Туймаада хочотун “Строительнай” ырыынагын быыстапкалыыр саалатыгар “Уус Алдан улууһун олохтоох табаары оҥорооччуларын табаардара” быыстапка буола турар. Ыытыллар кэмэ – муус устар 2-4 күннэрэ. Сарсыарда 11 чаастан киэһэ 18 чааска диэри, оттон түмүктүүр күнүгэр күнүс 16 чааска диэри буолар эбит.
Атыылаах-тутуулаах дьаарбаҥкаҕа уус-уран оҥоһуктары айан-тутан таһаарар норуот маастардара, олохтоох табаары оҥорон таһаарар урбаанньыттар, Найахы, Тулуна орто оскуолалара, Суоттутааҕы орто үөрэҕи биэрэр техникум үөрэнээччилэрэ уонна тыа хаһаайыстыбатын производственнай кэпэрэтиибэ туруорбуттар. Космонавтика түмэлин эспэнээттэрэ, ол иһигэр космос куйаарыгар сылдьааччылар астара, эрчиллиигэ кэтэр таҥастара ууруллубуттар.
Соботтон бороһуок оҥорон, ууга куттуҥ да бэйэтэ минньигэс бэлэм миин буолар астарын таба тайанан көрбөтүм да буоллар, туораттан да истэн олус сэргээтим. Натуральнай ас ордуга сыттаҕа. Куртахтара аһааҕырыылаах, кыайан ас барбат дьонугар кырдьыга да, арааһа, абыраллаах ас буолуон сөп эбит. Баһыгар диэри туга-ханныга биллибэт химия эбииликтээх кэлии ас курдук буолсу дуо?!
Бу сонун собо минин Найахы агро хайысхалаах орто оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччилэрэ бэлэмнээбиттэр. Эбэн эттэххэ, бу оҕолор “Саҥа саҕалааччы бааһынай” диэн оройуон таһымнаах күрэххэ үһүс миэстэни ылбыттар этэ. Эдэр айааччылар мантан салгыы собо паштетын оҥорорго суоттаналлара хайҕаллаах суол.
Ким баҕалаахха норуот маастардара саха таҥаһын тигэргэ, оҕуруо тиһэргэ, анньарга буор-босхо маастар кылаас ыыталлар эбит. Онон тарбахтара талааннаах эрээри саҕалаан көрө илик дьон, онно тиийэн элбэххэ үөрэниэхтэрин сөп эбит.
Улуус олохтоох аһын бэлэмниир кэпэрэтиибин күөччэх буолар сүөгэйэ, сымнаҕас иэдьэгэйэ, эриллибит этэ, ыаммытынан кэриэтэ сибиэһэй үүтэ, суората атыыга дэлэччи туруоруллубут. Сыаната буоларын курдук, удамыр.