Киир

Киир


Бүлүү өрүһүм барахсан үтүө мөссүөнүнэн киэн туттубуттуу чуумпу сайыҥҥы сыралҕантан киэҥ ыраас иэнэ сиэркилэ таас кэриэтэ мэндээрэн сытар. Илин эҥээригэр үрүҥ хайа күлүгэ түһэн, эбии үрдээн, киэргэйэн көстөр. Оттон өрүс арҕаа өттө күөх иирэлэринэн кытыыланан, кинилэр будьурхай күлүктэрэ балык сэмсээһиниттэн быһытталана дьиримнииллэр. Этиэхтэн кэрэ эриэккэс хартыына Балыктаах диэн сиргэ ойууланар. Бэл, чыычаах ыллаабат, киһи-сүөһү ууттан арахпат өҥүрүк куйааһа түспүт. Аһыҥа тыаһа сытыырхайбыт, күлүмэн тыаһа күүркэйбит күнэ үүммүт. Куйааһырҕаабыт табалар күөх иирэҕэ сөрүөстэ сыбанан, көхсүлэрин күрдүргэччи тыаһата-тыаһата, өрө-таҥнары сырсан эҥээрдэрэ таһырҕаһаллар. Сахам сирин сайына, уһуутаан түһэн итиитин даҕаны, оо, оттон кыһына, тоһутталанан тымныыгыан... Ол иһин буоллаҕа буолуо, тимир итииттэн тымныыга хатарыныы, Сахам сирин айар-тутар дьоно сынтарыйбат сындааһыннаах, элэйбэт эрчимнээх хатарыллыбыт тимирдии хатаннар.

 

Бу күн биир улахан хомоҕо, эргэ мотуордаах оҥочоҕо кыргыылаах баттахтаах, кэтит богдоҕор көҕүс күөс быстыҥа лэкээрийэн тугу эрэ гынар, мучумааннанар. Биир сэниэ балык түбэһэн, илимин ооҕуй ситимин курдук эрийэн кэбиспитин араара сатаан, киҥэ-наара холлон олорор. Сотору-сотору хамсалаах табаҕын буруота бургучус гына-гына үөһэ диэки дайдара симэлийэ тарҕанар. Эргэ саар ыаҕаска көп түгэҕинэн араас балыктар туора-маары түһэн, сахсырҕа “ыалдьыттанан” эрэллэр. Эмискэ кинини манаан олорбут күөрт ыт үрэн тоҕо барбытыгар, оҕонньор соһуйан, өрө ходьох гына түстэ. Устунан сиһин көннөрөөрү лэкэс гына олоро биэрдэ. Ыта өрүс диэки көрө-көрө бокуойа суох үрэн маргыйар. Булчут ыт арҕаһын түүтүн күүрдэн үрдэҕинэ, ол таах буолбатах, улахан кыыл буоллаҕа.

Оҕонньор өрүс ортотун диэки чарапчыланан көрбүтэ, доҕоор, туох эрэ бэйэлээх өрө харбаан өрүһү туораан, кини табаларын диэки сундулуйан эрэр эбит. Оҕонньор, оччону көрөөт, хараҕа уоттана түстэ, хамсатын сиэбигэр симиннэ, илимин көннөрбөккө эрэ ууга бырахта. Онтон тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу, бокуойа суох мотуорун эһэргэ барда. Мотуора өс киирбэх эстэн, өрө илигирии түстэ да аллаах оҥочо булдун диэки улуннуу дайда. Өрө мэҥийэн тиийбитигэр били бэйэлээх кыһыл айаҕын атытан, аһыыларын ардьатан, суос бэринэ-бэринэ харбыырын кубулуппата. Оҕонньор кырдьаҕаһыгар тэптэрэн, табаларын тахсан кыйдыа, сиэтэлиэ дии санаан, бултаһарга сорунна.

Мотуордаах оҥочо, эҥин араастык ботугураан ыла-ыла, оҕотуттан көҥөөбүт хара тураах кырбыйга суоһурҕанан эҥин араастык туора-маары элиэтээн түһэринии, биир кэм бэйэтин баалыгар оҕустаран, эһэ тула өрүтэ күөрэҥнии, эргийэ сырытта. Улам-улам оҥочолоох адьырҕа табалаах эҥээргэ чугаһаатар чугаһаан истилэр. Сабырыччы үүммүт хаастаах хаһыҥ кэнчээритин курдук маҥхайбыт баттахтаах кырдьаҕас төбө, маннык эргитэр туһата суоҕун билэн, харса суох булдун үрдүнэн сүүрдэн эрдэҕинэ мотуора “паарк” гына тыаһаат, умуллан хаалла. Өрө хоройон испит оҥочо, булдун аттыгар хорус гына түстэ, кырыылаах тумсунан эһэтин кэннин аат эрэ харата лик гыннарда. Онно ол бэйэлээх харбаан будуллаҥнатан испит хайысхатын сүтэрэн, утары эргиллэргэ барда. Оҕонньор мотуорун аҕыйахта тардыалаан иһэн, эһэтэ баппаҕайынан оҥочо эркинин тардан иҥнэс гыннарбытыгар эрэ, эргиллэ биэрдэ.

Өлүү болдьохтоох диэбиккэ дылы, мотуор эстибэтэ, кытаанах хасыһыы буолар буолла. Оҕонньор ыксаан, эрдиитин ылан, оҥочоҕо тахса сатыыр кыылы баппаҕайын араара сатыырдыы, быһыта сыста, сирэйгэ анньыалаата. Кыыла онтон толлубата. Сытыы төгүрүк харахтара өһөхтөөҕүнэн чаҕылыҥнаатылар, биир кэм киҥинэйэ-киҥинэйэ өрө тарбачыһа сырытта. Модун аһыыларынан оҥочо ойоҕоһун хадьырыйталаата.

Оҕонньор эрдиитэ туһата суоҕун билэн, эрдиитин быраҕаат, оҥочотун тумсугар баар сүгэтигэр ойдо. Сүгэтин ылаат эргиллибитэ, эһэтэ үөһэ ыттыбыт. Оҕонньор кырдьан, сорсуйар кырыыһыгар баттатан, өстөөҕө киниэхэ түһэрин кэтэһэн, сүгэтин далайан, охсорго бэлэм турда. Кыыла хаста да киһи куйахата күүрүөх часкыйда, даллаччы аппыт айаҕынан бэлэһэ кытарыҥнаан көһүннэ, ньалҕаархай түүтүттэн уу чурулуу чоккураата. Оҥочо өлөрсөөрү турар эһэлээх оҕонньору ыарырҕаппыттыы, уҥа-хаҥас иҥнэҥнээтэ. Туораттан көрбүт киһиэхэ дьулаан хартыына буолла.

Ким саныай, оҥочо үрдүгэр эһэлээх киһи утары күрдьүөттэһэн туруохтара диэн, дьэ, эмиэ туһугар дьикти быһылаан. Батастаах буолан баран тайыылаабыт киһи баар ини диэн оҕонньор өйүгэр чокуур саҕарыныы күлүм гынан аста. Эмискэ эһэтин көхсүн тыаһа бүтэҥитик ньиргийээт, оҕонньор диэки сууллан эрэрэ баара, сэргэх турбут оҕонньор умса нөрүйэ, утары халбарыс гынан биэрэн, эһэтин кэннин диэки баар буола түстэ. Хардаҥ эһэттэн халбарыйан, халты харбатыы хапсаҕайа буоллаҕа буолуо. Ол кэнниттэн утуу-субуу эһэ кэтэҕэр сүгэччэтэ күөрэҥнээтэ. Сэниэлээх илиинэн, сытыы биинэн далайтарбыт эһэ лаппа бааһыран, төбөтүн илгистэ-илгистэ, хатан часкыыры түһэрэн, эргиллэргэ барда. Киһи этэ салаһыах, бааһырбыт кыыл часкыырыттан иирэ күлүгэр сылдьар табалар үргэн, биэрэк үөһэ үрүө-тараа сүүрэн чырастылар. Оттон булчут ыта ыйылыыр, үрэр былаастаан, ууга киириэхчэ-киирбэккэ, сүүрэкэлии сырытта.

Хойуу ньылҕа түү быыһыттан өрө мөҕөн тахсар хааны бүрүммүт эһэ кэтит сүүһэ эмиэ оҕонньор диэки бу малас гына түстэ. Ону эрэ көһүппүттүү, оҕонньор марайа түһэн баран саайбыта, сүгэтэ кыылын харынньытын чорбох уҥуоҕуттан халтарыйан, ууга түһэр тыаһа «чолк» гынан эрэ хаалла. Эһэ кыһыл ытыһынан хаалбыт оҕонньору баттыы сууллан түстэ уонна туох түбэһиэх хадьырыйталаата, баҕыырдаах баппаҕайынан батарыта тутуталаата. Оҕонньор этэ-сиинэ ап-аһыы, сылаас буола ыараан киирэн барда. Бу түгэҥҥэ өлүүттэн быыһыах сыччах быһахтааҕын санаата. Бүтэһик күүһүнэн, өйүнэн-санаатынан, быһаҕын илиитигэр ылан, эһэтин туох түбэһиэх илиитин таһынан искэ, бүөргэ саайталаата.

Эһэ өрө ходьох гына түстэ да, икки илин атаҕын сараадыппытынан, тиэрэ нанарыйан эрэрэ, ону сэргэ ууга түһэр тыаһа барылаата. Эһэ күүгэннээх хаанынан хардьыгынаат, тимирэргэ барда. Оҕонньор эрэйдээх өйүн сүтэрэн, оҥочо сөрүүн түгэҕэр умса түһэн сытта. Ити бириэмэҕэ ыта харбаан киирэн, ыйылыы-ыйылыы ыараханнык бааһырбыт иччитигэр тахса сатаан, тарбачыһан көрө-көрө, оҥочо тула харбыы сырытта. Бүлүү өрүс бу быһылаантан кыһаллыбатахтыы, наҕыл сүүрүгүнэн оҥочолоох ыты аргыый таҥнары уһаарда. Бу түгэҥҥэ, оҕонньор сиэнэн уол уу баһа киирэн иһэн, эһэтин оҥочото кураанах устан, ону тэҥэ ыта үрэ-үрэ, оҥочоҕо тахса сатыы иһэрин көрөн, эбэтигэр тыллыы сүүрдэ. Быһылаан суруйдахха уһун, чыпчылыйыах түгэнэ буолан ааспыта.

Карл Григорьев-

Уйгулаан Ойууһут.

Кириэстээх бөһ.