Киир

Киир

Киирии тыл оннугар...

Чурапчыга бүгүн өйдөбүнньүк күнэ... 1942 сыллаахха, Чурапчы оройуонун 41 колхуоһун дьоно күүс өттүнэн Булуҥ, Кэбээйи, Эдьигээн оройуонугар көһөрүллүбүттэрэ. 5318 киһи, 1837 дьиэ кэргэн көһөрүллүбүтүттэн быстар аҥаара эрэ дойдуларыгар эргиллибиттэрэ...

Төһөлөөх өлүү-сүтүү, харах уутун тоҕуу буолбута буолуой?... Бүгүн кутурҕан күнэ... Ол ыар сыллары санатардыы курус халлаан, кэхтэн эрэр айылҕа, кууһурар тыал, тымныйбыт салгын барыта холбоһон санньыар санаа, кутурҕан эйгэтин үөскэтэр...

Дойдубут дьоно барахсаттар сырдык кэриэстэригэр чүмэчи уотун ууруохтара... Бу уот төлөнө сүрэхтэн сүппэт өйдөбүлү үүнэр көлүөнэ ыччакка иҥэриэ, үйэлэр тухары албан ааттаах суолларын кэриэстэтиэ...

Саҥа үүммүт күн сураҕа-садьыга дириҥ өйдөбүллээх, үлэтэ дьүккүөрдээх, тахсыылаах буолуохтун, кэлэр кэм кэбири билбэтин, иһэр кэм ибири буолбатын! Өрүү айыылартан алгыс, иэйэхситтэн арчы буола туруохтун.

Хоҥкуйа Хотун, 19.09.2022.

Чурапчы улууһун литературнай түмсүүтүн ааптардарын Көһөрүллүү туһунан хоһоонноро

Айымньылар хайдах баалларынан, ааптардар буочардарын харыстыыр туһуттан, улаханнык көннөрүллүбэккэ таҕыстылар.

WhatsApp Image 2022 09 19 at 07.48.06 1

Көһөрүллүү

Көһөрүллүү-

үтүрүллүү…

                   үүрүллүү…

Тыйыс да тыыннааҕа

                   ол күһэлэҥ айаҥҥыт,

эһэлэрбит,

           эбэлэрбит котокулар,

убайдарбыт,

           эдьиийдэрбит барахсаттар…

Мас көлүөһэ

           кыыкынас ынчыгар

Илэ-чахчы иһиллэрэ

           өй-санаа эймэнииитэ,

Күһүҥҥү курас тыал

           унньулҕан энэлгэнигэр

Кыттыһарга дылыта

           дууһа айманыыта…

Өлүөнэ эбэ

           тымныы долгуннара

көнтөрүк баарса эркинин

           сынньаллара нүһэрдик,

Тугу эрэ, тугу эрэ

           кыра-хара дьоҥҥо

           тааллыбаты,

                 куһаҕаны этэрдии…

Оттон

         көскө барааччылар

Күөх түүлү көрөллөрө -

         ыра санаа былытыгар көтөллөрө!

Олох бу силлиэтигэр

         тыыннаах ордор туһугар,

Урааҥхайы ууһатар,

         саханы салгыыр туһугар!

Онно алаас ача күөҕүнэн

         долгуннура чэлгийэрэ,

Арҕаа фронт кирбиититтэн

         үтүө сурах кэлэрэ,

Онно кыайыы көтөллөнөн,

         аҕа, убай эргиллэрэ,

Ньургун Боотур,

         куйах тутан,

         дьоҥҥо тиийэн кэлэрэ!..

Сыабы соспут кэриэтэ

         сыылбыттара ыар сыллар.

Алаас дьоно өрүстээх сир

       идэлэрин баһылыыллар.

Аччык сылдьан,

                 тоҥо-хата,

илимнииллэр, муҥхалыыллар,

Булуҥунан, Кэбээйинэн

               кыайыы иһин охсуһаллар.

Охтубута үгүс киһи -

               оҕо, дьахтар, кырдьаҕастар…

Тэбэр эдэр сүрэхтэргэ

               хаалбыттара оспот баастар.

Тыйыс тыыннаах айылҕа

               такайбыт оҕолоро

Өбүгэлэр үгэстэрин

               тумус туттан олороннор,

Дьылҕа ыар охсууларын,

                тулуйан ордоллоро...

Оҕо сааспар мин көрөр буоларым

               маллаах ампаардаах

               тулаайах өтөхтөрү,

Билбитим соһуйа, харааста,

Онно туу иһигэр

               чыычаах киирэн өлөрүн…

Истибитим

             ол өтөхтөргө

Дойдум дьоно

             төннүбэтэх аналларын…

«Кылы да онно

             тыыппат буолуҥ», - диэн

Өйдүүбүн эбэм такайарын.

Сыл-хонук ол кэннэ уһунна,

Күкээрдэ мин хара баттаҕым,

Онобул ол кэмин туһунан

Уһун түүн үгүстүк саныыбын.

Оччоҕо дайаллар

               ыҥырыы тылларым,

Эдэр дьон кэккэтин туһаайан,

Умнумаҥ, доҕоттоор,

               сэрии ыар сылларын,

Көһөрүү аҕалбыт иэдээнин.

Саныахха,

             ахтыахха хайаан да

Ол кэми үүнэр күн туһугар,

Күөх алаас үрдүнэн

                         күөрэйэ-дайа

Көҥүл чыычаах

              көрүлүүрүн туһугар!

                             Вячеслав Хон

WhatsApp Image 2022 09 18 at 09.00.15"Чурапчылары күүс өттүнэн көһөрүү, 1942 с.", худуоһунньук А.С. Бочкарева-Иннокентьева-Сууралдьыма Куо.

Көһөрүүнү кыайыынан солбуйан

Түөрт саастаах кыыс оҕо сиэттиһэн,

Иэдээн кэмин дьаһалыгар түбэһэн,

Ийэтин аҕатын кытта кини батыһан,

Баарта Булуҥҥа борохуот аалынан.

 

Ыарахан ыар бу олох содулуттан,

Аччыктаан, эстэн күрэнэ сыспыта.

Бар дьонун көмөтүнэн тардыстан,

Инникигэ эрэлэ күүһүрэн барбыта.

 

Улуу кыайыыны уруйдаан көрсүһэн,

Төрөөбүт алааһын булбута үөрүүнэн.

Үлэттэн толлубакка кини туруммута,

Дьылҕа Хаан тапталыгар махтаммыта.

 

Элбэх оҕо тапталлаах ийэтэ дэттэрэн,

Кэнчээри ыччатын элбэххэ такайан.

Олоҕун анаабыта дьолунан иҥэрэн,

Ол көһөрүүнү кыайыынан солбуйан.

Ыстапаан Таастаах.
Болугур нэһилиэгэ, Чурапчы оройуона

WhatsApp Image 2022 09 19 at 07.45.40 1"Чурапчылар Булуҥҥа. Кыайыыны уһансыы" хм., худуоһунньук А.С. Бочкарева-Иннокентьева-Сууралдьыма Куо.

****

Аас туор олохтон

Аастыйбыт чанчыга

Аччыктыыр муҥуттан

Аччаабыт буомуран.

 

Өрбөххө сөрөнөн

Өкөйөн тураахтыыр

Өлбөөрбүт чох хара

Өгүрүк хараҕа.

 

Суҥхарар кыаҕа суох

Сутаакы дэттэрбит,

Соҕотох ордубут

Сор суоллаах тулаайах.

 

Ийэтэ мичээрэн

Иэдэһин сыллыыра,

Итиилии лэппиэскэ

Иннигэр уурара.

 

Көмүлүөк уотугар

Көстөрө аҕата,

Куобаҕын сүлэрэ

Кулгааҕын уунара.

 

Тоҥ хаһаа, тымныытыан,

Тыыннаах ээ, кыра кыыс,

Быыһааҥ дуу олоҕун,

Быстыбыт муҥнааҕы.

 

Кэнчээри кэскили

Кэннигэр хаалларыа,

Удьуорун утумун

Ууһатан уһатыа.

Дьэбдьиэйэ

WhatsApp Image 2022 09 19 at 07.45.41"Кыһыҥҥы балыктааһын. Чурапчылар, Литовецтар, финнэр. Кыайыыны уһансыы" хм, худуоһунньук А.С. Бочкарева-Иннокентьева-Сууралдьыма Куо.

Ыар ыйаах – көһөрүллүү

Умсарар ыар ыйаах

Утаарар түҥ ыраах,

Уурааҕа тахсыбыт

Утарсар ким да суох,

Уһаппакка уһун суол

Утуппакка улук айан.

Сололоох соруйар

Соругун толорон,

Сигирээн ардаҕы

Сиккиэри силэйэн,

Силбиги быыһынан

Сыарҕалаах сыҥнарар.

Курас тыал кымньыылыыр

Курдаттыы курбуулуур,

Кураайы куруҥ тыа

Куртаҕар саһыарбат,

Көмүскэ уутугар

Көмүллэр сутугар.

Алдьархай аргыара

Аймалҕан ааҥнаата,

Алаастан арахсан

Айаҥҥа бардаҕа

Аар хатыҥ саһаран

Атааран хаттаҕа.

Төннүбэт төлкөлөөх

Түөрэҕэ түстэҕэ,

Туурата туллубут

Тумаҥҥа муннаҕа,

Туох көрөн тохтотуой,

Торҕотун томооннуой?

Оо, тоҕо, туох иһин

Олоҕо сарбыллан

Ордуута оҥойон

Олбоҕо сойдоҕо,

Олуга ууруллан

Ороҕо остоҕо.

Сут кураан самнарбыт

Сураҕа суох сүппүт,

Сэргэтэ иҥнэйэн,

Сэмнэҕэ сиҥнэйэн

Сэһэргиир туоһулар

Сэрии ыар толугун.

Халлааҥҥа хааҕыргыыр

Хара суор халаахтыыр,

Хаҕыс ыар сыллары

Хайыһан көрөммүт,

Хаалбыттар сүрэхпит

Хаанынан оҕуолуур.

Умнумаҥ, Сахалар,

Уот сэрии иэдээнин,

Уорааннаах охсуулаах

Уодаһын уурааҕын,

Уйулҕа уоскуйбат

Уордаах ол ыйаахтан.

Дьэбдьиэйэ

WhatsApp Image 2022 09 19 at 09.56.14"Күүс өттүнэн көһөрүү, 1942 с.", худуоһунньук А.С. Бочкарева-Иннокентьева-Сууралдьыма Куо.

Көһөрүллүү

Күһүҥҥү тымныыга

Күһэйии күүһүнэн,

Көмүскэ уутунан

Көҥүлэ сарбыллан,

Көстүбэт ыраахха

Көспүтэ төрүппүт.

 

Тымныы тыал, тыйыс тыл,

Тоҥуй сыһыан, тоҥ хаһаа,

Талар суох, талах мас

Тиис тыаһа, титириир,

Туос аччык

Тириини тиниктиир.

 

Соругу толоруу

Сор-муҥ, солбонуу,

Сут кураан содула

Сутаакы дэттэрии

Суоһар уот сууһарар,

Сурахтыын суурайар.

 

Хоргуйуу, хам тоҥуу,

Хаар тибии, халҕан суох,

Хараҕын симтэҕэ

Харайар кыах тиийбэт,

Хааллаҕа кырамта

Хаарынан көмүллэн.

 

Кэм кэрдии аастар да,

Күн көрөн күллэр да,

Курустук нөрүйэн,

Кутурҕан бу күҥҥэ

Кэриэстээн ааттыыбыт,

Кистээммит ытыыбыт.

Дьэбдьиэйэ

Далан аатынан Кытаанах оскуолаттан сиэним Карина Троева уруһуйаВ.С. Яковлев-Далан аатынан Кытаанах оскуолатын үөрэнээччитэ Карина Троева уруһуйа

Уураах «213»

Кытаанах уураахтан

Кый ыраах кыйданан,

Кыһалҕа кыһайан

Көһүүгэ барбыттар.

 

Аас-туор олохтон,

Тоҥ, холус сыһыантан,

Кэбирээн, буомуран

Сорохтор орпуттар.

 

Сыыһалаах дьаһалтан

Аана суох алдьархай,

Аата суох албынтан

Иччитэх өтөхтөр.

 

Ааспыт кэм алҕаһын көннөрөн,

Омугун сүтүгүн төннөрөн,

Кэнэҕэс ыччаппыт өрүүтүн

Кэскиллээх соругу тобуллун!

А. Солуомаба-Айталыма.
9.05.2022.

WhatsApp Image 2022 09 19 at 08.50.04

ЧУРАПЧЫ АЛДЬАРХАЙА

Умайар уот кураан сатыылаан,

Ааспыта ол сайын курааннаан,

Сир-дойду хайыта хаппыта,

Күөл уута оҥойо уолбута.

 

Саҥардыы көҕөрбүт мутукча

Саһаран таммалаан түспүтэ,

Үүнүөхчэ-үүммэтэх күөх ача

Аһыҥка айаҕар киирбитэ.

 

Күһүммүт күрэнэр кэмигэр

Ыар сурах тилийэ сүүрбүтэ,

Тус хоту көһүүгэ үүрүллэр

Ыар уураах уолутан көппүтэ.

 

Кууспута алааһы аймалҕан,

Иһийэн турбута кутурҕан -

Түҥкэтэх тыа ыала барахсан

Тэйбитэ алаастан арахсан...

 

Кый ыраах хомуллан барарга,

Үс күнү ыйаахтаан ыйбыттар,

Унньуктаах айаҥҥа аһыырга

Үс күннээх өйүөнү ылбыттар,

 

Хаптаһын олуурдаах балаҕан

Хаалбыта курустук атаара,

Аар сэргэ иҥнэйэ соҥуоран

Ыар баттык сүкпүтэ аймана...

 

Хоту сир тибиитэ, силлиэтэ

Хаҕыстык ытыйан барбыта,

Аччыктаан дьон-сэргэ өлүүтэ

Аймалҕан кутаатын сахпыта...

 

Сыккырыыр тыыннарын сосуһан

Муораҕа балыктыыр этилэр,

Инники кирбиигэ тардыһан

Кыайыыны уһансар үһүлэр.

 

Тыыннаах дьон ордубут тобоҕо

Эргиллэн алааһыгар кэлбитэ,

Кураанах төрөөбүт өтөҕөр

Кутурҕан сүгүүлээх тиийбитэ...

 

Былааспыт алҕаһын содула

Элбэх дьон тыыннарын ылбыта,

Кинилэр ааттара ахтыллан

Көмүс дуй сурукка хаалбыта...

       -ХОТУУНА-

 WhatsApp Image 2022 09 19 at 08.50.03

Көһөрүү иэдээнэ

Күүһүнэн үүрүллэр кыһалҕа -

Көмүскүүр, харыстыыр дуол суоҕа.

Кыралыын, кыамматтыын барыта

Көһүүгэ үүрүллэн барбыта.

 

Кып-кыра, хачаайы мин ийэм

Тулаайах эрэйдээх олоҕо,

Солбуһар сындалҕан үлэттэн

Биир күнэ бүппэккэ уһуура.

 

Эдьигээн сиригэр - көһүүгэ

Хоргуйан өлүүнү көрбүтүн,

Сурдьунуун аҕаны сүтэрэн

Эргиллэн кэлбитин кэпсиирэ.

 

Тиһэҕэр сэниэтэ эстибит

Аҕатын төбөтүн көтөхпүт,

Түһэҕэр тиһэх тыын быстыбыт,

Кыра кыыс хаххатын сүтэрбит.

 

Ийэбэр уоскулаҥ биэрбэккэ,

Иһигэр өр кэмҥэ ньимийэ,

Сөллүбэт түмүктүү ыйылла

Аһыыттан өй-сүрэх күүрэрэ.

 

Түмүгэ көстүбэт түбүгэ

Тирбэҕэ тиэрбэстии хам ыла,

Түүннэри сынньалаҥ билбэтэх,

Ырыган көхсүттэн түспэтэх.

 

Ыарыыга ылларан сытара,

Түҥнэри хайыһан ытыыра,

Көһүүттэн содуллаах эрэйгэ

Уһуура, ыарахан биир күнэ.

Айылҕаана, Чурапчы

Бу Евдокия Тимофеевна уруһуйаЕвдокия Тимофеевна Миронова уруһуйа

****

Көһөрүллүү кэриэһин

Кутурҕаннаах күнүгэр

Хоҥкуйбута Чурапчы

Хаалбыттары санаары.

 

Чуумпурбута Чурапчы

Чугас дьонун ахтаары,

Бэл халлаанныын соҥуоран

Бүдүгүрэн барбыта,

Хара былыт сабардаан

Хараҥаран ылбыта.

 

Хантан кээлтэ биллибэт

Харах уулаах былыттар

Саастаах сүрэх чэрдийбэт

Сырҕан бааһын тыытаннар,

Харааста санаттылар

Хаҕыс тыаллаах ол күһүн

Алаастартан арахсан

Айаҥҥа турбуттарын.

 

Түөрт уон биир хара былыт,

Түөрт уон биир колхуос буолан

Түөрт уон икки сыллааҕыны

Санаттылар сүрэхтэргэ.

Оһуохай Уола.
11.08.17.

 переселение1 1

Устубуттара тус хоту...

Баара дии бардымсыйыы

Күүс өттүнэн күһэйии,

Барбыттара ыраата,

Күөмчүлэнэ көһөрүллэ.

 

Хабыр быһыыттан кэлэйэ,

Халыҥ аньыыттан абара.

Хаалбыта алаастара ытамньыйа

Эргиллиэх кэмнэрин кэтэһэ.

 

Кэтэспэт этэ кинилэри

Сылаас сыһыан уйата,

Күүппэт этэ көстөрү

Алаһа дьиэ сылааһа.

 

Санаа күүһэ алтыһара,

Барыны кыайыах кыттыһара.

Сэрии тыына биллэрэ

- Кыайыы туһугар, - сипсийэрэ.

 

Өлүөнэ эбэ көрсөрө

Күһүҥҥү өксүөнэ сэтэрэ,

Алаас оҕолорун алгыһа

Кутаа уоттара умайара.

 

Ытыыр оҕотун аһата:

-Тулуй чыычаах, - ийэ сипсийэрэ,

Устар аалы кэтэһэ

Эрэли этэрэ, аҕалара.

 

Сайылыктарын саната

Саха ынаҕа маҥырыыра,

Эҥэрдэһиэх эрэйи сэрэйэ

Ат барахсан иҥэрсийэрэ.

 

Былаас күүһүн билинэ

Кэлбитэ муус кыаһаан баарса,

Иһиллибитэ тыйыс хамаанда

-Тиэллин, үлэ фронун дьонноро!..

 

Устубуттара тус хоту, балыкка,

Чурапчы алааһын дьонноро,

Уорастыйа айманар Өлүөнэ

Өксүөннээх үөһүгэр бэринэ.

 

Санаа күүһэ алтыһара,

Барыны кыайыах кыттыһара.

Сэрии тыына биллэрэ

- Кыайыы туһугар, сипсийэрэ...

   Хоһуунай, Амма.

переселение 1

Күһүн...

Хаардах ардах, хассаат тыал,

Ааспат ,арахпат харах уута,

Дойдуларын хаалларан,

Көһөрүллүүгэ утаарыллыы.

 

Кыыкыныыр, аалыллар мас тэлиэгэ,

Дьүккүйэр, батыллар, көлүүр оҕус,

Кэнниттэн субуллар ынах быатыныы,

Холкозтаах эрэйдээх сүөһүтүн арыаллаан.

 

Өлүөнэ дьалкыйар, дьоннорун аһыйан,

Абаран, кыйыттан кытылы саайбахтыыр,

Аһаҕас баарсаҕа ыгыта симиллэн,

Титириир, аччыктыыр олоххо баҕалаах.

 

Өрбөххө сууламмыт оҕочоос барахсан,

Ийэтин кураанах эмиийин соппойор,

Аччыктаан ытыыртан, сэниэтэ да эстэн

Аат эрэ кэриэтэ, айаҕа оппоҥнуур.

 

Барыахча барбакка, уһун күн тураллар,

Хаар түһэн кыыдамныыр, тымныынан хаарыйар,

Тимир сыап кырылаан, кытылтан арахсан.

Үөс диэки анньынан, күпсүйэн дьэ барар.

 

Силбиккэ сытыйан, мууһура тоҥоннор.

Тымныйыы, сөтөллүү ааспаттык хам ылар,

Сыккырыыр тыыннара, кытылы буланнар

Таһаҕас дуомнарын сүөкэнэн бараллар.

 

Өлүүлээх-сүтүүлээх, алдьархай кэмнэрэ,

Күннэтэ эбиллэн, дууһаны ытатар.

Үөһээттэн дьаһалы толорор буоланнар,

Көмүскэл биир тылы утары эппэттэр.

 

Ордубут кэлбитэ, дойдутун булбута.

Ол эрэн үөрбэтэ, дьоннорун хаалларан,

Сүрэҕэр ыттарбыт, аһыылаах баастара.

Сүппэт баас буоланнар, сүрэххэ иҥпитэ.

 

Махтанын, бокулуон да уурун,

Кинилэр этилэр, ол хорсун дьоннорбут.

Үйэлэр тухары умнубат буолаарыҥ,

Сибэкки дьөрбөтүн хаалларан ааһаарыҥ.

Саһарҕа

873044

Көһөрүү иэдээнэ

Күүһүнэн үүрүллэр кыһалҕа -

Көмүскүүр, харыстыыр дуол суоҕа.

Кыралыын, кыамматтыын барыта

Көһүүгэ үүрүллэн барбыта.

 

Кып-кыра, хачаайы мин ийэм

Тулаайах эрэйдээх олоҕо,

Солбуһар сындалҕан үлэттэн

Биир күнэ бүппэккэ уһуура.

 

Эдьигээн сиригэр-көһүүгэ

Хоргуйан өлүүнү көрбүтүн,

Сурдьунуун аҕаны сүтэрэн

Эргиллэн кэлбитин кэпсиирэ.

 

Тиһэҕэр сэниэтэ эстибит

Аҕатын төбөтүн көтөхпүт,

Түһэҕэр тиһэх тыын быстыбыт,

Кыра кыыс хаххатын сүтэрбит.

 

Ийэбэр уоскулаҥ биэрбэккэ

Иһигэр өр кэмҥэ ньимийэ,

Сөллүбэт түмүктүү ыйылла

Аһыыттан өй-сүрэх күүрэрэ.

 

Түмүгэ көстүбэт түбүгэ

Тирбэҕэ тиэрбэстии хам ыла,

Түүннэри сынньалаҥ билбэтэх,

Ырыган көхсүттэн түспэтэх.

 

Ыарыыга ылларан сытара,

Түҥнэри хайыһан ытыыра,

Көһүүттэн содуллаах эрэйгэ

Уһуура, ыарахан биир күнэ.

Айылҕаана, Чурапчы

 WhatsApp Image 2022 09 19 at 08.59.10 1 1

Курус түгэн

Көмүс буоллун, алтан буоллун

Кэхтии кэмэ - курус күһүн.

Кэрэхсээммин кэпсээбэппин

Бүгүн эрэ дуйдаах өҥүн.

 

Бүдүк-бадык силбик күнүн,

Уһун унньук сигирээнин.

Албын-көлдьүҥ былыт быыһа

Күнэ көстөн ириэриитин.

 

Курдат охсор хаҕыс тыалын,

Титирэтэр тымныы түүнүн,

Тобурахтаах ардахтарын,

Хаардаах-муустаах хаһыҥнарын.

 

Күнү-түүнү саппаҕырдар

Устар бороҥ былыттарын,

Көтөҕөнү суйдаан ыһар

Силбиэтэнэр анысханын.

 

Сиргэ түспүт сэбирдэҕэ

Сииги сытан эмэҕирэр,

Бороҥ кугас өһөх өҥө

Буорга сыстан болооруйар.

 

Хаардаах ардах аргыстанан

Көтөн ааһар туруйалар

Уһун айан сылаатыттан

Уйадыта хаһыыраллар.

 

Сөпсөөбөппүн субу кэми -

Куппар иҥмит энэлгэнэ,

Чурапчылар эрэйдэрэ,

Күһэйиллэн көһүүлэрэ.

 

Кэтэһэбин сыа хаары:

Кылбаарыта сырдата

Саһарбыты сандаардар,

Сааһырбыты дьэгдьитэр.

Айылҕаана
Чурапчы, 19.09 2022

Алаастан кыайыыны уһанса

"Алаастан кыайыыны уһанса,

Барбыта мин сахам саллаата.

Хаалбыта Чурапчым чараҥар

Кырдьаҕас ийэтэ далбаатаан.

 

"Дорообото тутуҥ дуу, дьонум!

Этэҥҥэ үтүөрэн эрэбин.

Балыыһаҕа баарбын. Туох сонун?

Атын чааска көһөр үһүбүн".

 

Ол этэ убайым суруга.

Бүтэһик тылларын умнуом дуо?..

Оо, сэрии бастакы сылыгар

Эргиллэн кэлбит дьон суох курдук.

 

Алаастан кыайыыны уһанса,

Тус хоту балыктыы барбыппыт.

Ол киэһэ дьон олус айманан,

Ытыырын истэргэ дылыбын.

 

Олохтоох дьаһалта тоҥуйун

Ол онно аан бастаан көрбүтүм.

Хотугу тоҥ муустаах муораҕа

Баһаамы балыктаан үөрбүтүм.

 

Билигин кыайыыны уһансан,

Бэтэрээн дэнэммит үөрэбит...

Өйдүүбүн чох тиэйэр баарсанан

Дойдубар айаннаан кэлбиппин.

 

Ахтыбыт эбиппин алааспын,

Чараҥым хас биирдии лабаатын".

Ахтара мин эһээм сылаастык.

Олорор буолара санаарҕаан.

Мааны Маарыйа
27.01.2020

 

****

Күрэҥсийбит кырыа, баттах нөрүйэн,

Суол омонун, кэрийэ көрүтэлиир.

Ааспыт ыар, айаны санаан

Хараҕын уута таммалыыр.

 

Эчиккийэ быданы, тоҕо эргиттэ?!

Сүрэҕин бааһын, кистэлин арыйда!

Кура хаппыт, илиитин санньыттан,

Курус санньыар санааны киллэрдэҕин.

 

Туох диэн ыйытыаххыный!

Барыта дьэҥкэ, биллэр эбээт.

Ыар ынчык, айанын аартыга,

Омоон суол ырылыйар ыллыкпыт.

 

Күһүҥҥү күн, курус көстүүтэ.

Силбик ардах, тохтообот туруга.

Кырыа кыһын, бастакы илдьитэ

Тоҥуу хаһыҥ, хаарыйар тымныыта.

 

Бурҕалаах Булуҥ! Быралыйар быдана.

Быстах өлүү, үтүргэнин үксэттэҕэ.

Кэбээйи кыраман ырааҕа дьайара.

Көс айан, көһүүтүн кыайдаҕа.

 

Үлэ үтүргэнин биллэххит эһиги!

Үрүҥ күн дьайар дьыбарын,

Күүс сэниэ эстэр сылбаата,

Аччык хонор күнүн кээритэн.

 

Алгыс тылынан, көрдөһөн көрүүм.

Аман өс тылбынан алҕааммын!

Аны кэлэр, кэскилгэ туһаайыым.

Аал уоту күөдьүтэ уматан.

Иннокентий Алексеев, Чурапчы.

****

Алаас ыалын аймалҕана.

Аймаата, бэл, сүөһүнү.

Айгыр-силик айылҕата

Алҕыы хаалта буолаарай?

 

Иилэ иэдээн иэнигийэн.

Баар дьону соһуттаҕын.

Ыыра ыраах айаҥҥа,

Ыарыы аргыс буоллаҕа.

 

Ытабыл-соҥобул, арахсыы.

Айан суолтан саҕаланнаҕа

Харах уулаах көһүүгэ,

Курус санаа киирдэҕин!

 

Күһүҥҥү кэмҥит хаҕыһын.

Саппах силбик ардаҕа.

Ааспат арахпат санаанан.

Суолу-ииһи алдьаттаҕа.

 

Тоҥуу-хатыы, энэлгэн.

Тымныы салгын дьайыыта.

Кытыл эллээн кумаҕыттан,

Көрөр харах кэтэһиитэ.

 

Өрүс дьиппиэн долгуна,

Дьирбии буолан охсуллар.

Устар аалгыт көстүбэтэ,

Хонук ахсын кэтэһиннэрэр.

 

Күүтэр күҥҥүт кыарыыта,

Көстө сүтэ көһүннэҕэ!

Хара чоҕур буруота,

Унаардаҕа киэҥ халлааҥҥа.

 

Дохсун сүүрүк үтүргэнигэр.

Добун хаһыы дуорайар.

Дьоммут салбык көрүҥнэригэр,

Дьэбир хаҕыс саҥалар.

 

Хоту сирбит көрүстэҕэ.

Хайа хайыыр дьапталҕана

Турук тааһын чуумпута,

Тоҥмут хаарбыт чигдитэ.

 

Булуҥ буурҕа будулҕана.

Бүппэт тыйыс дьайыыта.

Өлөр өлүү өксүөнэ,

Өнүйбэккин өрөөн билтэ.

 

Өрүс тымныы салгына.

Балык туппат үлэтэ.

Аччык хонор, соро-муҥа!

Адаҕайдаҕа тугун күүһэй!

Иннокентий Алексеев, Чурапчы.

 

Былдьаммыт көҥүл

Чурапчы көһөрүллүүтүн 80 сылыгар ананар.

Күүһүнэн өттөйөн көһөрөн эрэллэр,

Көҥүлү күөмчүлээн, Күн сирин былдьааннар,

Оҕонньор, эмээхсин, уу кырбас оҕолуун

Хаппыт суол буоругар айаҥҥа турдулар.

 

Айанньыт көтөрүм айылҕа кыһайан

Тус хоту диэкиттэн соҕуруу көттүлэр,

Оо, арай эһиги ол ону утаран

Тус хоту "балыкка" үүрүллэн эрэҕит.

 

Сэбирдэх тэлээрэр, көтөҕө бүрүйэр,

Суолгутун сүтэрэн мэлдьэһэр курдуктар,

Чоҥолох алаастар көмүскэ уулара

Оҥойо уоланнар ытаһа хааллылар.

 

Хас тоҕой аайытын хара буор томтойон,

Сыгынньах кириэһи туруору анньаҥҥыт

Айаҥҥыт аартыгын бэлиэтээн бардыгыт,

Муус хайыҥ өрүскэ, ынчыктыыр кытылга.

 

Оо, хаскыт төннүөҕэй, алааһын өҥөйүөй?

Дойдутун буоругар үктэнэн дьоллонуой?

Ахтылҕан айманар, аартыкка хаһыырар,

Аһынар көстүбэт, күдэрик оргуйар...

 

Билигин даҕаны хараҥа түүннэргэ

Чуор кулгаах, чуор сүрэх эймэнэ иһиллиир,

Тус хоту диэкиттэн ыар ынчык иһиллэр-

Эргиллэн кэлбэтэх муунтуйбут дууһата...

Дьолуолаах.
Күндээдэ, 19.09.22с.

 

Чурапчы колхуостарын көһөрүллүүтүн чахчы хаартыскалара

103899 900Аччаҕар орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ. Хомойуох иһин, бу оҕолор үгүстэрэ көһөрүүгэ барбыттара, улахан аҥаардара эргиллибэтэхтэрэ...873042873045873046Чурапчы дьоно Булуҥҥа873048Фроҥҥа барыахтаах балык873049 1Аччык балыксыттарdb14b84c d76d 405a b6f0 effb1c681685IMG 0053 копия 1Кэбээйигэ көһөрүллэн тиийбит оҕолор олохтоохтору кыттаIMG 0080 копия 1Бу көстөр балыктары аччык дьон бэйэлэрэ сииллэрэ көҥүлэммэт этэ... Барыта фроҥҥа ыытыллара... 

Санааҕын суруй