Киир

Киир

Быйыл муус устар ыйга «Кыымҥа» «Бөрөһүт кэпсээнэ» диэн идэтийбит булчут Анатолий Николаевы-Туллугу кытта кэпсэтиини таһаарбыппыт.

Бу сырыыга Анатолий таба туһунан тугу билбитин-көрбүтүн кэпсиир былааннаах. «Тоҕо ала-чуо табаны таллыҥ? Атын булт, холобур, эһэ, киис, тайах туһунан кэтээн көрүүлэргин сырдатыаҥ этэ буоллаҕа...» диэн көрбүппэр, «таба эрэйдээх балаһыанньата олус ыараата. Адьас эстэр турукка киирдэ. Онуоха эбии, билигин «таба» диэни ааргы, тугу да өйдөөбөт, быһата, «лох» диэн өйдөбүлү кытта сибээстиир буоллулар. Ол – адьас сыыһа. Төттөрүтэ да диэххэ сөп. Таба курдук өйдөөх кыыл аҕыйах. Баҕар, ким эрэ болҕомтотун ууруо, сыаналыа диэммин, таба туһунан кэпсиэхпин баҕардым. Дьиҥинэн, мин табаны оҕо эрдэхпиттэн көлө оҥостубатах киһибин. Ол эрээри, Сахабыт сирин хас да хотугу улууһугар, соҕуруу Иенграҕа сылдьан табаһыт дьону кытта элбэхтик алтыспытым, табаны көлүммүтүм, бултаабытым. Онон бу мин кэпсээммин «табаны мииммитинэн төрөөбүт» туундара хоһуунун кэпсээнин курдук буолбакка, киин Саха сиригэр төрөөбүт-үөскээбит саха киһитэ табаҕа сыһыаннаах кэтээн көрүүлэрин курдук ылыныах кэриҥнээххит» диэн быһаарда.

4 2

Табаны саха дьоно «кынаттаах» диэн ааттыыллар. Хоһооҥҥо-ырыаҕа мэлдьи баар буолар, «кынаттаах табалар» диэн. Кырдьык, таба – сир кынаттаах кыыла. Кыыл табаны үргүттүҥ да, биирдэ «бурҕас» гынан, сүтэн хаалар. Оннук түргэн. Холобур, үргэн куотан эрэр сылгыны тыа саҕатыгар киирэн сүтүөр диэри батыһа көрөн хаалар эбит буоллаххына, таба оннук буолбатах. Арааһа, төрүттэрбит кинини ол иһин «кынаттаах» диэн ааттаабыт буолуохтарын сөп.

Таба үөрүгэр «таба ахтаата» диэн баар буолар. Сириттэн көрөн, ону сорохтор «ытык таба», «кудьай таба» эҥин диэн ааттыыллар Ол эбэтэр, хас эмэ тыһыынчанан үөрдээх кыыл да, дьиэ да таба үөрүгэр биир туохха да тыытыллыбат, көлүллүбэт, бүтүн тыһыынчанан үөр таба дьолун-соргутун, кутун илдьэ сылдьар таба баар буолар. Табаны иитэр дьон ону бары билэллэр. Ол таба оһоллонно, туох эмэ эндиргэ түбэстэ да, бүтүн үөр барыта эстиигэ, ыһыллыыга барар. Табаларыҥ ону эмиэ бэркэ билэллэр, өйдүүллэр, харыстыыллар. Оннук табаларын мин хаста да анаан болҕойон көрөн, үөрэтэн турабын. Үксүгэр туох эрэ бэлиэ дьүһүннээх, холобур, ойоҕоһугар дьэргэлгэннээх, сирэйигэр мэлдьэннээх, түүтүгэр элэмэстэрдээх, чуоҕурдаах уо.д.а. буолар.

Таба

Хоту сылдьан мэйиилэ (муораттан тахсар кыыл таба) табаттан элбэхтик сөҕөн турабын. Бука бары туох эрэ, киһи хараҕар көстүбэт ситиминэн салаллан, адьас биир бүтүн организм курдук дьаһаналлар. Холобур, айылҕаларын ыйааҕынан, биир сиргэ, оруобуна болдьоспут курдук, хас эмэ уонунан тыһыынча таба биир кэмҥэ хотуттан-соҕурууттан, илинтэн-арҕааттан хомуйсан мусталлар. Ол туһааннаах көрсөр сирдэригэр өлбүттэрин-тиллибиттэрин да иһин, ханнык да харгыһы билиммэккэ, «бырамыысыланнас-дэлби тэптэрии» эҥин диэҥҥэ наадыйбакка, хайаан да тиийэр сокуоннаахтар. Ол кэннэ, дьэ, өрүс төлө барбытын, көмүөл уутун, хара былыт курдук халҕаһалыы анньан кыстыктарыгар айанныыллар ээ! Ол тухары туох да булкуллуу, илин-кэлин түсүһүү, саамыланыы суох, барыта кытаанах бэрээдэк, систиэмэ. Ону наһаа сөҕөбүн, туох эрэ көстүбэт ситиминэн салаллаллар.

Холобур, бу манна, Дьокуускай куоракка табаны иитэн баран төлө ыыт эрэ. Кини хас эмэ уонунан килэмиэтирдээх Хатаска дуу, Маҕаҥҥа дуу, хаһан да сылдьыбатах сиригэр, хаһан да көрбөтөх табатыгар ыппыт ох курдук көнөтүк хааман тиийиэҕэ. Таба ханна да сылдьыбытын иһин киниттэн чугас таба ханна турарын барытын көхсүнэн сэрэйэн-билэн сылдьар.

Быһата, таба – бэйэтэ туспа ыйынньыктаах, айбыт айыахсыттаах, үөһэттэн туох эрэ көстүбэт ситиминэн салаллан сылдьар кыыл.

Көлүйээри гыннаххына, таба кини туркутугар ким олорон эрэрин, бу киһи кимин-тугун, майгытын-сигилитин тута билэ, өйдүү охсор. Ханна бараары оҥостубуттарын эмиэ курдары билэр. Холобур, туркуга кырдьаҕас, кыаммат, ыарыһах киһи, оҕо-дьахтар олорбут буоллаҕына, таба адьас уу устарын курдук, үлтү түһэрбэккэ өйөөн-убаан айанныыр. Оттон кыанар, чэгиэн киһиэхэ – арыый холуоннук. Онно холоотоххо, сылгы оҕо да буол, оҕонньор да буол, собус-соруйан сыарҕатын маска сыбыан да сөп.

Табаһыт бырааһынньыгар Дьокуускайга табалары аҕалан сүүрдэллэрин адьас сөбүлээбэппин. Хаһан да сылдьыбатах, билбэт сирдэрэ буоллаҕа. Дьэ онно маһынан биэртэлээһин, таһыыр бөҕө буолар. Ол үрдүнэн табалара туора-маары сүүрэр, төттөрү барар. Кэмиэдьийэ бөҕө саҕаланар. Итинник балаһыанньаҕа, «билбэт сиригэр таба тиэллэн иһэр киһитин оһоллоомоору, кинини харыстаан эрэ сүүрбэт» диэн бигэ өйдөбүллээхпин. Ол иһин биир сиргэ хаатыйалаһан, туркуга-табаҕа хаһаайынын тэбистэримээри-дэҥнээмээри туора, киэҥ сири талаһа сатыыр. Айыы кыыла буоллаҕа.

Аны, таба төһө да түргэнник айаннаан испитин иһин, туркуттан туох эмэ түспүтүн, холобур, туох эрэ кыра мал, бэл үтүлүк, тута истэн тохтуур. Аһара чуор уонна иннин-кэннин барытын көрөн иһэр. Холобур, сылгы, оҕус сыарҕаттан таһаҕаһа бүтүннүү да сиҥнэн түспүтүн иһин кыһаллыа, билиэ, наадыйыа суоҕа.

69419 600

Таба бэйэтин ыйааһыныттан балтараа да төгүл ыарахан таһаҕаһы соһуон сөп. Аны, ол соһоругар араас сыыры дабайаҕын, үөһэттэн түһэҕин, ону барытын кини балаансалаан көрөн-билэн иһэр. Холобур, хайдахтаах да туруору сыыр түһүүтүгэр таба ыарахан туркуга такымын таарыйтарбат, баттаппат. Сылгыҥ оннук буолбатах, сыыр түһүүтүгэр сыарҕа анныгар хаалыан, атаҕын тоһутуон, дэҥнэниэн сөп. Онуоха эбии, табаны быанан, сэбэһэнэн эрэ көлүйэҕин, онно туох да ыарахан мас бурҕалдьы, олгуобуйа суох. Ол үрдүнэн, кини ону хайдах эрэ сатаан салайар. Даҕатан эттэххэ, таба көлүллэр мала-сала барыта эргийэрдээх, кулугулаах, хараҕалаах, имигэс буолуон наада.

Холобур, туркуга икки табаны сэргэстэһэ көлүйэн баран, ыркый ойуур да быыһынан кыһаллыбакка барыаххын сөп. Кинилэр хаһан да икки ардыларыгар маһы кэппэттэр. Атын ханнык да көлө оннук гыммат.

Таба, сылгыттан сүрүн уратыта, «очурдаан» айанныыр. Ол эбэтэр, хайдахтаах да түҥхэл-таҥхал сиргэ ханнык эрэ ыт кэтэҕин, оҥхойу-дьааманы таба үктээбэт, наар дулҕа үрдүнэн, талах төрдүнэн үөһэнэн, уунан устан иһэр курдук долгутан барар. Дьиктитэ диэн, 1000-нан барыйаантан биир саамай сөптөөх сири таба үктэнэр буолан, ол сиринэн биир ый, сыл буолан баран иккистээн аастаххына, лоп-бааччы былырыын үктэммит сиринэн, дьөрү биир да сантымыатыр сыыспакка, атаралаан ааһыаҕа. Эбиитин, ол былырыын ааһан иһэн тохтообут сиригэр кэлэн тохтуоҕа. Дьэ, чуолкай «навигациялаах» кыыл.

Табанан сылдьан бултуур бэйэтэ туспа уратылаах. Таба эн бултуйаргын дуу, бултуйбаккын дуу эрдэттэн билэн иһэр буолар. Холобур, туркугун тохтотон хаарга капкаан иитэ турдаххына – тыбыырар. Ол аата «туһата суохха сордоноҕун» диэн бэлиэ. Кини сыыспат, онон салгыы бара турбутуҥ көнө. Ол хапкааҥҥар туох да киириэ суоҕа. Сороҕор, табаҕын тохтотон баран саанан тугу эмэ ытаары кыҥаатаххына тыбыырыан сөп. Оччоҕуна, төһө да субу, чуп-чугас турбутун иһин, сыалгын таппаккын.

Кыыл таба үөрэ биир сиргэ хонон-өрөөн турарын билэн баран, булчут «дьэ, бээ, сарсыарда сырдыкка кэлэн ытыалыам» диэн хаһаастаах курдук бүччүм сананан барар. Сарсыарда кэлбитэ: табалара суох буолаллар. Хас эмэ күнү быһа биир сиргэ сылдьан баран, ала-чуо кини кэлиэн эрэ иннинэ барбыт буолаллар. Дьэ, оннук билэр уратылаах. Табаны чахчы өлөр кэмэ-чааһа кэлбит эрэ буоллаҕына өлөрөҕүн. Ол иннинэ бултаһан да туһата суох. Таба туттарбат.

Быһата, таба – чараас, көстүбэт эйгэни кытта быһаччы ситимнээх кыыл.

1481090004

Чопчу биир түөлбэни баһылаан олорор атыыр таба, хоруол баар буолар. Хаайсар кэмэ кэллэҕинэ, үгэс курдук, алтынньы ортотуттан, кини хамсанан барар. Тыһылары сырса сатаан эрэйдэммэт. Чопчу олохтоммут маршруттарынан баарын биллэрэн эргийэн кэллэ да, сотору тыһылара батыһан тиийэн кэлэллэр. Атыыр таба атаҕар баар ыытын сыта хаалбытынан сирдэтэн. Дьэ ол кэннэ 40-50 таба биир сиргэ мустан мучумааннаналлар. Атыыр буолбакка, тыһылар былдьаһан-тарыһан ол атыырга тиксэллэр. Сылгы-сүөһү иссэрэ букатын атын. Тайах – бэйэтэ туспа кэпсээн.

Дьэ ол кэннэ, ыам ыйыгар таба төрүүр.

Дьиэ табата, ардыгар, кыыл таба үөрүгэр сыстан барсан хаалар. «Кыыл таба илдьэ барбыт» диэн буолар да, дьиҥинэн, кыыл таба кинини анаан күөйэн, күрэтэн, кыһарыйан илдьэ барбат. Халыҥ үөрдээх мэйиилэ ааһарыгар туох да олус күүстээх энергетика үөскүүр. Били көмүөл мууһа баран эрэрин курдук. Инньэ гынан, мэйиилэ салгынтан кэлэр көстүбэт араадьыйа долгуннара, диапазоннара дьиэ табатын киэнин баһыйдаҕына, онно бэринэн таба барса тураахтыыр. Дьиҥинэн, дьиэ табатын «волната» атын да, ол өссө улахан «долгуҥҥа» сабырыйтаран кэбиһиэн сөп.

Кыыл таба сырыытын дьиэ табата, биллэн турар, тулуйбат. Ол барсан иҥэн-сүтэн, эстэн хаалар. Эһэ-бөрө аһылыга буолар, киһиттэн куттаммат буолан булчуттарга киирэн биэрэр...

Таба – олус ыырымсах сүөһү. Төрөөбүт сиригэр, бэйэтин төрүт ыырыгар төннө турар. Былыр геологтар кэлэн холкуостартан табаларын уларсан илдьэ бараллара. Сылдьалларын сылдьан баран, сезоннара бүттэҕинэ, хас эмэ тыһыынчанан килэмиэтирдээх сиргэ тиийэн бөртөлүөтү ыҥыран «материктарыгар» көтөн хаалыахтара. Босхо ыытыллыбыт табалар ханна да халыйбакка били хаһаайыннарын түөлбэтигэр син биир төннөн кэлэллэр. Холобур, оччо ыраах сиртэн сылгы дьиэтин булан кэлбэт. Ынах-сүөһү туһунан кэпсэтии да барбат. Онтуҥ дьиэтин да таһыгар мунар.

табалар

«Дьалырҕа таба», «дьалаардаабыт таба» диэн өйдөбүллэр бааллар. Дьалырҕа таба – кырыктаах, кындыа майгылаах таба. Сөбүлээбэтэх киһитин дьалырҕа таба кэйиэн, охсуон, тэбиэн сөп. Син биир киһи курдук, табаҕа «сангвиник», «меланхолик» диэн курдук хараахтыр көстүүлэрэ, майгы уратылара эмиэ баар буолаллар.

Дьалаардаабыт таба – сүүлэ киирэн «көрдүү» сылдьар таба. Оннук табаны көлүнэр улахан эрэйдээх. Дьалаардаабыт таба «санаата атыҥҥа сылдьар» буолан, олус ньиэрбинэй, истигэнэ суох, тэһии буолар.

Таба сүрүн аһылыга – лабыкта. Сайын дэлби хатан, үлтүрүйэн тохто турар буолар. Оннугу таба сиэбэт. Сиигирбит, сымнаабыт эрэ буоллаҕына сиир. Лабыкта, уопсайынан, наһаа бытааннык үүнэр. Олус өр тыытыллыбакка турбут лабыкта мастыйан, хаачыстыбатын сүтэрэн, сэтиэнэхсийэн, көтөҕөнөн бүрүллэн хаалар. Таба оннугу сөбүлээбэт. Ол оннугар биир-икки сыллааҕыта таба мэччийэн ааспыт сирин лабыктата үчүгэй буолар. Таба лабыкта үрүт өттүн эрэ сиир. Ол сиэммит сириттэн, тыытыллан, китиэркээн, саҥа уонна сымнаҕас лабыкта кэнчээритэ күүскэ үүнэр. Таба оннугу сөбүлүүр.

Улахан тыал, былыт буолаары гын­наҕына, таба тииккэ киирэр. Ол курдук, ыйга биирдэ-иккитэ тииккэ үүммүт мас лабыктатынан аһаан рационун сэргэхситэр уонна... айаҕын эмтэнэр, тииһин суунар. Көрөргүт буолуо, таба тииһэ киһи, сылгы тииһин курдук биир сиргэ таас курдук хам олоро сылдьыбат. Хамсыы, күөгэҥнии сылдьар. Тиит лабыктата, уопсайынан, антисептик быһыытынан киһиэхэ да туһаҕа барыан сөп. Холобур, оҕо стоматитыгар. Табаҥ ону айылҕатынан билэ сылдьар.

Таба үчүгэй сыһыаны тута билэр. Хайҕаатаххына, үтүө, эйэҕэс тылынан кэпсэттэххинэ, санаата көнньүөрэн тута уларыйа түһэр. Тута дьүһүннүүн кубулуйар. Кэрэтийэн кэлэр. Айанын түргэтэтэн, өссө кыһанан эйиэхэ көмөлөһө сатыыр. Үөрэн, тута ойуолаан, эҥээнэ тыаһаан, турар сиригэр ыстаҥалаан барар. Оттон куһаҕан сыһыаннаах дьоҥҥо эмиэ онно ханыылыы сыһыаннаһар.

«Таба ымыыта» диэн баар. Ону табаны иитэр омуктар: долгааннар, эбэҥкилэр, эбээннэр... бары билэллэр. Кыыл да, дьиэ да табатын моонньугар, бэрт дэҥҥэ, туох эрэ искэн курдук төгүрүк саарык баар буолар. Хас эмэ сүүһүнэн табаттан бииргэ эмэ баар буолар. Ол саарыгы ылан хайытан көрдөххө, иһигэр изюм дуу, хаппыт отон дуу курдук баар буолар. Оттон сорох саарык иһигэр мөчөхөлөспүт түү симиллэн сылдьар буолар. Дьэ ол түүнү хатаран баран ымыы оҥостоҕун. «Изюм курдук» туһата суох. Ол оннук ымыыны илдьэ сылдьар киһиэхэ таба айыахсыта чугаһаан биэрэр. Атыннык эттэххэ, оннук ымыылаах киһи иитэр табата төрөлкөй, ыллам, туттарыык буолар, төрүөҕэ тахсар. Тыаҕа таҕыстаҕына киниэхэ кыыл таба мэлдьи чугас сылдьар. Быһата, таба кута чугаһаан биэрэр.

Мэйиилэ

Таба – олус чэнчис кыыл. Ынах курдук баһыттан атаҕар диэри сааҕар булкуллубат. Наар ыраастанар. Таба туйаҕын ыырааҕын быыһыгар «аҕыырдаах» буолар. «Аҕыыра» диэн – ыырааҕын икки ардыгар сыаны оҥорор былчархайдаах. Онон муоһун оҕунуохтаан, ыраастаан оҥостор. Таба муоһун атырдьах ыйын бүтүүтүттэн охсунан, оҥостон барар. Ол курдук, күн аайы маска-сиргэ аалан, чочуйан, оҕунуохтаан, сулуйан, киһи сөҕүөн курдук кэрэ көстүүлээх муоһу оҥорон таһаарар. Муоһа киниэхэ сылдьан эрэн мээнэ «көнньүнэн» үүнэн тахсыбат. Ол барыта үлэни, сыраны-хараны эрэйэр. Байтаһын эбэтэр атыыр таба, иллэҥ буоланнар, муостарын олус үчүгэй гына оҥостоллор. Үтүрүм, тугуттаах таба муоһун чочунар бириэмэтэ суох буолан, кыайан үчүгэйдик оҥостубат. Хата, ол оннугар уулаах таба төрүөр диэри муостаах сылдьар. Көмүскэнээри, төрүөхтээх оҕотун туһугар.

Атыыр таба сүүлэ ааста да, муоһа түһэн хаалар. Атыырдар дэлби ыран, быстан, тыһылартан атын сиргэ дьалты баран туспа үөрдүүллэр. Сүүлүн кэннинээҕи муоһа суох, буомурбут-мөлтөөбүт атыыры муостаах тугут да куттуон, үүрэн ыытыан сөп.

Дьиэ табатын саамай кыайтарбатах өрүтэ – тутуута ыарахан. Туттуҥ да – туһанаҕын, суох да – суох. Чэҥкээйитин, быатын кыайбатыҥ да, табаҥ туох да айдаана суох «өтөҕүн быһа» турар. Ыт курдук эн кэлэргин манаан сыппат, эккэлээн көрсүбэт. Быалыы иликкинэ – таба эйиэнэ буолбатах.

gallery 25640 1055 26491

Онтон атына баҕас – таҥара анаан айбыт көлөтө. Хаһаайыныгар кини курдук бэриниилээх, хара өлүөр, охтуор диэри бара турар көлө табаттан атын суох. Онуоха эбии, киниэхэ хотон туппаккын, күрүө-хаһаа, кыбыы оҥорон, оттоон эҥин эрэйдэммэккин. Быһата, киниэхэ эн тугу да биэрбэккин, кини эйигиттэн тугу да эрэйбэт. Онтон ордук барыстаах ханнык дьиэ сүөһүтэ баар буолуой?

Таба – таҥара киһиэхэ «туһаннын, эрэйин-түбүгүн чэпчэттин» диэн анаан утары ууммут, буор босхо бэлэх биэрбит күндү бэлэҕэ. Саамай сатаммыт бэлэх.

Сурунна

Иван Гаврильев.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар