Киир

Киир

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан барыгытын Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Аан дойдуга глобализация бүрүүкээбит аныгы кэмигэр төрөөбүт тылы сайыннарыы култуурабытын чөл хаалларыыга быһаарар суолталаах соругунан буолар.

Саха бастакы учуонай-лингвиһэ, сырдатааччыта, саха суругун-бичигин төрүттээччи Семен Андреевич Новгородов сыралаах үлэтинэн бэчээттэнэн тахсыбыт саха бастакы букубаара күн сирин көрүөҕүттэн 106 сыл ааста. Бу кэмтэн ыла өрөспүүбүлүкэҕэ дьоһун үлэ-хамнас ыытылынна. Ол курдук 1996 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ Бастакы президенэ Михаил Ефимович Николаев ыйааҕынан сылын ахсын бэлиэтэнэр Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ олохтоммута.

2015 сыллаахха ЮНЕСКО саха эпоһын Олоҥхону киһи-аймах айан таһаарбыт үйэлээхбаайын шедевринэн билиниитэ биһиги дьоһун ситиһиибитинэн буолар.

Өрөспүүбүлүкэбитигэр төрөөбүт тыллары чөл хаалларыы уонна сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагыраамата үлэлиир. Бу сүҥкэн суолталаах докумуон үөрэх кинигэлэрин, үөрэх-методика матырыйаалларын таһаарыыга эрэ буолбакка, сыыппара технологияларын туһанан төрөөбүт тылы уонна литератураны үөрэтиигэ научнай төрүккэ тирэҕириигэ олоҕурар.

Өрөспүүбүлүкэ Наукаларын академиятыгар Төрөөбүт тыллары чинчийиигэ, чөл хаалларыыга уонна сайыннарыыга эрэгийиэннээҕи киини тэрийии соруга туруорулунна. Саха сирин Национальнай библиотекатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларын виртуальнай музейа, Саха сирин норуоттарын тылларын уонна култуураларын үйэлээх баайын сыыппараҕа киллэрии киинэ үлэлиир, оттон “Книгакан” сыыппара библиотекатыгар долган, чукча, эбээн, эбэҥки, дьүкээгир, нуучча, саха, о.д.а. тылларынан суруллубут айымньылары ааҕыахха сөп. Сыыппараҕа көһөрүү киинин чугастааҕы былааныгар Өрөспүүбүлүкэ национальнай уус-уран музейын альбомнарын-каталогтарын, Музыка үрдүкү оскуолатын архыыбыттан видео- уонна аудиокассеталары сыыппараҕа көһөрөр үлэ күүтүллэр.

Бу үлэҕэ-хамнаска смартфоннарга аналлаах сыһыарыылары айан таһаарыы биир кэскиллээх хайысханан буолар. Манна үлэ көхтөөхтүк ыытыллар. Дьэ, онон олоххо-дьаһахха, литератураҕа, искусствоҕа, медиа-эйгэҕэ Саха сирин норуоттарын тылларын чөл хааллардыбыт диэн этэр толору бырааптаахпыт.

Бу кэрэ-бэлиэ күн учууталларга, үөрэх, наука, IТ, СМИ, култуура, искусство үлэһиттэригэр – Саха сирин норуоттарын тылларын уонна суруктарын-бичиктэрин чөл хаалларыыга уонна сайыннарыыга сыралаахтык үлэлиир дьоммутугар барыларыгар истиҥ махталбын тиэрдэбин! Эһиэхэ этэҥҥэ буолууну, дьолу-соргуну уонна үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабын!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев