Бу маннык ис хоһоонноох ырыа бу соторутааҕыта эрэ ютубка сүрэхтэннэ. Константин Губин Арассыыйа Сэбилэниилээх күүстэрин танкистара өстөөҕү кытта кыргыһыы хонуутугар тэҥэ суох киирсиигэ кыайыылаах-хотуулаах тахсыбыттарын ырыа гынан көтүппүт. Арассыыйа Дьоруойдарыгар хорсун-хоодуот быһыыларын уруйдаан, өссө да элбэх ылбаҕай ырыа, хомоҕой хоһоон айыллыа турдаҕа. Бэс ыйыгар Запорожьетааҕы фроҥҥа Новодаровка нэһилиэнньэлээх пуунун таһыгар “Алеша” тааҥка Украина байыаннай сулууспатын (ВСУ) куйахтаах 8 тиэхиньикэтин утары соҕотох тахсан кыргыспыт биидьийэтэ социальнай ситимнэринэн тилийэ көппүтэ.
“В первые же минуты “Алеше” удалось уничтожить оба танка Т-25Б противника. Вслед за ними были поражены бронетранспортер “М133” и пять бронетранспортеров “MaxxPro” американского производства. Когда в машине закончился боекомплект, на смену “Алеше” послали другой танк. Однако уже после третьего выстрела второй танк получил повреждение. Оценив ситуацию, Баксиков принял решение эвакуировать машину, чтобы спасти ее и экипаж. Буксировка братской машины проходила под огнем противника, однако и танк, и его экипаж были спасены. “Алеша” с поврежденным собратом отошли в расположение своих частей”. (Аргументы и Факты)
Биидьийэни көрбүт эрэ барыта харса-хабыра суох экипаж чилиэннэрин дьиҥ Дьоруойдарынан сүрэхтээбитэ. Чахчыта да, БПЛА эпэрэтээрин устуутугар көстөр кыргыһыыны арай киинэҕэ эрэ көрүөхпүт эбитэ буолуо... Бу кимнээхтэрий, хайа сир хорсуон-хоодуот уолаттарай? Саллааттар ир суолларын ирдээн, сотору кэминэн “Алеша” экипаж буойуннарын киэҥ дьүүлгэ таһаарбыттара, олор истэригэр икки саха саллаата баара: Сунтаартан – Филипп Евсеев, Уус Алдантан – Алексей Неустроев.
Наҕараада дьоруойдарын буларын бүтүн дойду кэтэстэ-манаста. Атырдьах ыйын 23 күнүгэр Курскай тоҕой кыргыһыытын 80 сыллаах кыайыылаах күнүгэр бэрэсидьиэн Владимир Путин “Алеша” бойобуой массыына чилиэннэригэр “Арассыыйа Дьоруойа” Кыһыл Көмүс мэтээллэри туттарда, саллааттары кытта көрсөн, атах тэпсэн олорон кэпсэттэ. Приём кэннэ биир дойдулаахтарбытыгар эрийэн тиийдим. Биир бастакынан Филипп Евсееви кытта кэпсэттим.
“Владимир Владимирович ытыһа сып-сылааһа”
"Бүгүн наҕараадаҕытын ылаҕыт" диэн эмискэ эппиттэрэ. Мин ийэбинэн эһэм Николай Михайлович Ващенко – Курскай кыргыһыытыгар сылдьыбыт саллаат, онон миэхэ икки бүк долгутуулаах күн этэ. Киһи олоҕо дьикти ээ... Мин эһэм Кыайыыны уһансыбыт сиригэр-уотугар 80 сыл буолан баран Дьоруой аатын ыллым. Аны Владимир Путины илэ көрүөм диэн түүлбэр да баттаппатаҕым. Онтум баара, хаһан да сылдьыбатах Москубабар тиийдим, бэрэсидьиэнтэн улахан наҕараада туттум. Барыта түүл курдук. Владимир Владимирович ытыһа сып-сылааһынан илгийбитэ. Улахан салайааччы энэргиэтикэтэ да күүстээх буоллаҕа. Тус көрсүһүүтүгэр “норуот киһитэ эбит” диэн олус сөбүлээтим. “Тугу баҕараргытын этиҥ – толоруохпут” диэбитэ. Мин Дьокуускайга кыбартыыраланар баҕабын эппитим. Уонна “тааҥкабытын кыргыһыыттан таһааран, пааматынньык оҥоруҥ” диэн көрдөспүппүт. Наһаа үчүгэй истиҥ-иһирэх көрсүһүү буолбута. “Бэрэсидьиэни кытта атах тэпсэн олорон чэйдээбитим” диэн саныырга да астык!
“Гуоспуталга киирбит саллаат оннугар барбытым”
Мин ол кэмҥэ сэнэрээт үлтүркэйигэр таптаран, ойоҕоспун тоһуппутум, эмтэнэн, гуоспуталтан тахсан сылдьар этим. Бааһырыы кэннэ тута ханна да ыыппаттар. Бэс ыйын 4 күнүгэр уолаттарбар ас астыы сылдьыбытым. Арай ол күн төбөтүгэр бааһырбыт саха суоппарын аҕалбыттара, уонна сарсыҥҥытыгар кини оннугар миигин тааҥкабар олордон баран, ыытан кэбиспиттэрэ. Хамандыыр “вперёд”, “газ” диирин хоту баран истэҕим дии. Миэхэ айанныыр суолум эрэ тыргыллар этэ, хас тиэхиньикэ баара көстүбэтэҕэ. Мастар кэннилэригэр киирэ-киирэ, тахса-тахса ытыалаабыппыт. Кэнники биидьийэни көрөн сөхпүтүм: уун-утары киирсибит эбиппит дии, өссө ойоҕоспутунан икки тааҥка кэлэн испит эбит. Бүтүн холуонна баарын билэ-билэ соҕотоҕун киириэм эбитэ дуу, суоҕа дуу?.. Бу курдук кытаанах кыргыһыыга элбэх уол сылдьар, биллибэккэ-көстүбэккэ хаалыы үгүс, арай ити биһиги биидьийэбит тарҕанан хаалла. Наҕарааданы хамандыырга эрэ биэрэллэрэ буолуо дии санаабытым, бары ыллыбыт дии.
“Икки саха баара”
“Экипаһы Дьоруойга түһэрэллэр үһү” диэн иһитиннэрии тарҕаммытын кэннэ, айдаан тахса сырытта быһыылаах. Онтон икки саха баарын чопчулааннар, биир күн гуоспуталга палаатабар генерал киирэн кэлбитэ. “Ханнааҕы саханый, булуҥ” диэн хамсаныы бөҕө барбыт эбит: чааспар даҕаны, дойдубар даҕаны. Улахан махталбын Ил Дархаммыт Айсен Николаевка тиэрдэбин!
“Дед Мороз”
Тааҥкам – тус бэйэбэр бэриллибит массыына. Саҥа дьыл саҕана эрэ биэрбиттэрэ, ол иһин “Дед Мороз” диэн ааттаабыппыт, онтон устунан кылгатан, “Дед” буолан хаалбыта. “9-с рота” киинэҕэ курдук тааҥкам тумса токур этэ, ол да буоллар баччаҕа диэри биһигини халыҥ хаххатыгар саһыаран илдьэ кэллэҕэ. Миигин тута балыыһаҕа киллэрбиттэрэ, инньэ гынан быраһаайдаспакка хаалбытым. Билигин атын дьоҥҥо сылдьар.
“Харысхалым харыстаата”
Биир дойдулаахтарым харысхал биэрбиттэрэ. Кыргыһыыга киирдэҕим аайы биэс харахтаах харысхалым дурда-хахха курдук көмөлөстө дии саныыбын. Эһэлэрбиттэн, төрөппүттэрбиттэн “уолгутун харыстыы сылдьыҥ” диэн көрдөһө-ааттаһа сырыттым. Харысхалларбын барытын түөспэр кэтэ сылдьар буоламмын дуу, итэҕэллээҕим иһин эбитэ дуу, “Шаман” диир буолбуттара. Онтон олох да букатын “Генерал” буолан хаалбытым (күлэр).
Табаарыс генерал
Ньургун диэн уол, дьону көрөн, ааттары (позывнойдары) биэрэр идэлээх. Миигин иэстээҕим иһин бастаан “Кредитор” диэн ааттаабыта, онтон уолаттары көрө-истэ, хамаандалыы сылдьарбын бэлиэтээн, “Генерал” диэн сүрэхтээбитэ. Бэл, комбатым “товарищ генерал” диэн чиэс биэрэр буолбута. Чааска саҥа кэлбиттэр миэхэ олох киирбэттэр, “генералга” ким киирэн быстахха былдьаныай? (күлэр). Арай кырабын (үрдүгүм – 1м 61см), сахабын көрөн, соһуйаллар эрэ. Уопсайынан, сахалар эрдэ бэйэлэрин үчүгэйдик көрдөрбүттэр быһыылаах: биһигиттэн толлоллор. Урут буоксанан, тустуунан дьарыктаммытым эрээри, бу тухары кимниин да охсуспатым, бурайсыбатым, бары биир дьиэ кэргэн курдук иллээхтик сырыттыбыт. Бассаап бөлөхтөөхпүт, билигин уолаттарбыт бастакы лииньийэҕэ бааллар, сибээскэ суохтар, хайдах сылдьаллара буолла?..
“Аҕаа, тыыннаах эргиллээр!”
Мин Сунтаар Күндэйэтигэр күн сирин көрбүтүм. Аҕабынан эһэм, сэрии бэтэрээнэ Филипп Андреевич Евсеев аатынан сүрэхтээбиттэр. Төрөппүттэрим суохтар, барыам эрэ иннинэ ийэбин көмпүтүм. Бииргэ төрөөбүт сэттиэ этибит, билигин үс киһи баарбыт. 9 кылааһынан бүппүтүм, аармыйаҕа Хабаровскайга икки сыл тааҥка чааһыгар сулууспалаабытым. Саппааска бааргыт диэн эппиттэрэ. Оо, мин оччолорго бу үөрэҕим дьиҥ олохпор наада буолуо диэн санаабатах да буоллаҕым. Бэбиэскэни былырыын балаҕан ыйыгар туппутум. Элбэх оҕолоохпунан, бааспынан сыыйыллыахтаах эбиппин. Хамыыһыйа эҥин буолбатаҕа, ыытан кэбиспиттэрэ. Үөрэтиини биир ый Приморьеҕа ааспыппыт. Байыаннай дьайыыга барбыппын ордук уолум уонна кыра кыыһым аймана ылыммыттара. Үс оҕолоохпун. Аччыгый кыыс саҥарбат, истибэт, онон суруйсабыт эрэ. “Украинаҕа куґаҕан, тоҕо онно бардыІ? Аҕаа, хайаан да тыыннаах эргиллээр”, – диэн бичийбитэ. Антах сибээс кэллэр эрэ, дьоммун кытта кэпсэтэр этим. Оҕолорбун наһаа күүскэ аҕынным! Украинаҕа докумуоннарым умайбыттара, төлөпүөммэр пааспарым хаартыската эрэ баар. Онон анал ыспыраапкалаахпын, докумуоннарбын ситиһиэм этэ.
Онтон өссө биир Дьоруойбут Алексей Неустроевка эрийдим. Санатар буоллахха, Уус Алдан улууһа 9 Дьоруойданна, оттон Алексей дойдута – Танда – 4-с Дьоруойун уруйдуу-айхаллыы көрүстэ.
“Сүһүөҕүм нэһиилэ уйбута”
Наҕараада туттарар күннэригэр хаһан да долгуйбатахпын долгуйбутум. Эписиэрдэргэ “тылла этиҥ” диэбиппин ким да буолумматаҕа. Тугу да эппэтэхпитинэ, эмиэ хайдах эрэ курдук. Мин хаһан тыл эппитим баарай, олохпор да соччо саҥата суох киһибин, ол эрээри барыбыт аатыттан кылгастык тыл эттим. Олус долгуйаммын, сүһүөҕүм нэһиилэ уйбута. Кириэмилгэ үчүгэйдик көрсүбүттэрэ, Владимир Путин, бэйэбит киһибит курдук, олус судургутук, аһаҕастык кэпсэппитэ.
Бэс ыйын 5 күнүгэр Запорожьеҕа төннүннэххэ...
Ол күн куйаас баҕайы этэ, таһырдьа +30 кыраадыс, тааҥка иһигэр +50 кыраадыс итии. Көлөһүнүм харахпар сарт түһэр этэ, ол быыһыгар быыл-буор, буруо-тараа – туох да көстүбэт. Харахпын сотто-сотто кыҥастаспытым. Иннибитигэр холуонна баарын ким да билбэт буоллаҕа. Бастакы киириибитигэр бөҕөргөтүнүү туочукатын тоҕо ытар соруктаах этибит, онтубут төрүт даҕаны атын күтүр буолан таҕыста. Мастар кэннилэриттэн тиэхиньикэ баарын өйдөөн көрбүппүт. Сибээспит суоҕа, хамандыыр эрэ этэрин толороҕун, хаһыытаһан кэпсэтэр этибит. Кини кыҥаан олордоҕо дии кыраадыһын, сыалы уҥа, хаҥас ытарбын этэрэ. Биидьийэни көрөн баран, “ханна-ханна баран кэлбиппитий?” диэн төбөбүтүн эрэ илгистибиппит. Элбэх да бойобуой массыынаҕа утары тахсыбыт эбиппит! Итиннэ биһиги куотан хаалбыппыт буоллар, пехотаны кэһэтиэхтээхтэр эбит. Онон уолаттарбытыгар көмөлөстөхпүт диэн үөрэ санаабыппыт, махтаммыттара. Артылыарыйа, пехота баара, биһиги да уолаттары эрэнэр этибит. Ол күн биир да “минус” буолбатаҕа, көннөрү күн курдук ааһан хаалбыта, онтубут икки ый буолан баран биллэн хаалла дии. Кыргыһыыга элбэхтэ киирэн таҕыстыбыт, киһи ааҕан сиппэт. Үлэбитин толорор буоллахпыт. Төһөлөөх дьон дьоруойдуу быһыыны оҥоро сылдьаллара буолуой, дронунан устубатылар да хайдах дакаастыаххыный – хаалаҕын. Сүүһүнэн кыргыһыыттан ити биир устуу тарҕанан хаалан, улахан чиэскэ тиксэн хааллыбыт. Маннык балаһыанньаҕа киһи, биллэн турар, саллар-дьулайар, күүлэйдии сылдьыбат буоллахпыт. Ол эрээри тааҥка иһигэр киирдиҥ да, киһи хайдах эрэ уоскуйан хаалар уонна дойдуҥ, дьонуҥ туһугар туруулаһаргын өйдүүгүн, кимэн киирэ тураҕын.
“Бастыҥтан бастыҥнар эрэ хаалаллар”
Бастаан – бары дьоруойдар, онтон ыһыллан, “тосторо тостон”, баран хаалаллар. Кэлин тиһэҕэр саамай эрэллээх, бастыҥтан бастыҥнар эрэ хаалаллар эбит дии санаатым. Уолаттар биһигини сайыһа хаалбыттара. Дьоруойга тиксибиппитигэр олус үөрбүттэрэ, эҕэрдэлээбиттэрэ, киэн тутталлар. Тааҥка сулууспатын өрө тутан таһаардахпыт, биир чаастан бүтүн 4 Арассыыйа Дьоруойа буоллахпыт дии. Биһиги саллаат буоларбыт быһыытынан тугу эппиттэрин толоробут эрэ. Антах мобилизациянан кэлбит олус элбэх, дьиҥэр, тыылга сылдьыахтаах дьон. Барыта уларыйан-тэлэрийэн, хантараагынан барбыттартан итэҕэһэ суох күүскэ үлэлииллэр. Чааспытыгар бары доҕордоһон, биир сомоҕо буолан сылдьабыт. Үксэ – Приморье кыраайын уолаттара уонна ханна даҕаны саха элбэх, тиийбит сирбит аайы көрсөөччүбүт.
“Байыаннайдыы быһаарсыбыппыт”
Хамандыырбыт Александр Леваков – Чечня бастакы, иккис хампаанньатыгар сылдьыбыт киһи, Украинаҕа былырыын икки ый баҕа өттүнэн бара сылдьыбыт. Лейтенант сыбаанньалаах, олус грамотнай киһи, кини эрэ баар буолан, Филипп аата ааттанна. Бастаан утаа испииһэккэ Филипп суоҕа, “кидайдыы” сыспыттара. Улахан аат буоллаҕа дии, атын экипажтар күөрэйэн тахсыбыттара, ааты-суолу былдьаһыы да баара. 3 – 4 экипажтан “бу сылдьаллар, ити сылдьаллар” диэн бутуур бөҕө этэ. Дивизиябыт хамандыыра биһигини сирэй көрөн билэр буолан туруорсубута. Саамай ыарахан сорудахха биһиги экипажпытын ыытааччы. Хамандыырбыт, тута айдаарсан, быһаарыы сурук, араапар бөҕөтүн суруйаммыт, байыаннайдыы быһаарсыбыппыт. Аат былдьаһааччылары оннуларын буллартаабыттар этэ.
“Биир да сэнэрээт таарыйбатаҕа”
Доҕорбут, тааҥкабыт “Дед” ыйылас буулдьа быыһынан, эстэр сэнэрээт аттынан, этэргэ дылы, “через огонь, воду, медные трубы” аастаҕа дии. Тиэхиньикэ да буоллар, тыыннаах курдук. Өрүү кэпсэтэбит ээ, этэҥҥэ эргилиннэхпитинэ, хайаан да имэрийэбит-томоруйабыт, махтанабыт. Хамандыырбыт эмиэ сибигинэйэн кэпсэтэ сылдьар. Сорохтор үһүс, төрдүс тааҥкаларын уларыталлар: алдьанар, кээһэнэр. Биһиэнин биир да сэнэрээт таарыйбатаҕа, биир да буулдьа хотуппатаҕа, барыта туора ааһар этэ, төһөлөөх да уоттаах кыргыһыы кэнниттэн бүүс-бүтүн. Саамай улахан дурдабыт-хаххабыт, “Дед” баар буолан, эрэх-турах сананан сырыттахпыт! 1985 сыллааҕы тааҥка, миигиттэн аҕа. Ити биидьийэҕэ байыаннайдар “Алеша” диэн кистээн итинник ааттыыллар, усулуобунай аат диэххэ. Экипаж иһигэр кимнээх баалларын билбэттэр буоллаҕа дии, көннөрү мин ааппын кытта сөп түбэһэн хаалбыт. “Кэмэнтээрийдээбит” Ильяны кытта кэнники билсибиппит. Биһигини көрсөөт, “камикадзеларгыт, акаарыларгыт” диэбитэ. Бэйэбит испитигэр Илюханы “комментатор от Бога” диибит. Бу билигин баттах кырыйтара сылдьабыт, аттыбар баар, кэпсэтээр ээ.
“Бэбиэскэ күүтэ сылдьыбытым”
Мин Владивостокка икки сыл 248-с пуолкаҕа сулууспалаабытым. Т-62 тааҥкаҕа үөрэммиппит, билиҥҥи тааҥкабыт Т-80 БВ диэн. Пуолкабытын ыспыттара. Танкист буоламмын, саппааска сырыттаҕым дии, бэйэм даҕаны бэбиэскэни күүтэ сылдьыбытым. Алтынньы 2 күнүгэр мас хайыта турдахпына аҕалбыттара, өйүүнүгэр барбытым. Аҕабынан эһэм Михаил Михайлович Неустроев – сэрии бэтэрээнэ. Үтүө аатын түһэн биэрбэтим, Ийэ дойдум туһугар кыаҕым баарынан кыргыстым.
“Биһигини бултаһаллар”
Бэйэм Намҥа төрөөбүтүм, дьонум 2 саастаахпар Уус Алдаҥҥа көспүттэр, уһуйааны, оскуоланы Тандаҕа бүтэрбитим. Оҕо эрдэхпиттэн симик соҕуспун. Бииргэ төрөөбүт бэһиэбит, мин улаханнарабын, балтылаахпын, үс бырааттаахпын, кырабыт – устудьуон. Дьонум – инбэлииттэр. Байыаннай дьайыы иннинэ табаарыспын Айаан Никифоровы кытта вездеходтары оҥорор дьарыктаах этибит. Кэргэним, оҕом суох, сулумахпын. Быйыл уоппускаҕа кэлэ сылдьыбытым. Дойдубар, Тандаҕа, 4-с Дьоруой буоллум. Улаханнык өйдүү иликпин. “Дьоруойбун!” диэн түөспүн охсунар киһи буолбатахпын. Дьиҥинэн, кимиэхэ да көстүөхпүн, биллиэхпин баҕарбаппын. Биһиги Олимпиада чөмпүйүөннэрэ, Үлэ Дьоруойдара буолбатахпыт. Олох атын сиртэн кэллэхпит дии, эйгэбит атын. Бассаапка чугас дьонум хаартыскалара, пааспарым дааннайдара кытта төттөрү-таары хатайдаммыта. Мээнэ көстүө суохтаахпыт, аһара пиарданан хааллыбыт. Ону тус бэйэм сөбүлээбэппин. ФСБ саһыара сылдьар. Биһигини бултаһалларын эппиттэрэ. Булуохтарын сөп, ити чааһыгар күүскэ үлэлииллэр, ону ким эмэ өйдүүрэ дуу, суоҕа дуу...
Билигин биһиги уоппускаҕа бардыбыт, онтон туох-ханнык буоларбытын байыаннай чааспытыгар быһаарыахтара. Дьиэбэр аҕыйах күн утуйуохпун, тыабар тахса сылдьыахпын эрэ наада. Тэйэн хаалбат курдук, гуманитарканан дьарыктаныахпын баҕарабын, туох, ханна баарын барытын иһиттэн билэр буоллаҕым. Уолаттарбын кытта сибээстэһиэм этэ, хайдах сылдьаллара буолла? Сылы быһа эн-мин дэһэн, бииргэ сырыттахпыт. Сахалар бастаан сэттиэ этибит, үс уол хаалбыта. Байыаннай дьайыыга салгыы хайыыллара буолла, ыыттахтарына, ыарахан...
Итиччэ түбэспиччэ, “Хорсун быһыытын иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыт “комментатор от Бога” Илья Гавриловы кытта эмиэ кэпсэтэргэ сананным. Владимир Путин литэрэтиирэҕэ талаанын иһин хайҕаабыта уонна улахан күрэхтэһиилэргэ кэмэнтээрийдиэн сөбүн эппитэ. Оттон бассаап ситимигэр “Сыл түмүгүнэн “Тэфи” бириэмийэҕэ “Бастыҥ кэмэнтээтэр” диэн ааты бэрдэриэххэ баар. Итиччэ хаһыытаан баран, туга да суох хаалара кыһыыта бэрт буолуо” диэн дьон санаатын үллэстэн эрэрэ. Көннөрү киһи көрөн өйдөөбөт биидьийэтин БПЛА эпэрэтээрэ Илья Гаврилов куолаһынан сиэттэрэн, тугун-ханныгын быһаарыстахпыт.
– Биидьийэ тарҕаммытын кэннэ, миигин тута булбуттара, куоласпыттан элбэх киһи билбит этэ. Итиннэ хаһыа да буолан үлэлээбиппит. “Алеша” диэн код тыл, билбэтиннэр, сэрэйбэтиннэр диэн. Уолаттары дьиҥ ааттарынан буолбакка позывнойдарынан эрэ билэттиибит. Устуубут элбэх. Сорох биидьийэм эмиэ онон-манан “күүлэйдиир” быһыылаах. “Алеша” экипаж уолаттара дьиҥнээх Дьоруойдар! Биир да тааҥка бүтүн холуоннаҕа соҕотоҕун киирбитин көрбөтөҕүм, экипаж харса-хабыра суох быһыытын киһи сөҕөр эрэ. Кимнээхтэрин көрүөхпүн, илии тутуһуохпун олус баҕарбытым. Бэйэм Владивостоктан сылдьабын. БПЛА эпэрээтэригэр ханна да үөрэммэтэҕим, барытыгар бэйэм сыстыбытым. Тургутук оҥоруунан дьарыктаныахпын, итэҕэһи-быһаҕаһы булан, тус идиэйэлэрбин киллэриэхпин баҕарабын.
Анал байыаннай дьайыыга кыттан, кыргыһыы хонуутугар өстөөх куйахтаах 8 тиэхиньикэтин таба ытан тэптэрбит уонна бииргэ сулууспалыыр табаарыстарын өлөр өлүүттэн өрүһүйбүт аатырбыт “Алеша” тааҥка экипаһын чилиэннэрэ, Арассыыйа Дьоруойдара Филипп Евсеев уонна Алексей Неустроев атырдьах ыйын 29 күнүгэр дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллэн кэллилэр.
Уруй-айхал буоллун киэн туттар Дьоруойдарбытыгар! Саха саарыннара, эр бэртэрэ, ньургун уоланнара, саалаахтан самнымаҥ, охтоохтон охтумаҥ!