Киир

Киир

Сахалыы биһик ырыата – саха оҕотун омук быьыытынан иитиигэ бастакы олугу уурар улахан суолталаах дьайыы буолар. Оҕо ийэтигэр, дойдутугар, төрөөбүт тылыгар таптала биһик ырыатыттан саҕаланар диэн бигэтик этиэххэ сөп. Ол да иһин, хайа баҕарар омукка уостан уоска ылланар биһик ырыалара баар буолаллар.

 Хомойуох иһин, саха төрүт биһигин ырыата кэмигэр кыайан тарҕаммакка, хайы-сах хас да көлүөнэ нууччалыы биһик ырыатын истэн улааттылар. Ол эбэтэр, сорох төрөппүттэр, эбэлэр оҕолоругар, сиэннэригэр сахалыы биһик ырыаларын билбэттэриттэн, аныаха диэри сэбиэскэй кэмтэн ылламмыт «Спят усталые игрушки», «Спи, моя радость, усни», «Баю, баюшки, баю, не ложися на краю» диэн ыллыы сылдьаллар. Бу итэҕэһи туоратар туһуттан, олунньу 1 күнүттэн кулун тутар 27 күнүгэр диэри сахалыы биһик ырыаларын хомуйан, уостан уоска ылланар кыахтаах ырыалары булан, киэҥ эйгэҕэ таһаарар, тарҕатар соруктаах «Биэбэйик» сахалыы биһик ырыатын бастакы интерактивнай күрэҕэ ыытылынна. Ааспыт сылларга бары сөбүлүүр, ытыктыыр киһибит, ырыаһыппыт Анастасия Варламова ааптардары сценаҕа ыллатан тэрийэр эбит буоллаҕына, бу күрэс уопсастыбаннай хамсааһынтан саҕыллан, бар дьон баҕатынан салайтаран, аныгы кэм тэтимин уонна ирдэбилин тутуһан, норуот уонна дьүүллүүр сүбэ көмөтүнэн кэтэхтэн ыытылынна.

IMG 2918

Күрэһи «Саха сайдам оҕото» айар холбоһук (уопсастыбаннай түмсүү) салайааччыта, «Ийэ тыл кэскилэ» уопсастыбаннай хамсааһын сахалыы эйгэни кэҥэтиигэ үлэтин сүрүннээччи, ойуу киинэ тылбаасчыта Мария Дегтярева-Күндэли иилээн-саҕалаан тэрийдэ. «Ситим» медиа-бөлөх салайааччыта Мария Христофорова көҕүлээһининэн KYYM.RU саайка норуот куоластааһына ыытылынна.

IMG 2921

Дьүүллүүр сүбэ үлэтигэр СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, композитор Кирилл Афанасьевич Герасимов, «Күрүлгэн» сурунаал эрэдээктэрэ, суруйааччы Афанасий Гуринов-Арчылан, күрэс сүрүн успуонсара, урбаанньыт, «Урайтус» уус кыһатын-оҕо лааҕырын салайааччыта, төрөппүт Надежда Идэлги, «Саха» НКИХ режиссера Николай Павлов уонна тэрийээччи бэйэтэ кытыннылар.

MVI 2884.00 03 37 09.неподвижное изображение009

MVI 2884.00 16 45 12.неподвижное изображение015

MVI 2884.00 26 16 17.неподвижное изображение017

«Бастыҥ биһик ырыата» хайысхаҕа 13 ырыа кытынна. Кыттааччылар ортолоругар оҕону кытта үлэлии сылдьар муусука учууталлара, иитээччилэр, эстрада ырыаһыттара, ыал эбэлэрэ, ийэлэрэ, аҕалар бааллар. «Биһик ырыатынан уһуллубут бастыҥ килиип» хайысхаҕа 4 үлэ кытынна. Куоластааһын түмүгүнэн инники күөҥҥэ Алена Постникова бэйэтэ айбыт уонна толорбут «Утуй, чыычаах, минньигэстик» ырыата таҕыста, ол кэнниттэн Раиса Аянитова «Утуй, сынньан» ырыата (Бүөтүр Тобуруокап хоһоонунан) уонна Айталина Крылова «Хомуһум тыаһыгар бигэнэн утуйууй» ырыата элбэх куолаһы хомуйан таҕыстылар.

MVI 2884.01 01 59 01.неподвижное изображение036

Дьүүллүүр сүбэ туруорбут сыанатынан «Бастыҥ биһик ырыата» хайысхаҕа кыайыылаах аатын Айталина Крылова «Хомуһум тыаһыгар бигэнэн утуйууй» ырыата ылла. Ааптар «Кыайыы туоһутун» уонна «Мас-Экспо» маҕаһыынтан 20 000 сыаналаах сэртипикээт тутта. «Утуй, тииҥчээним, кыра уолчааным» (Анна Винокурова хоһоонугар) ырыалаах Светлана Константинова «Ситиһии туоһутун» уонна «Уус-Экспо» маҕаһыынтан 5000 солк. сыаналаах сэртипикээт тутта. «Утуй, чыычаах, минньигэстик» ырыа ааптара Алена Постникова «Биһирэбил туоһутун» уонна эмиэ «Уус-Экспо» маҕаһыынтан 5000 солк. сыаналаах сэртипикээт тутта. Маны сэргэ «Аҕа биһигэ» диэн ырыаны айбыт Наталья Слепцова уус Иннокентий Уран илиититтэн хомоҕой тыастаах хомус тутан, Татьяна Ероскумова «Этностиль» маҕаһыынтан 2000 сыаналаах биһирэбил бириистэри тутан үөрдүлэр-көттүлэр.

MVI 2884.01 03 45 15.неподвижное изображение040

«Биһик ырыатынан уһуллубут бастыҥ килиип» хайысхаҕа Чурапчытааҕы «Улыбка» уһуйаан иһинэн үлэлиир «Тиһилик» устуудьуйа «Үтүө түүлү» диэн ырыанан уһуллубут сүрдээх кичэллээх үлэтэ (Матрена Пермякова мелодиятыгар уонна толоруутугар, Мария Саввина хоһоонугар) бастакы миэстэни ылан, «Кыайыы туоһутун» сэргэ 20 000 солкуобайы уу харчынан тутар кыахтанна. «Аҕа биһигэ» ырыанан уһуллубут килиип ааптара Виталий Слепцов «Ситиһии туоһутун» сэргэ «Этностиль» маҕаһыынтан 5000 сыаналаах, «Утуй, тииҥчээним, кыра уолчааным» ырыанан уһуллубут килиип ааптара Светлана Константинова «Биһирэбил туоһутун» сэргэ эмиэ ити маҕаһыынтан 3000 солк. сыаналаах сэртипикээттэри туттулар. Күрэс 4 саастаах кырачаан кыттааччыта Айсаана Васильева «Баай-баай, баайыска» килиипкэ үчүгэйдик ыллаабытын, оонньообутун иһин биһирэбил бириис тутта.

MVI 2884.01 12 41 14.неподвижное изображение051

Күрэс кыайыылаахтары уонна кыттааччылары бэлиэтиир түмүк тэрээһинэ Дьокуускай куорат аныгы моһуоннаах «Созвездие» бибилэтиэкэтигэр муус устар 14 күнүгэр ыытылынна. Бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ Светлана Афанасьевна уонна Лидия Жарафовна тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааһарыгар ис сүрэхтэн кыһалыннылар. Бу күн тэрийээччилэр уонна кыттааччылар чугастык билсэн, биһик ырыатын инникитин туһунан кэпсэтэн, истинник эҕэрдэлэһэн саха оҕотугар сахалыы эйгэни тэрийиигэ салгыы үлэлэһэргэ сүбэлэстилэр. Суруйааччы Афанасий Гуринов-Арчылан kyym.ru аатыттан наҕараадалары, бириистэри туттарда, оҕолоругар анаан айбыт биһик ырыаларын хоһооннорун аахта, кыттааччыларга алгыс тылын эттэ. Оҕоҕо сахалыы эйгэни оҥоруу, сайыннарыы суолтатын туһунан «Айыы холбуйата» кинигэ-альбом ааптара, Тэрис үөрэҕин тарҕатааччы, утумнааччы Вероника Александрова-Эрэлкээнэ, «Ийэ тыл кэскилэ» хамсааһын үлэтин сүрүннээччи, Дьокуускайдааҕы «Туймаада» төрөппүт түмсүүтүн салайааччыта Вилюяна Никитина олус үчүгэйдик эттилэр, кыттааччылары эҕэрдэлээтилэр.

MVI 2884.01 20 02 06.неподвижное изображение055

Күрэскэ кыттыбыт үгүс үлэлэр оҕону иитэр-үөрэтэр кыһаларга, сайыннарар кииннэргэ үлэлиир бырайыактартан кынаттанан тахсыбыттара олус кэрэхсэбиллээх. Ол курдук, Горнай улууһун Маҕарас «Туллукчаана» уһуйаана (салайааччы Мария Ноговицына) олохтоох дьаһалтаны кытта күн сирин саҥардыы көрбүт оҕолору сүрэхтиир «Айыыһыт алгыһа, Иэйиэхсит эҕэрдэтэ» диэн бырайыактаахтар эбит. Кинилэр «Утуй, оҕом, уолчааным» диэн ырыалара ол чэрчитинэн айыллыбыт (Наталья Никифорова хоһоонугар, Алексей Вензель мелодиятыгар). Оттон Уус Алдан Кэптэнитээҕи «Чэчир» уһуйааныгар Станислав Коренблит диэн биллиилээх композитор, педагог ньыматынан оҕону сайыннарар бырайыак үлэлиир буолан, кини ырыата нууччалыыттан сахалыы тылбаастанан «Утуй дуу, оҕокком» ырыа көтөн тахсыбыт.

MVI 2884.01 24 52 06.неподвижное изображение056

Онон бу орто дойдуга туох үйэлээх, үтүөлээх барыта саха оҕотун, ыччатын сырдык кэскилин уһансар баҕа санааттан үөскээн тахсара өссө төгүл бигэргэннэ. Оттон күрэскэ кыттыбыт ааптардар ырыалара «Биэбэйик-2018» диискэлээх ырыа хомуурунньугар киириэхтэрэ, онон үйэлээх үлэ салҕанар, омук баайа түмүллэр.

Махталы кытары «Саха сайдам оҕото» айар холбоһук,

электроннай аадырыспыт: Этот адрес электронной почты защищён от спам-ботов. У вас должен быть включен JavaScript для просмотра.