Чурапчыга быйыл балаҕан ыйыгар Хоту Көһөрүллүү 80 сылын бэлиэтииллэр.
80 сыл анараа өттүгэр Чурапчы холкуостарын күүс өттүнэн көһөрөн, биир дойдулаахтарбытын ыар дьылҕалаабыттара. Бу – Чурапчы эрэ алдьархайа буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ алдьархайа. Онон, бу даатаны кэриэстээн, биир дойдулаахтарбытын ахтан-санаан ааһар дьаһаллар хайаатар даҕаны ыытыллыахтаахтар диэн улуус баһылыга Степан Саргыдаев сорук туруорбута. Бүгүҥҥү күҥҥэ бу сорук туолан, дьаһал бырагыраамата бигэргэннэ. Ол туһунан улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Мария Кронникова билиһиннэрэр.
- Чурапчы улууһун күүс өттүнэн Хоту көһөрүү 80 сылынан ыытыллар дьаһаллар бырагыраамалара бигэргэннэ. Бу бырагыраама чэрчитинэн Эдьигээн, Булуҥ уонна Кэбээйи улуустарыгар экспедициялар бараллар. Атырдьах ыйын 2 күнүгэр Эдьигээҥҥэ, Булуҥҥа айаҥҥа туруннулар. Эдьигээн улууһугар барар экспедицияны улуустааҕы дьиэ кэргэн исписэлииһэ Татьяна Бушкова салайан илдьэ сылдьар. Экспедицияҕа сырдатааччынан Иван Бушков уонна Төлөйтөн Анна Говорова барыстылар. Булуҥҥа дэлэгээссийэни бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Мотрена Матвеева салайар, сырдатааччынан Ольга Ноева уонна эдэр ыччат исписэлииһэ Александра Хомус бардылар. Кинилэр тиийэн, улуус дьаһалтатын кытта көрсүөхтэрэ, мусуойдарга, пааматынньыктарга сибэкки дьөрбөтүн ууруохтара уонна Хоту Көһөрүллүү кыттыылаахтарын, кинилэр оҕолорун, сиэннэрин көрсөн кэпсэтиэхтэрэ. Үһүс бөлөх атырдьах ыйын 9 күнүттэн 11 күнүгэр диэри Кэбээйигэ барыаҕа. 7 киһилээх дэлэгээссийэни мин салайан илдьэ сылдьыаҕым.
Балаҕан ыйын 18-20 күннэригэр “Вечная память народа” диэн киинэ көстүөҕэ. Нэһилиэктэргэ Кутурҕан күннэрэ туспа бырагырааманан ыытыллыахтара.
Оскуолаларга кылаас чаастара буолуохтара. Хатылытааҕы Көһөрүллүү түмэлигэр оскуола үөрэнээччилэрэ экскурсиялыахтара.
Балаҕан ыйын 19 күнүгэр сарсыардаттан С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата “Белые журавли” диэн аахсыйаны ыытыаҕа. 10 чаастан Көһөрүллүү мемориалыгар Кутурҕан миитинэ буолуоҕа. Ол кэнниттэн онно мустубуттары Хатылыга Көһөрүллүү мусуойугар сырытыннарыахтара.
Улуус баһылыга Көһөрүллүү кыттыылаахтарын кытта эбиэттиэ. Эбиэт кэнниттэн “Айылгы” НАДь Григорий Турантаев быыстапката аһыллыаҕа уонна уопсастыбаннас мунньаҕа буолуоҕа. Ол кэнниттэн П.М. Решетников аатынан народнай тыйаатыр туруорбут испиктээкилэ көстүөҕэ. Киэһэ 8 чаастан “Марш памяти” диэн “Саҥа олох” эрэдээксийэттэн Көһөрүллүү мемориалыгар диэри эдэр ыччат чүмэчи тутан хааман тиийиэҕэ уонна онно дьүһүйүү көстүөҕэ.
Балаҕан ыйын 20 күнүгэр сарсыарда 10 чаастан С.К. Макаров аатынан гимназияҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыытыллыаҕа. Манна улахан да дьон, оҕолор да кыттыахтара.
15 чаастан 16.40 чааска диэри “Кэм-кэрдии кээрэппэтин, кэрэ ааккыт кэриэс буоллун” диэн фотоальбом сүрэхтэниитэ буолуоҕа. Бу фотоальбомҥа урукку сылларга түһэрбит хаартыскалар бары киирдилэр, кюар-кодунан «Саха” НКИХ тахсыбыт биэриилэр, киинэ уонна нэһилиэктэр оҥорбут видео сюжеттэрэ киириэхтэрэ.
Маны таһынан бу күннэргэ улуус, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар ыстатыйалар бэчээттэниэхтэрэ, “Саҥа күн” биэриигэ уонна “Тэтим” араадьыйаҕа тахсыахпыт.
Елена Макаринская суруйуутуттан
Туһаныллыбыт сигэтэ: https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/article/66690