Киир

Киир

Бу дьыл бэс ыйын 27 күнүгэр АЛРОСА уонна Чернышевскайдааҕы балык собуотун үлэһиттэрэ кыттыһан, Аччыгый Ботуобуйаҕа балык ыамаларын ыыталаатылар.

АЛРОСА экологтара Саха сирин эбэлэрин балыга элбиирин, ыамнара тупсарын туһугар собуокка үп көрөн, анаан-минээн балык искэҕин, ыаматын үөскэттэрэр. Ол быһыытынан, бу бэс ыйын 27 күнүгэр Светлэй бөһүөлэгэр балыгы үксэтии үһүс түһүмэҕэ буолан ааста. Ол эбэтэр АЛРОСА Экологияҕа киинин уонна Чернышевскайдааҕы балык собуотун исписэлиистэрэ тустаах собуот бэлэмнээбит майаҕас балык – 2000 уонна чыыр балык – 400 тыһ. ыаматын Аччыгый Ботуобуйа төрдүгэр ыыттылар. 

«Балыгы үксэтии (зарыбление) – биһиги хас сыл аайы көтүппэккэ, айылҕа харыстабылыгар сыһыаннаан ыытар тэрээһиммит. Чернышевскай балык собуотун кытта бииргэ үлэлэспиппит быданнаата. Быйыл уратыта: майаҕас ыаматын аан бастаан  ускуустубаннайдык үөскэттэрдибит. Балыгы биһиги ыама буолбутун, балык моһуоннаммытын кэннэ ыытабыт. Бу ыамалар бултанар балык саҕа буолан, улаатан тахсыахтаахтар”, – диир АЛРОСА айылҕа территорияларын харыстабылыгар уонна Хоту сир аҕыйах ахсааннаах омуктарын кытта үлэҕэ салаатын начаалынньыга Алена Дьяконова.

Этиллибитин курдук, майаҕас ыаматын (мальки) ускуустубаннайдык үөскэтии аан бастакы уопута буолар. Ол аата, бүтүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүнэн аан бастакы холонуу түмүгэ үчүгэй диэххэ сөп. 

Бу маны олоххо киллэрэр туһуттан балык собуотун үлэһиттэрэ былырыын, 2021 сыл алтынньытыгар Дьааҥы өрүскэ балык искэҕин хомуйбуттар. Дьэ, уонна уһун кыһын устата кыраҕытык көрөн-истэн, ол искэхтэрин инкубацияҕа сытыаран баран, муус устар ыйтан саҕалаан анал тэриллэри туһанан, ыама гынан таһаарбыттар.

Анал идэлээхтэр этэллэринэн, майаҕастыҥы көрүҥ балыгы, ол иһигэр чыыры уонна майаҕаһы үөскэтии –  айылҕа биэрбититтэн атын усулуобуйаҕа иитэр, үөскэтэр бэрт быыччык үлэ. Ол да буоллар, балык собуотун үлэһиттэрэ ылыммыт соруктарын толорон, Аччыгый Ботуобуйаҕа көмүс хатырыктаах үксүүрүгэр дьоһун кылааттарын киллэрдилэр. Мантан салгыы кинилэр ситиһиллибитинэн тохтообокко, балыгы улаатыннарыы технологиятын тупсарыахтара. Чыыр уона майаҕас балык ыаматын элбэтиигэ күүскэ ылсыахтара. Бу от ыйыгар өссө элбэх чыыр ыаматын Бүлүү эбэҕэ ыытаары сылдьаллар. Билигин үөскэхтэр собуот инкубаторыгар бааллар.

Маннык балык ыаматын тиһиктээхтик эбэлэргэ ыытыы балык саппааһын элбэтэр, балык көрүҥэ сүппэтигэр көмөлөһөр сыаллаах.

АЛРОСА балыгы үксэтии хайысхатыгар анал бырагыраамалаах. Уу биологическай баайын үйэтитии уонна толорон биэрии – алмаас хампаанньатын Экологияҕа киинин айылҕа харыстабылыгар ыытар үлэтин биир быстыспат чааһа, сорҕото. Кэнники сылларга тустаах бырагыраама үбүлээһинэ бастакы сыллааҕыттан хас эмэ бүк үрдээн иһэр. Ону кытта балык ыаматын ыытар өрүстэрин, күөллэрин ахсаана, географията, үөскэтэр балыктарын көрүҥэ да элбиирин бэлиэтииллэр. Ол курдук, аҥаардас быйыл хампаанньа 17,5 мөл. солк. бу сыалга анаата.

Санатан эттэххэ, балыгы үксэтии бастакы түһүмэҕэ быйыл бэс ыйын 6 күнүгэр Ленскэйгэ буолбута. Ол сырыыга АЛРОСА экологтара күндүөбэй балык 1 мөл. ыаматын (личинкатын) ыыппыттара. Иккис түһүмэх ааспыт нэдиэлэҕэ Чернышевскай бөһүөлэгэр буолбута. Онно тэрээһин кыттыылаахтара Бүлүү муоратыгар (водохранилище) 1,7 мөл. ыаманы ыыппыттара. Ити курдук, балыгы үксэтии үлэтэ былааннаахтык уонна тиһиктээхтик барар.

Бэй. кэр.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар