Киир

Киир

Эрэгийиэннээҕи үлэ уонна социальнай харалта министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, "Ийэ килбиэнэ" анал бэлиэннэн наҕараадаламмыт элбэх оҕолоох ийэлэргэ биир кэмнээҕи төлөбүр кээмэйэ улааппыт.

Ол курдук, 7 оҕолоох, "Ийэ килбиэнэ" үһүс истиэпэннээх бэлиэни ылбыт ийэлэргэ биир кэмнээҕи төлөбүр аны 100 тыһ. солк. буолбут. Оттон 8 оҕолоох, иккис истиэпэннээх наҕарааданы ылбыт ийэлэргэ — 200 тыһ. солк., оттон 9 оҕолоох ийэлэргэ — 300 тыһ. солк. тэҥнэспит. Билигин Саха сиригэр 30 тыһ. кэриҥэ элбэх оҕолоох ыал баар. Маннык көҕүлүүр төлөбүрдэр оҕо төрөөһүнүгэр эмиэ дьайаллар диэн министиэристибэ бэлиэтиир.

Бүтэһик сонуннар