«Арчы» духуобунай култуура киинэ сахабыт дьонугар-сэргэтигэр үгүс үөрүүнү бэлэхтээбит, элбэх үтүө тэрээһиннэри тэрийбит, сахалыы сиэрдэри-туомнары сөргүппүт, айылҕаттан айдарыылаахтары түмэ тарпыт дьоһун сиринэн буолар.
Сүүрбэ сыл анараа өттүгэр, 2002 сыллаахха, балаҕан ыйыгар, Дьокуускай куорат уонна Өрөспүүбүлүкэ устуоруйатыгар аан бастакынан, киин куорат төрүттэммитэ 370 сылыгар, сахалыы эйгэлээх Арчы Дьиэтэ алгыстаах аартыгынан аанын арыйан үлэтин саҕалаабыта. Саха норуотун үтүө үгэстэрин, сиэрин-туомун, олоххо көрүүлэрин, итэҕэлин, норуот айымньытын араас хайысхатын үөрэтэр-чинчийэр, сырдатар уонна тарҕатар соруктаах күүрээннээх үлэ саҕаламмыта...
Ааспыт субуотаҕа, балаҕан ыйын 24 күнүгэр, «Арчы» духуобунай култуура киинэ айымньылаах үлэтин 20 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт үөрүүлээх тэрээһин ыытылынна. Манна Арчы Дьиэтин иһинэн үлэлиир уус-уран кэллэктииптэр, ансаамбыллар уонна холбоһуктар кыттыыны ыллылар. Ону сэргэ, үгүс сылларга үлэлээбит салайааччылар уонна үлэһиттэр ыҥырыылаах ыалдьытынан буоллулар.
Кэлбит дьону-сэргэни Арчы Дьиэтэ саҥардыы буһа турар алаадьы сытынан, «Саха чэйин Дьиэтэ» хотуна Кучу Туйаара өрбүт итии чэйинэн көрүстүлэр. Маны сэргэ, киһи киирээт даҕаны, сахам мааны, мандар тигиилээх таҥаһын-сабын сайбаччы кэппит дьону көрөн, дьиҥ сахалыы матыыптаах ырыаны-тойугу, хомус алыптаах тыаһын истэн сүргэтэ көтөҕүлүннэ диэтэхпитинэ, сыыспаппыт.
Салгыы, үгэс быһыытынан, дьоро түһүлгэ саҕаланыан иннинэ, алгысчыт Арыйаан Петров алгыс сиэрин-туомун ыытта.
Ол кэнниттэн, дьон күргүөмүнэн «Эйгэ» сүрүн саалаҕа аастылар. Манна дьоро түһүлгэ сүрүн чааһа, «Кэрэни кэрэхсээн» кэнсиэр саҕаланна. Тэрээһини СӨ Култууратын туйгуннара, испэсэлиистэр Любовь Константинова-Кыталы Куо уонна Петр Кычкин-Сайылык Бүөтүрэ иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Үөрүүлээх чаас саҕаланыыта, саха төрүт култуура сайдарыгар үгүс сыраларын биэрбит, Арчы Дьиэтин үлэтигэр-хамнаһыгар үлэлэспит дьонугар, оччотооҕу Дьокуускай куорат баһылыгар Илья Филиппович Михальчукка, куорат култуураҕа Салалтатын салайааччытыгар Антонида Николаевна Корякинаҕа, Арчы Дьиэтин бастакы дириэктэригэр Надежда Семеновна Толбоноваҕа, Валентина Ивановна Бочонинаҕа, күн бүгүнүгэр диэри сүбэлээн-амалаан, үлэлэһэ сылдьар учуонайдарыгар, консультативнай сүбэ чилиэннэригэр Ульяна Алексеевна Винокуроваҕа, Розалия Иннокентьевна Бравинаҕа, Анатолий Игнатьевич Гоголевка, Екатерина Назаровна Романоваҕа, Василий Васильевич Илларионовка, аар алгысчыкка Афанасий Семенович Федоровка, Вильям Федорович Яковлевка, Галина Гаврильевна Федороваҕа, Иван Герасимович Васильевка уонна бары үлэһиттэргэ махтал тылларын туһаайдылар.
Тэрээһин устатын тухары икки көстөр экраҥҥа Арчы Дьиэтин үлэтин-хамнаһын сырдатар презентация көһүннэ, үгүс эҕэрдэ, махтал тыл этилиннэ, бэлэх-туһах ананна, үгүс наҕараада даҕаны туттарылынна.
Бу эрэ күн, «Арчы Дьиэтэ» духуобунай култуура киинин бары айар кэллэктииптэрэ сахалыы тыыннаах, ураты кэнсиэри көрдөрдүлэр. Ол курдук, Аан дойдутааҕы, эрэгийиэннээҕи, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэстэр, бэстибээллэр лауреаттара, дипломаннара “Алаас кыргыттара” үҥкүү ансаамбыла кэрэ үҥкүүнэн киэргэттэ (Сал: САССР култууратын туйгуна Е. С. Прокопьева).
Аан дойдутааҕы, эрэгийиэннээҕи фольклор бэстибээллэрин лауреаттара, дипломаннара «Күн дьоно» фольклор бөлөҕүн салайааччыта Кылыһах Далбар-Евдокия Павлова уонна Харыс Хотун-Галина Самсонова толорууларыгар “Алгыс тойуга” ылланна.
2019 с. тэриллибит Бүтүн Аан дойдутааҕы фольклор күрэстэрин лауреаттара “Чэгиэн” бөлөх толоруутугар “Айылҕа тэтимэ” хомуска дьүһүйүү толорулунна (сал. У.В. Захарова).
Казахстааҥҥа ыытыллыбыт Аан дойдутааҕы бэстибээл лауреаттара «Көмүс саастар» ырыа-үҥкүү ансаамбыла “Кытыйалаах үҥкүү” нүөмэри көрдөрдө (сал. СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ, СӨ “Оһуохай” түмсүүтүн салайааччыта И. В. Абрамова).
Салгыы, 2018 сыллаахха тэриллибит “Чараҥ” ырыа ансаамбыла “Оҕолоох Мадонна” ырыаны толордо (Сал. РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, СӨ култууратын бочуоттаах бэтэрээнэ, СӨ үөрэхтээһинин систиэмэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, СӨ култууратын туйгуна В. Г. Иванов).
Маны таһынан, кэнсиэргэ көрдөөх юморист, норуот киһитэ Клим Федоров, «Өрөгөй» эр дьон ансаамбыла (сал. СӨ култууратын бочуоттаах бэтэрээнэ, СӨ үөрэхтээһинин систиэмэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, СӨ култууратын туйгуна В. Г. Иванов), “Саһарҕа” этно-ырыа бөлөҕө (сал. СӨ култууратын туйгуна Л.Р. Константинова), норуот таптыыр ырыаһыта Виктор Иванов-Сиэйэ Уола, “Түһүлгэ” үҥкүү бөлөҕө (сал. Норуот үөрэҕириитин туйгуна В. И. Уарова), «АйАрт» эдэр суруйааччылар түмсүүлэрин иһинэн тэриллибит «Ньургуһун» бөлөх (сал. СӨ култууратын туйгун П. Кычкин), “Мааны Мандар” иис түмсүү (сал. СӨ култууратын туйгуна Л.Р. Константинова), «Күн ситимэ» үҥкүү кэллэктиибэ (сал. Үлэ уонна Ис дьыала министиэристибэтин бэтэрээнэ М. А. Самсонова), «Далбар» вокальнай ансаамбыл (сал. СӨ култууратын уонна үөрэҕириитин туйгуна Р. И. Винокурова) кыттыыны ыллылар.
Кэнсиэр бириэмэтигэр Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтатын эбээһинэһин толорооччу Анна Владимировна Каженкина, Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы норуот айымньытын киинин дириэктэрин солбуйааччы Ньургуйаана Егоровна Ущницкая, «Арчы дьиэтэ» духуобунай култуура киинин салайааччыта Лариса Константиновна Андреева уонна Арчы Дьиэтин уус-уран салайааччыта Любовь Радиковна Константинова эҕэрдэ тылларын эттилэр.
Түмүккэ, Ион Гоголев тылларыгар уонна мелодиятыгар “Арчы дьиэтэ” хор ылланна, ол кэнниттэн бары кэлбит дьон оһуокайы оройуттан туттулар, эһиэкэйи эҥээриттэн ыллылар.
Тэрээһинтэн хаартыскалар
Тэрээһини сырдатта Ираида Коркина-Чугдаара
Любовь Константинова-Кыталы Куо уонна Петр Слепцов хаартыскаҕа түһэриилэрэ