба-яга” майгытын, сырыытын, анараа өстөөхтөр хайдах үлэлииллэрин кэтээн көрөр тоһуур оҥорон үөрэппиппит. Кэлэр бириэмэтин, бачча чаастан баччаҕа диэри кэлиэхтээх диэн, график оҥорбуппут. Баччаҕа кэлэн буомбатын быраҕар, онтон баран, иккиһин ииттэн кэлэригэр 40-ча мүнүүтэ буолар эбит эҥин диэн, барытын үөрэтэбит. Бултуурга биһиэхэ төһө бириэмэнэн кэлэрин чуолкайдыыбыт. Сахалар кусчут, булчут, айылҕаҕа чугас буоламмыт, күн киирэрин-тахсарын, күн хайдах сырдыырын, “баба-яга” кэлэр суолун-ииһин, бириэмэтин учуоттаан бултаһарбыт биһиэхэ чэпчэки курдук.
Олох үчүгэйдик бэлэмнэннэххинэ эрэ, ол күтүрү кыайаҕын. “Баба-яга” кыһыҥҥы уонна сайыҥҥы диэн көтөр бириэмэлээх. Сайын түүн кылгас буолан, хараҥаҕа 12 чаас диэки биир кэлэрэ. Билигин түүн уһаан, холобур, бөлүүн икки “баба-яга” кэлэн ааста. Биһигинэн кэлбэтилэр.
Ханна элбэхтик сууллараллар да, өстөөхтөр кус көтөрүн курдук, морсуруутун уларытан кэбиһэллэр. Онтон эмиэ хаһан эрэ соһутан кэлээри. Ити барыта үөрэтиинэн. Булка курдук: ханан, хайдах кэлэрин көрөн, аныгыскыга манан кэлиэ диэн учуоттаан, онно дьону туруоран, дурда курдук туох эрэ хахха оҥостон олордоххуна эрэ, “баба-яганы” көрөҕүн.
Сэрии аата сэрии, куттал киһиэхэ барытыгар баар. Ону таскар таһаарымыахха наада. Мин эмиэ куттанабын. Бииргэ сылдьар уолаттарбар ону биллэриэхпин баҕарбаппын. Эн куттанаргын билэҕин да, таска таһааран дьоҥҥо көрдөрбөтүҥ да, ол аата эн күүстээх киһи буолаҕын.
Үчүгэй тепловизорга наадыйабыт
Билигин тус бэйэбитигэр фотовидеофиксациялаах тепловизор наада. Кэлин инники кирбиигэ Саха сириттэн сылдьар байыастарга гумкөмө аармыйа нөҥүө бэрилиннэҕинэ, тепловизор быһа кэлиитэ кыайтарбат буолбут курдук. Аармыйа кыһалҕата элбэх, ханна наадалааҕар туттара сөп буоллаҕа. Ону хайыахпытый.
Эрдэ Саха сириттэн тута сылдьыбыт тепловизордарбыт алдьаммыттара ыраатта. Сорохтор “соторутааҕыта ылбытыҥ” диэн сыыһа этиэхтэрин сөп. Үлэлээбэт киһи киэнэ мусуой көрдөрүүтүн курдук сытыан сөп. Биһиги сэриигэ туттар буоламмыт, тэрилбит тулуйбат. Манна үксүн сүүрүү-көтүү, тыын былдьаһыы. Араас балаһыанньа үөскээн, итинник прибор алдьанара түргэн, төһө да харыстыы сатаабыт иһин. Ордук сиик кэһэтэр.
Алдьаммыттарын кэннэ ыксаан, бэйэбит харчы бырахсан, иккини атыылаһан ылбыппыт. Билигин 7 киһиэхэ түүн көрөр 2 тэриллээхпит. Ону биирдии киһиэхэ баара буоллар диэн баҕа санаалаахпыт.
Тус бэйэм 9 “баба-яганы” сууллардым. Уолаттарбын кытта барыта 13-һү сууллардыбыт. Үксүн соҕотох сылдьабын. Хамандыырдар сууллардахха, эмиэ үөрэллэр-көтөллөр. Ол эрээри фотовидеофиксацияны ирдииллэр, “хайдах охторбуккут видеота наада” дииллэр. Хамандыырдары кытта өйдөһөбүт. Ол эрээри эрэкэлээмэҕэ ““баба-яганы” сууллардахха, уоппуска, харчы эҥин биэрэллэр” дииллэрэ дакаастабыла суох буолан, туһалаабата кыһыылаах.
Лебедевтиин хаадьылаһабыт: “Тоҕус “баба-яганы” суулларбыппар Саха сирин бырабыыталыстыбата “ворошиловскай ытааччы” диэн значок биэриэн наада эбит, дакаастабылы барытын эйиэхэ ыыппытым”, – диибин. Ону киһим “кырдьык, уончаны суулларбыккын, оннук значок да биэрэр кэм кэлбит” диир.
Төрөөбүт дойдубар, “колмиларбар” махталым
Манна ыҥырыллыам иннинэ Дьокуускайга “Колми” хампаанньаҕа үлэлии сылдьыбытым. Бу соторутааҕыта төрөөбүт күммэр “колмилар” матасыыкыл бэлэхтээн үөртүлэр. Түгэни туһанан, бииргэ үлэлээбит дьоммор, чуолаан СӨ норуодунай дьокутаата, Н.Л. Румянцеваҕа, хампаанньа аҕа баһылыга Н.И. Румянцевка ис сүрэхпиттэн махталбын тиэрдэбин. Үлэлэригэр, олохторугар үрдүк ситиһиини баҕарабын. Дьон бэйэ-бэйэтин кытта итинник өйдөстөҕүнэ, өйөстөҕүнэ эрэ, кыайыы чугаһыыһы дии санаатым.
Гуманитарнай көмө биһиэхэ, инники кирбиигэ, кэлэр-кэлбэт. Саха сирэ ыыппат диэбэппит, маладьыастар, оҥороллор. Кэллэҕинэ да, быыкаа кэлэр, эппитим курдук, аармыйанан чиэрэстээн кэлэр. Кыра да кэлэрэ санааны көтөҕөр, үөрдэр эрээри, тэлэбиисэринэн, онно-манна бассаабынан “бачча элбэх гумкөмө аҕаллыбыт, бу дьоҥҥо биэрдибит” диэн тарҕанар аҕай. Кэлбитин көрөн үөрэбит, ол гынан баран барытын илиибитигэр туппаппыт быһыылаах дии саныыбыт.
Сахабыт сирин дьонугар куруутун ыраас, эйэлээх халлааны баҕарабын. Куһаҕан барыта тумнан, бары этэҥҥэ сырыттыннар, саха алмааһыныы кытаанах доруобуйалаах уонна кыайыыга эрэллээх, күүстээх санаалаах буолуннар, оччоҕо эрэ кыайыахпыт.
Дойдум дьонуттан, горнайдартан, эмиэ үөрэбин, аҕа баһылыкпыт Н.В. Андреев кэлэ сылдьыбытыгар улахан махталбын тиэрдэбин. Биир ыксаллаах түгэҥҥэ бэнсиин генераторы олус түргэнник булан аҕалан, абыраан турардаахтар. Инники кирбииттэн 20–30 км тэйиччи сиргэ утары тахсан, мин туппутум. Түргэнник булан аҕалбыттарыгар олус соһуйбутум, үөрбүтүм. “Биир дойдулаахтар бары бииргэ эбиппит” диэн, киэн тутта саныыбын. Донбаска тирэх пууҥҥа үлэлии сылдьыбыт Пётр Иннокентьевич Лебедевкэ элбэх көмөнү оҥорбутугар, элбэх боппуруостары быһаарсарыгар улахан махтал.
Түмүк оннугар ааптартан
Инники кирбиигэ икки сыл сылдьыбыт, өстөөҕү кытары харса суох, сатабылын, булугас өйүн күүһүнэн сэриилэһэ сылдьар Евгений И. 9 “баба-яганы” суулларбыта – дьиҥнээх дьоруойдуу быһыы. Өссө сахалар дроннары кытары охсуһар идэтийбит бөлөх тэриммиттэр. Маладьыастар! Евгений И. уолаттарыныын өстөөх элбэх дронун суулларан, биһиги элбэх байыаспыт олохторун быыһыыллар, кыайыыны чугаһаталлар. Ол туһугар аармыйаны кытта кэпсэтэн, эбэтэр СӨ дьоно быһа илдьэн тепловизорынан, атын да тэрилинэн сэбилээн, бөлөхтөрүн күүһүрдэн биэрэр наада эбит. Дойдулара бэлиэтии көрөн көмөлөспүтэ хорсун буойуннарга улахан наҕараада буолуох этэ.
Владимир Степанов.