Киир

Киир

Киһи барахсан Орто дойду олоҕор төбөтүн оройунан түстэ да, аһыыр-таҥнар кыһалҕатыгар сылдьаахтыыра баа буолбат. Өс хоһоонугар этиллэринии, киһи иһэ тот сылдьарын туһугар олох олорор. Ол иһин бары даҕаны “оһоҕос уйбаан ас көрдүүр” диэн санааттан үлэ диэн баран муннукка ытыыбыт, сүһүөхпүт уйарын тухары үлэлээн хачыгырайабыт.
Сыана ыараханыттан, бары да билэрбит курдук, ыраах, чиэски сытар бөһүөлэктэр ордук эмсэҕэлииллэр, оҕустараллар. Кинилэргэ бородуукта, ас-таҥас сыаната ытырыык ыт тэҥэ ынырыгын, сыаналааҕын сэрэйэн билэбит. Онон хоту дойдуга ас-үөл сыаната хайдаҕын билээри, куйаар ситимин нөҥүө сибээскэ тахсан, күннээҕи олоҕу-дьаһаҕы, сыананы ыйыталастым.
Хаһан эрэ, Саҥа дьыл иннинэ, хоту сытар ыраах улууска мандарыын киилэтин 800 солкуобайга, оттон черешня киилэтин 3000-тан тахса солкуобайга атыылыылларын истэн соһуйбутум-өмүрбүтүм өйбөр хатанан хаалбыт. Соччо итэҕэйбэтэҕим да буоллар... Ол эрээри биир хоту улууска олорор билэр дьахтарым: “Биһиги Дьокуускайтан дойдубутугар барарбытыгар саамай улахан таһаҕаспыт – хас эмэ уйа сымыыппыт буолар. Ыраахтан кэлэр ыалдьыт саамай сыаналаах кэһиитэ”, – диэбитигэр, дьэ, онно баҕас итэҕэйбитим. Тоҕо диэтэххэ, кини улууска биллэр уопсастыбанньык. Онон итэҕэйбэт буолуохха сатаммат...  
 
 
1. Валентина Гварильева Елеен
 

Валентина Гаврильева, Өлөөн бөһүөлэгин олохтооҕо, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах бэтэрээнэ:

– Ыраах хоту дойдуга олорор, биллэн турар, балачча уустук. Айан ороскуота сылы быһа үөһэнэн да, алларанан да олус ыарахан, сөмөлүөккэ билиэт сыанатын киһи этэ да барбат. Сайыҥҥы өттүгэр сынньалаҥҥа уоппускаларыгар айанныыр элбэх оҕолоох дьоҥҥо субсидиялаах сөмөлүөт билиэтэ көрүллүбэт. Өлөөнтөн Дьокуускайга сөмөлүөтүнэн көтөргө билиэт сыаната – 29 000 солк., ол эбэтэр кэлэ-бара 60 тыһ. кэриҥэ.

Бородуукта сыаната ыарахан. Оҕуруот аһа, фрукта, холобура, дьаабылыка 1 киилэтэ – 500 солк., сымыыт биир уйата – 800 солк., хортуоппуй – 300 солк. (кг), хаппыыста – 350 солк., сүбүөкүлэ – 350 солк., моркуоп 450 солк. тиийэр. Балаҕан, алтынньы ыйдарыгар диэри маннык сыана син биир турар. Сүрүн астарбытын – бурдугу, саахары, мокоруону – “Якутоптторг” тэрилтэ хааччыйар. Чэ, сити курдук.

 

Яна Саввинова, Дьааҥы улууһун Эҥэ нэһилиэгин (Сайдыы) дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы:

– Сүрүн ас-үөл – бурдук, саахар, мокоруон, туус – сүрүннээн, “Оптторг” лииньийэтинэн тиэрдиллэр. Кыһыҥҥы айан суолун баттаһа аҕалаллар. Килиэби олохтоохтор бэйэлэрэ буһарыналлар. Сайынын оҕуруот аһынан хааччыллыбаппыт. Кыһынын чааһынай урбаанньыттар В.Х. Чириков уонна И.С. Юмшанов айан суола турдаҕына, бырааһынньыктар бириэмэлэригэр аҕалан атыылыыллар. Биллэн турар, айанын ороскуотун, тиэрдиитин ааҕан туран, сыаната ыарахан буолар. Онон күн аайы атыылаһан сиир сандалыбыт аһыгар киирсибэт.

“Якутоптторг” аҕалар сыанатынан бородуукталарбыт: бурдук киилэтэ – 30,94, куруппа – 71. 81, мокоруон биир хаата – 137. 42, эт кэнсиэрбэтэ – 117. 27, үүнээйи арыыта – 140. 54., туус 02 хаалааҕа – 24, саахар – 62-73 солк. кэриҥэ. Бу бородуукталар бары саас суол сабыллыан иннинэ кэлбиттэрэ. Олохтоохтор тэпилииссэҕэ үүннэрэн, сибиэһэй оҕурсуну киилэтин 300-360 солкуобайга атыылыыллар.

Оппут үүнүүтэ быйыл ортоһуор. Ходуһалар уулаахтар. Былааммыт 250 туонна от. Билиҥҥи туругунан, 50% оттонно. Ардах кэлэн мэһэйдээтэ. От ыйыгар күн аайы кэриэтэ ардаата. Бу эрэ күннэргэ үчүгэй күннэр тураллар. Манна тиэхиньикэнэн оттооботтор, барыта – илии үлэтэ. Уматык сыаната (лиитирэтэ) – 71-72 солкуобай. Сааскы өттүгэр сайаапканан көрөн, нефтебаза үлэһиттэрэ кэлэн, чааһынай дьоҥҥо кэлэн, буочукаларга куталлар.

Быйыл этэҥҥэбит, биһиги диэки баһаар суох. Сайдыы бөһүөлэгиттэн Баатаҕайга диэри мотуорканан 5-6 чаас айан сыаната – 3800 солк. Оттон Баатаҕайтан Дьокуускайга диэри биир хайысханан 17000-22000 солк. буолар. Субсидиялаах билиэт диэн суох, көрүллүбэт. Биллэн турар, “антошкалар” биһиэхэ көтөллөрө олус наада. Ас-таҥас да кэлэригэр, хайа уонна урукку сэбиэскэй былаас саҕанааҕы курдук дьону таһаллара буоллар, олохтоохтор да абыраныа этилэр буоллаҕа. Үөһэнэн сөмөлүөт сырыыта суох буолан, сайын буоллар эрэ, айаҥҥа-сырыыга улахан мэһэйдэри көрсөбүт. Авиа-былаһаакканы хаттаан чөлүгэр түһэрии биир күннээҕи үлэ буолбатах. Манна үгүс үп-харчы наадата биллэр. Бөһүөлэккэ баар авиа-былаһааккабыт баара, билигин вертодром буолбута. Билиҥҥи туругунан, Ан-2 сөмөлүөт авиа-былаһааккалаах нэһилиэктэргэ ас-үөл, табаар таһан эрэллэр. Оттон биһиги бөһүөлэкпитигэр бакаа суох. Ол иһин билигин Ан-2 сөмөлүөккэ альтернатива көрдүүллэр – бөртөлүөт эбэтэр уунан теплоходунан сырыы.

Хоту улуустарга, биллэрин курдук, бородууктаны икки ньыманан тиэрдэллэр. Бастатан туран, судаарыстыбаттан үбүлэнэр “Якутоптторг” ААУо чэпчэтиллибит сыананан тириэрдэр. Бу тэрилтэ 2013 сылтан 13 хоту улууһу күннээҕи сүрүн аһылыктарынан – саахарынан, бурдугунан, куруппанан, ирииһинэн, үүнээйи арыытынан, о.д.а. бородуукталарынан хааччыйар. Оттон иккиһэ – чааһынай урбаанньыттар нөҥүө тиэрдиллэр.

6. Павел Мараказов Муома Улахан Чыыстай

Павел Мараказов, Муома улууһун Улахан Чыыстай бөһүөлэгин баһылыга:

– Нэһилиэкпит аһынан-үөлүнэн хааччыллыыта хоту сытар атын нэһилиэктэргэ тэҥнээтэххэ, арыыйда соҕус. Тоҕо диэтэххэ, биһиги сайыннары, дьиҥнээх суол да буолбатар, федеральнай тыраассаҕа, уу-хаар мэһэйдээбэтэҕинэ, тиийэр кыахтаахпыт. Ол суолбут Тирэхтээх үрэҕэр диэри кутуу суолунан, онтон икки үрэх сүнньүнэн барар. Кыһын “Арктика” казеннай суол тэрилтэтэ оҥорор кыһыҥҥы суоллаахпыт. Ол суолбут 3 Халыма улууһун, Чукотка автономнай уокуругун, “Халыма” федеральнай тыраассаны кытта ситимниир.

Таһаҕас барыта (бородуукта, уматык, чох, тутуу матырыйаала) нэһилиэккэ массыынанан Дьокуускай уонна Магадаан диэкиттэн тиэллэн кэлэр. Бөһүөлэк үрдүнэн 9 лааппылаахпыт. Олохтоох урбаанньыттар тутан олороллор. Нэһилиэнньэни аһынан-үөлүнэн, атын да табаардарынан хааччыйаллар. Нэһилиэккэ биир бэкээринэ үлэлиир, килиэбинэн атын да бурдук астарынан хааччыйар. Маны сэргэ “Якутоптторг” аһа-үөлэ эмиэ атыыланар. Сыанабыт бу эргин син удамыр соҕус диэн бэлиэтиэххэ наада. Ол курдук, килиэп – 68 солк., саахар – 90 солк. (кг), ириис – 90, мокоруон оҥоһуктар 400 гр – 50, хортуоппуй – 150, хаппыыста – 130, моркуоп – 150, луук 120 солкуобайга тэҥнэһэр.

Тааралаах уматыгынан биһигини “Саханефтегазсбыт” аһаҕас аахсыйалаах тэрилтэ дьаһалта сайаапкатынан хааччыйар, билиҥҥитэ сэлээркэ да, бэнсиин да баар. Бэнсиин сыаната лиитирэтэ – 67.50 солк., оттон сэлээркэ 68.50 солк. кэриҥэ.

Хоту улуустарга Саҥа дьыл иннинэ “Күөх эриэйсэ” диэн судаарыстыба анал бырагырааматынан бөртөлүөтүнэн оҕуруот аһын, фруктаны тиэрдэллэр.

Марина Киренская, Кэбээйи улууһун Кэбээйи нэһилиэгин олохтооҕо, биэнсийэлээх:

– Сибээспит баһаарга эмсэҕэлээн баран, дьэ, саҥа кэллэ, биэс хонук туох даҕаны сибээһэ суох, аан дойду олоҕуттан тэйэн олордубут диэххэ сөп. ТЦТга холбооннор, наһаа эрэйдээх, барыта барар.

Ас-үөл өттүнэн хааччыллыыбыт үчүгэй. Кэбээйигэ 27 маҕаһыыннаахпыт, онтон 4-дэ ПО “Кэскил” – уруккута райпо киэннэрэ. 1 райпо остолобуойа уонна 2 аптыака баар (“Саха фарм” уонна райпо киэнэ), маны тэҥэ өссө биир кафе “Алмазкредитсервистэргэ” баар. Суол оҥоһуллан, чааһынай маҕаһыыннарга нэдиэлэ аайы ас кэлэ турар. Сүөгэй, арыы уонна да араас үрүҥ аһы олохтоох үүт сыаҕа уонна “Ворошилов” бааһынай хаһаайыстыба атыыга күн аайы кэриэтэ таһаара турар.

Саамай сүрүн астарбыт – килиэп 45 солк., саахар 85-90 солк. саҕалаан 90 солк. тиийэ баар, сыаната араас-араас. Оҕуруот аһын сыаната киилэтэ 145 солк. саҕаланар, маҕаһыыҥҥа пастеризованнай үүт 70-100 солк. диэри халбаҥныыр. Мин көрдөхпүнэ, халбаһыбыт ыарахан соҕус, киилэтэ – 500 солк. тахса, сымыыт 1 устууката – 11 солк., мокоруон 38 солк. саҕалаан 56 солк. диэри халбаҥныыр. Бэнсиин чааһыгар эттэххэ, 92-лээх бэнсиин лиитирэтэ – 57 солк.60, оттон 80-наах бэнсиин 41солк.10 харчыга тэҥнэһэр.

Дьон-сэргэ от үлэтигэр киирбитэ ыраатта. Сорох кэтэх хаһаайыстыбалаах номнуо оттоон бүтэн, ходуһаттан тахсыбыта балайда буолла. “Куйаас күннэр тураннар, оттонор сир үксэ курааннаабыт” дэһэллэр отчуттар. Сир аһа – хаптаҕас, дьэдьэн, биэ эмиийэ – быйыл бэркэ үүммүт, моонньоҕон бакаа сиикэй соҕус. Отон кэнники сылларга үүнүүтэ арыый мөлтөх, суоҕун кэриэтэ этэ.

Нэһилиэнньэ тэпилииссэҕэ оҕуруот аһын бэркэ үүннэрэр. Быйыл, хомойуох иһин, уу ситимэ бөһүөлэк улахан аҥаарыгар холбоммото. Дьиҥэр, урукку сылларга үгүс ыалга уу баара. Саатар, эбиитин хас да сыл кураан күн-дьыл туран, эбэлэр уулара дэлби түһэн хаалла. Инньэ гынан, олохтоох дьаһалта балаһыанньаны өйдөөн, социальнай көмө оҥордо. Ол курдук, элбэх оҕолоох, инбэлиит дьонноох ыалга, соҕотох кырдьаҕастарга диэн ааттаан 6 буочукаҕа босхо уу толуона түҥэттэ. Оттон 5-тэн элбэх буочукаҕа уу куттарар буоллаххына, уу таһааччы бодобуос үлэһиттэрэ чэпчэтии оҥороллор. Онон кураан кэмнэргэ нэһилиэнньэҕэ улахан көмө диэн сыаналыыбыт. Быйыл биир буочука уу сыаната – 125 солк.

Биһиги ыал уубутун бэйэбит баһабыт. Биһиэхэ өтөр-наар уу ситимэ кыайан киирбэт диэбиттэрин иһин, кэргэним буочукалары бэйэтэ сыбааркалаан оҥорон, онно уубутун хаһаанабыт. Онон кими да күүппэккэ, кэтэспэккэ уубутун бэйэбит хааччынабыт.

Почтабыт кэмигэр кэлэр буолан, сибиэһэй сонуну хаһыаттан ааҕан, билэ олоробут.

5. Юрий Гул Орто Халыма Эбээх

Юрий Гуляев, Орто Халыма улууһун, 2-с Хаҥалас нэһилиэгин, Эбээх бөһүөлэгин баһылыга:

– Бөһүөлэкпитигэр ас-үөл барыта баар. Биирдиилээн урбаанньыттар уонна “Якутоптторг” тэрилтэ кыһыҥҥы суолунан барытын тиэйбиттэрэ. Онон толору хааччыллан олоробут.

Окко киирии саҕаланна. “Саханефтегаз” тэрилтэттэн тааралаах бэнсиининэн хааччыллан олоробут. Онон уматыгынан хааччыллыыбыт үчүгэй. 1 лиитирэтэ – 71 солк., ол эбэтэр биир кэниистирэ – 2700 солк. Олохтоохтор бары кэриэтэ тэпилииссэлээхтэр, оҕуруот аһын олордон, онон хааччыллан олороллор. Фрукта атыыга соччо суох. Сыаналарынан көрөр буоллахха, бүрээт тушенката 338 г – 220 солк., көөнньөрүллэр “Нури” чэй 100 г – 100 солк., саахар киилэтэ – 120 солк., мокоруон – 60 солк., килиэп – 68 солк.64 харчы.

* * *

Саамай уустук усулуобуйаҕа олорор хоту дойду хоһуун дьонун олоҕо-дьаһаҕа, дьэ, ити курдук. Мин бүгүн “дойду” дьонун, ол эбэтэр киин, Бүлүү эргиннээҕи улуустары таарыйбатым. Манна айан суола үөһээнэн, аллараанан арыый сайдыбыт буолан, улахан кыһалҕа турбат курдук. Ол иһин...

Саргылаана БАГЫНАНОВА.

Санааҕын суруй