(Саха Таҥаратын итэҕэлэ - Таҥарианство сабаҕатынан)
Бүгүн, ахсынньы 8 күнүгэр, бастакы сүллүүкүттэр ууттан тахсаллар. Ити хара үлэни толорор быстар дьадаҥы сүллүүкүттэр. Кинилэр баай, тойон-хотун сүллүүкүттэр, оҕолоохтор, кырдьаҕас сүллүүкүттэр тахсан сынньана түһэр, күүлэйдиир, көрүлүүр сирдэрин эргэ өтөхтөргө, улахан киһи уҥуохтарыгар бэлэмнииллэр. Ол сүллүүкүттэр тохсунньу 12 күнүгэр тахсыахтаахтар.Сүллүүкүттэр киһи курдуктар, уратылара диэн баттахтара, хаастара о.д.а. түүлэрэ суох. Иччи да, абааһы да буолбатахтар. Киһини тыыппаттар. Сатаан көрдөстөххө, эйигин, чугас дьоҥҥун сотору туох күүтэрин этэн биэриэхтэрин сөп.Олус элбэх харчылаахтар. Ону мүлчү туттаран ыллаххына байаҕын. Ол гынан баран, ол харчынан байарыҥ ноолордоох.
Саха Таҥаратын итэҕэлэ - Таҥарианство таҥхалыыры утарбат. Биир сүрүн Айыыбыт Таҥха Хаан бу күннэргэ киһиэхэ чугас уонна эйигин туох ситиһии, ханнык ыарахаттар кэтэһэллэрин таҥхалыыр кэмҥэ этэн биэриэн, сэрэтиэн, сүбэлиэн сөп.
Бу күннэргэ аллараа дойду уонна үөһээ дойду ааннара аһыллан биэрэллэр, онон туһанан аллараа уонна үөһээ дойдулар абааһылара Орто дойдуга сыбыытыыллара элбиир. Ол абааһылартан сэрэниэххэ наада - дьиэ аанынан киирбэтиннэр, түннүгүнэн өҥөҥнөөбөтүннэр диэн ааҥҥа, түннүккэ былыр чоҕунан кириэс ойуулууллара.Кириэстэн - христианскай да, саха Таҥаратын да кириэһиттэн абааһылар куттаналлар, тэйиччи сылдьаллар. Билигин кумааҕыга ойуулаан баран сыһыарыахха сөп. Оннук кумааҕыны сиэпкэ уктуохха эмиэ сөп, дьиҥнээх кириэскэ да тиийбэтэр, син харысхаллаах курдук сананаҕын.
Түгэнинэн туһанан, Саха Таҥаратын Кириэһэ оҥоһуллубута, ол атыыга суох, миигиттэн эрэ ылыахха сөп. Ити Кириэс Үөһээ Таҥараны кытта сибээстэһэргэ Антенна оруолун толорор. Саха кириэһин иилинэ эбэтэр сиэпкэр илдьэ сырыттаххына, Таҥараны кытары куруук сибээстээх сылдьаҕын.Киэһэ хараҥардаҕына таһырдьа соҕотох тахсымаҥ, хаһыытаамаҥ, чуумпутук сылдьыҥ. Тохсунньу 19 күнүгэр диэри Таҥхалыахха сөп, онон ыксаамаҥ, толкуйдаан, ыараҥнатан баран быһаарыныҥ. Дьиэҕэ хаартынан, араас сахалыы ньымаларынан бэйэ эмиэ билгэлэниэн сөп. Абааһылартан уонна сүллүүкүттэртэн харыстанарга бэйэбит Кириэспит дьайыыта ордук күүстээх.
Саха Таҥаратын итэҕэлин - Таҥарианство Кириэһэ маннык көрүҥнээх.
Кириэс Үөһээ салбаҕын ортотугар "С" буукуба суруллубут, ол аата итиннэ Салгын Кут уйата баарын кэрэһилиир.Кириэс Ортотугар "Альгис" диэн руна турбут, ол аата ити Дууһа миэстэтэ.Кириэс аллараа салбаҕар "Б" буукуба баар, ол аата Буор Кут, Уҥа салбахха 'А" буукуба турар - Аҕа Кут, оттон Хаҥас салбахха "И"буукуба турар, ол аата ити Ийэ Кут миэстэтэ буолар.Онон Саха Таҥаратын итэҕэлинэн Кириэскэ бу Кириэс хаһаайына - итэҕэллээх киһи 4 - Салгын, Буор, Аҕа, Ийэ Куттарын уонна Дууһатын тыыннара иҥэр.Билигин биһиги үгүс дьоммут «Саха итэҕэлигэр Кириэс суох, сахалар Кириэс кэппэтэхтэрэ» диэн өйдөбүллээхтэр.Дьиҥ иһигэр киирдэххэ, билиҥҥи сахалар былыр өбүгэлэрэ илдьэ сылдьыбыт 5 харахтаах Кириэстэрин "Саха Харысхала" диэн ааттаан тутта сылдьаллар. Кириэс күүстээх ньэгирдээх, дириҥ ис хоһоонноох итэҕэл тэрилэ буолар.Онон сотору Саха итэҕэлин - Таҥарианство Кириэһэ биһирэниэҕэ уонна дьон-сэргэ ортотугар киэҥник тарҕаныаҕа.
Саха Таҥаратын итэҕэлин төрүттээччи Гаврил Угаров.