Киир

Киир

Ааспыт сыл муус устар 20 к. “Кыымҥа” – “Сирбит аата кэбилэммитин хаһан уларытабыт?”, быйыл олунньу 22 күнүгэр ити тиэмэни салҕаан, “Сирдэр ааттара кэбилэммиттэрэ дьэ көнөр ини?” диэн ыстатыйалары таһаарбытым. Кылгастык санаттахха, бу суруйууларга федеральнай суолларбытыгар сирдэр ааттара нууччалыы-сахалыы сөпкө суруллубакка турар кыһалҕалара кэпсэммитэ.

Иккис суруйууга Ил Түмэн судаарыстыбаннай тутууга  уонна олохтоох салайыныыга бастайааннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ В.М. Прокопьев бу дьыл олунньу 14 күнүгэр сүбэ мунньах тэрийэн, кыайтарбатах кыһалҕаны оннуттан хамсатарга ылсыбытын туһунан суруйбутум.

Мунньахха этиллибитинэн, кыаллар кыахтаах да боппуруос уонунан сыл соһулла сылдьыбыта көстүбүтэ. Сокуон көҥүллүүр суолун булан, татаардар, чэчиэннэр, бүрээттэр географическай ааттары нууччалыы уонна төрөөбүт тылларынан суруйан, иннибитигэр түспүттэрэ ырааппытын ситэрбит ирдэнэрэ этиллибитэ.

Ил Түмэн бу соругу чиэстээхтик толорорго күүскэ ылсыбыт.  

Муус устар 9 күнүгэр СӨ Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлин I солбуйааччы Александр Жирков салалтатынан, СӨ географическай эбийиэктэрин ааттарыгар уонна уларытан ааттааһыҥҥа туһуламмыт оробуочай мунньах буолла. 

Мунньахха Ил Түмэн дьокутааттарын кытта бу боппуруоска сыһыаннаах элбэх тэрилтэлэр, тустаах улуустар бэрэстэбиитэллэрэ кэллилэр, ВКС нөҥүө кытыннылар.

СӨ административнай-территориальнай тутулун уонна географическай ааттар боппуруостарыгар Бырабыыталыстыба хамыыһыйатын үлэтин туһунан Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтатын олохтоох салайыныыга дэпэртээмэнин салайааччытын солбуйааччы А.И. Старостин уонна Росреестр Саха сиринээҕи салаатын геодезияҕа уонна картографияҕа отделын салайааччыта Т.Б. Назарова иһитиннэрии оҥордулар.  Бырабыыталыстыба хамыыһыйатын салайааччынан СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы О.В. Балабкина анаммыт.

Сэрэйбиккит да курдук, бу уустук боппуруос парламент салалтатын таһымыгар тахсыбыта бу уустук боппуруос быһаарылларыгар эрэли үөскэтэр.

Сирбит ааттарын түҥ-таҥ суруйууттан, чахчы, киһи өйдөөбөт түгэннэрэ үөскүүллэр. Ил Түмэн дьокутаата Ю.М. Николаев “Таас Үрэх нууччалыы “Тас Юрях” диэн барытыгар нууччалыы суруллар, ол аата суолтата таас (камень) буолбакка, тас (внешний) диэн уларыйан хаалар” диэн холобур аҕалла. Ол эрээри, нуучча тылын быраабылатынан икки аһаҕас дорҕоон кэккэлэһэ турбат, географическай ааттарга охсуу (ударение) турбат буолан, ол уларыйар кыаҕа суох эбит.

А.Н. Жирков: “Биһиэхэ РФ, СӨ нормативнай докумуоннара бааллар. Росреестр быраабылалара, бирикээстэрэ бааллар. Манна олоҕуран тыҥаан турар боппуруостары быһаарар кыахтаахпыт. Иннибитигэр үс сорук турар:

1. Баар ааттары бэрээдэк-тээһин, сахалыы-нууччалыы дьон ылынар гына суруйуу.

2. Саҥа ааттары уонна каталога суох географическай ааттары киллэрии.

3. Урут сыыһа оҥоһуллубут ааттары көннөрүү.

Бу ааттары өрөспүүбүлүкэ урут судаарыстыба каталогар киллэрэргэ оҥорон ыыппыта чахчы, онно тахсыбыт алҕастар көнүөхтээхтэр”, – диэтэ. 

Кини сыыһа тылбаас хайдаҕын көрдөрөр хас да холобуру аҕалла. Халымаҕа Улахан Туона диэн күөл баар. Бу аатыттан даҕаны муҥхалыыр күөл буолара көстөр. Оттон каталогка нууччалыы “Большая Тоня” диэн суруллубут. Балыктыыр оннугар Улахан Тоня диэн дьахтар аатыгар кубулуйбут. Абый Кэбэргэнэтэ “Куберганя” диэн буолбут. Лингвистика эспэртиисэтэ “Кебергене диэн суруллуон сөп этэ, нуучча тылын орфографиятын кэспэт” диэбит. Сунтаар Сиэйэтэ нууччалыы “Шея” диэн ааттанан, анатомия уоргана, моой, хоолдьук буола кубулуйбут. Сиэйэнэн хаалыан сөп этэ. Ити уонунан сылларга мунньуллубут сыыһа өйдөбүлү биэрэр ааттар көнүөхтээхтэр.

А.Н. Жирков “географическай ааттары бэрээдэктиир, көннөрөр үлэни бырабыыталыстыба хамыыһыйатыгар найылаабакка, көмө буолар, дьиҥ дьыалатынан туһалыыр парламент, уопсастыбаннас кыттыылаах оробуочай бөлөҕү тэрийиэххэ” диэтэ. Оробуочай бөлөх салайааччытынан бэйэтэ буоларга бэлэмин биллэрдэ.

Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта бэйэтинэн ылсыбыта оробуочай бөлөх кыаҕын үрдэтэр уонна бу уонунан сылларга соһуллубут түҥ-таҥ ааттаныы бэрт кылгас кэм иһигэр көнөрүгэр эрэли үөскэтэр.

... Саха сирин каартатыгар, суолларын бэлиэлэригэр аны Брюнгеде, Бивуачы, Адьмонте, Лютенге, Курулуур, Менда, Умулун эҥин диэн сүөргү ааттары көрбөт буолар инибит.

Владимир Степанов.