Киир

Киир

Оройунан көрбүт Орто дойду олоҕор иннинэн сирэйдээх, икки атахтаах, бокуйар тобуктаах аһыыр-таҥнар түбүгэр сылдьаахтыыр. Били, саха өһүн хоһоонугар этиллэринии, киһи айаҕын туһугар олорор. Ол туһугар үлэлээн муҥнанаахтыыр, сүһүөҕүн үрдүгэр сүпсүгүрээхтиир. Күннэтэ.

 

"Известие" хаһыакка суруллубутунан, ааспыт 2017 сылга Арассыыйа эрэгийиэннэрин ортотугар ас, табаар, өҥө сыаната ордук Саха сиригэр үрдээбит. Лаппа.

Дьинэ, импилээссийэ, сокуоҥҥа ыйылларынан, Арассыыйаҕа 4 %-тан үрдүө суохтаах эбит. Импилээссийэ диэн, судургутук быһаардахха, сыана үрдээһинин ортотунан суоттаан таһаарыы. Ити импилээссийэбит Саха сиригэр 4.9 %-на тэҥҥэспит. Нуорманы куоһарбыт. Ааспыт сылга балык, муора бородууктата 13.3 %, фрукта, отон кэнсиэрбэтэ 8.3 %, муора бытархай балыга (сельдь) – 7.9 %, чэй – 6.8 %, халбаһы – 6.1 %, мокоруон 5.4 % ыараабыта бэлиэтэнэр. Былырыыҥҥы көрдөрүү итинник, оттон быйыл туох-туох төһө-хачча ыараабытын, чуолкай сыыппаратын айбыт таҥара бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ.

Солкуобайынан суоттаатахха

sena1

Аны туран, туох эрэ бэрдэ суох быһыы-майгы буоллаҕына, ыраах, кырыы, чиэски сытааччы ордук эмсэҕэлиир, оҕустарар. Хоту ас, бородуукта сыаната хайдаҕын билээри, хас да улууска эрийэ сырыттым да, сибээстэрэ мөлтөҕө бэрт эбит. Эрийэн тиийбит сирдэрбэр – Үөһээ Дьааҥыга, Абыйга, Анаабырга – сыана ортотунан маннык.

Бородуукта,

1 к.

Үөһээ Дьааҥы

(Боруулаах)

Орто Халыма

(Өлөөкө Күөл)

Абый

(Киэҥ Күөл)

Саахар

90

110 с.

110 с.

Бурдук

50

75 с.

70 с.

Ириис

80

100 с.

90 с.

Мас арыыта

80-100

180 с.

140 с.

“Экстра” мокоруон

(1 хаа)

40

65 с.

50 с.

Сымыыт (хаа)

500

780 с.

550с.

 

70

110 с.

85 с.

Хортуоппуй

90

150 с.

100 с.

Луук

85

110 с.

90 с

Буспут халбаһы

(паалка)

400 с. саҕалаан

1000 с.

800 с.

Ынах этэ

500 с.

400 с.

450 с.

Тайах этэ

Атыыламмат

300 с.

“Ээ, ол эстэн турар” дэһэллэр

Дьаабылыка

250

450 с.

300 с.

Банаан

250 с.

450 с.

230 с

“Фруто Няня”

оҕо сиир пюрета

(100 г.)

65 с.

75 с.

70 с.

Хотуларга бородууктаны икки ньыманан тиэйэн илдьэн атыылыыллар. Биирдэһэ – "Якутоптторг" ААУо – судаарыстыбаттан үбүлэниилээх, ол эбэтэр чэпчэтиилээх бородуукта. "Якутоптторг" 2003 сылтан 13 хоту улууһу сүрүн бородууктанан – саахарынан, бурдугунан, куруппанан, ирииһинэн, мас арыытынан уо.д.а. хааччыйар. Иккиһэ – чааһынай урбаанньыттар атыылара-тутуулара.

Манна чааһынай маҕаһыыннар сыаналарын суруйдубут. "Якутоптторг" бородууктата бу суруллубут сыанаттан 50-100 солк. чэпчэки дииллэр. Кууһунан атыылаһарга. Төһөнөн хоту айанныыбыт да, соччонон сыана үрдээн иһэр. Сайын суол-иис суох кэмигэр куораттан сөмөлүөтүнэн, оттон улуус кииниттэн учаастакка диэри бөртөлүөтүнэн көтөн тигинээн тиийэр ас Дьокуускай киэниттэн 3-4 бүк “өрө күөрэйиэн” сөп үһү.

Чэ, биир өттүнэн, ити өйдөнөр. Тырааныспар, бэнсиин... сыаната күн-түүн эбиллэ, балысханнык үллэ-балла турар. Оттон тэриэлкэ аннытын тиэрэ туттахха, хараҕы халтарытар атын "хартыына" – сыананы харса-хабыра суох үрдэтии – эмиэ баар. Күөх оту амтаһыйбыт оҕус күрүөттэн-хаһааттан иҥнэн-толлон турбатын курдук, барыһы амтаһыйбыт урбаанньыттар сыананы хас да бүк үрдэтэн үптэрин үлүннэрэллэр. Холобур, былырыын Орто Халыма Арҕахтааҕар киилэ мандарыын 800 солк. (ити кэмҥэ Дьокуускайга 250 солк.), 10 устуука сымыыт (85 солк.) атыылана сылдьыбыт. Иккис холобур. Саҥа дьыл бырааһынньыгын иннинэ Өлүөхүмэҕэ черешняны киилэтин 3850 солк. атыылаабыттарын суруйан тураллар. Араас санаа киирэр: эмиэ да киһи күлүөх, эмиэ да киһи сонньуйуох. Күлэрэ – "тиэхиньикэ, тырааныспар, сибээс сайдыбыт ХХI үйэтигэр, ама, итинник сыана баар үһү дуо?" диэн, сонньуйара – дьону, норуоту аһынан. Аны туран, хоту сонун ас ылбычча атыыламмат буолан, төһө да ыараан-чэпчээн тиийдин, "спрос" син биир баар буолар дииллэр. Халымаҕа олорор дьүөгэм "ыарахан диэбэттэр, бүтэрэн кэбиһэллэр" диэн кэпсиир.

Мантан сиэттэрэн, "уопсайынан, ас-таҥас, табаар сыанатын ким эмэ хонтуруоллуур дуу, суох дуу?" диэн ыйытыы үөскүүр.

Хонтуруол: мээчиктэһии эбэтэр хараҕы баайыы?

Сүрүн бородуукталар сыаналарын нуорманы таһынан үрдэтэн атыылаан, былырыын 80 урбаанньыт, тэрилтэ борокуратуураҕа тутуллубут. Сыл иһигэр.

Ас-таҥас, табаар, өҥө сыанатын СӨ Сыана бэлиитикэтигэр судаарыстыбаннай кэмитиэтэ хонтуруоллуур. Кэккэ ыйытыылаах кэмитиэккэ тахса сырыттыбыт. Бу курдук быһаардылар.

sena3

Сыана хайдах быһылларый?

Ырыынак үйэтигэр олоробут. Судаарыстыбаннай уорган урбаанньыттарга “эн бу табаары бачча суумаҕа атыылыыгын” диэн быһа бааччы этэр бырааба суох. Ол эрээри, Саха сирэ хоту сир олохтоохторугар атыыланар сүрүн бородуукталарга эргиэн надбавкатын хонтуруоллуур кыахтаах (АБ Бырабыыталыстыбатын 239 ¹-дээх уурааҕа). Арассыыйа аҕыйах эрэгийиэнэ туруорсан ити быраабы туһанар. Ол иһигэр – Саха сирэ.

Эргиэн надбавката диэн тугуй?

Хас биирдии улууска (хоту киирсибэттэртэн – Алдан Ленинскэй уонна Аллараа Кураанах бөһүөлэктэриттэн, Нерюнгри оройуонуттан уратыларга) улуус аайы сыананы хонтуруоллуур анал исписэлиистэр үлэлииллэр. Сүрүн бородуукталар сыаналарыгар төһө надбавка эбиллэрин улуус дьаһалтата бигэргэтиэхтээх. Атыыһыттар ол бигэргэтиллибит эрэ надбавканы эбэр бырааптаахтар. Үөрэр эрдэ. Итиннэ эмиэ биир "ноо" баар: аска-таҥаска, табаарга барытыгар буолбакка, чопчу (социально-значимай) бородуукталар сыаналарын эрэ "бысыһар" кыахтаахтар. Атыҥҥа орооһор бырааптара суох.

Хонтуруол ыытыллар дуо?

2016 с. тохсунньу 1 күнүттэн бу сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри былааннаммыт кэмҥэ надзорнай "каникуллар" ыытыллаллар. Юридическай сирэйдэргэ уонна дьоҕус урбаанньыттарга – сылга 800 мөл. солк. кыра үбү киллэрээччилэргэ уонна 100 киһиттэн аҕыйах үлэһиттээхтэр – сокуон быһыытынан, бэрэбиэркэ ыытыллыбат.

Эрдэттэн былааннаммыт кэмҥэ эрэ ыытыллар буоллаҕына, бэрэбиэркэни хайа талбыт мүччү көтүөххэ сөп эбит буоллаҕа?

Олохтоохтор борокуратуураҕа үҥүстэхтэринэ, хайа баҕарар кэмҥэ бэрэбиэркэ оҥоһуллуон сөп.

Бу мантан удумаҕалаттахха, сыананы хонтуруоллааһын мээчиктээһии да, хараҕы баайыы да буолбатах эбит. Ол эрээри "¤ук, хата, бу бэрт сокуон эбит" диэн саҥа аллайаары олордоххо, онтуҥ хайа өттүнэн "сымнатыылаах" буолан тахсар. Сокуон “доҕолоҥнуур” дуу?

sena2

Анаабырга сыана чэпчээтэ

Матырыйаал бэлэмнии сырыттахпына, “Анаабырга бородуукта сыаната чэпчээбит” диэн, хата, үөртүлэр. Төһөнөн уонна хайдах быһыылаахтык чэпчээбитий?

Анаабыр улууһугар 2015 сылга диэри сүрүн бородуукталары “Якутторгопт” ААУо тиэйэн атыылыыр эбит. Ити сыл “ночооттоох” диэн “Якутторгопт” маҕаһыына сабыллан хаалар. Н.Е. Андросов муниципальнай-унитарнай тэрилтэтэ “Якутторгопт” табаардарын оператордыыр, итини таһынан дьон туохха наадыйарын көрөн, эбии аҕалан атыылаабытынан барар. Бэйэтэ ыскылаат тэриммитин, үлэһит ахсаанын аччаппытын түмүгэр уонна судаарыстыбаттан көмө харчы өйөбүлүнэн сыана икки бүк кэриэтэ түһэр. Холобур, билигин Анаабырга бурдук – 35.70 солк., гречка – 55.20 солк., “Экстра-М” мокоруон (400 г.) – 34.20 солк., саахар – 57.30 солк., мас арыыта – 110.30 солк., кэнсиэрбэлэммит оҕурсу – 91.80 солк., “Сайра” кэнсиэрбэ – 73.30 солк., 10 устуука сымыыт 80 солк. атыылана турар. Үүнээйи, фрукта сыаната эмиэ чэпчээбит: хортуоппуй – 59 солк., луук 45 солк., оҕурсу, моркуоп –99 солк., помудуор – 170 солк., дьаабылыка –135 солк., банаан 129 солк., мандарин 249 солк. Оҕо аһын атыылыыр буолбуттар – “Фруто Няня” пюре – 32 солк., “Малютка” үүт 393.50 солк. Урукку сыанаттан бурдук 13 %, саахар 48 %, гречка 60% түспүт. Бу сыананы Сыана кэмитиэтэ бигэргэппит.

Н.Е. Андросов муниципальнай-унитарнай тэрилтэ салайааччыта Густов Исаков “Бородууктаны, табаары сөмөлүөтүнэн уонна сиринэн таһабыт. Сааскылаахха оҕуруот аһын, фруктаны хаһаанарга сөптөөх ыскалаат тутулла турар. Маннык ыскалааты Үрүҥ Хайаҕа эмиэ тутар былааннаахпыт” диэн кэпсиир.

– Бу чэпчэтиилээх бородууктаҕа нэһилиэнньэ барыта тиксэр кыахтаах дуо?

– Быйыл сиринэн 160 туонна, сөмөлүөтүнэн 18 туонна бородууктаны, табаары тиэйдибит. Кылгас болдьоххо хаһааныллар уонна сэдэх аһы-үөлү атыылаһан бүтэрэллэр, оттон сүрүн бородуукта куруук баар.

– Холобур буолуох дьон эбиккит. Атын хоту улуустар маннык дьаһаныахтарын сөп дуо?

– Анаабыр 2 эрэ сэлиэнньэлээх – Сааскылаах, Үрүҥ Хайа. Атын улуустар нэһилиэктэрэ элбэх уонна бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи сыталлар. Уустук буолуон сөп.

Анаабырдар инфраструктураны таба туһанан, судаарыстыбаттан, олохтоох дьаһалтаттан көмө көрдөөн, урбаанньыттар көхтөрүн уонна энтузиазмнарын туһанан манныгы ситиһиэххэ сөп эбит диэн холобур көрдөрдүлэр.

Олохтоохтор кэпсииллэр

Сардаана Кривошапкина, кийиит, 2 кыра оҕолоох, Орто Халымаҕа олорор.

– Оҕо аһын сыаната эһиги диэки хайдаҕый?

– Сыана бөҕө буоллаҕа. Кыра бааҥка пюре 75 с., оҕо үүтэ атыыламмат. Наадыйар дьон куораттан эбэтэр улуус кииниттэн сакаастаан ылар. Сыана ыарахан буолан оҕо кыратыттан балыгы, суораты сиэн улаатар. Чааһынайдар да “ночооттоох” диэн аҕала сатаабаттар.

– Фруктаны сылга биирдэ-иккитэ эрэ көрөргүт буолуо?

– Саҥа дьыл иннинэ “Күөх рейс” диэн бөртөлүөт судаарыстыба анал бырагыраамматынан оҕуруот аһын, фруктаны аҕалар. Онно чэпчэки буолааччы.

Аркадий Егоров, эдэр исписэлиис, Абыйга 3-с сылын олорор:

– Аҥаардас аска ыйга төһө харчыны барыыгыный?

– Мин соҕотох бэйэм аска быһа холоон 10-ча тыһ. туттабын. Ыарахан сыаналаах манна сэдэхтик көстөр астары ылбаппын, аҥаардас бородууктаҕа итиччэни барыыбын.

– Хамнаһыҥ үрдүк буолуо?

– Хамнаһым хайа соппут аҥаара аска барар. Суоттаан таһаар.

***

Хотуларга ас, бородуукта сыанатын күүркэтэн, дарбатан, эбэтэр кими, тугу эрэ холуннара сатаан дуу, төттөрүтүн, “ээ, хоту сир дьоно барахсаттар” диэн аһыннараары дуу суруйбатым. Бу – баары суруйдум. Хомойуох иһин, баары...

Диана КЛЕПАНДИНА.

Санааҕын суруй