Киир

Киир

Арассыыйа кэнсиэпсийэтэ оҥоһуллар

main thumb

Быйыл сайын Арассыыйаҕа «Судаарыстыбаннай тыллары баҕа өттүнэн үөрэтии туһунан» сокуон улахан айдааннаахтык киирэн турар. Төһө да национальнай өрөспүүбүлүкэлэр утара сатаабыттарын иһин, ыга баттаан ыллартарбыттара. Сокуону төрөтөн таһаараары син көрдөхтөрө бу бэрт былдьаһа сатыыр тыллара дьиҥнээх туруга, үөрэтиитэ хайдаҕын...

Алтынньыга РФ Бэрэсидьиэнэ В.Путин «Төрөөбүт тыллары үөрэтии пуондатын тэрийэргэ» диэн ыйааҕа таҕыста. Аны, бу сыл бүтүөр диэри Арассыыйаҕа төрөөбүт тыллары үөрэтии кэнсиэпсийэтэ оҥоһуллан бү­түөхтээх.

Биһиэхэ саха тылын учууталларын I сийиэһигэр киирбит этиилэргэ олоҕуран докумуон оҥоһуллан турар. Онон бу буолбут «Төрөөбүт тылы уонна литэрэтиирэни үөрэтии саҥа саҕахтара» диэн төгүрүк остуолга сийиэскэ элбэхтик этиллибит кыһалҕаны эттилэр. Тумул орто оскуолатын учуутала Анастасия Дагданча: «Сийиэс быһаарыыта олоххо киириитэ бытаан», – диэн бэлиэтээтэ эрээри, аҥаардас бу кэпсэтии тахсыбыта учууталлар кэпсэтиилэрин таһыма арыый атын буолбутун, үлэлиэн баҕалаах эдэр учууталлар баалларын, аныгылыы мэтэдьиичэскэй үлэҕэ наадыйыы баарын көрдөрдө. Ол туһунан кылгастык.

Сахалыы билии таһыма уларыйда

Валентина Пермякова, ЯГНГ дириэктэрэ: «Биһиэхэ аҕыйах сыллааҕыта ийэ тыллаах оҕолор киирэр эбит буоллахтарына, билигин оҕолорбут 50 %-ра нууччалыы тыллаахтар. Онон билиҥҥи ирдэбил олох атын буолуохтаах», – диэтэ. Чурапчы Бахсытыттан учуутал Александра Захарова: «Тыа сиригэр эйгэбит арыый да туруктаах. Ол гынан баран, 1 кылааска киирбит 11 оҕобуттан алтата нууччалыы саҥарар. Бу – дэриэбинэҕэ улааппыт оҕолор!» – диэбитэ соһуччу буолла.

СӨ үөрэҕин миниистирин 1 солбуйааччыта Ирина Любимова: «Билигин оскуолаҕа эрэ буолбакка, хайа да эйгэҕэ судаарыстыбаннай тыл сайдыытыгар аналлаах ирдэбил туран эрэр. Онон, төрүт тылы сайыннарар наадатын өйдөөн, Тыл бэлиитикэтигэр управление тэрилиннэ», – диэтэ.

Кутталлаах сокуон ис биэтэгэ

Сайын Госдума ылыммыт төрөөбүт тыллары баҕа өттүнэн үөрэтии туһунан сокуон олоххо киирэн эрэрин куорат 7 №-дээх оскуолатын дириэктэрэ Светлана Федорова эттэ: «Ити биһиги биир мүччү тутуубут. «Формируемая участниками образовательного процесса» диэн чааһыгар урукку курдук «национальнай-эрэгийиэннээҕи компонент» (НРК) диэн сурулла сылдьыбат буоллаҕына, нууччалыы тыллаах төрөппүттэр кэлэн «биһиэхэ бу чааһы киллэриҥ» диэн ким даҕаны туруорсубат. Онон ити биридимиэт оскуолаҕа сүттэ. Саха тыла судаарыстыбаннай тыл быһыытынан үөрэх былааныттан аҕыйаан эрэр эбэтэр сотуллар турукка киирдэ. Маннык им-ньим кэмҥэ министиэристибэттэн учууталлар туох эрэ быһаарыыны күүтэбит. Онон министиэристибэ нормативно-правовой докумуонунан нуучча кылаастарын «тылы билэр-билбэт» диэн бөлөхтөөн үөрэтиини толкуйдуура буоллар диэн санаалаахпыт. Итиннэ, биллэн турар, УМК наада. Тоҕо диэтэххэ, төһөлөөх элбэх саха оҕото нуучча кылааһыгар киирэн төрөөбүт тылын, литэрэтиирэтин үөрэтииттэн матан олороро буолуой! Биһиги оскуолабытыгар 9 кылаастарга эрэ хааллардыбыт. Ол оннугар төрөппүттэр «маны киллэриҥ, итини киллэриҥ» диэн атын биридимиэттэри туруорсаллар», – диэн кэпсээтэ. Кутталлаах сокуон олоххо киириитин түгэх сыала-соруга, дьэ, ити...

Үөрэтии «дьиримнэс-күлүмүрдэс» буоллаҕына тардар

Үөрэтии ньымата эмиэ олоххо дьүөрэлии буолуон наада. Ол туһунан Жанна Барашкова, «Саха тылын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи ассоциациятын» бэрэссэдээтэлэ, эттэ: «Интэриниэккэ бары биридимиэккэ киһи ымсыырыах уруоктара баар. Биһиэхэ суох. Уруккулуу уус-уран тылгынан саҥарар, карточканан үлэлэтэр эҥин кэм ааспыт. Билиҥҥи оҕону саха тылыгар тардарга туох эрэ «дьиримнэс-күлүмүрдэс» баар буолуохтаах», – диэтэ.

«Сымыйа» кылаастар...

Татьяна Скрябина, Дьокуускай к. Саха гимназиятын учуутала: «Куорат оскуолаларыгар «сымыйа» кылаас бөҕөтө баар. Тоҕо? Саха тылын биридимиэт эрэ курдук үөрэтэн баран, туох баар тэрээһиннэрэ, атын биридимиэттэрэ барыта – нууччалыы. Онно саха тылын «биридимиэт курдук» хайдах үөрэтэллэрэ эмиэ биллибэт», – диэн кыһалҕаны ыйда.

16 schk

Ол «туоһутунан» 16 №-дээх оскуолаҕа саҥа арыллыбыт саха кылааһын учуутала Валентина Терешкина бэйэтин ааттаата: «Нуучча оскуолатыгар саха кылааһын арыйар буоллахха, усулуобуйа оҥоһуллан баран, ирдэбил туруохтаах этэ. Биһиэнэ – төттөрү», – диэтэ. Усулуобуйа букатын суоҕун туһунан кэпсээтэ. Түмэл да суох, тэрээһин да барыта нууччалыы ыытыллар. Быһата, барыта сатамматах өттө. «Бэйэм да кэмсинэн эрэбин» диэтэ. Төрөппүт туһунан этэ да барыллыбат, ыарырҕатан, истириэс бөҕөтүн ылбыттар. Сахалыы кылааска төһөтө салгыан билбэппин диэтэ. Бу туруорсан-туруорсан сахалыы кылааһы астарбыт кэннэ итинник балаһыанньа үөскүүрэ хомолтолоох... Букатын да аһыллыбатаҕа көнө диэххин тылыҥ барбат. «Саха тылын учууталлара тоҕо революционер курдук сылдьыахтаахпытый?!» – диэн биир учуутал мунньахха эппитин өйдүүгүн. Оттон үөрэх управлениета, учууталлар мэтэдьиичэскэй холбоһуктара, сахалыы алын кылаастар учууталларын ассоциацията, ситимэ эҥин диэн бааллара, сахалыы үөрэтиини саҕалаан эрээччи оскуолаҕа болҕомто ууран, бүөбэйдээн илдьэ сылдьыахтаахтар этэ буолбатах дуо? Маны ким иилиир-саҕалыыр?

Учуобунньук туһунан

Элбэх кэпсэтии учуобунньук туһунан буолара биллэр этэ. Учууталлар сийиэстэригэр эмиэ тахсыбыта. Чурапчыттан киирбит учууталлар бары кэриэтэ онно тохтоотулар. Учуутал А.Захарова «анаалыстаан баран, кыратык уларыта тутуохпутун баҕардыбыт. Холобур, 1 кылаастарга дорҕоон уонна буукуба олох чиҥник үөрэтиллэрэ буоллар. Ити кэмҥэ саамай улахан акылаат ууруллар. Саҥа аахпыт оҕоҕо саҥа чааһын буолбакка, таба көһөрүүгэ уонна тыл суолтатыгар суолта ууруллара буоллар, ордук буолуо этэ», – диэн санаатын эттэ.

Ж.Барашкова: «Туох баар учуобунньук 1-9-с кылааска диэри ситимнээх буолуохтаах, алын кылаастары кытта бииргэ үлэлиэхтээхпит», – диэтэ.

Boldovs

Оттон Фекла Болдовская, Чурапчы гимназиятын аатырбыт учуутала: «7-с кылааска туохтуур киэптэрин үөрэтиигэ 6-7 чаас тухары – барыта быраабыла. Эрчиллиитэ суох. Эрчиллиитэ суох киһи тугу үөрэтиэй? Учуутал барыта айымньылаахтык үлэлээбэт. Саҥа үлэлээн эрэр учууталлар эмиэ бааллар», – диэн бэлиэтээтэ.

Polik

Төгүрүк остуолга үлэлии сылдьар учууталлар уонна учуонайдар араас позициялаахтара иһилиннэ. Евдокия Поликарпова, ХИФУ ХИНТуоКИ мэтиэдьикэ кафедратын сэбиэдиссэйэ: «Тыл учуобунньугуттан түөрүйэтин ылан кэбистэхпитинэ, тылбыт өлөр-өһөр төрүөтүн оҥоробут диэн бигэ өйдөбүллээхпит. Сирэр-талар учуобунньуктаргытын ити биһиги үөрэнээччилэрбитин кытта улаханнык үлэлээн, сүбэлэһэн оҥорбуппут ээ», – диэтэ.

Кини кэнсиэпсийэ пааматынньык курдук буолбакка, «функциональнай» буолуох­таа­ҕын санатта. Оттон саха филологиятын аксакаала Гаврил Филиппов: «Дьиҥ иһигэр кэлин суруллубут учуобунньуктартан бу саамай ордуктара. Биһиги элбэхтэн талан, түмэн биэрэ сатаабыппыт. Эрчиллии суох диигит, оттон эрчиллии 4-5 сөп буолар», – диэн санаатын тиэртэ.

Босуобуйаҕа ылсыахха

Semenova

Светлана Семенова бу кэпсэтиини түмүктээн: «Учуобунньук куонкуруһунан оҥоһуллара сыыһа диэн федеральнай таһымҥа эмиэ кэпсэтии тахсыбыта. Куонкурус ыытыллар буоллаҕына, бастаан учуобунньук кэнсиэпсийэтигэр оҥоһуллуон наада. Билигин испииһэккэ киирэн хаалбыт учуобунньуктары хайыыр да кыахпыт суох. Учуобунньугу оҥорорго куонкуруһунан буолбакка, атыннык барыахтаахпыт. Мэтиэдьикэҕэ олохтоохтук ылсан үлэлээтэхпитинэ эрэ, ону кыайыахпыт. Билигин эрчиллии босуобуйаларын оҥорон саҕалыахха. Ити кыаллар суол», – диэтэ.

Икки тыллаах оҕо – ордук ситиһиилээх

«Ийэ тыл кэскилэ» уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта В.Никитина: «Билиҥҥи төрөппүт оҕо ситиһиилээх буолуон, ханнык эрэ күрэхтэргэ кытыннарыан, олимпиадаҕа миэстэлэһиэн баҕарар. Онон төрөппүттэргэ икки тылы холкутук баһылаатаҕына эрэ оҕо ордук ситиһиилээх, сайдыылаах буолар диэн күүскэ быһаарар наада. Иккиһинэн, саха тылын үөрэтии булгуччулаах буолуохтаах. Аангылыйа тылын үөрэтии булгуччулаах. Оҕолорбут мультик тылынан, нууччалыы, бэл, аангылыйалыы саҥарар буоллулар дииллэр төрөппүттэр. Онон сахалыы мультиктар, видеолар дэлэйдик оҥоһуллалларыгар судаарыстыба өйөбүлэ баар буолуохтаах. Билигин хайдах эмэ күннээҕи кэпсэтии таһымын тутан хаалларбыт диибит. Онон үлэ онно туһаайыллыахтаах. Оҕо ааҕа, саҥара, толкуйдуу үөрэнэригэр литэрэтиирэ чааһын элбэтиэххэ», – диэн этии киллэрдэ

Хайдах үлэни ыытыахха?

Marianna Borisov

Марианна Борисова, Дьокуускай к. саха тылын мэтэдьиичэскэй холбоһугун салайааччыта, туох үлэни ыыта сылдьалларыгар тохтоото уонна маннык этиилэри киллэрдэ:

– Оҕо дьоҕурун сайыннарар сыаллаах, биһиги үлэбит түмэллэри, бибилэтиэкэлэри, көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньалары, хаһыат-сурунаал тэрилтэлэрин, тыйаатыры кытта ыкса ситимнээх барыахтаах;

– төрөөбүт тылы, литэрэтиирэни, култуураны үөрэтии оҕо атын биридимиэттэргэ ылбыт билиитин, сатабылларын тэҥҥэ тутан үөрэтэр технологияларын утумнаахтык сайыннарыахтаахпыт. Дьиэҕэ үлэни атын биридимиэттэргэ ылбыт үөрүйэхтэргэ, сатабылларга олоҕуран биэрэр наада, итиннэ оҕо улахан ноҕуруускалааҕа учуоттаныахтаах;

– икки тылы: нуучча уонна саха тылын тэҥнии тутан үөрэ­тэр ис хоһоонноох кинигэлэр наадалар. Куорат оҕолоро нуучча тылыгар ылбыт билиилэригэр олоҕуран үөрэтэллэрин курдук. Омук тылын, атын да биридимиэттэр кыахтарын-албастарын туһаныахха. Атын биридимиэттэргэ олохтоох матырыйаалы туһанан үөрэтиэххэ.

Олимпиада туһунан

Onton

Марианна Федорова, Дьокуускай к. 20 №-дээх оскуолатын учуутала: «Нууччалыы үөрэнэр кылаастарга – 70-80 % саха оҕолоро. Ол төрүөтэ – кинилэр субуотаҕа үөрэнэллэрэ уонна саха тылы үөрэтэргэ ыарахан диэн. Итиннэ былаас өттүттэн саха тылын уонна литэрэтиирэтин булгуччу үөрэтии мэхэньиисимэ наада. Ыйыы-кэрдии сурук дуу, эбэтэр туох эрэ. «Мин оҕом нуучча кылааһыгар үөрэнэр, онон саха тылын үөрэппэт» диэн өйдөбүл суох буолуохтаах. «Оҕом саха, саха тылын уонна литэрэтиирэтин булгуччу үөрэтиэхтээх» диэн өйдөбүл баһылыырын ситиһиэххэ. Иккиһинэн, өрөс­пүү­бүлүкэҕэ үөрэнээччилэр олимпиадаларын хамсааһына буола турар. Олимпиада усулуобуйата олус ыарахан, онон сорудахтарын босуобуйанан көрүөххэ, үс таһымҥа араартаан, олимпиадалары биһиги оҥорбут сорудахтарбытынан ыытыахха диэн этиилээхпит», – диэтэ.

«Приоритет» буолуохтаах

Maya

Майя Осипова, Саха-политехническай лицейин учуутала, тас дойдуларга төрөөбүт тыллары үөрэтии хайдаҕын үөрэтэн көрбүттэрин кэпсээтэ: «Финляндияҕа швед тыла – иккис судаарыстыбаннай тыл. Биридимиэт быһыытынан үөрэх тэрилтэлэригэр булгуччу үөрэтэллэр. Канадаҕа француз тыла булгуччу үөрэтил­лэр. Испанияҕа Каталония уоба­лаһыгар каталоннуу тылы булгуччу үөрэтэллэр, үрдүк үөрэх­хэ киирии эксээмэн булгуччу ирдэнэр. Маннык холобур тас дойдуларга элбэх. Ол оннугар бэйэбит дойдубутугар төрөөбүт тылы үөрэтии туруга халбаҥныы турар. Маны та­һынан атын долгутар тыын боппуруостар элбэхтэр. Онон этиибит диэн – саха тылын үөрэтиини министиэристибэ базиснай былааныгар – булгуччу үөрэтиллэр биридимиэт ахсааныгар киллэрэргэ. Маны таһынан матымаатыка уонна нуучча тылын биридимиэттэрин курдук, үөһээттэн «приоритеттаах» биридимиэт оҥорорго. Саха тылын билиитин тургутар булгуччулаах ВПР курдук тургутугу киллэрэргэ. Олунньу ыйга өйтөн суруйууну тэрийэн ыытарга», – диэн эттэ.

Тылтан – дьыалаҕа

Василиса Шишигина, ИРО уонна ИПКРО саха тылын үөрэтии кафедратын сэбиэдиссэйэ: «Медведев 5 лиистээх, илии баттааһыннаах кэнсиэпсийэтэ баар. Маннык уопсай тыллаах, хабааннаах кэнсиэпсийэ буоллаҕына, биһиги Арассыыйаны кэтэспэккэ, Национальнай оскуола кэнсиэпсийэтин ылыммыппыт курдук, бэйэбит ылыныахха. Сийиэскэ да ол туһунан этиллибитэ. Ж.Ф. Барашкова этэрин курдук, тылтан дьыалаҕа көһүөххэ, кэтэһимиэххэ, санааларбытын кэнсиэпсийэ гынан түмэн оҥоруохха», – диэтэ.

sakha

Учууталлар өссө тугу бэ­лиэтээтилэр? Аныгы оскуола ирдэбилигэр эппиэттиир бырагыраама-мэтиэ­дьикэ өттүнэн хааччыллыы мөлтөҕүн, интэриниэт кыаҕа ситэ туһаныллыбатын, тылы эбии үөрэхтээһин ситимигэр сайыннарыы суо­ҕун, цифровой ресурса туһаныл­лыбатын, онно УМКлар, КИМнэр, мультимедийнай, интерактивнай үөрэх босуобуйалара, үөрэх бырагыраамаларыгар киирбит судургу тылдьыттар баар буолуохтаахтарын туһунан, чааһынай оҕо уһуйааннарыгар төрөөбүт тылы үөрэтии суоҕун, онуоха ким да эппиэттээбэтин, о.д.а. суолталаах боппуруостары аҕыннылар. Кээмэйбит тиийбэтинэн, манна барыта киирбэтэ. Дьиҥинэн, бу барыта быһаарыллар кыахтаах боппуруостар дии саныыбыт.

Түмүккэ «Төрүт тыллар сылларын – 2019 сылы – мүч­чү туппакка, оҥорору оҥор­торон, киллэрэри киллэртэрэн кэбиһиэххэ», – диэн буолла.

Нина ГЕРАСИМОВА.