Алтынньы 10 күнэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар нэдиэлэ саҥатыгар ыыппыт мунньаҕар сүрүн болҕомтону байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр көмөнү оҥорууга уонна эрэгийиэн федеральнай бырагыраамаларга кыттыытыгар туһаайда.
«Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрэ социальнай өттүнэн көмүскэллээх буолууларыгар быһаарыылар ылыллыбыттара, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлээһин көрүллүбүтэ. Онон бу миэрэлэри уһаппакка, тута олоххо киллэрэн, көмө түргэнник оҥоһулларын ситиһиэхтээхпит. Саха сириттэн биир дойдулаахтарбыт баар байыаннай чаастарын кытта ыкса ситимнээхтик үлэлэһэн, онно миэстэтигэр туох ирдэнэринэр көмөлөһүөхтээхпит», – диэтэ Ил Дархан.
Федеральнай таһымҥа бизнескэ административнай ноҕуруусканы аччатыыга үлэ барар. Ол курдук РФ Бырабыыталыстыбата 2023 сылга бизнес баһыйар өттүгэр былаан быһыытынан бэрэбиэркэ барыытын тохтотуоҕа. Бу быһаарыы эрэгийиэҥҥэ туолуутун хонтуруоллуурга сорудахтаата.
Бу күннэргэ «Биир кэлим субсидия» диэн механизмҥа дойду арктическай эрэгийиэннэрин киллэрэргэ быһаарыы ылыллыбыта. Бу иннинэ манна Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэр хапсаллара. Онон бу уларыйыы Арктикаҕа социальнай уонна инженернэй инфраструктураны тэрийиини тэтимирдиэҕэ. Айсен Николаев туһааннаах федеральнай бырагыраамаҕа арктическай оройуоннар нэһилиэнньэлээх пууннарын киллэрэр туһунан этиилэри бэлэмнииргэ соруйда.
Алтынньы 10 күнэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ 2022 сыллааҕы сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин хампаанньатын түмүктэригэр анаммыт мунньаҕы ыытта. Эрэгийиэн баһылыга быйыл сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин уустук быһыыга-майгыга ааспытын бэлиэтээтэ. Сайын саҕаланыытыгар илин эҥэр сорох улуустарыгар курааннаабыта. Кэбээйигэ, Дьааҥыга халаан уута кэлбитэ, онтон өрөспүүбүлүкэ баһыйар өттүгэр ардахтаах күн-дьыл турбута.
«Төһө да уустуктар баалларын үрдүнэн, кыстыкка сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ үлэлээбит тыа хаһаайыстыбатын бары үлэһиттэригэр махтанабын. Өрөспүүбүлүкэ үгүс улууһугар оту кэбиһии былаана туолла. Сүрүннээн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн былырыыҥҥы көрдөрүүлэргэ таҕыстыбыт», — диэтэ Айсен Николаев.
Өрөспүүбүлүкэҕэ 390 тыһ. тахса туонна от бэлэмнэннэ, ити былаан 88% тэҥнэһэр. 27 тыһ. тахса туонна сиилэс (92%) уонна 14 тыһ. тахса туонна сенаж бэлэмнэннэ (109%). Өрөспүүбүлүкэ биэс оройуонугар – Дьааҥыга, Кэбээйигэ, Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ, Чурапчыга оту бэлэмнээһиҥҥэ мобильнай биригээдэлэр ыраах учаастактарга үлэлэстилэр. Санатар буоллахха, эрэгийиэн баһылыга ордук эмсэҕэлээбит 8 улууска 5 тыһ. тахса туонна концентрированнай аһылыгы уонна 1600 туонна оту тиэйиигэ көмөлөһөргө сорудахтаабыта. Маны сэргэ 2023 сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр сүөһү, сылгы этэҥҥэ кыстыырыгар үбү көрөргө сорудахтаммыта. Айсен Николаев Бырабыыталыстыбаҕа өрөспүүбүлүкэ эмсэҕэлээбит улуустарыгар сүөһү, сылгы ахсаанын аччаппат туһугар суһал миэрэлэри ылынарыгар сорудахтаата.
Алтынньы 11 күнэ. Жатайга Саха сиригэр «Точка будущего» үөрэх саҥа комплексын тутуу саҕаланна. Бу эбийиэк «Новый дом» чааһынай аһымал пуонда үбүнэн тутуллуоҕа. Өрөспүүбүлүкэ историятыгар чааһынай пуонда үөрэхтээһин эйгэтигэр маннык улахан эбийиэги аан бастаан туттарыаҕа.
«Комплекс Саха сирин усулуобуйатыгар сөп түбэһэн бырайыактанна. Мин бу пуонда төрүттээччитэ Альберт Авдолянҥа уонна попечителлэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Сергей Чемезовка махтанабын. Бу чааһынай биисинэс социальнай эппиэтинэһин үтүө холобура, кэлэр кэскилбитигэр кылаат буолар. Бу курдук эбийиэктэр тутуллалларын көрөн, дойдубут инники кэскилигэр эрэл бөҕөргүүр. Ханнык да уустук кэмнэргэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит үөрэхтээһиҥҥэ ураты болҕомтотун уурара. Маныах саҥа комплекс тутуллан, сайдыыны саҥа таһымҥа таһаарыаҕа, — диэтэ Айсен Николаев.
Комплекска үөрэх босхо ыытыллыаҕа, оҕолор чинчийэр, айар, идэтийэр дьоҕурдарын сайыннарарга табыгастаах усулуобуйа олохтонуоҕа. Маннык хайысхалаах бастакы комплекс Иркутскайга тутуллубута, иккис Жатайга баар буолуоҕа. Саҥа үөрэх кыһатыгар араас лабораториялар, спорт инфраструктурата тэриллиэҕэ, ол иһигэр бассейннаах, спортивнай саалалаах спортивнай блок тутуллуоҕа. Жатайга тутуллар комплекска 200 миэстэлээх куорпус, 1-6 кылаастарга аналлаах, 7-11 кылаастарга аналаах куорпустар, учууталларга анааллаах 50 кыбартыыралаах кампус тутуллуоҕа.
Алтынньы 11 күнэ. Саха сиригэр байыаннай эпэрээссийэҕэ мобилизацияламмыттар уонна баҕа өттүнэн кыттар контрактниктар дьиэ кэргэттэрэ 200 тыһ. солк. биир кэмнээх төлөбүрү ылан эрэллэрин туһунан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Ил Дархан ыйааҕар олоҕуран, маннык төлөбүр анал байыаннай эпэрээссийэҕэ мобилизацияламмыт уонна бу дьыл олунньу 24 күнүттэн кыттыбыт, кытта сылдьар контрактниктар дьиэ кэргэттэригэр төлөнөр. Ол курдук, бастакынан 26 дьиэ кэргэн биир кэмнээх төлөбүрү тутта. Төлөбүрү ылыыга «Мои документы» МФЦ офистарыгар эбэтэр e-yakutia.ru порталга сайабылыанньа бэриллэр. Сайабылыанньа биэрээччи бэйэтин туһунан докумуону, дьиэ кэргэнин бары чилиэнин СНИЛС-ын реквизиттэрин, байыаннай сулууспалааҕы кытта аймахтыы буолуутун туоһулуур докумуону (эр-ойох буолуу сибидиэтилистибэтэ, төрөөһүнүн туһунан сибиэдиэлистибэтэ) уонна лицевой счет реквизитин көрдөрөр.
Алтынньы 11 күнэ. Айсен Николаев «АЛРОСА» АК генеральнай дириэктэрэ Сергей Иванову кытта көрүстэ. Сергей Иванов хампаанньа производствотын уонна социальнай эбэһээтилистибэтин аччатар былаана суоҕун, олохтоммут режиминэн үлэлиирин эттэ. Тоҕус ыйдааҕы түмүгүнэн былаан туолан иһэр, сыл бүтүүтэ былааны куоһарарга үлэлэһэр. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, хампаанньа билиҥҥи усулуобуйаҕа производство бигэтик үлэлиирин хааччыйыыга бары миэрэни ылынар, бүддьүөккэ эбэһээтилистибэтин толорор. Тыын суолталаах бырайыактарга үлэ салҕанар, Мир-Глубокий диэн рудник тутуутун саҕалыырга бэлэм барар, сыыппараҕа көһөрүү ыытыллар. Онон АЛРОСА аан дойдуга саамай бөдөҥ алмаас хостуур хампаанньа буолар статуһун бигэргэтэр.
Алтынньы 12 күнэ. Ил Дархан алтынньы 12-13 күннэригэр Москваҕа үлэлээтэ. Кини Арассыйа энергетическай нэдиэлэтигэр кыттан, Саха сиригэр оттук-энергетика комплексын сайдыытын бырайыактарын билиһиннэрдэ. Итиэннэ федеральнай биэдэмистибэлэр, тэрилтэлэр салйааччыларын көрсөн, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын боппуруостарын дьүүллэстэ.
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин энергетическай нэдиэлэ пленарнай мунньаҕын салайан ыытта. Кини Арассыыйаҕа социальнай гаастааһын бырагыраамата 2022 сыл кэнниттэн салгыы үлэлиэҕин туһунан иһитиннэрдэ. Бырагыраамаҕа эбии мэдиссиинискэй тэрилтэлэр хабыллыахтара. Эрэгийиэннэр былаастара наадыйар дьон гаас оборудованиеларын атыылаһалларыгар уонна учаастактарын иһигэр тустаах үлэни тэрийэллэригэр 100 тыһ. солк кырата суох көмөнү оҥороллоругар эттэ. Тустаах көмөнү элбэх оҕолоох ыаллар, бэтэрээннэр, инбэлииттэр уонна дьоҕус дохуоттаах дьиэ кэргэттэр туһаныахтара.
Ил Дархан Айсен Николаев бу курдук санаатын үллэһиннэ: «Владимир Путин социальнай гаастааһын бырагырааматын салгыы үлэлэтэргэ сорудахтаата. Бырагыраама чэрчитинэн дойду үрдүнэн 300 тыһ. дьиэҕэ гаас ситимэ тардыллыбыт буоллаҕына, итинтэн 3 169-һа Саха сиригэр буолар. Владимир Владимирович эрэгийиэннэр былаастара дьоҕус дохуоттаах ыалларга гаас оборудованиетын субсидиялыырга 100 тыһ. солк көрөллөрүгэр эттэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр итинник өйөбүл баар, ол кээмэйэ 150 тыһ. солк тэҥнэһэр. Бу өйөбүлү салгыахпыт».
Алтынньы 12 күнэ. Саха сирэ 2030 сылга энергияны оҥорууну үс төгүл улаатыннарар былааннаах. Үлэ көдьүүстээх буоларыгар өрөспүүбүлүкэ энергетикатын эрэ буолбакка, тырааныспарын инфраструктуратын саҥардыы наада. Бу туһунан Айсен Николаев Москваҕа «2030 сылга диэри Арассыыйа энергетическай балаансата» форум чэрчитинэн сиэссийэҕэ иһитиннэрдэ. Урут эрэгийиэҥҥэ 2030 сылга диэри тус сыаллаах оттук-энергетика балансатын оҥорбуттара. Бу барыллааһын чэрчитинэн оҥоһуллар уот ресурсатын үс төгүл улаатыннарыы былааннанар. Сүрүн сорук – бырамыысыланнас уонна сир-уот сайдыытыгар муҥутуур көдьүүһү ситиһии, нэһилиэнньэни уонна тэрилтэлэри табыгастаах уот ресурсатынан хааччыйыы. Онуоха энергетика инфраструктуратын, ол иһигэр гаас, уот энергетикатын, атом инфраструктуратын сайдыытыгар өйөбүл наада. Ону таһынан массыына, тимир суолун, өрүс инфраструктураларын сайыннарыы ирдэниллэр. Ил Дархан этэринэн, Саха сиригэр саҥа сирдэри уонна уот кыамтатын сайыннарыы эрэгийиэн уонна Уһук Илин экэниэмикэтин бөҕөргөтөргө көмөлөһүөҕэ.
Алтынньы 13 күнэ. Саха сиригэр 73 дизельнай электростанцияны саҥардыахтара. «РусГидро» хампанньаны кытта сөбүлэһии быһыытынан 2024 сыл бүтүөр диэри автоматизированнай энергокомплекстары тутуохтара. Бу туһунан Айсен Николаев «Арассыыйаҕа энергетическай трансформация» диэн пленарнай мунньахха иһитиннэрдэ. Ил Дархан этэринэн, билиҥҥитэ итинник 6 электростанция үлэҕэ киирбитэ, оттугу кэмчилээһиҥҥэ көдьүүһүн көрдөрбүт. Былырыын күһүн Дьааҥы Табалааҕар аһыллыбыта. Сыл устата оттугу 50% кэмчилээбит. Билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэҕэ 143 автономнай дизельнай электростанция үлэлиир, балар ыраах улуустары уотунан хааччыйаллар. Эрэгийиэҥҥэ 28 күн энергиятынан үлэлиир электростанция, Тиксигэ 1 тыал күүһүнэн үлэлиир комплекс тутуллубуттара.
Алтынньы 13 күнэ. Саха сирин соҕуруу өттүгэр Канкуннааҕы гидроэлектростанцияны тутуу бөдөҥ гидроэнергетическай комплексы үөскэтиэҕэ. Бу туһунан Ил Дархан Арассыйатааҕы энергетическай нэдиэлэ чэрчитинэн гидроэнергетикаҕа анаммыт сессияҕа эттэ. Бырамыысалыннас түргэнник сайдан иһэринэн, улахан инвестиционнай бырайыактар олоххо киирэллэринэн, кэлиҥҥи сылларга энергияны туһаныы тэтимэ сылга ортотунан 8-9% үрдээн иһэр, оттон быйыл тоҕус ыйга 13% буолла. Онон өрөспүүбүлүкэ энергетическай холлоҕоһо, кыамтата бырамыысалыннас балысхан сайдытыгар эппиэттэһиэхтээх. Өрөспүүбүлүкэ гидроэнергетикатын ресурсата 257 млрд кВТч тэҥнэһэр, ол эбэтэр Уһук Илин гидроэнергетикатын 60%. Маныаха билиҥҥитэ 1,5% баһылааһын барбыт. Онон билигин эрэгийиэн Русгидроны кытта Саха сирин соҕуруу өттүгэр ГЭС-тары тутуу бырайыактарын сөргүтүүгэ үлэлэһэн эрэр.
Алтынньы 14 күнэ. Москваҕа Саха сирин Бастайааннай бэрэстэбиитэлэстибитигэр байыаннай сулууспалаахтары өйүүргэ сүрүннүүр киин аһылынна. Бу киин Саха сириттэн төрүттээх байыаннай сулууспалаахтары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр, дойдубут саҥа эрэгийиэннэрин чөлүгэр түһэрсэр, нэһилиэнньэҕэ гуманитарнай көмөнү ыытар соруктаах тэриллэрин Айсен Николаев иһитиннэрдэ.
Киин байыаннай сулууспалаахтарга уонна дьиэ кэргэттэригэр бары өттүнэн сөптөөх өйөбүл оҥоһулларын хонтуруоллуоҕа, Оборона министиэристибэтин, тустаах биэдэмистибэлэри кытта үлэни сүрүннүөҕэ, Саха сириттэн сылдьар, эчэйиини ылбыт байыаннайдарга көмөлөһүүнү хааччыйыаҕа, байыаннай сулууспалаах биир дойдулаахтарбытыгар матырыйаалынай-тэхиньиичэскэй өттүнэн көмө оҥоһуллуоҕа. Ил Дархан чопчулаабытынан, киин үлэтигэр Саха сириттэн Госдума дьокутааттара, сенатордар, Саха сиригэр үлэлиир улахан тэрилтэлэр кыттыһыахтара.
Алтынньы 16 күнэ. Айсен Николаев Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ Кировскай куоратыгар тиийэн, социальнай эбийиэктэри тутуу, өрөмүөннээһин, куорат урусхалламмыт инфраструктуратын сөргүтүү үлэтин хаамыытын көрдө.
«Саха сирэ Кировскай чөлүгэр түһүүтүгэр көмөтүн тохтотуо суоҕа, куораты сөргүтүү үлэтэ быыстала суох бара турар. Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Виталий Хоценконы кытта оскуоланы, сынньалаҥ киини, балыыһаны көрдүбүт», — диэн Айсен Николаев биллэрдэ.
Ону кытта Ил Дархан Кировскай куорат кыстыкка бэлэмин кытта билистэ. Ууну хааччыйар тиһик үлэтин бэрэбиэркэлээтэ. Кировскай коммунальнай хаһаайыстыбатын Саха сириттэн ОДьКХ ГУП үлэһиттэрэ сөргүтэллэр. Айсен Николаев этэринэн, Саха сирин коммунальщиктара ууну хааччыйыыга ыыппыт үлэлэрин ньыматын ДНӨ үрдүнэн туһаныахтара.
Донецкай куоракка Айсен Николаев Норуодунай өрөспүүбүлүкэ баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Денис Пушилины кытта көрсөн, бииргэ үлэлээһин боппуруостарын ырыттылар, ол иһигэр IT эйгэтигэр Саха сирин уопутун үллэһиннилэр. Донбасс чэпчэки бырамыысыланнаһын үлэһиттэрэ Саха сириттэн тиийбит байыаннайдарга сылаас уонна байыаннай таҥас тигэллэрин туһунан кэпсэттилэр.
Алтынньы 16 күнэ. Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ уонна байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ социальнай гаастааһын бырагырааматын чэрчитинэн гаас тэрилин атыылаһарга 150 тыһ. солк. көмө харчыны ылыахтара. Бу быһаарыыны олоххо киллэрэр туһунан Ил Дархан Бырабыыталыстыбаҕа сорудахтаата. Бу өйөбүл дьиэ кэргэн дохуотун таһымыттан тутулуга суох көрүллэр.
«Хомуурга хапсыбыт дьон кэргэттэрин уонна ийэлэрин кытта көрсүһүү кэмигэр кэккэ ыйытыы киирбитэ, онно этиллибит кыһалҕа барыта быһаарылла сылдьар. Биир ыйытыы гаас киллэриитин туһунан этэ. Бу олус суолталаах, түргэн быһаарыныыны ирдиир боппуруос. Онно тута ити ыал кыһалҕата быһаарыллыбыта. Ол эрэн, эрдэ эппитим курдук, биир ыал кыһалҕата элбэх дьон интэриэһин таарыйар буолааччы”, — диэн Ил Дархан бэлиэтээн эттэ.
Санатан эттэххэ, бу сыл саҕаланыаҕыттан Ил Дархан быһаарыытынан социальнай гаастааһыҥҥа көмө муҥутуур кээмэйэ 100 тыһ. солкуобайтан 150 тыһ. солк. диэри үрдэтиллибитэ. Саха сиригэр дьиэлэри гаастааһыҥҥа аадырыстаах көмө 2010 сылтан оҥоһуллар. Билигин аадырыстаах үбүнэн көмөнү ылааччыларынан кыаммат олохтоох гражданнар, үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара, тыыл бэтэрээннэрэ буолаллар. 2010-2021 сc. олорор дьиэлэри гаастаа7ы44а аадырыстаах көмөнү 9 тыһ. кэриҥэ ыал ылбыта, онно 813 мөл. солк. үбүлэммитэ.
Алтынньы 16 күнэ. Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ күнэ уонна Арассыыйаҕа Аҕа күнэ тэҥинэн аан бастаан бэлиэтэнэринэн эҕэрдэлээтэ. “Өрөспүүбүлүкэбит 100 сылыгар 2022 сылы Ийэ сылынан биллэрбиппит түбэспиччэ буолбатах. Биһиги норуоппут историята саамай чугас киһибититтэн – ийэбититтэн саҕаланар. Ийэ оҕотугар үтүө санааны, сиэрдээх буолууну, Ийэ дойдуга, төрөөбүт алааска тапталы, дьоҥҥо-сэргэҕэ ытыктабыллаах сыһыаны иҥэрэр. Ийэ биһигини айарга-тутарга үөрэтэр-такайар, олоххо бастакы хардыыбытын ыйан-кэрдэн биэрэр. Биһиэхэ сылаас-сымнаҕас сыһыанын, уҕараабат кыһамньытын иһин киниэхэ муҥура суох махтанабыт. Дойдуга ыар кэм тирээн кэллэҕинэ, ийэлэрбит биһиги санаабытын көтөҕөллөр, күүспүтүгэр күүс угаллар. Дойдубут эйэлээх кэскилин көмүскүү барбыт биир дойдулаахтарбыт дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр – билиҥҥи уустук кэмҥэ барыбыт ытык иэспит. Аҕа дойдуну көмүскээччилэр дьиэ кэргэттэрин өрөспүүбүлүкэ өйүүр. Биһиги ийэлэрбит ис сүрэхтэриттэн уолаттарга көмөлөһөллөр, самныбат санааны кынаттыыллар. Ийэлэрин тапталлара, эрэллэрэ уолаттарбытыгар күүһү угар, эрчими эбэр. Бары моһоллору туоруохпут уонна кыайыахпыт диэн бигэ эрэллээхпин! Күндү ийэлэр, оҕолоргут сылаас сыһыаннарынан, ситиһиилэринэн эһигини мэлдьи үөрдэ сырыттыннар”, - диэн бэйэтин эҕэрдэтигэр Айсен Сергеевич бэлиэтиир.
Онтон аҕаларга туһаайан маннык тыллары анаата: «Арассыыйаҕа 2021 сылтан Бэрэсидьиэн Владимир Путин Ыйааҕынан Аҕа күнэ бэлиэтэнэр. Дьиэ кэргэҥҥэ аҕа оруола ураты суолталааҕын бары бэркэ билэбит. Аҕа – көмүскээччи, бигэ тирэх уонна үтүө сүбэһит. Аҕа – иллээх дьиэ кэргэн тулхадыйбат тутааҕа, оттон дьиэ кэргэн – модун судаарыстыба бөҕө тирэҕэ! Кини оҕо тус көрүүлээх, сатабыллаах, араҥаччылыыр аналлаах буола улаатарыгар тус холобур буолар. Өскөтүн ийэ оҕоҕо сылаас сыһыаны, үтүө майгыны-сигилини иитэр эбит буоллаҕына, аҕа хорсун санааны, киһи үтүө аатыгар, дьоһунугар ытыктабылы, дойдуга тапталы уонна бэриниилээх буолууну иҥэрэр. Ытыктабыллаах аҕалар, судаарыстыбаҕа тирээн турар тыҥааһыннаах кэмҥэ халбаҥнаабат хоһуун санаалаах буоларгытыгар, көмүскээччи буолар айылҕанан айдарыллыбыт аналгытын чиэстээхтик толороргутугар ыҥырабын! Дьиэ кэргэни, төрөөбүт кыраайы уонна Аҕа дойдуну араҥыччылыыр ытык иэспитин толорорго барыбытыгар чэгиэн туругу, уҕараабат эрчими уонна эппиэтинэстээх буолууну баҕарабын!
Афанасий Ноев,