От ыйын 13 күнүгэр, эбиэккэ диэри дьиэ үлэтин иирбэ-таарба кыһалҕаларын бэрийэ сылдьан, Саха араадьыйатын саҥатын холбоон баран истэ сырыттым. Сарсыардаттан күнүскүгэ диэри араадьыйаҕа үлэлии кэлбит былырыыҥҥаттан баар буолбут ыытааччы, орто саастаах ыччат, саҥаран- иҥэрэн, кутан-симэн, уутугар-хаарыгар киирэн кэпсии олороругар түбэстим. Урут даҕаны кинини мэлдьи истээччибин. Кинини эрэ буолуо дуо, араадьыйа үлэһиттэрин саҥаларынан барыларын даҕаны билэттиибин диэххэ сөп.
Ыытааччы ыччаппыт сайыммыт хайыы сахха ортолообутун туһунан аҕынна. Күн-дьыл түргэнник барарын санатта. Ол да буоллар, ханна дуоһуйа сынньаныахха сөптөөҕүн ааттаталаата: куорат иһигэр баар ууларга оҥочонон устуохха сөп эбит, куорат сөтүөлүүргэ көҥүллээх ууларыгар (холобур, 200-с квартал пилээһэ эҥин) дуоһуйа сөтүөлүөххэ сөп үһү. Ону таһынан, атын даҕаны дьону көрүлэтэр, сынньатар сирдэр элбэхтэрин туһунан кэпсээтэ.
Ол иннинээҕи биэриилэригэр, олус куйаас күннэр сатыылаатахтарына, төбөбүтүн күн уотуттан харыстанан хайаан да чараас маҥан бэргэһэлээх сылдьыахтаахпыт туһунан санатааччы. Кыргыттар ол-бу кириэм эҥин бистиэхтээхтэрин туһунан сүбэлээччи.
Үйэлээх сааспар улаханнык тугу да сиҥнэри көппөтөҕүм эрээри, саха киһитэ да буоларым быһыытынан, Сахабыт сирин, кылгас эрээри сатаан дьаһаннахха, олус быйаҥнаах сайынын аҥаардастыы көрүлээн-нарылаан, ыллаан-туойан, аан дойдуну туос иллэҥ кэрийэн кэлии эрэ туһугар сайыммытын устар кыһыны быһа көһүтүү диэн, бу ханна да баппат сүөргү быһыы диэн сыаналыыбын.
Былыр-былыргыттан саха аймах кылгас сайыныгар уһун унньуктаах тымныы, хараҥа кыһынын кэм да киһилии сиэринэн, кыбыс -кыараҕас, тыбыс-тымныы балаҕаныгар сүтэн-оһон хаалбакка, дьаҥ-дьаһах хаарыйбакка этэҥҥэ күөххэ үктэнэр туһугар кылгас сайыныгар түүннэри-күннэри, биир да күн өрөөбөккө, хаар-самыыр диэн аахсыбакка, куйаас, оҥоойу-бырдах диэн толлубакка, кыстыгы этэҥҥэ туоруур туһугар мөхсөр. Саха ыалын бары дьоно кырдьаҕаһыттан оҕотугар диэри ити күүрээннээх үлэҕэ кытталлар. Ким да ити тыыннаах хаалыы туһугар охсуһууттан туора туран хаалбат.
Бастатан туран, бүтүннүү саба түһэн отторун бэлэмигэр түһэллэр. Урукку саха орто ыала уонча төбө сүөһүлээх буолар. Онтугар кырата уонча туонна от бэлэмнэнэр. Билиҥҥи кэминэн, ити 5 кээһиилээх от. Ити үлүгэрдээх элбэх оту урукку киһи аҥаардас илии хотуурунан охсон бэлэмниир. Мас кыраабылынан, мас атырдьаҕынан мунньар, кээһэр. Кыһын онтун оҕуһунан, атынан тиэйэр.
70-с, 80-с сыллартан саҕалаан саха дьоно аныгылыы сырдык, ичигэс, киэҥ-куоҥ дьиэ тутуутунан дьарыгыран эрэр. Бу сахаҕа эмиэ тыын боппуруос. Кыһын дьиэ тутуллубат.
Итини таһынан, сайын аҕыйах ыйга төрөөбүт ынахтар элбэх үүтү ыаталлар. Бу ыаммыт үүт барыта үрүҥ аска кубулутуллар: арыыга, сүөгэйгэ, кымыска, быыппахха, суоракка, тарга, иэдьэгэйгэ, онтон да араас үүттэн оҥоһуллар үрүҥ аска. Ити ас барыта кыһын сииргэ анаан хаһааныллар. Ити үлэ барыта сүнньүнэн дьахтар, кыыс аймах үлэтэ буолар.
Урукку саха ыала сир аһа диэни мээнэ хомуйбат: бириэмэтэ да суох, саахар да суох. Онуоха эбии бу отон туох да тотоойу аһылык ахсааныгар киирбэт. Кэлин сир астааһына олус дэлэйдэ: саахар да баар, аныгы дьахтар сүрэҕэ суоҕар тэптэрэн, сүөһү-ас туппат, инньэ гынан, туос иллэҥ. Кыһыны быһа ол отонунан буһарбыт барыанньатын сиэн араас ыарыыга барытыгар хаптарар. Сүрүннээн, олус элбэх минньигэһи сиэн диабетынан ыалдьар, сиэри таһынан уойар, оһох, ыскаап саҕа буолар, үйэтэ кылгыыр, эрдэ өлөр. Эбиитин, кэннигэр тэп диэбиккэ дылы, дьахтар аймах сүрэҕэ суоҕар эбии арыгыга түргэнник охтор идэлэннэ: арыгыһыт дьахтар олус элбээтэ.
Биһиги оҕо эрдэхпитинэ Сунтаарга биир Даай-даай диэн арыгыһыт дьахтар баара. Көөлөөн Сүөдэр диэн эмиэ арыгыһыт киһилиин арыгылыыллар этэ. Тоҕо арыгылыыгыт диэн билиҥҥи дьахтартан ыйыттахха, «олохпут ыарахан” дииллэр. Ыараабакка: тугу да үлэлээбэттэр, сүрэҕэлдьииллэр, инньэ гынан, ас-таҥас суох. Дьиэ-уот эмиэ суох. Ол эрээри кимнээҕэр үөрэ-көтө сылдьаахтыыллар. Кыһын куоракка дьиэ анныгар теплотрассаларга хорҕойо сатаан баран, сорохторо тоҥон өлөр быһыылаах, ону ыттар тырыта-хайыта тыытан сии үөрэнэнэн уулуссаҕа сылдьар дьоҥҥо сабыта түһэр буоллулар. Онуоха эбии Госдума депутата Бурматов В.В. ыт туһунан сокуона киһини көмүскүүрүн оннугар ыттары көмүскүүр гына оҥоһуллубут.
Федоров Е.А. диэн Госдумаҕа депутааттыы сылдьыбыт ыччат этэринэн, Арассыыйа Госдуматыгар сокуону сатаан оҥорботтор эбит. Арҕааҥҥылартан сүбэлэтэллэр. Ону анарааҥҥыларыҥ бэлэм сылтах акаары дьоҥҥо күлүү гыммыт курдук сокуоннары оҥорон ыыталлар. Ыт сокуона эмиэ кинилэр оҥорон ыыппыт сокуоннара. Ол иннинэ Үөрэҕириигэ ЕГЭ диэн Амыарыкалар тугу да өйдөөбөт оҕолорго анаан оҥорбут, онтон кэлин аккаастаммыт ЕГЭ-лэрин собус-соруйан Арассыыйаҕа киллэрэннэр, Арассыыйа ыччатын бүтүннүү тугу да өйдөөбөт көлүөнэҕэ кубулуттулар. Ону буоллаҕына, биһиги эмиэ тугу да үөрэҕириигэ ыйдаҥардыбат дьахталларбыт үөрэ-көтө ылына охсон баран, билигин кэлэн аны аккаастанар айдааныгар киирдилэр.
Үөрэҕирии сүрүн ирдэбилэ, дьиҥэр, боп-боростуой ээ: сатаан баҕаран туран үлэлиирин сөбүлүүр ыччаты иитэн таһаарыы. Талан ылбыт идэтин ыччат сөбүлүөхтээх. Ол идэтигэр саҥаттан-саҥа сүүрээннэри киллэрэ сатыырга дьулуһуохтаах. Онно дириҥ билии-көрүү, өй-санаа ирдэнэр. Арҕааҥҥылар ол иһин олус сайдыылаахтар, идэлэрин бары сөбүлүүллэр, үлэлэрин таһаарыытын элбэтээри саҥаттан саҥаны айаллар, ону барытын олоххо киллэрэн иһэллэр. Наукаҕа, технологияҕа саҥа арыйыылар бары омуктар киэннэрэ. Биһиги дьоммут бэлэми да сатаан туһаммаппыт.
Били баарыан кэпсээн испит ыччатым хаһан эрэ ханнык эрэ тэрилтэҕэ үлэлээн сылдьыбытым диэн кэпсээбитэ. 11 чаастан саҕалаан хахтара эрэ хаалар үһү. 12 ааһыыта бары дьиэлэрин диэкки эбиэттии диэн түһүнэн кэбиһэллэр эбит. Дьиҥэр, үлэ режимин ирдэбилинэн эбиэт 1 чаастан 2 чааска диэри. Ону ким да тутуспат.
Арассыыйаҕа үлэтин сөбүлээн үлэлиир киһи суоҕун тэҥэ. Ол суотугар сайдыы букатын барбат, төттөрү кэхтии күн-түүн күүһүрэн иһэр. Ол үрдүнэн, оччо-бачча сайынныбыт, барҕардыбыт диэн чабыланыы сүрдээх.
ЕГЭ-нэн үөрэммит хас да көлүөнэ ыччат үөскээтэ. Ким да үлэлиэн баҕарбат буолла. Ол оннугар киһи үөйбэтэх-ахтыбатах сидьиҥ быһылааннара дойду үрдүнэн тохтоло суох үөскүү тураллар. Ол туһунан бары даҕаны миигиннээҕэр ордук билэргит буолуо. Бу ыстатыйаны ЕГЭ-ни киллэрэргэ күүскэ сүүрбүт-көппүт дьахталларга көрдөрүҥ. Эрэйдээхтэр маны көрөн саатар баҕар тугу эмит өйдөөйөллөр. ЕГЭ буортутун туһунан мэлдьи суруйааччыбын.
Биһиги оскуолаҕа үлэлиир эрдэхпитинэ, тугу да математикаҕа өйдөөбөт оҕолору биһиэхэ туттараллар этэ. Ол эрэйдээхтэргэ математика уустук боппуруостарын өйдөтө сатаан, оҕо бөҕөнү мөҕөн-түүрэйэн, билигин оҕолортон абааһы көрүллэ сылдьабыт.
Барбах ыйдаҥардар оҕолору мунньаннар, “чөмчөкөлөрбүт” дэнээччилэр бэйэлэрэ үөрэтэллэр этэ. Онтон устунан лицей диэни аспыттара. Ол түмүгэр, онно үлэлээбит “чөмчөкөлөрбүт” дэнэр дьоммут, ааттарын билбэт буолуохтарыгар диэри, араас чыыны-хааны барытын иҥэриннилэр. Мэктиэтигэр дойдулаатахтарына, ол чыыннарын-хааннарын барытын анараа дойдуга кытта илдьэ бараллара буолуо. Хамнастара диэн эмиэ сиэри таһынан үрдүк.
Ол үрдүнэн, лицейи бүтэрбит биир да оҕо кэлэн Сунтаарын бадараантан хостоон сайдыы, чэчирээһин үрдүк чыпчаалыгар таһаара илик. “Тоҕо оҕолоргут кэлэннэр төрөөбүт дойдуларын чэчирии сайдарын туһугар күүстэрин-күдэхтэрин харыстаабакка үлэлээбэттэрий?” диэн ыйыттахха “Ким эмэ саҕалаатаҕына кэлиэхтэрэ” дииллэр. Лицейи бүтэрбит ыччат бэйэтэ суолу тэлээччи буолуохтаах, ким эрэ кэнниттэн сылдьыбакка. Инники күөҥҥэ сылдьыахтаах ыччаты иитэргэ лицей аналлаах диэн өйдүүбүн. Үөһээ Бүлүү гимназиятын бүтэрбит ыччаттар Саха сирин биллэр дьонноро. Инники күөҥҥэ сылдьаллар. Дьонноругар-сэргэлэригэр сайдыы суолун торумнууллар.
Сунтаартан Юрий Мекумянов
*Ааптар суругун истиилин, тылын-өһүн уларытыыта суох таһаардыбыт.
Ааптар тус санаата эрэдээксийэ санаатын кытта сөп түбэспэт буолуон сөп.