Арчылаатын бар дьоммун
Сылаас дыргыл сытынан
Дьиэм иһин толордун!
Туймаада туонатыгар, дьоллоох Дьокуускай килбэйэр киинигэр – Арчы Дьиэтин алгыстаах түһүлгэтигэр, Ыам ыйын 20 күнүгэр Сайылык күнүн көрсө, СӨ «Ийэ сылыгар» анаммыт, самаан сайыны уруйдуу «Күн төгүрүк алаадьыта» күрэс ыытылынна.
Хас биирдии омук бэйэтин аһынан киэн туттар. Холобура, армяннар лаваш диэн лэппиэскэлэринэн, нууччалар блиныларынан, татардар бешбармактарынан, узбектар пловтарынан биллэллэр. Оттон биһиги алаадьыбытынан, көбүөрдээх лэппиэскэбитинэн, саламааппытынан, үүт-сүөгэй тоҥ аспытынан киэн тутта эрэ буолбакка, кэнэҕэски көлүөнэҕэ, бэйэбит норуоппутугар сахабыт аһын-үөлүн өрө тутан, үгэс быһыытынан анал тэрээһиннэри ыытыах тустаахпыт уонна үйэтитиэхтээхпит.
Сахалар төрүт аспыт, алаадьыбыт үйэлэри унуордаан кэлэн, күн бүгүнүгэр диэри урууга, оҕо төрөөтөҕүнэ, малааһыҥҥа, араас сиэргэ-туомҥа, үөрүүгэ, хомолтоҕо астанан, олохпутугар суолтата сүдү улахан. Алаадьы дыргыл сыта салгыны ыраастыыр, киһи сүргэтин көтөҕөр, өйүн-санаатын чэбдигирдэр, сылаас сырдык сүүрээни киһи кутугар иҥэрэр ытык ас буоллаҕа. Быйыл «Күн төгүрүк алаадьы» күрэспит үгэскэ кубулуйан, 5-с төгүлүн саха аһын ситимниир айылгылаах ыытылынна.
Күрэс сыала-соруга:
- Саха норуотун сиэрин-туомун тутуһан, төрүт үгэһи дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕатыы, утумнааһын;
- Саха төрүт айыы аһынан алаадьынан дьон сүргэтин көтөҕүү;
- Ас-үөл култууратын сайыннарыы, бэйэ кыаҕын арыйыыга туһанарыгар олук ууруу;
- Айыы аһын алаадьыны араас көрүҥнэрин дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрүү.
Алаадьы улахан суолталаах, минньигэс аһынан буолар. Өбүгэлэрбит алаадьыны, саламааты кытта тэҥҥэ күндү аска киллэрэн малааһыннарга, бэлиэ күннэргэ буһарыналлара, айыылары, иччилэри алы гынар, аал уоту аһатар, күндүлүүр-маанылыыр, сиэргэ-туомҥа туттуллар айыы аһынан буолар.
Күрэспит үөрүүлээх арыллыыта алгысчыт Арыйаан Петров-Арый Аан алгыһынан саҕаланна. Ол кэнниттэн, «Арчы Дьиэтэ» духуобунай култуура киинин дириэктэрэ Лариса Константиновна Андреева эҕэрдэ тылынан Туймаада хочотун дьоһун-мааны олохтоохторун уонна ыалдьыттарын, күндү көрөөччүлэри, сэргэх сэҥээрээччилэри, күрэх кытыылаахтарын эҕэрдэлээтэ.
Маны сэргэ, сайыны уруйдуу-айхаллыы, Олоҥхо театрын иһинэн үлэлиир «Эрэл» үҥкүү норуодунай тыйаатыра (сал. СӨ култууратын туйгуна Екатерина Павлова) «Өрөгөй» үнкүүнэн киэргэттэ. Тэрээһини СӨ култууратын туйгуна Николай Евсеевич Жирков иилээн-саҕалаан ыытта.
Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: бэрэссэдээтэл - ССР култууратын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин профтех үөрэхтээһиҥҥэ туйгуна, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Мария Николаевна Габышева; Арассыыйа билиминн Академиятын Сибиирдээҕи салаатын Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын чинчийэр институтун үлэһитэ, историческай наука кандидата Данилова Наталья Ксенофонтовна, Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Оһуокай» түмсүү салайааччыта, СӨ үтүөлээх үлэһитэ Абрамова Ирина Васильевна уонна «Атласовтар уһаайбалара» туристическай этно-комплекс салайааччыта, минньигэс, ураты астаах шеф-повара Николай Васильевич Атласов.
Күрэспитин саҕалыах иннинэ, «Атласовтар уһаайбалара» туристическай этно-комплекс салайааччыта, шеф-повар Николай Васильевич Атласов алаадьыны буһарыыга, ис кистэлэҥин арыйыыга маастар-кылааһы ыытта, ис кистэлэҥнэрин туһунан үллэһиннэ.
Күрэспит икки түһүмэҕинэн ыытылынна. Бастакы түһүмэххэ кыттааччылар анаан-минээн, бэлэмнэнэн кэлбит талба талааннарын көрдөрдүлэр, бэйэлэрин билиһиннэрдилэр уонна астаабыт алаадьыларын сырдаттылар. Иккис түһүмэххэ «Баай астаах сандалым» дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ кыттааччыларбыт бэлэмнээбит сандалыларын кэрийэн көрдүлэр, сыанабыл биэрдилэр. Биллэрин курдук, саха ыала ыалдьытымсаҕынан биллэр, ол курдук, саха ыала барахсан хас ааспыт ыалдьыты, киирбит хоноһону сандалытын хоточчу итии астаах-үөллээх көрсөр үгэстээх. Онон, дьүүлүүр сүбэ бу күрэххэ кыттааччыларбыт ыалдьыттарын хайдах көрсөллөрүн эмиэ сыаналаата.
Күрэскэ уопсайа 14 кэллэктиип, 70 киһи кыттыыны ылла. Ол курдук, Усуйаана, Горнай, Ньурба, Мэнэ-Ханалас, Кэбээйи улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан кыттыыны ыллылар.
Дьоро түһүлгэни ылбаҕай ырыаларынан киэргэттилэр: Намыына Куо, Ульяна Захарова, Петр Кычкин, Арчы Дьиэтэ духуобунай култуура киинин иһинэн саҥа тэриллибит, «АйАрт» кэмиэрчэскэйэ суох айар-суруйар дьон уопсастыбаларын ыччатын «Ньургуһун» ырыа бөлөҕө (сал. СӨ култууратын туйгуна П.П.Кычкин).
Күрэс түмүгүнэн кыайыылаахтары быһаардылар. «Кылаан Чыпчаал» бирииһин Дьокуускай куорат СӨ доруобуйаларынан хааччахтаах дьону доруобуйаларын бөҕөргөтөр уонна үөрэх биэрэр техникум интернат тэрилтэ кэллэктиибэ ылла.
Анал ааттары ыллылар:
- «Күн төгурук алаадьыта» - «Көмүс саастар» үнкүү кэллэктиибэ, сал. Н.И. Николаева, Дьокуускай куорат.
- «Айыы аһын элбэх көрүҥнээх алаадьыта» – «Мааны Мандар» иис түмсүүтэ, сал. Т.И. Александрова, Дьокуускай куорат.
- «Бастыҥ сандалы» - Дорофеева Розалия Серофимовна, Дьокуускай куорат.
- «Алгыс алаадьыта» - «Алаһа Дьоҕурдара» фольклор кэллэктиибэ, сал. К.И. Дегтярева, Л.И. Платонова.
- «Сайдам Далбар Хотун» - А.Н. Портнягина, Мэнэ-Ханалас улууһун Хорообут нэһилиэгэ.
- «Өбүгэ үгэһин утумнааччы» - Лидия Ивановна, Иннокентий Иннокентьевич Портнягиннар дьиэ кэргэттэрэ, сал. В.С. Томская, Усуйаана улууһа, Тумат нэһилиэгэ.
- «Аҕа саастаах кыттааччы» – Эверстов Николай Егорович, Кэбээйи улууһа.
- «Сиэри-туому утумнааччы» – «Чараҥ» ырыа ансаамбыла, сал. В.Г. Иванов, Дьокуускай куорат.
- «Алаадьы алгыстаах ырыата» – «Күн Дьоно» фольклор кэллэктиибэ, сал. Е.И. Павлова, Дьокуускай куорат.
- «Бастыҥ айыы аһын алаадьыны сырдатааччы» - «Ай-ыллаа» вокальнай ансаамбыл, сал. Р.И. Винокурова.
- «Уран тыллаах хоһоон айааччы» – А. И. Ефремова, Дьокуускай куорат.
- «Көрөөччү-истээччи биһирэбилэ» – Л. Г. Филиппова, Ньурба улууһа.
- «Айымньылаах кыттааччы» – «Түөлбэ хотуттара» түмсүү, сал. Ж.И. Текеянова, Горнай улууһа, Маҕарас.
Тэрээһин алаадьылыы төгүрүйбүт оһуохайынан түмүктэннэ. Оһуохайы таһаарааччынан «Күн Дьоно» фольклор кэллэктиибин салайааччыта, СӨ култууратын туйгуна Евдокия Ивановна Павлова-Далбар Кылыһах буолла.
«Күн төгүрүк алаадьыта» күрэх кыттыылаахтара буолаары турар “Туймаада ыһыа5а-2022” үөрүүлээх арыллыытыгар халадаай ырбаахыларын сайбаччы кэтэн, аһаҕас халлаан анныгар күн эргииринэн төгүрүччү олорон, иннилэригэр таҕааннары уурунан, алгыстаах алаадьы астаан, сыт таһааран түһүлгэни ыраастаан, ыһыах ыалдьыттарын көрсүөхтэрэ.
Ыҥырыыбытын ылынан бүгүҥҥү күрэскэ кыттыбыт кыттааччыларбытыгар истиник махтанабыт. Өрүү уҕараабат уоҕунан, эстибэт эрчиминэн, минньигэс астаах толору остуолгутунан чугас дьоҥҥутун күн ахсын үөрдэ-көтүтэ тураргытыгар баҕарабыт. Күндү истээччилэргэ баҕарыа этибит иэримэ дьиэҕит иччитэ мэлдьитин эһиги диэки сылаас, истиҥ иэйиитинэн сыдьаайа туруоҕун. Айыыһыккыт аргыстастын! Иэйэхсиккит эҥээрдэстин! Дьоллоох буолуҥ, доруобай буолуҥ!
Тэрээһинтэн хаартыскалар:
Бырайыак ааптара, “Арчы Дьиэтэ” духуобунай култуура киинин уус-уран салайааччыта Любовь Констатинова.
Хаартысканан репортаһы оҥордо Ираида Коркина-Чугдаара