2019–2024 сылларга ыытыллара суоттаммыт “Бүлүү сүнньүнээҕи улуустарга уунан хааччыйар тиһиги сайыннарыы” олус туһалаах бырагыраама ылыллан үлэлиир. Тустаах бырагырааманан билигин Саха сирин алмаастаах түөлбэтигэр киирсэр улуустар 14 бөһүөлэктэригэр үлэ барар. Маныаха сүрүн үбүлээһини АЛРОСА хампаанньа СӨ Үүнэр көлүөнэ пуондатын нөҥүө оҥорор, хааччыйар. Бу – олохтоох алмаас хампаанньата социальнай хайысхалаах бырайыага буоларын бэлиэтиир тоҕоостоох. Бу сыалга хас сыл аайы хампаанньа 150 мөл. солк. ыытар.
Үөрэтэн-чинчийэн көрүү кэнниттэн саҕаламмыта
Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатыгар кэпсээбиттэринэн, бырагыраама тутаах сыала – Бүлүү сүнньүнээҕи улуустар уонна Мииринэй Сүлдьүкээрин уонна Эдьигээн олохтоохторун хаачыстыбалаах ыраас уунан хаччыйыы буолар. Уопсайа бу бырагыраамаҕа 29 нэһилиэнньэлээх пуун киирэрэ быһаарыллыбыт.
– Бырагырааманы олоххо киллэриигэ ураты болҕомто ууну мунньар, ыраастыыр ыстаансыйалары тутууга, тупсаран оҥорууга, уу таһар анал тиэхиньикэнэн хааччыйыыга ууруллар.
Үбүлээһин уопсай кээмэйэ икки млрд солкуобайтан тахса. Итинтэн аҥаара – АЛРОСА хас сыл аайы угар көмө харчыта, – диэн, Үүнэр көлүөнэ пуондатын генеральнай дириэктэрэ Михаил Керемясов быһаарар.
2019–2023 сылларга сууккаҕа 20-тэн 100 кубометрга тиийэ ууну ырастыыр кыамталаах булуок-модуль ыстаансыйалары Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Сунтаар, Мииринэй оройуоннарын нэһилиэнньэлээх пууннарыгар туруорбуттара.
Он таһынан геологтар 20-тэн тахса учаастакка сир аннынаҕы уу саппааһа баарын-суоҕун үөрэтэн-чинчийэн көрбүттэрэ, 20 уу таһар анал тиэхиньикэ ылыллылыбыта. Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин Ньурба куорат, Кыһыл Сыыр бөһүөлэгин ууну ыраастыыр тутууларын тупсарбыттара.
Ону тэҥэ элбэх нэһилиэн-ньэлээх пууннарга инженернэй тиһик уонна ууну түмэр тутуу оҥоһуллубуттара, бырайыактаах докумуон толоруллубута.
– Инженернэй тиһиги хааччыйыыны сайыннарары таһынан АЛРОСА үбүлээһининэн биһиги Бүлүү сүнньүнээҕи улуустары уунан хааччыйыы атын источниктарын, олохтоох нэһилиэнньэ доруобуйатын туругун бэрэбиэркэлээн көрүүнү, экологияны кэлимник чинчийии үлэлэрин ыыттарбыппыт, ону таһынан тустаах улуустарга бэлэмнэнэр тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйата хайдах хаачыстыбалааҕын бэрэбиэркэлиир үлэ тэриллибитэ, – диэн, Михаил Керемясов кэпсээтэ.
Куттала суох
Ууну ыраастыыр ыстаансыйалар бары аныгы, саҥа көлүөнэ оҥоһуктар. Балар бары хайдахтаах да техногеннай уонна айылҕа көстүүлэриттэн киртийбит ууну, ханнык источниктан – өрүстэн, күөлтэн эбэтэр скважинаттан — ылыллыбыттарыттан тутулуга суох, иһэргэ, аска туттарга куттала суох, үчүгэй хаачыстыбалаах, ол-бу эбииликтэрэ, үөнэ-көйүүрэ суох гына ыраастаан, сиидэлээн таһаараллар.
Саҥалыы технология атын, уруккулуу көрүҥнэртэн чорбойор өрүтэ – дьайыы барыта автоматика көмөтүнэн оҥоһуллар, ханнык да химическэй реагент туттуллубат, ыраастыыр инниттэн сылыта сатыыр наадата суох. Онон ыраастанан тахсар иһэр уу бэйэҕэ турар сыаната удамыр буолар.
Сунтаар олохтоохторугар анаан
Бу үлэ үтүө түмүгүн Сунтаар улууһун олохтоохторо уонна ыалдьыттара бу сыл бүтүүтэ бэлиэр билиэхтэрэ. Бу тустаах улууска кэнники биэс сылга ууну ыраастыыр дьоҕус ыстаансыйалары тутуу, син аннын (скважиналары) үүттүүр-хаһар үлэ, геологтар сир аннынааҕы уулары булар, чинчийэр-үөрэтэр үлэ тиһиктээхтик ыытылынна.
Ол курдук, 2019 сылтан ууну ыраастаан таһаарар дьоҕус ыстаансыйалары Кириэстээххэ, Сардаҥаҕа, Уустуйаҕа, Күндэйэҕэ, Элгээйигэ, Хордоҕойго уонна Туойдаахха аҕалан, таҥан туруорбуттара. Сорох нэһилиэнньэлээх пууннары уу таһар анал тиэхиньикэнэн хааччыйдылар.
Ону сэргэ Сунтаар күөлүн тулатыгар уу саппааһа баар буолуон сөптөөх сирдэри геологтар 2019 сылга чинчийэн көрбүттэрэ. Сууккаҕа 200 кубометртан итэҕэһэ суох ууну оборторор кыахтаах икки скважина хаһыллыбыта. Ол скважинаҕа 2020 сыллаахха ууну ыраастыыр тутуу ыытыллыбыта. Геолог көрдүүр-чинчийэр үлэтэ аны Элгээйигэ, Кутанаҕа, Сиэйэҕэ, Туойдаахха, Күндэйэҕэ уонна Күүкэйгэ ыытыллар.
Бу сыл ахсынньытыгар улуус киинигэр – Сунтаарга – ууну ыраастыыр саҥа ыстаансыйаны үлэҕэ киллэрэр соруктаахтар. Ол түгэни олохтоохтор долгуйа, үөрэ күүтэллэр. Бу туһунан нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга Эдуард Филиппов кэпсиир:
– Бу тутуу сууккаҕа 500 кубометрга тиийэ ууну хачайдыыр кыахтаах, оттон ууну ыраастыыр ыстаансыйа сууккаҕа 1100 м3 тиийэ ууну аһарар кыамталаах. Манна социальнай эбийиэктэр, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр уонна кэтэх ыаллар олорор сирдэрин сорох өттө холбонуохтара.
Ыраас уунан хааччыллыы кыһалҕата биһиэхэ үөскээбитэ ыраатта. Ууну ыраастыыр тутуубут Саха сирин Норуоттарын спартакиадата улууска ыытыллыбыт 2006 сылыгар турбута. Ол кэмтэн ыстаансыйа сөргүтүллэр, саҥардыллар кэмэ кэллэҕэ.
2019 сылга Сунтаар күөлүгэр геология көрдүүр (изыскательнай) үлэлэрэ ыытыллыбыттара. Өссө икки скважина бэлэмнэнэ сылдьар, олор Бүлүү эбэҕэ буолуохтара. Ол аата, биһиэхэ икки ньыманан уунан хааччыйыы кыаллыа: үөһэттэн уонна сир анныттан.
Ити курдук, АЛРОСА өйөбүлүнэн чинчийэр-көрдүүр үлэ ыытыллан, ыстаансыйа тутуллан, билигин үлэ бастакы түһүмэҕэ түмүктэнэн эрэр: сэлиэнньэ кииниттэн 4 килэмиэтирдээх уу ситимэ тардыллан холбонно. Ону таһынан ууну куттан ыларга анаан, сылаас түөрт холуоҥка олордуллар, – диэн Сунтаар сэлиэнньэтин баһылыга кэпсээтэ.
Бу эттэххэ эрэ дөбөҥ, үтүмэн үлэ ыытыллыбытын түмүгэр Сунтаар уонунан тыһыынча олохтооҕо хаачыстыбалаах, ыраас иһэр уунан хааччыллыа турдаҕа.