Ньурба улууһугар 3 нэhилиэккэ ойуур уотун умуруорарга үлэ барар. “Якутлесресурс” ГАУ-тан, “Авиалесоохрана” Ньурбатааҕы филиалыттан, Үөhээ Бүлүүтээҕи, Сунтаардааҕы филиаллартан, “Авиалесоохрана” федеральнай резервэтиттэн, олохтоохтортон, барыта 130 киһи баһаары бохсор.
Ньурбатааҕы лесничество салайааччыта Владимир Угапьев иhитиннэрэринэн, сезон саҕаланыаҕыттан улууска барыта 45 ойуур баhаара регистрацияламмыт. Итинтэн 19 баhаар умуруоруллубут. Нэhилиэнньэлээх пууннарга уонна экэниэмикэ эбийиэктэригэр куттал суоҕунан сибээстээн, 24 баhаарга Саха Өрөспүүбүлүкэтинээҕи ЫБМХ дьаhалынан умуруоруу үлэтэ тохтотуллан турар.
Билиҥҥи туругунан 3 нэhилиэккэ ойуур уотун умуруорарга үлэ барар. Хорулаттан 14 км сиргэ 22 №-дээх ойуур баһаарыгар 55 киһи үлэлиир. Ол иһигэр “Якутлесресурс” ГАУ-тан – 1, “Авиалесоохрана” Ньурбатааҕы филиалыттан – 1, Үөhээ Бүлүүтээҕи филиалтан – 7, “Авиалесоохрана” федеральнай резервэтиттэн – 38, олохтоохтортон – 8 киһи. Тиэхиньикэлэрэ – 3 “МТЗ”, 2 тиhиликтээх тыраахтар, 2 “УАЗ” массыына, итиэннэ 4 мотопомпалаахтар, 2 емкостаахтар уонна 55 РЛО-лаахтар (сүгэ сылдьан уунан ыстарар тэрил).
Чуукаарга 40 №-дээх баһаары утары 65 киһи охсуһар. Ол иһигэр “Якутлесресурс” ГАУ-тан – 15, “Авиалесоохрана” Ньурбатааҕы филиалыттан – 15, Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалтан – 10, Сунтаардааҕы филиалтан – 11 киһи. 2 тиһиликтээх тыраахтар, 2 “МТЗ”, 2 УАЗ, 4 мотопомпа үлэлиир, 62 РЛО уонна 2 емкость баар. Уот Куоначчаан үрэҕэр чугаһаабыт. Бэнидиэнньиккэ хотуттан тыалырар буолан, уот Чуукаарга да, Хорулаҕа да арыый туора барда.
Күндээдэҕэ 39 №-дээх ойуур баһаарыгар олохтоохтортон 10 киһи уонна мелиорация тэрилтэтин Т-100 бульдозера, итиэннэ булууктаах “МТЗ” тыраахтар үлэлии сылдьаллар. Куоҥхаар уота Күндээдэттэн 12,7 км тэйиччи баар. Уот линиятыгар диэри 5,5 км хаалбыт. Баскыһыанньаҕа Күндээдэттэн дьон тахсан, Куоҥхаары бэтэрээ өттүнэн баһаары утары минерализованнай балаһаны оҥорбуттар. Манна улахан тыраахтар баран үлэлии сылдьар. Кугдаар уота нэһилиэктэн 19 км сиргэ баар.
Улуус баһылыгын 1-кы солбуйааччыта Артур Яковлев от ыйын 29 күнүгэр планеркаҕа бу күннэргэ, метеорологтар билгэлээһиннэринэн, улаханнык тыалырыахтааҕын, баһаардар кутталлара син-биир оннунан хааларын иһитиннэрдэ. Ойуур уотун утары Кировтааҕы чох разреһын уонна мелиорация тэрилтэтин ыарахан тиэхиньикэтэ тардыллан үлэлии сылдьаллар. Инникитин атын тэрилтэлэр тиэхиньикэлэрин эмиэ таһаарыахтарын сөп. Октябрьскай нэһилиэк дьаһалтата өрүс уҥуор дьону таһааран, уоту утары минерализованнай балаһаны эрдэттэн оҥороругар этилиннэ. ЕДДС-тар тэрилтэлэри кытта үлэлэһэн, кэккэ тэрилтэлэр мобильнай этэрээккэ үлэлиэхтээх дьон испииһэктэрин биэрбиттэр.
Геннадий Антонов, ulus.media