Киир

Киир

Бэс ыйын 6 күнүгэр Опера уонна балет тыйаатырыгар Кыыл Уолун аатынан Саха национальнай Үҥкүү тыйаатыра “Ситим” диэн ааттаах хореографическай номоххо олоҕурбут испэктээгэр көрөөччү “лыык” курдук муһунна. Быйылгы испэктээк кэлиҥҥи туруоруулартан уратылаах. Ол курдук, туруорууга Санкт-Петербург уонна Иркутскай куораттар үҥкүүгэ маастардара ылыс­тылар.

Үҥкүү ускуустубатын сүгү­рүйээччилэрэ 2017 сыллаахха улахан сыанаҕа тахсыбыт “Дети Белого солнца” диэн ааттаах этнобалеты өйдүүр буолуохтаахтар. Бары өттүнэн киэҥ хабааннаах, үрдүк таһымнаах испэктээги Санкт-Петербургтан биллиилээх хореограф Георгий Ковтун кэлэн туруорбута. Оттон муусукатын Москубаттан Рашид Комимуллин суруйбута. Уус-уран туруорааччынан Санкт-Петербургтан Олег Молчанов үлэлээбитэ.

7nD1nDiFBXLYEaQTJOg4woxZisGONpOu

Икки көстүүлээх “Ситим” хореографическай номоххо Өлүөнэ остуолбаларын таһынааҕы хочо олоҕо ойууланар. Орто дойдуну көрөн олорор Үрүҥ Айыы Тойон икки таптаһар сүрэҕи – Көмүһү (арт. Саина Винокурова) уонна Өксөкүнү (арт. Николай Павлов) улахан олоххо алҕыыр. Онуоха аллараа дойду тойоно Арсан Дуолай (арт. Василий Эверстов) уонна кини уҥа илиитэ Тимир Дьигис (арт. Эдуард Жирков) хомуһуннаах утаҕы айан, Көмүһү алмаас тааска кубулутарга туруналлар. Кыысчаан киниэхэ ытык хайа күүһэ кистэнэн сытарын сэрэйбэт. Ол күүс сүтүөҕүттэн Орто дойду дьоно Үөһээ Үрдүк Айыылартан бэриллибит баайтан-дуолтан матан олороллор... Испэктээк түҥ былыргы үйэ дьонун таһынан билиҥҥи кэм ыччатын эмиэ сырдатар. Үгүс моһолу туораан, айымньы түмүгэр таптаһар сүрэхтэр бэйэ-бэйэлэрин булсаллар. Бу үөрүүнү Үөһэттэн өҥөйөн олорор Үрүҥ Айыы Тойон көстүү буолан, Өлүөнэ очуостарын эниэтигэр ытык ойууга кубулуйар.

Киэҥ сир маастардара үлэлээтилэр

Ханнык да кэмҥэ киирии уопут – сыаналаах. Үҥкүү тыйаатырын кэлэктиибэ хореография бары хайысхатын баһылыырга дьулуһар. Аныгы хореография курдук киэҥ уонна уустук хайысхаҕа үлэни былырыыҥҥыттан саҕалаабыттар. Санкт-Петербург биллэр-көстөр хореографтара Вероника Кулагина уонна Олег Марков дириҥ устуоруйалаах норуот номохторугар олоҕурбут туруорууга моой-арҕас ылсарга кэтэмэҕэйдээбэккэ сөбүлэммиттэр. Дьокуускайга ыйтан ордук үлэлээбит кэргэнниилэр саха дьоно ыалдьытымсаҕын, холкутун бэлиэтииллэр.

SRdufiw0k24y5Zo8uhFxq42IAA8Uzjk1

Вероника КУЛАГИНА, “Ситим” либретто ааптара, хореограф, балет кириитигэ:

– Саха сирин Үҥкүүгэ тыйаатырын кытта бииргэ үлэлэһии биһиэхэ олус суолталаах. Бу кэлэктииби кытта өссө 2015 сыллаахха кинилэр ипсэктээктэригэр билсэн турабыт. Ордук артыыстар тиэхиньикэлэрин биһирии көрбүппүт. Ол кыаҕы туттар, туһанар тугу эрэ толкуйдаабыт киһи диэн санаа киирбитэ. Былырыын холбоһуктаах бырайыакка этии киирбитигэр кэргэмминиин хоннохтоохтук ылсан барбыппыт. Саха төрүт үгэһин, фольклорун, үҥкүүтүн туһунан литэрэтиирэни хаһыспыппыт, олоҥхону кытта билсибиппит. Сахаҕа үс дойду баарын олус биһирии ылынныбыт. Ситим диэн олоххо барытыгар сыһыаннаах. Таптал, доҕордоһуу, үтүө уонна мөкү киирсиилэрэ, урукку уонна билиҥҥи көлүөнэ алтыһыыта – барыта ситим. Хайа баҕарар киһи кимтэн кииннээҕин, хантан төрүттээҕин толкуйдатар үлэни үҥкүү көмөтүнэн тириэртибит.

Биһиги манна үөрэтэ буолбакка, үөрэнэ кэлбит курдук сананабыт. Олус дириҥ култууралаах, үгэстээх норуот устуоруйатын аҕыйах хонук иһигэр хайдах да ситэн билбэккин. Премьера күн көрөөччү көһөҥө муус үрдүн эрэ көрдөҕө. Бу туруоруу кэтэҕэр элбэх утуйбатах түүннэр, элбэх сыра-хара, улахан түбүк, үлэ турар. Кэлэктиип бүттүүн турунан үлэлээтэ! Кинилэрдиин алтыһыыттан биир бэйэм улахан дуоһуйууну ыллым. Үҥкүү тыйаатырын эр дьонун ис күүһэ, тыйыс айылҕалаах дойду диэтэххэ, кыргыттарын нарыннара, намчылара сөхтөрөр.

6UZa3eiPFsIho9z rgFcaHs8 z7mKqkd 1

Олег МАРКОВ, туруорааччы-хореограф, Эйфман аатынан тыйаатыр сүрүннүүр артыыһа, “Золотой Софит” бириэмийэ лауреата:

– Таптал бастакы кыыма кыайар аналлааҕын, кини биһиэхэ таҥараттан бэриллибит улахан бэлэх буоларын кэпсиир испэктээккэ аныгы үҥкүүнү кытта төрүт пластиканы дьүөрэлээтибит. Урукку туруоруулартан тугу да үтүктүбэккэ, хаһан да буолбатаҕы оҥордубут. Ол эбэтэр саҥа муусука сурулунна, саҥа декорация турда, саҥа көстүүмнэр тигилиннилэр. Ол да иһин “аан дойду таһымнаах” диэн хорсуннук ааттыыбыт. Чахчы, маннык туруоруу ханна да суох. Үҥкүүнү киһи бэйэтэ тыынныыр. Кини муусуканы истэн, иэйиитин иминэн этэ-сиинэ хайдах иэҕиллэриттэн үҥкүү тутуллар. Бэлиэтээн эттэххэ, тыйаатыр үҥкүүһүттэрэ улахан профессиональнай туруорууга үчүгэй бэлэмнээхтэр. Үҥкүүнү таһынан акробатика түрүүктэрин, илиҥҥи көрүҥ хамсаныылары киһи холкутук туттуон сөптөөх таһымнаах идэтийбит кэлэктиип буоларын туоһулуубун.

ghR0TfgTm90T j0 LSRmc0SZnrOV2rJS

Ян КРУЛЬ, Иркутскай уобалас композитордарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, туруоруу композитора:

– Испэктээк лирико-психологическай толкуйа сүрэхтэн сүрэххэ саҕыллар муусуканы ирдиирэ. Камернай састаап, норуодунай уонна академическай үстүрүмүөннэр дьүөрэлэһиилэрэ улахан суолталаах. Кинилэр персонаж ис туругун тиэрдэллэр. Саха фольклоругар олус ытыктаан ылыстым. Муусукаҕытын айылҕа тыаһын курдук ылынабын. Фольклор матырыйаала сүрүн драматическай сыаналарга ис сүрэхтэн билинии быһыытынан туһанылынна. Олег Марковтыын чараас эйгэҕэ алтыстыбыт. Үҥкүү тыйаатырыгар саха төрүт үстүрүмүөннэрин кытта үлэлэһэр кыаҕы биэрбитигэр улаханнык махтанабын! Тыйаатыр биир сомоҕо хамаанда буолан, уустук толкуйу көрөөччүгэ сатаан тириэртэ. “Ситим” испэктээк кистэлэҥнээх уонна кэрэ эйгэҕэ дьикти арыйыы буоларыгар саарбахтаабаппын.

bTOS2jED9nvAIjHMotOJ7 bGpqfWQhtH

Сонун туруоруу буолла

Биир бэйэм бэлиэтии көр­бүппүнэн, саха үҥкүүтүн тыйаатырыгар сонун буочар киирбитэ харахха тута быраҕыллар. Марков бэлиэтээбитин курдук, саҥа көстүүм, декорация, саҥа муусука тута болҕомтону тардар. Урукку туруорууларга национальнай хамсаныылар, бөлөҕүнэн биир тэҥ үҥкүү тэнийбит буоллаҕына, бу сырыыга хамсаныы абстрактнай майгылаах. Бэл, бүтүн бөлөх үҥкүүтүгэр хас биирдии артыыс тус-туһунан олоҕу, майгыны-сигилини кэпсиир. Пластикаҕа улахан үлэ барбыта көстөр. Скрипка, үрэр үстүрүмүөннэр өтөр истибэтэх дьикти муусукабытын билиһиннэрдилэр.

Василий ПОПОВ, биэнсийэлээх:

– Үҥкүүгэ сыһыана суох да буолларбын, Үҥкүү тыйаатырын туруорууларын сөбүлээн көрөбүн. Ураты тыын киирбит. Тыйаатыр сайдан, уларыйан хаалбыт курдук. Тэлэбиисэринэн көрөр аныгы туруоруу бэйэбит сыанабытыгар тахсыбытын курдук санаа киирдэ. Үгүс элбэх декорацията, көстүүмэ суох аҥаардас хамсаныынан да киһи барытын өйдүүр эбит. Ханнык эрэ кэмҥэ киһи күүрэн, уйадыйан да ылыах түгэннэрэ бааллар. Хамсаныылар олус сымнаҕас тэтимнээхтэр. Көрө үөрэммит буоламмын, уолаттар дьиҥ кыахтарын туһамматылар дуу дии санаатым. Кэлин тыйаатырга олус кыахтаах, күүстээх уолаттар кэллилэр эбээт. Саҥа туруоруу сайыннын, таҕыстын!

TXDW7VgOR0WIYxoG0vDfXPZNKeZbt0lG

Маргарита САННИКОВА, култуура үлэһитэ:

– Кэлии дьон саха култууратын сэҥээрэрэ үчүгэй бөҕө буоллаҕа. Кинилэр, биһиги саныырбыт курдук, хайдах баарынан ылымматтар. Син биир бэйэлэрин толкуйдарынан иҥэринэллэр. Ол испэктээккэ көстөр. Соҕуруулуу аныгы туруоруу курдук эрээри, сахалыы тыын баһыйар. Барытыгар минимализм баар. Таҥас-сап аһара сиэдэрэйэ суох буолан, киһи артыыс хамсаныытыгар болҕомтото туһаайыллар. Тарбах төбөтүттэн тилэххэ диэри эт-сиин бары чааһа тугу эрэ кэпсиир курдук. Омук сиригэр киһи кыбыстыбакка көрдөрөр үлэтэ буолбут диэн көрдүм.

Ньургуйаана ЕГОРОВА, суруналыыс:

– Ийэбиниин сырыттыбыт. Ураты тыыннаах хореография. Режиссердар матырыйаалы иҥэн-тоҥон үөрэппиттэрэ көстөр. Хамсаныылар бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнээхтэр, биирэ биирин арыйан иһэр. Солистар олус бэркэ талыллыбыттар. Эчи, имигэстэрэ, эдэрдэрэ, кэрэлэрэ! Соһуччу хамсаныы, көһүү диэн суох. Уот уонна декорация испэктээк ис хоһоонун олус бэркэ тириэртилэр. Кыһыл-хара уот омоонугар аллараа дойду адьарайдара Көмүс кыыһы тутан олорор көстүүлэриттэн, хамсаныыларыттан, бэл, киһи этэ тардар. Арай лигиччи олорон көрө үөрэммит дьоҥҥо испэктээк арыый кылгас дуу дии санаатым. Ойууннар киириилэрэ эмиэ олус кылгас. СӨ норуодунай артыыстара Афанасий Афанасьев, Дмитрий Артемьев тахсыылара арыый татым. Сүрүн састаап сиппит-хоппут. Саха ыччаттара үҥкүүлүүллэрин көрөн, санаабыт көтөҕүллэн таҕыстыбыт.

rcscizrSLHvba1f5DzVhamB6JB RkDb

Саина ВИНОКУРОВА, Көмүс оруолун толорооччу, аан дойдутааҕы куонкурус лауреата:

– Дьикти кэрэ алтыһыы, улахан уопут буолла. Режиссердары кытта хара маҥнайгыттан биир тылы булан, холкутук, сымнаҕастык үлэлээтибит. Инники үлэбэр улахан стимулу ыллым. Атын хореография, истиил буолан, бастаан ыарырҕатыы баара. Онтон сыыйа өйдөөн, ылынан, саҥаттан-саҥаны баһылаан, билэн-көрөн испиппит. Балет саалатыгар физическэй өттүнэн ыарахан эбит буоллаҕына, сыанаҕа олус чэпчэкитик ааста. Сүрүн дьоруойу кытта үҥкүүлүүр бастакы үҥкүү эт-сиин, өй-санаа да өттүнэн барыларыттан уустук уонна күүрүүлээх. Тыйаатырым салалтатыгар киэҥ эйгэ дьонун кытта алтыһар кыаҕы биэрбитигэр махтанабын!

FRnObxwOBs8IUERA8RgnAlLQEz8p0UcB

Былыргы уонна аныгы үйэ көстүүлэрин биир испэктээккэ көрдөрүү – ситим. Саха үс дойдутун олоҕун сырдатыы – ситим. Кыыстаах уол тапталларын туоһута – ситим. Араас омук дьонун биир идиэйэҕэ түмүү – ситим. Тыйаатыр араас саастаах артыыстарын кытыннарыы – ситим. “Ситим” диэн аатын бары өттүнэн туоһулуур испэктээк сүрэхтэммитинэн саха дьонун барыларын эҕэрдэлиибит! Бу туруоруунан уонна “Дети Белого солнца” испэктээгинэн тыйаатыр аны күһүн Казахстаҥҥа барара былааннанна. Онон кэлэктиипкэ саҥа таһымҥа сайдыылаах саҕахтары баҕарабыт.

CWhOTMfDbmFlRaF4iWrZQ9apoMf oWzN

Оксана ЖИРКОВА.