Муус устар 27 күнүгэр Дьокуускай куоракка Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын көрсө “Арассыыйа национальнай баайа. Москуба – Дьокуускай. 2022” (“Национальные сокровища России. Москва – Якутск. 2022”) диэн Арассыыйа Федерациятын Күндү металларга уонна күндү таастарга судаарыстыбаннай пуондатын быыстапката арылынна. Быыстапкаҕа АЛРОСА хампаанньа тэрилтэлэрэ хостообут алмаастарын кэллиэксийэтэ турда.
Бу күннэргэ Дьокуускай ыалдьыттара уонна олохтоохторо быыстапкаҕа уус-уран ювелирнай ускуустуба оҥоһуктарын, Саха сиригэр хостоммут көмүс ураты көһөҥөлөрүн, өрөспүүбүлүкэ уһулуччулаах диэйэтэллэрэ Платон Ойуунускай, Максим Аммосов, Исидор Барахов уонна Степан Аржаков ааттарынан сүрэхтэммит бөдөҥ алмаастары көрүөхтэрин сөп.
Быыстапка чэрчитинэн көрдөрүүгэ турар анал ааттаах алмаастар Саха сиригэр бастакытын көрдөрүүгэ тахсаллар. Хампаанньа салалтата бу быыстапканы анаан-минээн Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын көрсө тэрийэргэ быһаарда. Ол курдук, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр сыһыаннаах, хатыламмат дьикти көстүүлээх, урут дьон-сэргэ киэҥ араҥатыгар биллибэтэх күндү таастары таһынан, номнуо биллэр алмаастар эмиэ баар буолуохтара. Алмаастары көрбүт эрэ киһи “Айылҕа барахсан оҥорор, чочуйар да буолар эбит!” диэн сөҕүөн-махтайыан сөп. Быыстапкаҕа улахан кээмэйдээх, элбэх карааттаах ювелирнай да, тэхиниичэскэй да алмаастар баар буолуохтара. Олор ортолоругар “Президент Михаил Николаев”, “Вячеслав Штыров”, “Галина Данчикова”, “Заслуженный деятель Республики Саха (Якутия) Яковлев Г.П.”, “Профессор Авксентий Мординов”, “Егор Кычкин” таастар бааллар. Ону таһынан, кэлбит дьон “Сокровищница Республики Саха (Якутия)”, “Бублик”, “Снежинка”, “Череп”, “Якутск-350”, “Анабар”, “Река “Лена”, “Инь” уонна “Янь” (хара уонна араҕас өҥнөөх) иһэрдиллибит игирэ алаастары, о.д.а. көрүөхтэрин сөп.
Мантан аллара АЛРОСА хампаанньа хостообут алмаастарын хаартыскаларын билиһиннэрэбит. Урут түһэн эттэххэ, сорох күндү таастар тустарынан ааҕааччыларбытыгар номнуо билиһиннэрэн турабыт.
“Кындыкан”
Бу араҕастыҥы-кугас өҥнөөх алмаас 2021 сыллаахха Саха сирин хотугулуу-арҕаа эҥээриттэн, Өлөөн улууһун сириттэн, көстүбүтэ. Алмаас 25х16х22 мм кээмэйдээх, 91,86 караат ыйааһыннаах. АЛРОСА хампаанньа саҥа көстүбүт тааһы эбээн фольклорун биир тутаах дьоруойа – Кындыкан диэн хорсун кыысчаан аатынан сүрэхтээбитэ. Номохторго кэпсэнэринэн, 200 сыл анараа өттүгэр саха булчуттара Дьааҥы хайаларын тэллэҕэр эбээннэр олохторуттан соҕотох ордубут кырачаан кыыһы булбуттара. Кини дьонун-сэргэтин буоспа имири сотон ааспыта, Кындыкантан ураты ким да ордубатаҕа. Онтон ыла кырачаан Кындыкан эбээн норуотугар уонна бүттүүн Саха сирин төрүт олохтоох омуктарыгар тулуурдаах, күүстээх санаалаах буолуу символа, дьоруойа буолбута.
“Акинфеев”
“Акинфеев” алмаас бэрт ураты быһыылаах-таһаалаах. Кини үүт-маас футбол мээчигин санатар. Бу алмааһы 2018 сыллаахха от ыйын 4 күнүгэр
АЛРОСА хампаанньа “Севералмаз” ПАУо диэн самалык тэрилтэтин Карпинскай-1 туруупкатыттан булбуттара. Таас 3,5х3,25 мм кээмэйдээх, 0,5 караат ыйааһыннаах.
“Төһө да кыра кээмэйдээх буоллар, бу – ураты булумньу. Айылҕа араас быһыылаах-таһаалаах тааһы бэйэтэ чочуйан оҥорор эрээри, футбол мээчигин курдук быһыылааҕы урут булбуппут суоҕа. Онон, Арассыыйа футболга национальнай сүүмэрдэммит хамаандата финал чиэппэригэр киирсиэн иннинэ булуллубут алмаас мээнэҕэ көстүбэтэҕэ буолуо диэн эрэнэбит”, – диэн оччолорго АЛРОСА генеральнай дириэктэрэ Сергей Иванов эппитэ.
Сэдэх, мээчиктии быһыылаах алмааска ЦСКА уонна Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын быратаара Игорь Акинфеев аатын иҥэрбиттэрэ. Бэлиэтээн эттэххэ, бу алмаас оруобуна биһиги сүүмэрдэммит хамаандабыт финал чиэппэригэр оонньуон аҕай иннинэ көстүбүтэ. Оттон хамаанда онно киирсэригэр быратаар И.Акинфеев оруола кырата суох суолталаах буолбута.
“Спутник V”
АЛРОСА хампаанньа саҥа көстүбүт бөдөҥ алмааска аан дойдуга бастакынан регистрацияламмыт вируһу утары быһыы аатын иҥэрэргэ быһаарбыт. 100,53 караат ыйааһыннаах, 27,15х28,81х29,56 мм кээмэйдээх алмаас октаэдырдыы быһыылаах. Саха сирин хотугу эргимтэтиттэн көстүбүтэ, сырдык араҕас өҥнөөх.
АЛРОСА генеральнай дириэктэрэ – бырабылыанньа бэрэссэдээтэлэ Сергей Иванов этэринэн, маннык кээмэйдээх уонна өҥнөөх алмаас айылҕаҕа бэрт сэдэхтик көстөр, чахчы дьикти булумньу буолар. “Онон, биһиги бу уһулуччулаах кристаллы аан дойдуга бастакынан регистрацияламмыт, Арассыыйаҕа оҥоһуллубут хоруона вируһун быһыытын аатынан сүрэхтииргэ быһаардыбыт. Бэрт кылгас кэм иһигэр үрдүк таһымнаах, үчүгэй хаачыстыбалаах быһыы оҥоһуллара – туһугар уһулуччулаах, таһыччы бэлиэ түгэн. Кини көмөтүнэн биһиги уруккулуу олохпутугар төннөр кыахтанныбыт”, – диир Сергей Иванов.
Быыстапка муус устар 27 күнүттэн ыам ыйын 18 күнүгэр диэри сарсыарда 10:00 чаастан киэһэ 17:00 чааска диэри үлэлиэҕэ.
Тэриллэр сирэ: “Сокровищница Республики Саха (Якутия)” көрдөрөр саалата, Дьокуускай к., Киров уул. 12 дьиэтэ (киин киирэр аан), 2 этээс.
«Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар – анал ааттаах 100 алмаас»
Саха сирин биллэр-көстөр, үтүө үлэһит, салайааччы, ытыктыыр дьонун, дьоруойдарын албан ааттарынан сүрэхтэммит алмаастар куопуйаларын быыстапкатын бу дьыл муус устар 27 күнүгэр Дьокуускайга, “Арассыыйа – мин устуоруйам” Устуоруйа пааркатыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар. Экспозицияны бу дьыл бүтүөр диэри манна кэлэн көрүөххүтүн сөп. Бу туһунан сиһилии бүгүҥҥү матырыйаалга билсиҥ.
Бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэ уонна АЛРОСА хампаанньа кыттыһан Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар сыһыаран олоххо киллэрбит “100 анал ааттаах алмааһы – Саха сиригэр судаарыстыбаннас олохтоммута 100 сылыгар” бырайыактара түмүктэннэ.
Кэнники түһүмэххэ Саха сиригэр хостоммут ювелирнай хаачыстыбалаах бөдөҥ алмаастарга Саха сирин устуоруйатыгар ааттара көмүс буукубаларынан үйэтийбит устуоруйа дьоно, биллиилээх судаарыстыбаннай диэйэтэллэр, айар уонна билим интэлигиэнсийэтин чулуу бэрэстэбиитэллэрэ, аатырбыт быраастар, педагогтар уонна спортсменнар ааттара иҥэриллибитэ.
Бу бырайыагы Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев көҕүлээн турар. Ол курдук, кини 2019 сыл бүтүүтэ сүүс бөдөҥ, бастыҥ алмааска өрөспүүбүлүкэ чулуу уонна бастыҥ кыргыттарын, уолаттарын сырдык аатын иҥэрэргэ этии киллэрбитэ. Саҕалааһын быһыытынан “Интернациональнай” рудникка көстүбүт күн тааһыгар саха бастакы драматура, саха литэрэтиирэтин төрүттэспит Анемподист Иванович Софронов-Алампа аатын иҥэрэр быһаарыы ылыллыбыта.
Онно Айсен Николаев бу бэлиэ тэрээһин кэрэһиттэрэ буолар кыах АЛРОСА уонна СӨ Бырабыыталыстыбата үтүө сыһыаннаһыыларын түмүгэр үөскээбитин тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Ил Дархан АЛРОСА хампаанньа түстэнэн үлэлиир сиригэр көстүбүт бастыҥ, ювелирнай хаачыстыбалаах бөдөҥ алмааска анал ааттары иҥэрэр туһунан этиилээх алмаастаах хампаанньа бэрэсидьиэнэ Сергей Сергеевич Ивановка тахсыбытын уонна тута өйөбүлү ылбытын иһитиннэрбитэ.
Онон, 2020 сыллаахха Улуу Кыайыы 75 сылыгар сыһыаран, Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр тыыннарын да харыстаабакка туран хорсун быһыыларын көрдөрбүт Саха сириттэн төрүттээх Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарын аатын иҥэрэн барбыттара.
Оттон 2021 сылга өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатыгар, бырамыысыланнаска, билимҥэ, култуураҕа уонна да атын тыын суолталаах хайысхаҕа үрдүк ситиһиилэрдээх, килбиэннээх үлэни көрдөрбүт чулуу үлэһиттэр ааттарын алмаас тааска иҥэрии салгыы ыытыллыбыта.
Быйыл бырайыак үһүс түһүмэҕэр киирбиттэрэ. Онно Социалистическай Үлэ Дьоруойдарын аатын иҥэрэргэ быһаарбыттара. Ол курдук, үтүө ааттара алмааска үйэтийбиттэр ортолоругар САССР Үөһээ Бүлүү оройуонун Молотов аатынан холкуос бэрэссэдээтэлэ, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин үһүс ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутаата Степан Иннокентьевич Васильев; САССР сибээһин производственнай-тэхиниичэскэй управлениетын начаалынньыга Петр Иванович Дудкин; биллиилээх табаһыт, “Томпо” сопхуос дириэктэрэ Василий Михайлович Кладкин; Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Ленин аатынан холкуоһун оҕуруот аһын үүннэрэр агронома Екатерина Иннокентьевна Новгородова уо.д.а. курдук Үлэ Дьоруойдарын аата иҥэриллибитэ.
Алмааска ааты иҥэрии үтүө үгэһэ 63 сыллаахтан саҕаламмыта
АЛРОСА Саха сирин ураты алмаастарыгар ааты биэрии үгэһин 1959 сыллаахтан илдьэ сылдьар. Ол быһыытынан, аан бастаан 50 карааттан тахса ыйааһыннаах алмааска Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата иҥэриллибитэ. Хорсун-хоодуот биир дойдулаахпыт, уоттаах кыргыһыыга 428 өстөөх саллаатын уонна эписиэрин суох оҥорбут, бэйэтэ 12 төгүл араас бааһырыыны да ыллар, хонтууһуйаланнар, төрөөбүт дойдутугар эргиллэн кэлбит, салгыы саҥалыы олоҕу тутууга үлэлэспит Федор Матвеевич Охлопков 1968 сыл ыам ыйыгар суох буолбута. Ол кэнниттэн сыл буолан баран, ол эбэтэр, 1969 сыл атырдьах ыйын 4 күнүгэр, Саха сиригэр көстүбүт 34,95 карааттаах алмааһы “Снайпер Охлопков” диэн, киэн тутта сүрэхтээбиттэрэ.
1990 ыам ыйын 29 күнүгэр Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, эрэспиэскэ ыстаарсай сержана, эйэлээх кэмҥэ “Мир” туруупкаҕа шахтердаабыт, экскваторщиктаабыт Владимир Акимович Колбунов аатын ол кэмҥэ көстүбүт 76,15 карааттаах алмааска иҥэрбиттэрэ.
Оттон 1993 сыллаахха Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, Киин фронт 467-с стрелковай пуолкатын, 3-с стрелковай ротатын снайпера, Днепр тымныы долгуннарын, муустаах тымныы уутун биир бастакынан харбаан туораан, доҕотторо өрүһү туораан көмөҕө кэлиэхтэригэр диэри илиинэн кыргыһыыга тиийэ хорсуннук киирсэн, плацдармы тутан турбут саха уоланын аатынан саҥа алмаас баар буолбута.
1995 сыллаахха өссө биир саха хорсун-хоодуот буойуна, бүлүмүөтчүк Николай Саввич Степанов үрдүк аата эмиэ биир бөдөҥ алмааска иҥэриллибитэ. 2005 сыллаахха эмиэ Аҕа дойду Улуу сэриитин дьоруойа, взвод хамандыыра, суруналыыс Николай Алексеевич Кондаков аатынан бөдөҥ алмаас ааттаммыта.
АЛРОСА хампаанньа төрөөбүт сирэ – Саха сирэ, биһиги, өрөспүүбүлүкэ устуоруйатыгар өрүү даҕаны дириҥ ытыктабыллаах сыһыаннаахпыт. Онон Айсен Николаев көҕүлээһинин үөрүүнү кытта өйөөбүппүт. Өрөспүүбүлүкэни кытта кыттыһан ыыппыт “САССР 100 сылыгар сүүс алмааска – анал ааты” бырайыакпыт көмөтүнэн Саха сирин биллиилээх дьонун, кинилэр таһаарыылаах үлэлэрин, сэрии кэмигэр хорсун быһыыларын кэлэр кэнчээри ыччакка холобур, ыйар хайысха буоларын туһугар үйэтитэр кыахтанныбыт», – диэн АЛРОСА бырабылыанньатын генеральнай дириэктэрэ Сергей Иванов анаан бэлиэтиир.
Оттон быйыл АЛРОСА хампаанньа биллиилээх дьон ааттара иҥэриллибит бастыҥ хаачыстыбалаах, бөдөҥ алмаастар үүт-маас куоппуйаларын оҥорон, анал сэртипикээттээн Саха сирин мусуойдарыгар ыытыыны түмүктүүр. Манна даҕатан эттэххэ, сорох алмаастары оройуоннарыгар ыытарга анаан, хас да куоппуйаны оҥорторбута.
Андрей ШИЛОВ суруйуутунЛОһУУРА тылбаастаата.