Киир

Киир

Бүгүн элбэххэ аралдьыйбакка, таҥха кэмин сүрүн дьоруойа – сүллүүкүн – туһунан кэпсэтиэххэ.

Саха киһитэ сүллүүкүн туһунан олохсуйбут өйдө­бүллээх. Сүллүүкүннэр хайдах дьүһүннээхтэрий? Кинилэр дьоҥҥо майгынныыллар, арай хаастара эрэ суох. Элбэх үһүйээннэргэ кинилэр “дойдуларыгар” сылдьыбыт дьон туһунан кэпсэнэр. Сүллүүкүннэр олохторо-дьаһахтара эмиэ дьон сиэринэн. Бочуоттаах академик Эдуард Пекарскай тылдьытыгар сүллүүкүнү “сүүлүкүн” да диир, “сүлүүкүн” да диир: “Сүүлүкүттэр – обитатели вод, живущие подобно людям, разводя стада”. Итинник суруйан баран ускуопка иһигэр: “Сүлүүкүн бииһин ууһа?” – диэн суруйбут уонна саарбахтаабытын биллэрэн ыйытыы бэлиэтин туруорбут..

Сүллүүкүннэр дьонтон сүрүн уратылара: бараммат баайдаахтар, бүппэт үп­тээхтэр. Эбиитин дьыл­ҕа­һыттар. Онон өлөрүүтэри өтө көрөллөр, байар-тайар ньымалары, суоллары толору кэпсээн биэриэхтэрин сөп.

Таҥха иһиллээһин

Хайдах түгэҥҥэ уонна ханна ол кистэлэҥнэрин кэпсээн биэриэхтэрин сөбүй? Ону истээри анаан-минээн ойбоҥҥо барыахтааххын. Таҥха күннэригэр. Соҕотох да барыахха сөп, хас да буолан барыахха сөп. Ол эрээри “чорбох” суох буолуохтаах. Ол аата икки, түөрт эбэтэр алта буолан барыахха сөп. “Слушать следует всегда попарно, – диэн суруйбут XIX үйэ чинчийээччитэ Вацлав Серошевскай, – а то сюльлюкюн, сосчитавши и увидевши, что число слушателей нечетное, лишнего человека заберет”. Онон кутталлаах сиэр-туом буолла.

– Сүллүүкүттэр киһи инники олоҕун барытын билэллэр, – диир биология билимин дуоктара, фантаст-суруйааччы Гаврил Угаров. – Ол иһин сүллүүкүттэри ойбоҥҥо киирэн иһиллииллэрэ үһү. Ол иһиллээһин сиэрэ-туома уустук, онон билиҥҥи киһи ону кыайан толорбото буолуо.

Таҥараны итэҕэйэр киһи кириэһин дьиэтигэр хаалларыахтаах. Хараҥарбытын кэннэ биирдэ таҥха иһиллии барыллар. Дьэ, уонна, ойбон аттыгар халыҥ суорҕаны бүрүнэн баран чөмөхтөһөн олороҕун. Сүллүүкүн төһөҕө ойбонтон оронон тахсара чопчу биллибэт буоллаҕа. Онон иһийэн олорон, тулуурдаахтык кэтэһиэхтээххин. Ойбонтон оронон тахсар тыаһа иһиллибэт, арай чуумпуга атаҕын тыаһа иһиллиэхтээх. Сүллүүкүн чөмөх баарын дьиктиргии көрөр, тугун-ханныгын билээри охсуолаан ылар. Төһө да куттаммытыҥ, охсоро ыарыылааҕын иһин, хаһыытыа суохтааххын. Дьэ, оччоҕо, сүллүүкүн чөмөхтөһөн олорор дьон инникилэрин кэпсээбитинэн барар.

Ороһуоспа, кириһиэнньэ

Сүллүүкүн туһунан сүн­ньүнэн итинник өйдөбүл­лээхпит. Аны ити өйдөбүл­бүтүн чиҥэтиэххэ, этэргэ дылы, ытаһалаан биэриэххэ.

hqdefault

Бастаан 1994 сыллаахха тахсыбыт дьоҕус тылдьыты көрүөххэ. Бу тылдьыкка сүллүүкүнү “сүлүүкүн” диэн суруйбуттар. Маннык быһаарыылаан: “Урут саха өйдөбүлүнэн уу анныгар дойдулаах, кыһыҥҥы улахан тымныы эрэ саҕана үөһэ тахса сылдьан баран төннөр иччилэр”. Аны “Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытын көрүөҕүҥ” (Новосибирскай, IX туом, 2012). Сорохтор: “Сүллүүкүн ойбонтон Ороһуоспа күн тахсыбат ини, Киристиэс төрөөбүт күнүгэр”, – диэччилэр. Итиннэ улахан тылдьыт толору хоруйу биэрэр: “Былыргы саха өйдөбүлүнэн, уу анныгар дойдулаах, кыһыҥҥы улахан тымныы эрэ саҕана (Ороһуоспа буолар түүнүттэн Кириһиэнньэҕэ диэри) ууттан үөһэ тахса сылдьан баран төннөр иччилэр”.

Аны Эдуард Пекарскай тылдьытын көрөбүт: “Сүллүүкүн (ср. русск. шиликун, в Иркут. губ. шулюкун или шюлюкюн; нечистый дух, злой домовой, наряженный в святках). Водяной, водяник, водяной дух (= уу иччитэ); богатый старик, господин глубоких вод, русский щелкун; злой дух, устрашающий людей с кануна Рождества и до Крещения, шиликун (отличается отсутствием бровей)... Водяные духи, которые в ночь под Рождество перевозят утопленников из одной полыньи в другую; сүллүүкүн буол – шиликунничать, ходить о святках переряженными, участвовать в маскараде, маскироваться”.

ГЛАВНАЯ

Серошевскай  уонна  “сюльлюкюн”

Сүллүүкүн туһунан өрөбө­лүүссүйэ иннинээҕи чинчийээччилэр эмиэ суруйбуттара. “Замечательно, что у якутов нет существа, олицетворяющего лес вообще, – диэбит Вацлав Серошевскай киэҥник биллэр “Якуты” диэн үлэтигэр, – у них всякая рощица, лесок, даже деревце может обладать иччите (душой, хозяином); но “лешего”, как его представляет славянская мифология, у них нет; то же самое и “водяной”, сюльлюкюн, фигура очень подозрительного, славянского, по моему мнению, происхождения”. Оччотооҕу саха дьонун олоҕун-дьаһаҕын, култууратын дириҥник үөрэппит чинчийээччи – сүллүүкүн соҕурууттан, славяннар мифологияларыттан силис-мутук тардар диэн сабаҕалаабыт. Ол гынан баран матырыйаал анныгар маннык туспа бэлиэтээбит: “Русские Иркутской губернии водяного называют шюлюкюн. Это слово, кажется, бурятское”.

Серошевскайы салгыы ааҕабыт: “Сюльлюкюна встретить или увидеть не трудно: он не особенно прячется. Если хотят, чтобы он не шлялся близко от дома, то на всех дорогах ставят маленькие деревянные кресты. Последняя черта тоже замечательна: исключая сюльлюкюна, нет ни одного черта, привидения, злого духа, от которого якуты защищались бы крестом; ради этого (обыкновенно) они предпочитают употреблять заклинания, звон железа, крики и шум”.

Торбос таҥастаах

Сүллүүкүн туһунан араас суруйуулар бааллар. XIX үйэҕэ Саха сиригэр народник-революционер Василий Трощанскай көскө ыытыллыбыта. Кини Чөркөөххө сыылкаҕа олорон, сахалар олохторун-дьаһахтарын үөрэтэн барбыт.

Василий Трощанскай биир саамай киэҥник биллэр, Казань куоракка бэчээттэммит үлэтэ “Эволюция черной веры (шаманства) у якутов”. Кини үлэлэригэр киһи сөпсөспөт, саарбахтыыр түгэннэрэ элбэх буолааччылар. Ити ыйыллыбыт үлэтигэр, улаханнык иҥэ-тоҥо сатаабакка – сүллүүкүттэр тустарынан ахтан аһарбыт.

Ити кинигэтин түмүк чаа­­һыгар сахалар сэрэбиэйдэниилэрин үс көрүҥүн туһунан суруйбут. Онтон биирдэстэрин туһунан маннык суруйбут: “Якут идет к проруби и, очистивши ее от льда, садится около нее и слушает. Ему будто слышится, что разговаривают люди, рассуждая о его судьбе, а также видит тень сүлүүкүнэ, который бывает обыкновенно одет в полушубок из телячьей шкуры, в таких же штанах и рукавицах”. Онон, Василий Трощанскай суруйуутугар: сүллүүкүн торбос саҕынньахтаах, ыстааннаах, үтүлүктээх. Матырыйаалын анныгар “сүллүүкүн” диэн тылы туспа быһаарбыт: “Под этим словом якуты разумеют водяного (уу иччитэ), а также ряженых”.

Иҥэ-дьаҥа суох

– Сүллүүкүнү элбэх омук итэҕэйэр, – диир биология билимин дуоктара Гаврил Угаров. – Ол курдук сүллүүкүнү нууччалар шиликун, кытайдар Шуй-луҥ-хуан, комилар Шулейкин диэн ааттыыллар эбит. Сахалар сүллүүкүнү айыы да, абааһы да диэбэттэр, туох да иҥэ-дьаҥа суох уу олохтооҕун курдук саныыллар. Кинилэртэн куттамматтар, анаан бэлэх-туһах биэрбэттэр. Сылга биирдэ сиргэ тахсан, нэдиэлэ кэриҥэ буолан, оонньоон-көрүлээн, сынньанан баран, төттөрү ууларыгар киирэллэр. Киһиттэн уратылара диэн баттаҕа, хаастара, кыламаннара уонна бытыктара суох. Олус элбэх харчылаахтар, хаартылыылларын сөбүлүүллэр. Ол харчыны киһи мүлчү туттаран ыллаҕына, үс күн иһигэр тутта охсуохтаах. Инньэ гымматаҕына, төрдүс күнүгэр сүллүүкүн харчыта ньамах буолан хаалар үһү.

Кырдьык, “сүллүүкүн” диэн тылбыт силиһэ-мутуга олох ырааҕынан тайаан, киэҥ-нэлэмэн Евразия устун бара турар эбит: нууччаларга – шиликун, шулюкун; комиларга – шилейкин; татаардарга – шүлген; башкирдарга – шулгэн; чуваштарга – сюлюсюн; мариларга – шюлюш...

Шуй-лунг-хуан

– “Сүллүүкүн” диэн тылбыт силиһэ-мутуга Кытайтан саҕаланар, – диэн миэхэ икки сыллааҕыта биир идэлээҕим, суруналыыс Еор Карпов кэпсээбитэ. – Кытайга уу луотун (дракону) шуй-луҥ-хуан диэн ааттыыллар эбит. Ити тыл Сибиир норуоттарыгар араастык уларыйан тиийэн кэлэр. Холобур: шүлген, шилейкин, шюлюш... Владимир Даль киэҥник биллэр тылдьытыгар “шиликун” диэн тыл баар. Быһаарыыта: “Нечистый дух, злой домовой, ряженый”, – диэн. Онон нууччалар эмиэ туттар тыллара. Тус бэйэм “сүүлүк” (шулер) диэн тылбыт эмиэ кытайдар “шуй-луҥ-хуан” диэн тылларыттан төрүттээх дии саныыбын. Биһиги үһүйээннэрбитигэр, номохторбутугар сүллүүкүттэр хаартыны сөбүлүүллэрин туһунан элбэхтик кэпсэнэр дии.

Саха сирин филолог-учуонайа Владимир Попов: “Шуй-луҥ-хуан диэн уу луотун (драконун) аата түүр норуоттарыгар былыргы уйгуурдар нөҥүө киирбитэ буолуо”, – диэн сабаҕалыыр.

Сүллүү – устар, ааһар аартык

Онон “сүллүүкүн” диэн тылбыт ыыра ыраатта. Биллиилээх топонимист-учуонай Багдарыын Сүлбэ өрөс­пүүбүлүкэбитигэр суруйбатах хаһыата диэн суох. Улуустар да хаһыаттарыгар тиһигин быспакка суруйара. 1990 сыл от ыйын 31 күнүгэр оччотооҕу Сунтаар оройуонун “Ильич уоттара” хаһыатыгар “Сүллүү” диэн матырыйаала бэчээттэммитэ.

Кини онно: “Сүллүү диэн тыл күннээҕи кэпсэтиигэ киэҥник туттуллар ээ. Ол гынан баран, тоҕо эрэ билиҥҥи тылдьыттарга киллэрбэт буолаллар эбит”, – диэбит. Багдарыын Сүлбэҕэ ити тылы кырдьаҕастар маннык быһаарбыттар: “Үрэх да, дойду да сирдэр уулара түһэр сүрүннээх буолаллар. Ону сүллүү диибит”. Биллиилээх топонимист-учуонай түмүгэ маннык: “Сүллүү – туох эрэ устар, ааһар, хамсааһын тахсар аартыга, хайаҕаһа, куоллараана, үүтэ, куоһааҕа, суола”. Онон сүллүүкүн диэн тылбыт сүллүүнү кытта сибээстээх буолуон сөп эбит.

Сүллүүкүн туһунан, дьэ, ити курдук араас санаа, көрүү баар. “Кытай тылыттан силис-мутук тардар” диэһин олохтоох, ыйааһыннаах курдук.

Федор РАХЛЕЕВ.