Бу дьыл олунньу 16 күнүгэр Сергей Афанасьевич Зверев -- Кыыл Уола аатынан Национальнай Үҥкүү тыйаатырыгар өрөгөйдөөх дьоро киэһэ буолан ааста. Ол курдук, бары убаастыыр, киэн туттар киһибит, СӨ норуодунай, Арассыыйа уонна өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх артыыһа Дмитрий Артемьев 60 сааһын туолар үбүлүөйэ киэҥник бэлиэтэннэ. Артыыс 27 сыл тухары толорон кэлбит “Бохсуруйуу” этнобалета Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр саҥалыы тыынынан таҕыста.
Дмитрий Егорович баай айар үлэтин сырдатар быыстапканы Национальнай бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ Жанна Григорьева уонна Аина Васильева, тыйаатыр литэрэтиирэҕэ салаатын сэбиэдиссэйэ Вера Черноградская туруордулар. Испэктээк саҕаланыан иннинэ норуот дьокутаата, Ил Түмэн култуураҕа уонна СМИ-га бэрэссэдээтэлэ Виктор Губарев артыыс үгүс сыллаах сыралаах айар үлэтин, араас сылларга байыаннай дьайыы сиригэр гостуруолларга кыттыытын бэлиэтээн, үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээтэ уонна “Гражданскай килбиэн” үрдүкү наҕарааданы тэҥэ Ил Түмэн Бочуоттаах грамотатын туттарда. Чурапчы улууһуттан норуот дьокутаата Дмитрий Поисеев биир дойдулааҕын үтүө мааны күнүнэн эҕэрдэлээн туран, ускуустубаҕа, култуураҕа уһулуччу кылаатын бэлиэтээтэ. Салгыы Чурапчыттан, Мугудайтан биир дойдулаахтарын истиҥ эҕэрдэлэрэ, махталлара ытыс тыаһынан доҕуһуоланна.
“Бохсуруйуу” испэктээк аан бастаан 1997 сыл кулун тутар 15 күнүгэр сүрэхтэммитэ. Композитор Владимир Ксенофонтов айбыт муусуката киһи дууһатын хамсатар, турукка киллэрэр, сороҕор ыксатар, сороҕор уоскутар, ардыгар куттуур, көрөөччүнү атын эйгэҕэ, былыргы кэмҥэ киллэрэр. Владимир Васильевич муусукатын Москуба ускуустубаны ырытар исписэлииһэ Елена Луцкая нуучча улуу композитора Стравинскай “Весна священная” уонна “Скифская сюита” айымньыларын таһымыгар тэҥнээн турар. Либретто ааптара уонна режиссера, биллиилээх алгысчыт Афанасий Федоров: “Бу испэктээк эдэр киһи ойууҥҥа эттэниитин, кырдьаҕас ойуун уолу уһуйуутун архыып матырыйаалыгар олоҕуран, уус-уран өттүн олоххо буолбут түбэлтэлэртэн хомуйан суруйбутум”, – диир. Испэктээк үҥкүүтүн тыйаатыр бастакы уус-уран салайааччыта Геннадий Баишев эмиэ архыып матырыйаалларын, үгүс литэрэтиирэни хасыһан, үөрэтэн, режиссеру кытта чопчулаһан, туруорбута. Сценографиятын, артыыстар көстүүмнэрин эскиһин худуоһунньук Мария Ядрихинская айан таһаарбыта. Туруорааччы-дирижер Николай Петров, аркыастыр артыыстарын кытта биир айар таһымҥа үлэлэһэн, күүстээх айымньы тахсыбыта. “Бохсуруйуу” үрдүк сыанабылы Марий Эл өрөспүүбүлүкэтин театральнай диэйэтэллэрин “Кугу сорта” (Улахан чүмэчи) бастакы үрдэллээх дипломунан наҕараадаламмыта. Ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэтээҕи “Театральное искусство” номинация “Золотой олень” бириэмийэ хаһаайынын аатын ылбыта.
“Бохсуруйуу” испэктээк ис хоһоонун сырдаттахха, эдэр дьон Сэмэнчиктээх Өрүүскэ тапталларын үөр буолбут Кыр Кыыс Уҥуоҕа (Орто дойдуга тутуллубатах, илэ сылдьар) имэҥнээх тапталынан араара сатыыр. Ону кини доҕоро Сээнэгэй, ойууҥҥа уһуйуллан, Сэмэнчик ыарыытын бохсон ылан, ыраастаан кэбиһэр. Дмитрий Аремьев испэктээккэ Сээнэгэй эдэр ойуун уол оруолун үрдүк таһымнаахтык, чаҕылхайдык арыйан, биир сарсыарда аатыран-сураҕыран уһуктубута. Онтон ыла 27 сыл ааста. Бу оруол кини артыыс быһыытынан арыллыытын чыпчаала буолар. Үбүлүөйдээх киэһэтигэр Дмитрий Егорович Сээнэгэйин оруолун тыйаатыр эдэр кэскиллээх үҥкүүһүтүгэр, биир дойдулааҕар Эдуард Жирковка туттарда. Уһулуччу эрчимнээх, бэйэтэ эмиэ ураты көрүүлээх-истиилээх, ис куттаах, тилигирэс, сытыы-хотуу Эдуард улахан эппиэтинэһи сүгэн, ис сүрэҕиттэн ылсан, уобараһын кыайа-хото тутта. Саала иһэ иһийэн, чуумпуран олорон, хас биирдии дьоруой, артыыс дьүһүйүүтүн, хамсаныытын астына көрдүлэр.
Кыр Кыыс ыарахан тыыннаах оруолун, уобараһын, майгытын-сигилитин, ис туругун, сиэмэҕин, кырыгын эдэр артыыс Саина Винокурова итэҕэтиилээхтик көрдөрдө. Кини хас хамсаныыта иччилээх, түгэхтээх. Сэмэнчик оруолун эдэркээн артыыс Петр Филатов олус истиҥник, чэпчэкитик толорбутун көрөөччү бэлиэтии көрдө. Ийэ Кыыл Хотой оруолун эдэр үҥкүүһүт Валерий Прокопьев толордо. Кини Хотойо Сээнэгэйи сөптөөх суолга ыйан-кэрдэн биэрэр. Ыарахан кэмигэр аттыгар баар буолар, буолуохтаах быһыыны-майгыны сэрэтэр, суола арылларыгар көмөлөһөр. Өрүүскэ оруолун тыйаатырга бастакы сылын үлэлии сылдьар Ольга Ботуева эмиэ долгуйан, сороҕор куттанан, арыт курутуйан, тапталлааҕа тыыммат буолбутугар, ытаан-соҥоон, хараастан, уһуктан-тиллэн кэлбитигэр үөрэн, уобараһын бэркэ арыйда.
Муусука баар сөҕүмэр сүдү күүс! Араас дорҕоонунан көрөөччүнү өрүкүтэн, арыт хам тутан, ыгылытан, көнньүөрдэн, онтон төлө ыытан уоскутан, дөрүн-дөрүн туймаардан, киирсиһиннэрэн, аһыннаран, түллэ-түллэ күүрдэн, түмүгэр кыайыы-хотуу, өрө көтүү тыыныгар киллэрэр. Манна аркыастыр таһымын бэлиэтиир тоҕоостоох. Үҥкүүһүт толорор уобараһын көрөөччүгэ тиэрдиитин кини сытыырхатан биэрэр. Маныаха муусукаан, дирижер таһыма, маастарыстыбата улахан оруоллаах.
Дмитрий Егоровичка киһи 60 сааһы биэрбэт. Уруккутун курдук бэрт сэниэлээхтик, эрчимнээхтик сылдьар. Уһуйааччы быһыытынан эдэр ойуун оруолун толорор Эдуард Жирковка бары билиитин-көрүүтүн, баай уопутун иҥэрэн, кистэлэҥин, бэйэтин санаатын үллэстэн, үлэлэстэ. Этнобалекка тыйаатыр биллиилээх үҥкүүһүттэрэ Зоя уонна Афанасий Соловьёвтэр урукку өттүгэр ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Зоя – Кыр Кыыһы, Афанасий Төбөтө суох абааһы оруолун толору арыйбыттара. Быйылгы туруорууга кинилэр тэрийбит «Бриллианты Якутии” оҕо үҥкүү бөлөҕүн кырачаан үҥкүүһүттэрэ Альберт Петров, Антон Афанасьев, Анастасия Заморщикова, Виолетта Туприна, Нарыйаана Гоголева аанньал буолан, Үөһээ дойду көстүүтүн наһаа киэргэттилэр, көрөөччүлэри уйадыттылар.
Испэктээк биир тыынынан ааста. Көрөөччүлэр махтанан, ытыс тыаһа өргө диэри уҕараабата. Туруоруу кэнниттэн Дмитрий Егоровиһы Култуура уонна духуобунас сайдыытын министиэристибэтин профессиональнай ускуустуба салаатын сүрүн үлэһитэ Иван Осипов, Үҥкүү тыйаатырын дириэктэрэ Александр Алексеев, Саха сирин саллааттарын кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Мария Емельянова, биир дойдулаахтара, бииргэ үөрэммит оҕолоро, аймах-билэ дьоно, доҕотторо-атастара истиҥник эҕэрдэлээтилэр.
Түгэни туһанан, тыйаатыр бары артыыстарын, иистэнэр сыах үлэһиттэрин үбүлүөйдээх дьоро киэһэ өрө көтөҕүллүүлээхтик, ньиргиэрдээхтик барбытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Барыгытыгар барҕа махтал буоллун, дьол-соргу эрэ тосхойдун!
Вера ЧЕРНОГРАДСКАЯ.