Олохтоох алмаас хампаанньата тулхадыйбакка тутуһар социальнай бэлиитикэтигэр экология боппуруостарын сырдатыы ураты, бэлиэ миэстэни ылар. Саха сирин уйан, уһун кэмнээх оһорунууну ирдиир ураты айылҕатын харыстыыр туһуттан АЛРОСА уонна өрөспүүбүлүкэ экологияҕа анаммыт кыттыгас бырайыактарын олоххо килэрэллэр. Бырайыактарга оскуола үөрэнээччилэрэ эмиэ көхтөөхтүк кытталлар.
Ыччаты экологияҕа сыһыаран иитии – кэлэр кэмҥэ экология баар буолуутун мэктиэтэ
«оБЕРЕГай природу!»
АЛРОСА экологияҕа киинэ Бүлүү улуустарын үөрэнээччилэригэр ийэ айылҕаларын таптыы, харыстыы үөрэнэллэригэр анаан, хас сыл аайы аахсыйа ыытар. Эко-киин үлэһиттэрэ экология туһунан аһаҕас уруоктары ыыталлар, актыбыыстар бэйэлэрэ айылҕа харыстабылын суолтатын уонна эрэгийиэн экологияҕа тиһигин харыстыыр наадатын кэпсииллэр. Ол курдук, былырыын Бүлүү улуустарыттан тустаах аахсыйаҕа 450 оҕо кыттыбыта.
“Үлэһиттэрбит экология уонна хас биирдии киһи экология иннигэр эппиэтинэстээҕэр туһуламмыт кылаас чаастарын ыыталлар. Маннык уруоктарга оҕолор АЛРОСА, хампаанньа экологияҕа киинин уонна эколог идэтин туһунан элбэҕи, сонуну билэллэр. Дьарык кэнниттэн Бүлүү кытылыгар тутуспутунан тахсан, субуотунньуктууллар. Оскуолаларга дьоҕус экспресс-лабаратыарыйа бэлэхтэнэр. Ол көмөтүнэн оҕолор учууталларын салайыытынан хаачыстыбатын бэрэбиэркэлииргэ анаан, салгынтан, буортан уонна ууттан боруоба ылар кыахтаналлар. Ити курдук, кинилэр сыыйа эколог үөрүйэҕэр үөрэнэллэр”, – диэн АЛРОСА экологияҕа киинин уу баайын харыстабылыгар уонна сир баайын туһаныыга бөлөх салайааччыта Инна Костерева кэпсээтэ.
“Зеленые пионеры”
Өрөспүүбүлүкэ эдэр экологтара Арассыыйатааҕы “Зеленая Россия” экология хамсааһынын чэрчитинэн ыытыллар өрөспүүбүлүкэ эдэр экологтарын тэрээһинин АЛРОСА быһаччы өйөөбүтэ балай эмэ буолла. Хампаанньа – “Зеленые пионеры Якутии” хамсааһын генеральнай партнера, ол быһыытынан араас өрүттээх көмөнү оҥорор.
Бу хамсааһыҥҥа айылҕа наукаларын биһириир, тулалыыр эйгэни ыраастыыр субуотунньукка, аахсыйаҕа уонна араас хабааннаах экология күрэхтэригэр, оннук тэрээһиннэри бэйэлэрэ эмиэ көҕүлүүр көхтөөх оҕолор кытталлар. Дьокуускайга баар “Бэс чагда” оҕо сынньалаҥын уонна доруобуйатын чэбдигирдэр киин базатыгар сайыҥҥы өттүгэр Саха сирин араас оройуоннарыттан экология симиэнэтэ сынньанан барар.
“Быйылгы симиэнэ “Энергетик” оҕо чэбдигирэр киинигэр сынньаныаҕа уонна Саха сиринээҕи «Зеленые пионеры» хамсааһын VII сүлүөтүгэр өрөспүүбүлүкэ 22 оройуонуттан уопсайа холбоон, 150 оҕо кыттыаҕа. Сүлүөтү Экология, айылҕа харыстабылын уонна СӨ Үөрэххэ министиэристибэлэрэ“Бэс Чагдаҕа” билим, үөрэх, култуура уонна уопсастыбаннас түмсүүлэрин бэрэстэбиитэллэрин кытыннаран, тэрийэллэр, – диэн өрөспүүбүлүкэ Экологияҕа министиэристибэтин дэпэртээмэнин салайааччытын солбуйааччы Владислав Велигура кэпсээтэ. – Оҕолору айылҕаны харыстыыр үөрүйэххэ, сатабылга билим эспиэрдэрэ уонна уопсастыбаннай экологтар уһуйаллар. “Зеленые пионеры” оҕолоро төрөөбүт айылҕаларын көмүскэлигэр” диэн өрөспүүбүлүкэ куонкуруһа баар. Ол чэрчитинэн, оҕолор айылҕа харыстабылыгар анаан оҥорбут бырайыактарын уонна оскуолаларыгар ыытар тэрээһиннэрин билиһиннэрэллэр, сүрэхтииллэр. Ону таһынан “Зеленая экономика” диэн туттуллубут (вторичное) сырьеттан бэлэмнэммит оҥоһуктар күрэхтэрэ буолар.
Саха сирин үрдүнэн “Зеленые пионеры” хамсааһыҥҥа 8000-тан тахса үөрэнээччи киирэр. Кинилэртэн сорохторо оскуола кэнниттэн салгыы үөрэнэн, биолог, химик эбэтэр эколог идэлэрин баһылыыллар. Оҕолор бу хамсааһыҥҥа кыттыы тулалыыр эйгэ иннигэр тус бэйэ эппиэтинэстээх буолуутун уһугуннарар, кэлэр көлүөнэлэргэ анаан, ийэ айылҕаны харыстыыр баҕа күүһүрэрин этэллэр. Сүрүнэ, оҕолор учууталларын уонна экологияны кэтээн көрөр судаарыстыба иниспиэксийэтин кытта айылҕа харыстабылыгар көмөлөөх, дьиҥ туһалаах дьыалаҕа кытталлар.
“Мин “Зеленай пионердар” кэккэлэригэр алын кылаастан баарбын. Сыллата экологияҕа сыһыаннаах аахсыйаҕа барытыгар кыттабыт. Сыл устата үүнээйилэри олордобут, олимпиадаларга, быыстапкаларга, холобур, “Тобохтон (отходтан) – дохуокка” диэн баар, кыттабыт. Мин санаабар, биһиги кэлэр кэскилбитигэр төһүү кылааты киллэрэбит, ону таһынан бу дьарыкпыт хас биирдиибит чэгиэн, чөл буоларыгар суолталаах, биһиги олоруохтаах олохпут ыраас, сырдык уонна табыгастаах буоларыгар көмөлөһөр. Тулалыыр эйгэни тупсарар баҕалаах түгэҥҥэ, бастаан бэйэттэн саҕалыыр ордук”, – диэн санаатын үллэстэр “Зеленые пионеры Якутии” хамсааһын кыттыылааҕа, Дьокуускай 35-с №-дээх оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ Анна Босоева.
Маннык ис-иһиттэн баҕалаах оҕолор бэйэлэрин эко-бырайыактарын өрөспүүбүлүкэ атын муннуктарыгар эмиэ олоххо киллэрэсллэр. Холобур, Үөһээ Дьааҥы Баатаҕайын үөрэнээччилэрэ ойуур-тыа умайыытыттан биллэ эмсэҕэлээбит болбукта имири эстибэтин туһугар билигин үлэлэһэ сылдьаллар. Оттон Эдьигээннээҕи уопсай үөрэхтээһин оскуолатыгар эдэр экологтар туттулубут батарыайалары улуус маҕаһыыннарыгар кииннээн хомуйууну тэрийбиттэр.
Экологияҕа куттал суох буолуутугар пуонда үлэлэһэр
Экология хайысхалаах тэрээһин үгүс өттө, ону таһынан олохтоохтор көҕүлээһиннэринэн ыытыллар үлэ-хамнас алмаас хампаанньата, СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ уонна Уһук Илиҥҥэ экология өттүнэн куттал суох буолуутугар пуонданы (ФЭБ ДВ) кытта түһэрсиллибит бииргэ үлэлэһии сөбүлэҥэр олоҕуран ыытыллар.
Былырыыҥҥы түмүгүнэн экологияны сырдатыыга сыһыаннаах 14 араас бырайыак олоххо киирбит. Сорох өттө быйыл да салгыы ыытыллыа. Холобур, айылҕа ураты харыстанар сирдэригэр тэриллэр сайыҥҥы лааҕырдарга экология эспэдииссийэлэрэ, “Бүтүн Арассыыйатааҕы экология дьыктаана”, “Айылҕа уонна биһиги” өрөспүүбүлүкэ таһымнаах экология аахсыйата уо.д.а. курдуктар.
Уһук Илиннээҕи ФЭБ кытта бииргэ үлэлэһии сөбүлэҥин чэрчитинэн, хампаанньа экология эйгэтигэр тэриллэр араас тэрээһиҥҥэ успуонсардыыр. Үбүнэн өйөбүл кээмэйэ – 12 мөл. солк. Бу үпкэ кинигэлэр бэчээттэниэхтэрэ, Элгээйитээҕи Айылҕа түмэлигэр эспэнээттэр туралларыгар сөптөөх микро-килиимэти олохтуурга көмөлөһөр анал тэрили ыларга, материальнай көмөҕө туттуллуо.
Манна даҕатан эттэххэ, бу аатырбыт Айылҕа түмэлин энтузиаст, биология учуутала Борис Андреев түөн саҕаттан төрүттээн тэрийбитэ. Экологияны сырдатыыга сүҥкэн оруоллаах, суолталаах түмэл. Манна хас биирдиилэрэ ураты, хатыламмат гына оҥоһуллубут, сороҕо олох сэдэхтик көстөр 4000-тан тахса араас эспэнээт баар.
«Колодец сказок»
АЛРОСА экологияҕа киинэ хас сыл аайы оҕолорго уонна эрдэҕэс оҕолорго анаан, кырачаан саастан ийэ айылҕаҕа тапталы, ытыктабыллаах, харыстабыллаах сыһыаны иҥэрэр туһугар араас бырайыактары толкуйдаан таһаарар. Холобур, «Колодец сказок» 2020 сыллаахха хайдах төрүттэммитин өйдүүр буолуохтааххыт. Бастаан утаа остуоруйаны суруйууга куонкурус биллэриллибитэ. Онно Саха сириттэн эрэ буолбакка, Арассыыйаттан, бэл диэтэр, чугастааҕы тас дойдулартан тиийэ, 6 сааһыттан 15 диэри саастаах 280 оҕоттон айымньы, уруһуй тигинээн кэлбитэ. Онтон бастыҥнарын, талыыларын сүүмэрдээн, киигэҕэ 50 остуоруйаны киллэрбиттэрэ. Остуоруйа дьоруойдара бары да айылҕаҕа тус бэйэлэрин сыһыаннарынан тулалыыр айылҕа харыстаныахтааҕын көрдөрөллөр.
“Колодец сказок” хомуурунньук кинигэ нуучча, саха, эбэҥки ылларыгар тылбаастаммыта. Бу – мээнэҕэ буолбатах, хампаанньа Хоту сир норуоттарын култуураларын, үтүө үгэстэрин, тылларын үйэтитиигэ эмиэ интэиэстээх.
“АЛРОСА экологияҕа киинин бырайыактара, үлэлэрин биир хайысхата Хоту сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын тылларын өйүүргэ туһуланара олус кэрэхсэбиллээх. Маннык бырайыактар симэлийэн эрэр, симэлийэр кутталлаах тыллары чөлүгэр түһэриигэ, үйэтитиигэ бигэ тирэх буолаллар. Биһиги АЛРОСА биисинэс уонна Хоту сир төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктарын интэриэһин тэҥинэн тутарга дьулуһарын сыаналыыбыт”, – диэн СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын тыллары сайыннарыы боппуруостарыгар Управлениетын салайааччыта Римма Жиркова бэлиэтээтэ.
“Колодец сказок” бырайыак салгыы сайдар, тэнийэр. Ол курдук, хомуурунньук айымньыларын дьоруойдара хайыы үйэ ойуулукка (мультфильм) киирэн, бэйэ бодолорун көрдөрөн, оҕо дьоҥҥо туһалаах өттүнэн дьайа, айылҕаны таптыырга үөрэтэ, уһуйа сылдьаллар.
АЛРОСА алмаас хампаанньата экология өттүнэн сайдыыга, үүнэр көлүөнэни төрөөбүт дойдуну үөрэтэргэ, оскуола талааннаах үөрэнээччилэрин өйүүргэ улахан болҕомтотун уурар. Экология хамсааһына оҕолорго Ийэ дойдуга тапталы, патриоттуу сыһыаны олохтуур, тулалыыр айылҕаны харыстыырга ыҥырар. Ол да иһин, хампаанньа хас сыл аайы 500-кэ тиийэ араас эгэлгэ социальнай тэрээһиннэри олоххо киллэрэр. Экология өттүнэн куттал суох буолуутугар, тулалыыр эйгэ харыстабылыгар, этиллибитин курдук, 6 млрд солк. тиийэ үбүлээһини ыытар.