Аан дойду олоҕун дьалкыйбыт «Ковид-19» диэн сыстыганнаах дьаҥ, төһө да хаптайа быһыытыйдар, дьон олоҕор, туругар өссө да уһуннук дьайыах чинчилээх. Чуолаан, улаханнык ыалдьыбыт дьон, урукку чэгиэн туруктарыгар кыайан төннүбэккэ, эрэйдэнэллэр, үлэҕэ-хамнаска, тус олоххо уустуктары көрсөллөр.
Онуоха, ким бэйэтигэр болҕомтолоох, олоххо тардыһыылаах, билиилээх-көрүүлээх, ол урукку чэгиэн туругар төннүөн сөп диэн «Аврора» мэдисиинэ килииникэтин быраастара этэллэр. Онно көмөлөһөөрү кинилэр, «Ковид кэннинээҕи чэбдигирии» тосхолун толкуйдаан, бу сыстыганнаах дьаҥ доруобуйаҕа охсуутун аччатыыга көдьүүстээхтик үлэлииллэр. Биһиги ол туһунан килииникэ исписэлиистэрин кытта кэпсэттибит.
Валерия ОХЛОПКОВА, «Аврора» мэдисиинэ килииникэтин салайааччыта:
- Сорох дьоҥҥо вирус биллибэккэ киирэн тахсар. Ол курдук, содула эмиэ биллибэккэ хаалар. Дьиҥэр, ковид хас биирдии ыалдьыбыт киһи туругун кэбирэтэр эбээт. Онон, ковид дьайыытыгар бэрэбиэркэлэнии – олох ирдэбилэ буолар.
Бары даҕаны билэ, көрө сылдьаҕыт – сорох үлэлээх-хамнастаах дьон, ковидтаан бараннар үтүөрдүлэр даҕаны, ыалдьыбыттарын умнан кэбиһэллэр. Кинилэри өйдүөххэ сөп – дьиэ кэргэни иитэр-аһатар, дьиэлэнэр, кирэдьиит төлүүр кыһалҕаттан оннукка тиийэллэр. Биллэн турар, үлэлиир ийэлэр, аҕалар, иллэҥ кэмнээх да буоллахтарына, оҕолоруттан ордубаттар. Сорохтор, уоппусканы кэтэһэн, көрдөрүммэккэ хаалаллар. Биһиги быраастар эмиэ ыал ийэлэрэ, аҕалара, эбэлэрэ, эһэлэрэ буоллахпыт, онон итинник кыһалҕа баарын бэркэ диэн өйдүүбүт.
Ол иһин биһиги, кыайан көрдөрүммэккэ сылдьар дьоҥҥо анаан, «Ковид кэннинээҕи чэбдигирии» тосхолун толкуйдаан үлэлэтэ турабыт. Бу тосхолунан үрдүк таһымнаах бастыҥ исписэлиистэр дьон ковид кэннинээҕи туругун толору чинчийэллэр, быһаараллар уонна эмтииллэр. Онуоха сөптөөх усулуобуйа килииникэҕэ барыта баар: анаалыс бары көрүҥүн тутар лаборатория, эмтээһин бары көрүҥүн ыытар күнүскү стационар, мэдисиинэ бары хайысхатын исписэлиистэрэ.
Биһиэхэ сыһыарыллыбыт пациеннары, биллэн турар, босхо, атын сиртэн кэлээччилэри төлөбүрдээх көрөбүт. Ону таһынан, тэрилтэлэри кытта дуогабар түһэрсэн үлэлиибит. Холобура, соторутааҕыта Оҕо дыбарыаһыттан 200 кэриҥэ киһини, Налоговай сулууспа, «Полиметалл», «Бөртө» сылгы собуотун үлэһиттэрин көрбүппүт. Бэл диэтэр, атын балыыһа быраастара биһигини ыҥыран ыланнар, көрдөрүнэллэр. Тоҕо диэтэххэ, үлэбит таһымын үрдүктүк сыаналыыллар уонна эрэнэллэр.
Уонна саамай сүрүнэ, ковид утары быһыы туруорарбытыгар пациент иммунитетын олус болҕойобут. Хаан анаалыһын ылан (антитела ахсаанын, хаан хойуутун) үөрэтэн баран туруорарга кыһаллабыт.
Кэнники кэмҥэ эдэр пациеннарбыт биһигини үөрдэр буоллулар. Ол курдук кинилэр, чөл олоҕу тутуһалларын таһынан, доруобуйаларын үчүгэйдик кэтэнэр-мананар буолбуттар. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр үлэ-хамнас көдьүүһэ доруобуйаттан улахан тутулуктааҕын өйдүүллэр, ол иһин ыарыыны эрдэттэн сэрэтэргэ кыһаллаллар. Онон, элбэҕи ааҕар, билэр эдэр дьон биһиэхэ көрдөрүнэ, чэбдигирэ кэлэллэр. Кинилэри холобур оҥосторгутугар ыҥырабын.
Карина ЗУЕВА, «Аврора» мэдисиинэ килииникэтин эспиэртиир үлэтигэр дириэктэр солбуйааччыта:
- Ковид атын ыарыылартан уратыта – хааны хойуннаран тромбу үөскэтиитэ. Ол да иһин, ковидынан күүскэ ыалдьыбыт дьоҥҥо «Ковид кэннинээҕи синдром» диэн уустук патологическай турук үөскүүр. Ол эбэтэр ковид хайа эрэ биир эбэтэр хас даҕаны уоргаҥҥа охсубутун түмүгэр эт-сиин айгырааһынын ааттыыллар. Маннык турукка үксүгэр элбэх хроническай ыарыылаах дьон киирэллэр. Ковид, бастатан туран, тыҥаҕа, сүрэххэ, мэйиигэ, ис уорганнарга, бүөргэ, сүһүөххэ охсор. Манна элбэх эминэн эмтэммит дьоҥҥо өссө эмп дьайыыта эбиллэр.
Уопсайынан, ковидынан чэпчэкитик да, ыараханнык да ыалдьыбыт дьон доруобуйаҕа көтүмэхтик сыһыаннаһаллара сыыһа. Онтон сылтаан, инфаркт, инсульт диэн олоххо кутталлаах ыарыыларга тиийиэхтэрин сөп. Ол иһин, ону сэрэтээри, биһиги дириҥэтиллибит диспансеризация диэни ыытабыт.
Дьэ, онно ыарыы дьоҥҥо хайдах охсубута барыта көстөн кэлэр. Бары кэриэтэ умнуган, наһаа түргэнник сылайар буоллубут диэн этэллэр. Маны сэргэ уйулҕа кэһиллиитэ элбэхтик көстөр. Ол тухары кинилэр анаалыстара үчүгэй буолуон сөп. Оччоҕо анаалыһы атын ньыманан үөрэтэн көрөбүт. Тоҕо диэтэххэ, үгүстэригэр кистэнэ сылдьар кэһиллиилэр баар буолаллар. Саамай кутталлаахтара – мэйии, сүрэх, бүөр үлэтин кэһиллиилэрэ.
Биһиэхэ сыһыарыллыбыт пациеннар, ковидынан ыалдьыбыттара анаалыһанан (пцр, ифа) бигэргэммит буоллаҕына, диспансеризацияны бары ааһаллар. Ол түмүгүнэн киһи туругун быһаараммыт, «Ковид кэннинээҕи чэбдигирии» тосхолунан толору эмтиибит. Хаана хойдубут буоллаҕына хааны убатар, сүрэҕэ мөлтөөбүт буоллаҕына сүрэҕи бөҕөргөтөр, битэмиинэ итээбит буоллаҕына битэмиининэн байытар уонна да атын ирдэнэр терапияны ыытабыт.
2019 сылтан Арассыыйаҕа барыта холбоон ковиды чинчийии, быһаарыы, эмтээһин ньымата 15 төгүл уларыйан тахсыбыта. Биһиги килииникэ быраастара РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин бары рекомендациятын тутуһарбыт таһынан, бэйэбит эмиэ туспа суолу-ииһи тобулабыт. Ол курдук, сайдыылаах тас дойду «Ланцет» эҥин курдук мэдисиинэҕэ аналлаах таһаарыыларыттан улахан учуонайдар, микробиологтар, иммунологтар суруйууларын ааҕаммыт, билиибит-көрүүбүт таһымын күннэтэ үрдэтэ сылдьабыт. Онон, биһиги пациеннарбытын, биир халыыбынан буолбакка, чопчу кинилэр туруктарын иҥэн-тоҥон үөрэтии түмүгүнэн чэбдигирдэбит, эмтиибит.
Туяра РУМЯНЦЕВА, «Аврора» мэдисиинэ килииникэтин кардиолог-аритмолога:
- Ковид вируһа миокардит диэн сүрэх былчыҥын ыарыытын үөскэтиэн сөп. Бу Саха сиригэр оҥоһуллубат биопсия эрэ ньыматынан быһаарыллар. Маны. Онон, ыарыһахха анамнез хомуйаммыт, диагноз туруорабыт. Оттон эмтээбэтэххэ, киһи ишемическэй инсулька уонна инфарка тиийэр кутталлаах.
Ковидынан ыалдьыбыт үгүс дьоҥҥо аритмия, ол эбэтэр сүрэх тэбиитин кэһиллиитэ үөскүүр. Чуолаан, мерцательнай аритмия диэн көрүҥ элбэхтик көстөр. Маны быһаарар олус уустук, тоҕо диэтэххэ, уларыйа сылдьар майгылаах. Ол да иһин, итини ЭКГ да, УЗИ да үксүгэр кыайан көрдөрбөт. Оччоҕо холтер диэн аппараты кэтэрдэн кэтээн көрөн, бэргиир кэмигэр таба тутаммыт, быһаарабыт.
Бэргиир кэмигэр сүрэх (кыл түгэҥҥэ даҕаны) бэрээдэгэ суох, мээнэ-мээнэ тэбэр буолан ылыан сөп. Оччоҕо хаан ытык курдук ытыллан, хаан бөлөхтөрө (тромб) үөскээннэр, өҥүс (соннай) тымырынан үөһэ төбө диэки бара туруохтарын сөп. Ол хаан бөлөҕө, ханна эрэ тиийэн тымыры бүөлээтэҕинэ ишемическэй инсульт суулларар кутталла үөскүүр.
Куттала диэн, бу мерцательнай аритмия ардыгар наһаа түргэнник ааһан хаалар. Холобура, ыарыһах түүн эмискэ сүрэҕэ ыалдьан, дэлби куттанан, суһал көмөнү ыҥырар. Быраастар хаһан кэлиэхтэригэр диэри сүрэҕин тэбиитэ көнөн хаалар. Оччоҕо кинилэр, сүрэҕэ үчүгэй диэн түмүккэ кэлэллэр уонна учаастактааҕы бырааска ыыталлар. Оттон бу киһи онно баҕар көрдөрүө, баҕар суох. Ити курдук сылдьан, кини хайдах-туох буолан хаалыа биллибэт. Онон, сүрэххит баарын биллэрэр, түүн утуппат, сүгүн үлэлэппэт, аҕылатар, сылатар буоллаҕына, бука диэн көрдөрүнүҥ. Өссө ковид эдэр дьон сүрэҕин эмиэ кэбирэтэр диэн этиэхпин баҕарабын. Кинилэргэ үксүгэр сүрэх кылаапанын мөлтөөһүнэ баар буолар.
Биһиги сүрэхтэрин көрдөрө кэлбит дьоҥҥо, бастатан туран, щитовиднай былчырхай үлэтин кэһиллиитэ, хаан аҕыйааһына, ис уорган, ньиэрбэ ыарыыта баарын, суоҕун быһаарабыт. Дьэ, ол кэннэ мерцательнай аритмияны быһаарыыга киирэбит. Уопсайынан, бу диагноһы дьоһуннаах чинчийии кэнниттэн биирдэ туруорабыт.
Галина НИКОЛАЕВА килииникэ невролог-эпилептолога:
- Ковидынан ыалдьыбыт дьон 36,4 % ньиэрбэлэрэ эмсэҕэлиир диэн статистика көрдөрөр. Онуоха кытыы эбэтэр киин ньиэрбэ систиэмэтэ оҕустарыан сөп. Ол вирус тымыр бары араҥатыгар өтөн киириититтэн буолар. Онтон сылтаан мэйии үлэтэ кэһиллэр. Ыалдьыбыт дьон үксэ умнуган буоллубут диэн билинэллэр. Маны эмтээбэтэххэ, ыһыллаҕас склероз, Альцгеймер эбэтэр паркинсонизм идиопатическай синдрома диэн ыарыыларынан моһуогуруохха сөп.
Ковид кэнниттэн дьон неврологка кэлэр сүрүн төрүөттэрэ мэлдьи сылайа сылдьар турукка киириилэрэ буолар. Бу эт-сиин сылайыыта эрэ буолбатах, өссө өй-мэйии сылайыыта. Ол курдук, болҕомтолоро ыһыллар, өйгө тутар кыахтара мөлтүүр, өй үлэтин оҥорорго уустуктары көрсөллөр.
Өй үлэтин мөлтөөһүнэ мэйиигэ хаан эргиирин кэһиллиитин кытта ыкса ситимнээх. Холобура, аҕа саастаах киһи, ыалдьыан да иннинэ олус умнуган, хамсаныыта бытаан буолан баран, син бэйэтин көрүнэр эбит буоллаҕына, ковидынан күүскэ ыалдьыы кэннэ улаханнык мөлтөөн, дьиэтигэр киһитэ суох сатаммат буолар. Төбөтө элбэхтик ыалдьар киһи эрэйдэнэрэ өссө элбиир. Маны сэргэ, депрессия, кыраттан долгуйуу, түүн сатаан утуйбат буолуу, паническай атакалар уонна да атын уйулҕаны кытта ситимнээх кэһиллиилэр үөскүүллэр.
Сорохтор эт-сиин өттүнэн, былчыҥ үлэтэ мөлтөөбүтүн бэлиэтииллэр. Кытыы ньиэрбэ оҕустарыытыттан илии уонна атах туруга мөлтүүр, сотору-сотору «утуйан хаалар» эбэтэр тас дьайыыны билэр күүстэрэ намтыыр.
Ковид ньиэрбэҕэ төһө охсубутун билээри, биһиги ыарыһах туругар кэккэ чинчийиилэри аныыбыт. Ньиэрбэ кэһиллиитэ бигэргэнэр түгэнигэр, мэйии үлэтин тупсарар анал эмтэринэн (ноотроптарынан, антигипоксаннарынан, тымыр препараттарынан, нейропептидтарынан) эмтээһин, битэмиин уонна микроэлэмиэн итэҕэһин толоруу ыытыллар. Ону сэргэ чэбдигирдэр гимнастика, илбийии араас көрүҥэ, рефлексотерапия ананар.
Уопсайынан, ковидынан ыалдьыбыт дьоҥҥо манныгы сүбэлиибин. Ньиэрбэҕитин бөҕөргөтөр, чөлүгэр түһэрэр туһугар, төһө кыайаргытынан хамсана-имсэнэ сылдьыҥ, көхтөөх олоҕу тутуһуҥ. Мэйии үлэтин тупсарарга өйгүтүн элбэхтик эрчийиҥ, быһаарар соруктаргытын саҥардан иһиҥ. Кыраттан долгуйар, хоргутар майгыламмыт, уһуннук санаа-оноо баттыктаах сылдьыбыт буоллаххытына, куһаҕаны ааҕымаҥ, көрүмэҥ. Ол кэриэтэ, санааны көтөҕөр эбэтэр туһалаах дьарыкта булан аралдьыйыҥ. Түүн уугутун хайаан да ханардыы утуйуҥ, тоҕо диэтэххэ, утуйар кэмҥэ мэйии килиэккэтэ туох да эмэ-томо суох чөлүгэр түһэр айылгылаах.
Күндү сурутааччылар, «Аврора» мэдисиинэ килииникэтин «Ковид кэннинээҕи чэбдигирии» тосхолун бары үтүө өрүттэрин уонна түмүктэрин биир ыстатыйаҕа көрдөрөр кыаллыбата биллэр. Түмүккэ биири тоһоҕолоон этиэхпин баҕарабын – манна чахчы да дириҥ билиилээх, ураты көрүүлээх, туспа суоллаах-иистээх, үрдүк сыаллаах-соруктаах быраастар үлэлииллэр. Эһиги кинилэргэ тиийдэххитинэ олус абыраныаххыт.
Килииникэ аадырыһа: Дьокуускай к., Поярков уул. 20/1 №-дээх дьиэтэ
Саll-киин: 8 (914) 271-00-78, 8 (914) 272-88-11
Гинекология салаата: 8 (914) 820-06-25
Матырыйаалы бэлэмнээтэ КҮНДЭЛИ