Киир

Киир

2005 сыллаахха «Ил Түмэн» – хаһыакка биир дойдулаахпыт Н.Н. Лыткин ыстатыйата тахсыбытын ааҕан турабын. Онно кини “Саха сиригэр көмүс хостооһуна ХХ үйэ 30-с сылларыттан саҕаламмыта” диэн суруйар. Ити кэмтэн ыла 1900 т көмүс хостонно. Судургу киһи өйдүүрүн курдук эттэххэ, 1900 туонна көмүһү 190 «КамАЗ» мас­сыынаҕа тиэйэн илдьиэххэ сөп. Билигин Саха сирэ аан дойду хостонуллар алмаас чиэппэрин – 25%-нын – биэрэр. Өрөспүүбүлүкэ Арассыыйаҕа хостонуллар алмаас – 98%-нын, кыһыл көмүс – 15%-нын, сурьма – 100%, хорҕолдьун 40% биэрэр. Өрөспүүбүлүкэбитигэр хорҕолдьун хостонуон иннинэ ССРС 1 миллиард дуоллар суумалаах хорҕолдьуну атын дойдулартан атыылаһар этэ. Билигин бэйэтэ атыылыыр.

Н.Н. Лыткин «Ил Түмэн» хаһыакка суруйбута 17 сыл буолла. Ону сылга 20 туоннаны хостообут буоллахтарына, 340 туонна буолбут буолуохтаах. 1900т+340т=2240т. Н.Н. Лыткин суоттаабытын курдук суоттаатахпытына, 224 «КамАЗ» массыына буолар. Быйыл сыл саҥатыгар «Кыым» хаһыакка 1956 сылтан Саха сиригэр 400 туонна алмаас хостонно диэн суруйан тураллар. Бу айылаах баайдаах өрөспүүбүлүкэ датаассыйаҕа олоробут диэн суруйаллар. Мин, көннөрү булчут оҕонньор, итини ырыта барбаппын. Ол баай сууматын харчытын суоттуурбар өйүм да тиийбэтэ буолуо.

Мин биир мунаарар боппуруоспун куруук быһаартара сатыыбын. Ол маннык. 1999 сылтан биһиги сопхуоспут сиригэр – Накыыҥҥа – хастыы да туонна алмааһы хостууллар. Манна биһиги табанан тиийэн бултуур сирбит. Билигин булт көрүҥэ лаппа аҕыйаата. Онон сорох булчут сааһыран, сорохтор кыһалҕаттан уурайарга күһэлиннибит. Ханнык баҕарар кэмҥэ хара үлэһит биэнсийэтэ мэлдьи кыра буолар. Биһиги, булчуттар, биэнсийэбит 18 тыһ. 28 тыһ. диэри халбаҥныыр. Ону даҕаны бэйэбит айахпытыгар тиийимээри ыксаталыыр.

Бултуур сирбитин былдьаабыттарыгар “биһиэхэ толук оҕотун тоҕо төлөөбөттөрүй?” диэн ыйытыаҕы баҕарыллар. “Эмиэрикэ Аляска олохтоохторугар сирдэрин баайын хостообуттарын сууматын 25% биэрэллэр уонна хас биирдии олохтооххо сыл аайы 17000 дуоллары босхо ууналлар диэн” суруйаллар. Мин бу боппуруоһу Ил Түмэн дьокутаата В.М. Прокопьевтан ыйыппыппар, «оннук сокуон биһиэхэ суох» диэн хоруйдаабыта. Мин санаабар, кинилэр үлэһит кыра-хара дьону ахсарбаттарыттан, умналларыттан, онно наадалаах сокуону оҥоро сатаабаттарыттан маннык быһыы тахсар.

Бу сүдү баайдаах кыра өрөс­пүүбүлүкэ баайбыт дохуотуттан умнубакка, кыра-хара дьоҥҥо эмиэ бэрсэ түһүөн сөбө. Туохха барытыгар сыана ыарыы турара билиҥҥи олохпут баай эрэ дьоҥҥо ананар курдук, кыра-хара дьон олоҕо огдолуйуохча буолан эрэр. Холобур аҕаллахха, ырыынакка тоҥ балык сыаната 1 киилэтэ (күндү балыктар) – 1000-2000 солк., 1 хостоох дьиэ сыаната 5-6 мөл. солк. тэҥнэһэр. Сыана маннык кыыл барбыт кэмигэр кыра хамнастаах, биэнсийэлээх дьон аһыыра-таҥнара уустугуран иһэр.

Н. Тихонов,
Маалыкай, Ньурба.
Хаартыска:https://yur-gazeta.ru