МГУ география факультетын профессора, эрэгийиэннэр социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар исписэлиис Наталья Зубаревич “МК.RU” 06.02.2022 с. биэрбит интервьютуттан быһа тардыы...
– Бу реформаны өйөөччүлэр “дьон баһылык талыллар эрэ, ананар эрэ, онно наадыйбат. Саамай сүрүнэ, суол оҥоһулуннун, ДьУоХХ эрэ үлэлээтин, оттон уларытыылар олохтоох бэйэни салайыныыны (ОБС) каадырынан тупсарыахтара” дии саныыллар.
– Ол хантан каадырдар кэлиэхтэрэй, хайдах тупсуохтарай? ОБС аллараа таһымытыттан муниципалитекка көстөхтөрүнэ, “хаачыстыбалара тупсуо” үһү дуо? Ити куолу эрэ. Каадыр хайдаҕый да, оннук хаалыа... Ким да Москубаттан ОБСы өрө тарда кэлбэт. Кэллэҕинэ да, баһылла сытар кыһалҕаны, биир сокуон атыны утарар усулуобуйатыгар ону кыайан быһаарбат. Ол туоһута, мээрдэри хаайыыга угуу Арассыыйа салайыытын биир ураты көстүүтэ буолбута. ДьУоХХ даҕаны үлэтэ бу реформаттан тупсан кэлиэ суоҕа.
– Тыа оскуолаларын, балыыһаларын “оптимизациялааһын” кэннэ тыа сириттэн дьон көһөн барыыта күүһүрдэ. Тыа сириттэн былаас барара эмиэ кутталлаах дуо?
– Дьон көһүүтэ онто суох бара турар. Социальнай ситими оптимизациялааһын кэнниттэн ол ордук күүһүрдэ. Эдэрдэр бараллар, сааһырбыт өттө хаалан ону чуумпутук тулуйан олорор, сыыйа онно олох умуллар... Хоту, Сибииргэ уонна Уһук Илиҥҥэ нэһилиэнньэлээх пууннара ыраах-ыраах сытар буолан, сарбыйыыга син өйөөн-убаан сыһыаннастылар, син тутан хааллылар. Оттон Киин Арассыыйа уонна Хотугулуу-Арҕаа сарбыйыыга “чөмпүйүөннээтилэр”.
Аллараа таһымҥа салалта, былаас суох буолара ордук үлэлиир нэһилиэнньэлээх сиргэ ыарахан буолуоҕа. Дьон ханна, тугу баран туруорсуой? Билиҥҥи ОБС дьон санаатын учуоттаан, онтон кымньыыланан, ханна эрэ суол тутуутун, ханна эрэ ДьУОХХ үлэтин син быһааран олордоҕо дии. Дьон “эппиппитин истэллэр, тиэрдиэхтэрэ” диэн эрэх-турах сананар. Оттон дьэ ити реформа кэнниттэн Бэрэсидьиэни кытта быһа эпииргэ уһун унньуктаах уочараттар субуһуохтара...
– Салалта схемата судургута ордук буолбатах дуо?
– Уустук схема, өскөтүн ол сир-уот уратытын учуоттуур буоллаҕына, ордук тирэхтээх. Холобур, Краснодарга сөп түбэһэр тутулу Чукоткаҕа эбэтэр Мурманскайга киллэрэр кыаллыа суоҕа, ону экономгеографияны үөрэтэр оскуола оҕото да өйдөө ини. Былаас бэлитиичэскэй “турбулентноһы” суох гынаары салайыыны судургутута сатыыр. Ону баара, биир сиргэ ол судургу буоллаҕына, атыҥҥа өссө уустугуруо. Холобур, 2018 сыл кэнниттэн, Национальнай бырайыактары олоххо киллэриинэн, РФ субъектара ылар араас субсидиялара 100-тэн 300-кэ диэри улааппыта. Ону эрэгийиэннэр бары үбүлэһиэхтээхтэр (софинансирование) уонна отчуоттуохтаахтар. Онон, ити ханнык да “судургутутуу” буолбатах, ити – бүрүкүрээтийэ тиһигин улаатыннарыы. Туох баар эйгэни онон толоруу. Саамай сүрүнэ, аллараттан мэһэйдээбэтиннэр эрэ. Оттон үөһэ “биһиги барытын көрө, хонтуруоллуу олоруохпут” дииллэр. Олохтоох бэйэни салайыныы реформатын сыала-соруга – хонтуруолу күүһүрдүү. Холобур, бэрэстэбиитэлистибэ суох буолара киниэхэ ордук: ким бырачыаһы тэрийиэй, утары санааны тиэрдиэй? Ким даҕаны хартыынаны буортулаабат, ким да “тоҕо манныгый?” диэн ыйыппат буоллаҕа.